Толордо:
4 кылаас уорэнээччитэ.
Антонов Кристиан
Салайааччы:
Лукина И.Н.,
музыка учуутала уонна
фольклор куруьуогун салайааччыта
Υ л э актуальноһа. Бүгүҥҥу ХХI уйэ - информатизация уйэтэ. Биллэн туран, оло5у кытта тэннэ хаамсан, иннибит диэки баран сайдан иhэрбит хай5аллаах. Ол эрээри аhара туhуу, улуhуйуу хайа эрэ ѳттунэн берукутэ суох дьайыылардаах буолуон эмиэ сеп. Билигин кыралыын улаханныын бары компьютера суох табыллыбат курдук сананар кэммит кэллэ. Ол эрээри ити уеhээ этиллибитин курдук, аhара туhуу ей-санаа, тыл-ес, доруобуйа еттунэн буомурдууга тиэрдиэн себун туhунан угус уерэхтээхтэр да, медицина да этэн тураллар. Саха омуга, о5отун кыра эрдэ5иттэн «Мин сахабын» - диир, бэйэтигэр эрэллээх, чөл өйдөөх-санаалаах, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, сиэр-майгы өттүнэн иитиилээх, айар дьо5урдаах, талба талааннаах, төрөөбүт төрүт тылын, культуратын, дойдутун ытыктыыр киhи гына иитиэхтээх. Итини барытын норуот тылынан уус-уран айымньытын нонуо иитэн-уорэтэн улаатыннаран таhаарыахха соп.
Кистэл буолбатах, билигин о5олор санааларын сатаан сааhылаан эппэт, аа5алларыгар ыарыр5атар, кыайан суруйбат, мелтех буочардаах о5олор сыллата уксээн иhэллэр.
Тереебут тыл диэн киhи уерэ5и-билиини ылба5айдык ылынар, ейе-санаата туругурар, майгыта-силигитэ ситэр, иhирэх иэйиитэ уhуктар, айар-тутар дьо5ура тобуллар эйгэтэ буолара бэлиэтэнэр: онтон манны ситиhэргэ норуот тылынан уус-уран айымньытын били, таптааhын улахан оруолу ылар.
Улэ сыала: Чабыр5ах иитэр-уорэтэр суолтатын киэн арана5а тар5атыы.
Бу сыалы ситиьэргэ маннык кэккэ сорук турар:
- Тема5а сыьыаннаах научнай литератураны чинчийии;
- Чабыр5ах суолтатын, уратытын уорэтии;
- О5о дьо5ура сайдарыгар чабыр5ах тоьуу кууьун быьаарыы;
- Чабырҕах айарга холонуу, буклет таһаарыы;
- Тумук оноруу.
Чинчийии объега: Чабыр5ах иитэр-уорэтэр суолтата.
Чинчийии предметэ: саха чабыр5ахтара.
Улэни ис хоьоону биэрэр ньыманан суруйдубут.
Практическай туттуллуута. Бу улэ о5о5о торообут литературатыгар интэриэстээх буоларыгар, сыаналыырыгар, сахалыы сайа5астык санара-инэрэ улаатарыгар наадалаах. Учуутал комо пособие, уруокка эбии эрчиллии быьыытынан туьаныан соп.
Улэ тутула: Улэ киирииттэн, сурун чаастан, тумуктэн, туьаныллыбыт литератураттан уонна сы´ыарыыттан турар.
СУРУН ЧААЬА
1 §. Чабыр5ах ³йдебулэ, уратыта, µ³рэтиллиитэ
Хас биирдии келуенэ, бэйэтэ олорор кэмигэр сеп тубэhэн, уратылаах буолар. Билинни келуэнэ билиигэ-керуугэ тардыhыыта куустээх, сайдыылаах, туохтан да иннэн-толлон турбат сытыы-хотуу. Ол гынан баран сиэр-майгы сатарыйбыт кэмигэр сиэрдээх буолуу, норуот олорон ааспыт оло5ун интэриэhиргиир, урдук культуралаах, тереебут дойдуга бэриниилээх, норуот туhугар олох олорор ейдоох-санаалаах о5о иитиллэн тахсарыгар, биьиги санаабытыгар, норуот уйэлэр тухары илдьэ кэлбит утуе угэстэрин, сиэрин-туомун, культуратын, бэйэ туелбэтинэн киэн туттарга личность быhыытынан сайдарга саха норуотун тылынан уус-уран айымньылара, фольклора улахан суолталаахтар. Биир оннук ураты керунунэн чабыр5ах буолар диэн аа5абыт.
Саха чабыр5а5а - саха норуотун бэрт ердеену тылынан уус-уран айымньыта. Чабыр5ах туЬунан арыый да сиЬилии со5устук уонна кырдьыктаахтык аан бастаан А.Е.Кулаковскай суруйбута. Киин чабыр5а5ы норуот тылынан уус-уран айымньытын биир ураты керунун быЬыытынан сыаналаабыта. Онтон А.И.Софронов-Алампа чабыр5ах бэрт чэпчэки, хомо5ой тыллаа5ын, киниэхэ былыргы саха тыллара туттуллан ааьалларын бэлиэтээбитэ.
Саха народнай суруйааччыта Д.К.Сивцев - Суорун Омоллоон: «Чабыр5ах уескээбит терде санааны кебулдьутэн этиигэ сытар. Маннык ньыма кылаассабай общество, баттал, келеЬуннээЬин уескээбитин эрэ кэннэ наадалаах буолуохтаах. Онон кини фольклор кэнники уедуйбут киэбинэн аа5ыллыахтаах» - диэн саба5алааЬыннары онорбута.
Чабыр5ах туьунан дьоЬуннаах ырытыылары Саха биллиилээх фольклориЬа Г.У.Эргис «очерки по якутскому фольклору» диэн кинигэтигэр суруйан хаалларбыта. Кини чабыр5ах быЬаарыытын маннык этэр: «Чабыр5ах норуот тылынан айымньытын кердеех-кулуулээх, сатирическай жанра. Чабыр5ах сурун анала норуот оло5ун-дьаьа5ын ханнык эмэ кулук еттулэрин саралааьын, кулуу-элэк гыныы». Г.У.Эргис чабыр5а5ы 4 керуннэ: о5о, кер-кулуу, сатирическай, билбит-кербут чабыр5ахтар диэннэ наардаталаабыта. Кини чабыр5ах о5о тылын, ейун сайыннарарын уонна норуот педагогикатын иитэр- уерэтэр ньымаларыттан биирдэстэрэ буоларын тоЬо5олоон бэлиэтээбитэ.
Саха былыр да, анны да «баары», дьиннээ5и ере туппут омук. Тун былыргы ебугэлэрбит кербетех-билбэтэх да буоллахтарын, бэйэлэрин куннээ5и олохторугар алтыЬыннара тутан, майгыннатан, дьуьуннээн-бодолоон, ойуулаан-бичиктээн кереллер эбит. Былыргы Саха о5олорун кыра эрдэхтэриттэн куьа5аны онорбот гына такайа, ээр-сэмээр сэЬэргии сылдьара. Онтукалара хаЬан да5аны о5ону салгытар курдук буолбат этэ.
Саха о5ото кыра сааЬыттан норуот терут культуратын этигэр-хааныгар инэрэн, тереебут норуот мындыр ейун, уран тарба5ын, кылыЬахтаах чуор куолаьын, амарах сурэ5ин ытыктаан, онон киэн туттан, хайа да бэйэлээх омук ортотугар тэнник сананар киЬи буолан иитиллэн тахсыахтаах.
Саха народнай суруйааччыта Д.К.Сивцев - Суорун Омоллоон: «Чабыр5ах уескээбит терде санааны кебулдьутэн этиигэ сытар. Маннык ньыма кылаассабай общество, баттал, келеЬуннээЬин уескээбитин эрэ кэннэ наадалаах буолуохтаах. Онон кини фольклор кэнники уедуйбут киэбинэн аа5ыллыахтаах» - диэн саба5алааЬыннары онорбута.
Чабыр5ах туьунан дьоЬуннаах ырытыылары Саха биллиилээх фольклориЬа Г.У.Эргис «очерки по якутскому фольклору» диэн кинигэтигэр суруйан хаалларбыта. Кини чабыр5ах быЬаарыытын маннык этэр: «Чабыр5ах норуот тылынан айымньытын кердеех-кулуулээх, сатирическай жанра. Чабыр5ах сурун анала норуот оло5ун-дьаьа5ын ханнык эмэ кулук еттулэрин саралааьын, кулуу-элэк гыныы».
Г.У.Эргис чабыр5а5ы 4 керуннэ: о5о, кер-кулуу, сатирическай, билбит-кербут чабыр5ахтар диэннэ наардаталаабыта. Кини чабыр5ах о5о тылын, ейун сайыннарарын уонна норуот педагогикатын иитэр- уерэтэр ньымаларыттан биирдэстэрэ буоларын тоьо5олоон бэлиэтээбитэ.
О5олорго аналлаах чабыр5ахтар о5олор тылларын-естерун имитэр, сайыннарар, билэр-керер ба5аларын кебутэр, бэргэн этэр санаата, субу хараххар кестер гынар.
Чабыр5ах тас киэбинэн хоЬоонно маарынныыр, дохсун сууруктээх урэх курдук субуруччу, тургэнник, лабыгыраччы этэн толоруллар, быыЬыгар дэгэрэн ырыалаах буолуон сеп, кээмэйэ араас буолар.
Чабыр5а5ы уерэтии туруга бу куннэ хайда5ый? Чабыр5ах атын айымньылар жанрдар курдук инэн-тонон сиЬилии уерэтиллэ, хомулла чинчиллэ илик жанр буолар. Арай биирдиилээн энтузиаст дьоннор, уус-уран самодеятельность, культура улэЬиттэрэ дьарыктаналлар. Чабыр5ах хомуурунньуктара, уерэтии методикатыгар пособие суо5ун кэриэтэ (олох а5ыйах). Чабыр5а5ы о5о5о уерэтиигэ ордук А.Д.Скрябина «Чабыр5а5ы уерэтии ньымалара» диэн 1994 с. тахсыбыт пособиета сурун куус буолар.
Чабыр5ах тылын уерэтиигэ ейтен аа5ыы курдук уерэппэккэ, тексин керен да олорон аахтаххына ейгер син биир хатанар. Биологическай чаЬынан киэЬэ 9 час киЬи ейугэр ону-маны хатыырыгар, тутарыгар саамай то5оостоох кэм диэн, уерэхтээхтэр бэлиэтииллэр. Онон ити кэмнэ чабыр5а5ы эрэ буолбакка, атын да айымньылары уерэтии ордук кедьуустээх буолуон сеп.
2 §. Чабыр5ах иитэр, уерэтэр еруттэрэ
Чабыр5ах о5ону иитэр-уерэтэр суолтата сурдээх киэн, дирин ис хоЬоонноох. Керудьуес тыллаах естеех, киЬини эмиэ да куллэрэр, эмиэ да хомотор сытыы тыллаах-естеех сатирическай айымньы буоларын быьыытынан, о5ону наар ме5ен-этэн такайардаа5ар дьайыыта олох атын, ураты. О5о бэйэтин сыыЬа быЬыыларын, итэ5эс еруттэрин туЬунан истэр, кулэр-уерэр, сонньуйар уонна толкуйдуур, онтон бу миэхэ эмиэ сыЬыаннаах эбит ээ диэн бэйэтигэр тумук оностор, сыыЬаларын, ал5астарын кеннерунэргэ дьулуЬар.
Холобур:
- сурэ5э суох о5о туЬунан:
Сурэ5э суох суус субэлээх
Улэ5э тахсарга утулугэ сутээччи,
СаЬааны таЬарга саппыккыта саЬааччы,
Бэл тиэтэл сырыыга
Бэйэлиин мэлийээччи.
- КиЬи тылын истибэт, туохха да кыЬаммат о5о:
Санарар санарыма
Саараама кыЬаллыбат,
Эт этимэ
Этин таттарбат,
Ыта-ыллаа
Ыыра ымыттыбат:
Олорбутун курдук олорор,
Сыппытын курдук сытар,
Турбутун курдук турар.
- Сууммат-тарааммат, бэйэтин керуммэт о5о:
Буора буолунай,
Была баЬаам,
СыыЬа сылбах,
Кирэ киилэ,
Ба5а меЬеех
. . . . . . . . . - Уордаах, охсуЬуук о5о
Хадаар кенет хара5а куех,
Бетууктуу тэбиик, о5устуу кэйиик,
Кыраны кырбыыр, оччугуйу охсор,
КыыЬы ытатар. Уолу орулатар
. . . . . . . . . . . . .
3 §. Чабыр5ах о5о дьо5урун сайыннарыыга оруола
Чабыр5ах - саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын биир ураты кестуутэ. Манна сытыы тыллаах хоЬоон, элэк-хаадьы, дэгэрэн ырыа, араас хамсаныы, сирэй-харах туттуута бииргэ силбэЬэ сылдьар буоланнар, толоруллуута да уустук, киЬиттэн туспа дьо5уру, сатабылы эрэйэр. Дор5оонноох куолаьынан лабыгыраччы аа5арга ис хоЬоонун биэрэр гына хамсанан кердеруллуехтээх, сорох еттун ырыаннан толоруллар, ол иЬин норуот айымньытын бу керунун толорууну киЬи эрэ сатаабат. Чабыр5ахсыт талаана син эмиэ биллэр сэЬэнньит, ырыаЬыт курдук кэрэхсэнэр, сура5ырар.
Билигин, кистэл буолбатах, угус о5олор сорох дор5ооннору (уксугэр "Р", "С") кыайан санарбаттар, артикуляциялара мелтех, санаралларыгар тыл бутэЬик дор5оонун, эбэтэр суЬуе5ун ситэ эппэттэр. Маннык санарар о5о аа5арыгар мэЬэйдэри керсер, аа5ыан ба5арбат буолар, аахта5ына да, тугу аахпытын ис хоЬоонун кыайан ейдеебет. Ыксаата5ына, олох да санарбат буолуо эмиэ сеп. Маннык речевой деффектээх о5олору кытта улэлэЬэр логопедтар тиийбэттэр, оскуола аайы баар буолбатахтар.
Биьиги санаабытыгар, о5о чуолкайдык уонна ыраастык санара уерэнэригэр чабыр5ахтары уерэтии ньымалара кемелеех буолуохтарын сеп. Онтон чуолкайдык, ыраастык санарар о5о аа5ар дьо5ура сайдар, тэтимэ урдуур.
Дор5оонноохтук аа5ыыны тупсарар, тэтимин тургэтэтэр сыалтан, аа5ыах иннинэ чабыр5а5ы уерэтии ньымаларыгар оло5уран маннык эрчиллиилэри оноруохха сеп:
- Тылы эрчийии
- тылы айах иЬигэр уеЬэ, аллара токурутуу, ыстааЬын, уна, ханас хамсатыы;
- тылы бэлэс диэки иЬирдьэ анньыы;
- айаххын атан аллара туЬэрэн баран, тылгын ыалдьыар диэри муннугар тириэрдэ сатааЬын.
Тылы маннык эрчийии аа5арга эрэ буолбакка, уопсайынан чуолкайдык ыраастык санарарга санара уерэнэргэ олус туьалаах.
- УоЬу эрчийии.
- уоЬу "о", "ы" дор5ооннорунан ырбатан хамсатыы«
- уоЬу "У" дор5оонунан тегурутуу, чорботуу.
- уоьу чорботон баран иннигэр уьатыы, уна-ханас хамсатыы.
- "а","о", "у", "ы", "э","у", "е" дор5ооннору сепке, ыкпакка эрэ холкутук тыын таьааран санарыы .
Артикуляционнай гимнастика.
Тылы чуолкайдык этиигэ уерэнэр эрчиллиилэр:
гбда-гбды, гбдо-гбду, гбдэ-гбди, гбдэ-гбду;
смта-смты, смто-смту, смтэ-смти. Смтэ-смту;
прта-прты, прто-прту, пртэ-прти, прту, пртэ;
кнга-кнгы, кнго-кнгу, кнгэ-кнги, кнгэкнгу;
лча-лчи, лчо-лчу, лчэ-лчи, лчэ-лчу.Харыйа-хоруйа,
Лаглай-лыглый,
Холбуйа-халбыйа,
Логлой-луглуй,
Хаакыр-кыыкыр,
Лэглэй-лиглийНаннах-ныннах
Ноннох-нуннух
Нэннэх-нинник
Неннех-нуннук
Маны таьынан аа5ыыны тупсарарга тыыныы улахан оруоллаа5ын иЬин, тыыныыга эмиэ бол5омто ууруохха наада.
- ИЬинэн сепке тыынарга эрчиллиилэри оноруу: муннугунан сыыйа тыын ылан, айахпытынан таьаарабыт.
- Салгыны муннунан ыла-ыла айаххынан таЬаарыы. Онуоха сарын хамсыа суохтаах. Уопсайынан, сатаан аа5ар эрэ о5о чабыр5а5ы толоро уерэнэр. Чабыр5ах аа5арга тыыны сепке ылыыга туспа субэлэр бааллар.
Бу ньымалары тутуьан, аа5ыах иннинэ эрчиллиилэри онорор, дьарыктанар буоллаххына аа5ыы дор5ооно, тэтимэ, чуолкайа тута эбиллэр. Ол иЬин ырыаьыттар ыллыахтарын иннинэ хайаан да распевкаланаллар. Мантан кестерунэн чабыр5ах о5ону аа5арга уерэтэр ньыма биир керунэ буолар.
Т¥М¥К
Бастакынан, чабыр5ах о5о билиитин-керуутун кэнэтэр, ырыналаан толкуйдуур дьо5урун, ситимнээх санатын сайыннарар, бэйэ ал5аЬын, итэ5эЬин кеннерерге, туоратарга кемелеЬер, норуот тылынан уус-уран айымньытын биир туспа керунэ, жанра буолар.
Иккиьинэн, о5о бэйэтэ уерэппит, аахпыт матырыйаалыттан дьонно сыЬыан, майгы-сигили туьунан чопчу ейдебулгэ кэлэрэ ордук уонна онон сирдэтэн тутта-хапта сылдьарга уерэниэхтээх.
Усуьунэн, Чабыр5а5ы аа5а, толоро уерэммит о5о артикуляцията чуолкай, тыла-еЬе челлеркей буолара саарбахтаммат.
Т³рдµ´µнэн, чабыр±ах айарга холонон, айар дьо±урбутун, тылбытын-³спµтµн сайыннардыбыт.
ТУЬАНЫЛЛЫБЫТ
- Андросов П.Х. Итиннэ элэкис, манна мэлэкис. - Якутск, ЦКиИ им. А.Кулаковского, 1993.
- Готовцева Л.Г. О5ону хомуска уерэтии. - Дьокуускай, 1994.
- Иевлев Е.К. Айымньы иитэр номо5ун арыйыы. -Дьокуускай: СГУ, 2007.
- Исакова А.И. Аа5ыы уруоктарын иитэр суолталара. Народное образование Якутии. 3\2000.
- Кондратьев А.А. Тереебут литератураны 5 кылааска уерэтии. - Якутскай, 1986.
- Моисеева Д.Е. Норуо тылынан уус-уран айымньыта о5ону иитиигэ оруола. - Народное образование Якутии. - 3/98.
- Матахова М.Н. Кэриэн ымыйам кэриэтэ. - Дьокуускай: "Ситим" КИФ. 1994.
- Матахова М.Н. Алаа харах, анаар кулгаах. - Дьокуускай: "Ситим" КИФ. 1992.
- Матвеева Н.А. ХоЬоонноохтук аахтаран тыл култууратын уерэтии. - Тереебут тыл уонна литература. ѕ1 (5) 2007 с.
- Олонхо: ебугэ уерэ5э уонна билинни кэм. - Дьокуускай, 2006.
- Петрова Т.И. Сахам тыла барахсан. - Дьокуускай: Бичик, 2006.
- Поликарпова Е.М.. Гоголева М.Т. Олонхону ыччакка. - Дьокуускай: Кудук, 1998.
- Саха литературатын оскуола5а уерэтии методиката. - Якутск: Бичик, 2006.
- Скрябина А.Д. Чабыр5а5ы уерэтии ньымалара. - Дьокуускай: "Ситим" УИФ, 1994.
- Саха таабырыннара, ЕС хоЬоонноро, чабыр5ахтара. - Якутск: Бичик, 2006.
- Филиппова Н.И. Тереебут литератураны 4-7 кылаастарга уерэтии. - Якутскай, 1985.
- Чаабы-чыыбы чабыр5ахтар. - Дьокуускай, 1992.