Педстаhа: 3 сыл (СЗД)
Кылааhа: 5.
Предметэ: Биология + Агрономия.
Тиэмэтэ: Буор - Сир Ийэбит урдуку араӊата
Уөрэтэр тэрилэ (+ТСО): буор арааhа, Powerpoint презентация, проектор, ноутбуктар (3 уст.), USB- цифровой микроскоп PROSCOPE 3 уст., лупа, фильтровальнай кумаа5ы, химичэскэй иhит, ступка, стакан, көмускэнэр перчатка уонна ачыкы, сииги сырдыгы уонна кислотноhы бэрибиэркэлиир щуп (анализатор).
Туттубут литературата:
- Г.С.Угаров «Биология терминнэрин нууччалыы- сахалыы тылдьыта».
Уруок сыала: «почва» ол эбэтэр «буор» диэн өйдөбулу быhаарыы, чинчийэр улэни ыытыыга эйгэни оӊоруу.
Соруктара:
- Уөрэнээччилэргэ биология предметигэр сэӊээриини тардыы, уөрэххэ ситиhиини өйдөтуу;
- о5олор оӊоруохтаах улэлэрин сыалын-соругун туруорарга, этии киилэрии уонна бэйэ улэтин сыаналаа ыккардыгар сыана туруорууларын ситиhии;
- уөрэх ылыныыларыгар эйгэни оӊоруу
- о5олор чинчийэн уөрэтэр «буор» «почва» өйдөбулун, туhатын ырытыы, тумук оӊорорго уөрэтии;
- о5олор уөрэнэн ылбыт билиилэрин, чиӊчийиилэрин сурунан, былаанаан, сыаналаан, туруоруммут сыалларын ситиhии.
Уруок хайысхата: саӊаны билии, уөрэтиллибити чиӊэтии.
Уруокка киирии: Бэйэни билиhиннэрии.
- Дорооболорун о5олор! Мин аатым Светлана Борисовна, Сунтаар 2-№-дээх Илья Семенович Иванов аатынан оскуолатыгар биология5а учуутала уонна эбии уөрэхтээhиӊӊэ педагог- агроном буолабын. (Слайд1.)
(Слайд2.)
Утуө сарсыарда ууммут куӊӊэ уонна чыычаахтарга!
Утуө сарсыарда мичийэр сирэйдэргэ!
Бэйэ бэйэ5итин көрсун, мичээрдэ бэлэхтэhин, ситиhиитэ ба5арын!
Биhиги харахтарбыт барытын … (көрөллөр),
Биhиги кулгаахтарбыт чуордук… (истэллэр),
Биhиги төбөбут бэркэ диэн… (толкуйдуур)!
Маладьыастар!
Билиини чиӊэтии
Ааӊӊа тоӊсуйаллар, учууталыйытар: «хойутаабыттар бааллар дуо?» о5олор хоруйдара(…. ) У. Ааны арыйар курьер сурук кииллэрэллэр.
Көруӊ эрэ о5олор бу биhиэхэ Москватаа5ы Федеральнай научно- почвеннай институт лабораториятыттан сурук кэллэ! Арыйан көруххэйин! (Слайд 3.)
«Кунду уөрэнээччилэр! Бу Василий Докучаев аатынан Москватаа5ы Федеральнай научно- почвеннай институт лабораториятын улэhиттэрэ суруйабыт! Биhиги аан дойду буорун уөрэтэ сылдьабыт, ол эрэн эhиги олорор сиргит ыраа5а бэрт буолан сатаан тиийбэккэбит, эhиэхэ сорудахтыахпытын ба5арабыт. Баhаалыста сурук иhигэр баар хаартысканы көруӊ, биhиги ыыппыт былааммытынан чинчийэр улэ ыытан баран, төттөру институт аадырыhыгар суругунан ыытаргытыгар көрдөhуө этибит. Эрэли кытта научнай улэhиттэр!»
Дьэрэ о5олор, маннык көрдөhуугэ көмөлөhуөххэйин! Бары хаартысканы көрдубут уонна ким этиэ5эй миэхэ туох ойуулана сылдьарый? (буор, сир, почва.)
Сыал - сорук туруоруу, …
Уруокпут аатын толкуйдуоххайын: … Буор! (Сир ийэбит Урдук араната)
Уонна бугуӊӊу уруокпут сыалын туруоруохха…
Буору чиӊэтэн уөрэтии, былаанынан улэлии, лаборатория улэhиттэригэр көмөлөhуу.
Буор диэн тыл туох өйдөбуллээх эбитэ буоллар? Этиӊ эрэ миэхэ ким билэрий? (Слайд 4.)
Буор-диэн Сир ийэбит уөhээ сытар буруөтэ!
Буор - от-масс уунэр кураанах сирэ. (Маладьыастар!)
Хаhан ба5арар научнай улэhиттэр, бэйэлэрин көмускэнэр сыалтан, араас сытыы эттиктэртэн уонна кирдээх улэттэн харыстанар танастаах буолуохтаахтар, ол курдук эhиги билигин научнай улэhиттэр буола5ыт уэрэнээччилэр буолан буттубут иннигитигэр сытар ачыкыны уонна перчатканы кэтэбит.
Билии иӊэринии.
Иннибитигэр сытар былааны ылабыт, баарыан туруоруммут сыалбытын ситиhэргэ улэлээн киирэн барабыт!
1. Буор сурун суолтатыныйындиэбиттэр… (слайд)
- Ким билэрийтуох суолталаа5а буолуой? То5о буорга биир ытыс сиэмэ бырахтахпытына сыалай биэдрэнэн, өссө куулунан ылыахпытын сөбуй?
О5олор хоруйдара(….) (буор суолтата өлгөм уунуу).
2. Буорга өлгөм уунууну тупсарар туохтары билэ5итий. (слайд)
Чиэрбэлээх буору көрөллөр. (Стакан №1)
Ханнык хамсыыр харамайдар буор уунуутун тупсараллара буолуой? (Чиэрбэлэр, бактериялар) онно5ор буору, кыыллар- көтөрдөр өлүктэрэ, мас эмэ5э кытта тупсараллар эбит. Оччотугар былааӊӊытыгар сөптөөх хоруйдары талан ылын.
3. Буор састаабын керуӊ. (слайд.)
Ноутбука холбонон турар цифровой микроскоп PROSCOPE холбуубут, буорбутугар чугаһатан састаабын көрөбут. Туох көстеруй о5олор? (О5олор этиилэрэ ….. Маладьыастар!)
Таблица5а эhиэхэ кумах диэн баар онно ситэри хоруйдаргытын киллэрэн биэрин. Хара буор, туой, масс сыыhа,. О. д. а.
4. Буорга салгын уонна уу састаабын керуӊ. (слайд)
Салгын. Уулаах стакаӊӊа биир ытыс буор быра5абыт уонна кэтээн көрөбут, уу кытыытыгар кыракый хабахтар көстөллөр дуо? Ити хабахтарбыт биhиэхэ тугу дакаастыыллара буолуой? (Салгын баарын).
Саамай сөп! Ол аата буорбутугар салгын баар эбит.
Уу. Иннибитигэр баар маӊан кумаа5ыны ол эбэтэр фильтровальнай диэн буолар уонна урдугэр буор кута туhэн баран ступканан куускэ баттаан, онтон буорун то5он баран, кумаа5ыны көруӊ.
Туох суола хаалбытый? То5о хаалбытый? Ол аата буорбутугар туох баар эбитий? (Уу).
Маладьыастар!
5. Буор сиигин сырдыгын уонна кислотноhын бирибиэркэлээн. Иннигигэр от куө5э өӊнөөх щуп-анализатор сытар. Бу ЩУП кунтэн сэниэ ылар. (Слайд)
Научнай улэhиттэр щуп ылан бирибиэрикэлииллэр иннибитигэр стакаӊӊа турар буорга туруору угабыт.
Щупка MOIST диэӊӊэ туруорабыт уонна буор сиигин көрөн, төhө сииктээ5ин былааммытыгар сурунабыт.
Аны LIGHT диэӊӊэ туруоран баран сырдыгын, уруӊ показательтан көрөн эмиэ былааммытыгар кииллэрэбит.
(Слайд) pH диэн щуп 1-10 дылы сыыпараларын көрөбут, бу сыыпаралар буорга төhө элбэх химичискэй эбилик баарын кердереллөр холобур кини:
- рН 1-4 буолла5ына буор химичискэй эбилигэ элбэх буолар (маннык буорга араас муохтуӊулар, лабыкталар, отон, буруукуллэ, мята, бору от сөбулээн уунэллэр.) Суруннээн туой буор, сэбирдэхтээх буор буолар
- рН 5-7 буолла5ына саамай табыгастаах буор, (Ыhыы уунээйилэригэр хаппыыста5а, хортуоска5а, помидорга, салаатка , о5урсууга табыгастаах буор!) маннык буорга хонууга уонна тиэргэӊӊэ (ромашка, клевер, вьюнок, василек , малина ол эбэтэр биэ эмийэ, груша, дьэдьэн, яблоко, роза.) Суруннээн хара буор буолар
- рН 8-14 буола5ына буорга туус элбэх (субуөкулэ, тыква, кабачок, моркуоп, луук, чеснок, тюльпан, астралар. Тиэргэӊӊэ хапта5ас, моонньо5он, сардаанатыӊылар.) Суруннээн кумахтаах буор буолар.
Научнай сотрудниктар этиӊ эрэ миэхэ баhаалыста то5о почвеннай институт Василий Васильевич Докучаев аатын сугэрэ буолуой? (… о5олор хоруйдара.)
Василий Васильевич Докучаев – буору уөрэтиигэ уонна буорга араас эбиликтэри туттууга киэӊ билиилээх учуонай. (Слайд).
Физкультмунуутэ
Бары турдубут;
- Илиибитин утары ууннубут, тарбахтарбытын эрчийдибит;
- Аттыбытыгар баар кууллаах буору ыллыбыт уонна доска таhыгар а5аллыбыт;
- Илиибитин, таӊаспытын тэбэннибит;
- Уөhээ көрдубут куус- уох ыллыбыт;
- Миэстэбитигэр олордубут.
Улэ тумугунэн ылбыт билиилэрин хатылаа>hын. Доска5а
6. Рефлексия
Бу уруокка саӊаны, тугу билбэтэххитин билбиккитин, ыйыталаhыахпын ба5арабын, баhаалыста биир, биир кыратык этэргитигэр көрдөhуөм этэ. (о5олор этиилэрэ.) Маладьыастар!
Былааӊӊытын туттарын билигин курьербытыгар төттөру аадырыстаан Василий Докучаев аатынан Москватаа5ы Федеральнай научно-почвеннай институт лабораториятыгар ыытыахпыт.
Тумук
Сыана туруоруу. Уруогу сөбүлээбит буоллахытына баhаалыста иннибитигэр сытар cмайликтартан талан көрдөрөргутугэр көрдөhуөм этэ
Учугэй уруок, сөбулээтим - ара5ас
Уруогу сөбулээбэтим - халлаан куө5э
Уруокпар хас биирдиигит ча5ылхай кыттыыны ылбытыгар махтанан туран, уөрэххитигэр ситиhиилэри, урдуктэн урдук чыпчааллары дабайаргытыгар ба5арыам этэ. Уруоккут иhин бар5а махтал!
Кунду уөрэнээччилэр!
Бу Василий Докучаев аатынан Москватаа5ы Федеральнай научно-почвеннай институт лабораториятын улэhиттэрэ суруйабыт! Биhиги аан дойду буорун уөрэтэ сылдьабыт, ол эрэн эhиги олорор сиргит ыраа5а бэрт буолан сатаан тиийбэккэбит, эhиэхэ сорудахтыахпытын ба5арабыт. Баhаалыста сурук иhигэр баар хаартысканы көруӊ, биhиги ыыппыт былааммытынан чинчийэр улэ ыытан баран, төттөру институт аадырыhыгар суругунан ыытаргытыгар көрдөhуө этибит.
Эрэли кытта научнай улэhиттэр!
Буор - Сир Ийэбит урдук араӊата.
Буорга өлгөм уунууну тупсарар араас эттиктэр бааллар.
Буорбут састааба кумах, хара буор, туой, сиэбирдэх
Буорга салгын уонна уу баар.
Буорга сиик, сырдык уонна араас эбилик улахан оруолу оонньуур.
Василий Васильевич Докучаев буору уөрэтиигэ киэӊ билиилээх учуонай