Значение березовой чаги для здоровья человека

Разделы: Экология


Цель работы: изучение березовой чаги; значимость березовой чаги для внутренних органов человека.

Задачи:

  1.  Изучение морфологии чаги.
  2.  Изучение методов сбора и применения.
  3.  Сбор березовой чаги.

Методы: анкетирование.

Киириитэ

Биьиги чинчийэр улэбит темата “Хатыц чэриитэ киьи доруобуйатыгар суолтата”. Угус литератураларга суруйалларынан, сир урдугэр киьи баар буолуо5уттан ыла эмтээх уунээйилэр угус ыарыыны эмтииргэ туттуллаллар. Саха сирин эмтээх уунээйилэрин саппааьын кэрдуур улэни бастакынан утумнаахтык, толорутук уэрэппит учуонайынан Афанасий Акимович Макаров буолар. Онтон профессор Александр Дмитриевич Егоров иккис кэрдииьи са5алаабыта. Билицци кэмцэ ис – уэс ыарыылара элбээтэ. Онно хатыц чэриитэ туьалаах эминэн буоларын дакаастаары маннык сыалы туруордубут: хатыц чэриитин уэрэтии, киьи ис органнарыгар туох суолталааЗын быьаарыы. Бу сыалбытын ситиьэрбитигэр маннык соруктары туруоруннубут:

  1.  Хатыц чэриитин морфологиятын уэрэтии.
  2.  Ыарыылары эмтииргэ туттуллар ньымаларын, хомуйуу кэмин, ууруллар, хараллар сирин, туо5а хомулларын быьаарыы.
  3.  Анкета толотторуу.
  4.  Хатыц чэриитин хомуйуу.

Хатыц чэриитин морфологията

Хатыц чэриитэ. Чага (березовый гриб). Кунаахтацылар уруулуу бэлэхтэрэ. Чэрии – хатыцца ур курдук уэскуур тэллэй. Хара, иьэ кугас дьуьуннээх болчуох.Быллырыыт курдук хайыта барбыт тас кэруцнээх тэллэй,соро5ор мае умнаьын устун 0,5 м тиийэр усталаах буола тарЗанар, 2 кг диэри улаатар,споранан ууьуур. Хатыц туоьа алдьаммыт хайаЗаьыгар споралар киирэннэр уунэллэр уонна онно тэллэй саптарын уэскэтэллэр, кинилэр хатыц уутунан аьылыктаналлар. Тэллэй саптара улам – улаатан чэрии буолаллар. Чэрии хатыцца 10–15 сыл спораны уэскэппэккэ олоруон сэп. Чэрии сылы быьа хомуллуон сэп. Ол эрээри куьун уонна саас ордук биологическай дьайыыта кууьурэр кэмэ. Тэллэйи сугэнэн мае умнаьыттан туу ра охсон кыра гына хайыталаан, кугас дьуьуннээ5ин, кэпсэркэйун ылыллар уонна 50–60 °С урдугэ суох итиигэ, салгын оонньуур сиригэр куурдуллар.

Химическэй састааба

Кэккэ литература5а сурулларынан, хатыц чэриитэ сурун биологическай дьайар веществоларынан ууга суураллымтыа, уустук тутуллаах пигменнээх веществолар буолаллар (липидтэр,тритерпеноидтар, кумарин пеуцеданиннар, полисахаридтар, стериннэр, агарициновай кислота уо. д. а.). Эбиитин микроэлеменнэр, балачча элбэх калий, органическай кислоталар (щавелевай, муравьинай, арыылаах ) уо. д. а. веществолар булуллубуттар. Чэриигэ а5ыйах флановоид, алкалоид, сымала, лигниннэр кэстубуттэр.

Медицина5а туттуллуута

Чэрии препараттара араас ыарыылар дирицииллэриттэн, уустугурууларыттан уэскуур искэннэр улаатыыларын бытаардаллар уонна куртах, оьо5ос улэтин бэрээдэктииллэр. Ол иьин хатыц чэриитин кутталлаах искэни саца са5аланан эрдэ5инэ эрэ эмтииргэ тутталлар. Хатыц чэриитин гастрикка ордук куртах, сиэн оьо5ос (12-перстная кишка) суьурэн бааьырыытыгар тутталлар. Чэриинэн эмтэнии куртах, ас буьарар аьыыта а5ыйаабытыгар учугэй тумугу биэрэр эбит. Дьиэ5э хатыц чэриитин сууйан баран, оргуйбут ууга 4–5 ч. устата туруоран илитиллэр. Илитиллибит уутугар 50 °С – ка диэри ититэн 48 ч. устата кээнньэруллэр. Кыра – кыратык куццэ 3 ыстакаантан итэ5эьэ суох иьиллиэхтээх. Чэриинэн эмтэнэргэ кэнсиэрбэни, халбаьыыны, биэрэстээ5и сиэниллиэ суохтаах. Уксугэр сахалар чэй курдук туьаналлар. Аччык искэ 1 ч. аьыах иннинэ чэйи ууттээн иьиэххэ сэп. Чэй эссэ учугэй амтаннаах буоларыгар сибиэьэй эбэтэр хаппыт моонньо5он сэбирдэ5ин эбэллэр. Эскэтун тымныйдаххына,чэрии чэйигэр тоц кулуукубэни эбэллэр. Промышленноска “Бефунгин” диэн чэрииттэн хойуу экстрах оцоьуллар.

Хатыц чэриитинэн эмтэммиттэр санаалара

Мантан сиэттэрэн, хатыц чэриитин нэьилиэкпит дьоно тэьэ туьаналларын билээри маннык ис хоьоонноох анкетаны толотторбуппут.

  1.  Хатыц чэриитин туьана5ыт дуо?
  2.  Ханнык уонна хайдах сиртэн хомуйааччыгытый?
  3.  Ханнык бириэмэ5э хомуйа5ыт?
  4.  Эмтэнэргэ хайдах туьана5ыт?
  5.  Чэрии, эьиги санаа5ытыгар, киьи ханнык органнарыгар туьалаа5ый? Анкетаттан кэстэрунэн, 15 киьи эппиэттээбититтэн 8-ьа хатыц чэриитинэн туьанабыт диэбиттэр. Уксун саас, сайын, куьун “Эмис”,”Кэтэх”, “Сайылык” сирдэртэн хомуйаллар эбит. Сылаас, хаара суох кэмцэ. Уэьу туьэринэргэ, буэру сай5анарга (элбэхтик ииктэтэр), куртах бааьыгар, быар, тыца ыарыыларыгар хатыц чэриитин туьанабыт. Тэруттэрбит ис –уэс ыарыыларыгар туьалыыр диэччилэр, ол иьин биьиги эмиэ туьанаары иьэбит диэбиттэр. Сибиэьэй чэриини ылан кырбаан бэлэмниибит. Туьанарбытыгар ылан сууйабыт, итии ууга уган кээнньэрэбут. Кыралаан иьэбит, то5о диэтэххэ мацнай иьэргэ киьи тэбэтэ ыалдьан кэлэр, сурэ5иц биллигириир диэбиттэр. Соро5ор чэй оцостон иьэбит.

Тумук

Мантан кэрдэххэ, хатыц чэриитинэн эмтэнии киьи ис – уэс ыарыыларыгар чахчы туьалаа5а дьон санаатыттан кэьуннэ, киьи доруобуйатыгар суолталаа5а быьаарылынна. Онон биьиги бэйэбит дойдубутугар уунэр хатыц маьы харыстаатахпытына, чэриитин алдьаппакка хомуйан ылан туьаннахпытына араас ыарыылары эмтэниэхпитин сэп эбит диэн тумуккэ кэллибит. Киьи – айыл5а о5ото. Айыл5аны харыстааьын саамай кэскиллээх уонна туьалаах кэруцэ буоларын умнумац.

“Чачанда” эбэтин “Сомокуур” этэ5ун тыатын кэтээн кэруу

Салгыы чинчийэр улэбит сыала: хатыц-мас уунэр тыатын кэтээн кэруу. Бу сыалбытын ситиьэрбитигэр маннык соруктары туруоруннубут:

  1.  “Сомокуур” этэх тыатын ойуулааьын.
  2.  Чэрии хатыцца тэьэ угу стук кэстэрун быьаарыы.
  3.  Хатыц чэриитин хомуйуу.

Биьиги дьиэ кэргэн “Чачанда” эбэтигэр сайылыыбыт. Онно суэьулэрбитигэр оттуубут, куэлугэр балыктыыбыт, кустуубут, араас сир аьын хомуйабыт.

Быйыл бу эбэ5э баар “Сомокуур” этэ5ун тыатын кэтээн кэрдум. Бу этэх урдук ба5айы сиргэ турар. Урут титииктэр турбут оннулара киьи хара5ар быра5ыллан сыталлар. Ойууругар туораларынан барбыт ииччэх-бааччах лабаалардаах, уп-уруц субалардаах эдэркээн уонна саастаах хатыцнар хойуутук уунэн тураллар. Бу кураанах, ханан да уу хонон-эрээн ааспатах сирэ . Манна хапта5ас, моонньо5он уунэр эбит.

А5ам бириэмэлэннэ да, бу тыа5а тахсан хатыцнарга чэриини кэрдээччубут. Ый кэрицэ маннык кэрийэн 8 чэриини булбуппут. Мантан уьэ саца тахсыбыт чэриилэр этэ. Кинилэр усталара 7–8 см этилэр. Онтон биэьэ кытааппыт, 10–15 см тиийэ усталаах чэриилэр этэ. А5ыйах хатыцца чэрии ылыллыбыт суоллара бааллар этэ. Былыр бу этэххэ олорбут дьоннор ылан туьаммыт буолуохтарын сэп.

Мин чэриилэри бэйэм кэрэн булбуппуттан наьаа уэрбутум. Чэриилэри сибиэьэйдии хайыталаан баран, салгын оонньуур сиригэр куурда уурбуппут. Сайылыктан кэьэн кэлэрбитигэр дьиэбитигэр а5албыппыт. Билигин кыралаан, настой оцорон, кырдьа5ас эбэбитигэр иьэрдэбит.

Тумук

Бу кэтээн кэрууттэн маннык тумуккэ кэллибит. Хатыц чэриитин урдук,кураанах сирдээх “Сомокуур” этэ5ун тыатыттан эмиэ булуохха сэп эбит. Эбэм эмиэ иьин-уэьун ыраастанарыгар иьэн туьанар.

Туьаныллыбыт литература

  1.  Басыгысова А.П. Саха сирин эмтээх уунээйилэрэ. Якутск, 2004. С. 124.
  2.  Довженко В.Р., Довженко А.В. Секреты лечебных растений. Якутск, 1992. С. 78.
  3.  Макаров А.А. Лекарственные растения Якутии. Якутск, 1989. С. 190.
  4.  Сало В.М. Здоровье. М., 1988.
  5.  Федотов Г.Я. Дерево. Москва, 2002. С. 189.

Приложение

Анкета

  1.  Хатыц чэриитин туьана5ыт дуо?
  2. Ханнык уонна хайдах сиртэн хомуйааччыгытый?
  3. Ханнык бириэмэ5э хомуйа5ытый?
  4. Эмтэнэргэ хайдах туьана5ыт?
  5. Чэрии, эьиги санааЗытыгар, киьи ханнык органнарыгар туьалаа5ый?