Урок родного языка. 2-й класс

Разделы: Начальная школа

Класс: 2


Саха тылыгар уруок технологическай каартата №2

Кылаас

2

ҮөМК

"Саха оскуолата"

Үөрэнэр кинигэ

Захарова Л.В. уо.д.а. саха тыла 2 кылаас. 1 чааһа. Дьокуускай, Бичик, 2017с.

Уруок тиэмэтэ

Хатылааhын (5-6 с.)

Учуутал үлэтин соруктара

Этии туhунан үɵрэнээччи билиитин кэҥэтии;
Хартыынанан дьыктаан суруйуу;
Оҕо толкуйдуур, саҥарар дьоҕурун сайыннарыы.

Сүрүн ɵйдɵбүллэр

Этии, тыл, дорҕоон, буукуба.

Туттуллар информационнай тэриллэр

Компьютер, проектор, презентация, Куукула Сандаара, карточкалар.

Предметтэр икки ардыларынааҕы сибээс:
Тулалыыр эйгэ.

I Υɵрэх биридимиэтин үɵрэтии түмүгэ:

Тустаах үɵрэх биридимиэтин үɵрэтии түмүгэ

Υɵрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ:

  • Этии туhунан ɵйдɵбүлү чиҥэтэр;
  • Этии тыллартан турарын билэр.
  • Этии улахан буукубаттан сурулларын билэр.
  • Киhи санаатын этиинэн тиэрдэри билэр.
  • Сайын туhунан сибээстээх кэпсээн оҥорор.
  • Тиэкиhи этиилэргэ арааран суруйар.
  • Суруйбуту бэрэбиэркэлиир, алҕаhы кɵннɵрɵр.
  • Буочары тупсарар.
  • Быhаарыылаах тылдьытынан сатаан улэлиир.

Билэр-көрөр үөрүйэх:
Үɵрэх кинигэтинэн сатаан үлэлиир. Yɵрэнэр баҕалаах, бэйэтин сайыннарар.
Учуутал ыйытыыларыгар хоруйдуур.
Бэйэни салайынар-дьаhанар үөрүйэх:
Сорудах толоруллар былаанын бастаан учуутал кɵмɵтүнэн, онтон бэйэтэ оҥорор, бэрэбиэркэлэнэр.
Бодоруhар үөрүйэх:
Атын киhи тугу саҥарарын быhа түспэккэ болҕойон истэр.
Уруокка паараҕа, бɵлɵххɵ бииргэ үлэлии үɵрэнэр;
Бэйэ санаатын сатаан дакаастан сөпкө этии.
Билиини-көрүүнү ылар сатабыллар:
Yɵрэххэ интэриэстээх, баҕаран туран үɵрэнэр.
Айылҕа кэрэ кɵстүүлэрин ɵйдɵɵн кɵрɵр.
Υɵ р э х тээбириннэригэр харыстабыллаахтык сыhыаннаhар.

Уруок технологията

Презентация