Платон Алексеевич Ойуунускай "Дьулуруйар Ньургун Боотур" – олонхо

Разделы: Работа с дошкольниками, Конкурс «Фольклорные традиции в образовании»

Класс: д/с

Ключевые слова: эпос «Олонхо»


Саха сирэ 17 ʏйэттэн Россия судаарыстыбатыгар холбоспута. Олоҥхо саха омук биир киэҥ туттар сʏдʏ айымньыта буолар, 2005 сыллаахха ЮНЕСКО олоҥхону улахан айымньынан ааҕан эпоһынан биллэрбитэ. Олонхо - саха норуотун тылынан уус - уран айымньытын саамай урдук чыпчаала, уйэттэн уйэлэр тухары көлуоөнэттэн көлʏөнэҕэ бэриллэн испит дирин ис хоьоонноох айымньыта буолар.

Былыр норуот олонхоҕо умсугуйуута, тардыһыыта тубэһиэхчэ буолбатах. Оччолорго ʏөрэх - сайдыы намыһах кэрдиискэ турар кэмигэр олонхолооһун улахан культурнай суолталааҕа. Олонхоһут - айылҕаттан сʏдʏ талааннаах киһи. Ылбычча киһи санаата да олонхолоон барбат. Онуоха эбии олонхоһут буоларга ʏгʏс сыра, эрэй, дьулуур, баҕа наада. Кини дорҕоонноох тойуксут уонна алгысчыт, сээркээн сэһэнньит уонна алыптаах остуоруйаһыт, чабырҕахсыт уонна угэһит - киьи.

- "Дьулуруйар Ньургун Боотур" - сахалар киэҥ туттар, биир киэнник тарҕаммыт уонна биһиринэр айымньы буолар.

- "Дьулуруйар Ньургун Боотур" - олоҥхону аан бастаан XIX уйэ иккис аҥарыгар олоро сылдьыбыт кыра уорэхтээх саха Константин Георгиевич Оросин 1895 сыллаахха сурукка киллэрбит киһинэн биллэр.

- Кини суруйбут тексин тылын уһулуччулаах чинчийээччитэ Эдуард Карлович Пекарскай 1907 сыллаахха Петербурга бэчээттэтэн таһаарбыт.

- Олонхону Георгий Устинович Эргис киирии ыстатыйалаан, элбэх хос быһаарыы биэрэн, сахалыы-нууччалыы тылынан 1947 сыллаахха таһаарбыта, онон атын омуктар олонхону кытта билсэллэригэр улахан өҥөну онорбута.

- "Ньургун Боотур" олоҥхону композитордар Марк Николаевич Жирков уонна Генрих Ильич Литинскэй саха бастакы оператын музыкатын суруйбуттара, ол опера билигин даҕаны саха театрын сценатыгар туруоруллар.

- Бу олоҥхо артист Гаврил Гаврильевич Колесов туруоруутунан грапластинкаҕа сурулунна, киниттэн быьа тардыылар самодеятельность концертарын программатыгар киирэллэр, радионан уонна телевидениенэн бэриллэллэр.

П.А.Ойуунускай олонхото биллиилээх нуучча тылбаасчыта Владимир Васильевич Державин тылбааһынан 1975 с. тахсыбыта. Бу республика культурнай олоҕор кэрэ-бэлиэ тʏгэнинэн буолбута. СВФУ студеннара, доценнара «Ньургун Боотур» олонхону английскайдыы 10 сыл устата тылбаастаан бʏтэрдилэр.

Платон Алексеевич Ойуунускай (Слепцов) (11.11.1893-31.10.1939) - Саха советскай литературатын төрүттээбит суруйааччы, Саха судаарыстыбаннаһын тэрийсибит, XX үйэ саҥатыгар олох-дьаһах чыҥха уларыйыытын оҥорсубут уһулуччулаах политическэй деятель, лингвист-учуонай, норуот салайааччыта , саха норуотун чулуу уолаттарыттан биирдэстэрэ.
П.А.Ойуунускай, "Ньургун Боотур- олоҥхону чочуйан, 36 тыьыынча строкалаах суду олонхону айан хаалларбыта.

Олонхо темата уонна сурун идеята.

Саха олонхолорун биир сурун сюжетынан айыы бухатыыра уруу-хаан аймахтарын абааьы айма5ыттан араначчылааьына буолар.

Ньургун Боотур орто дойду дьонун, айыы айма5ын, кʏн улууьун көмʏскʏʏр бухатыыр буолан ʏөһэ дойдуттан ананан тʏһэр.

Кустук курдук куоһаан,
Ох курдук оҥорон
Күн улууһун көмүскэтэ
Айыы аймаҕын араҥаччылата
Дьулусхан субуйа сүүрүк
Дьураа хара аттаах
Дьулуруйар Ньургун Боотур диэн
Буор сиргэ буулаҕатын булларбатах
Бухатыыр киһини киллэрбиттэрэ үһү.
Хайдах эрэ киһини
Халыҥ хахха оҥорон, үөһэ дойдуттан
Үтүмэхтээтилэр буолла диэтэргит,
Оҕо эрдэҕиттэн
Олорор буолуоҕуттан
Үөһэ дойдуга үөрэҕэс быстан
Үөрбэ оҥостон,
Үлтү кэһиэх буолан
Үөгүлээбит этэ диэммин
Оччугуй оҕо эрдэҕиттэн,
Ат буолуоҕуттан
Аллара дойдуну
Арбыйа оҥостон,
Атаҕынан дарбыйан
Айыыны оҥоруох буолан
Аартык аайы
Айаатыыр этэ диэммин
Эрдэ сылла этэн кэбистэҕим.

Сабыйа Баай хотуҥҥа, Саха Саарын тойоҥҥо уоллаах кыыс оҕолоро төрөөннөр кʏөх окко кʏөлэһис гыннылар:

Олоҥхо буолан баран
Омуна суох буолуо дуо,
Аҕыйах хонон баран
Айан төрөппүт оҕолоро улааталлар.
Уоллара Күн Дьирибинэ
Улахан тиити төргүү мутугунан
Төбөтө көстөр уол оҕо туйгуна,
Бухатыыр ааттааҕа буолар.
Кыыстара Туйаарыма Куо
Чаҕыл-күлүм курдук,
Чараас-чараастык чыпчылыйбыт,
Миигэс-миигэстик мичилийбит,
Өгүрүк-төгүрүк көрбүт,
Долгун курдук субуруйбут
Тоҕус былас суһуохтаах
Туналҕаннаах Ньуурдаах Туйаарыма Куо диэн
Төрүөхтэн кэрэ кыыс буола улаатар.
Кини илиитин көрдөөннөр
Үтүө бухатыырдар
Күөн көрсөллөр, күрэс былдьаһаллар.

Абааьы аймахтара
Түүн сырыыламмыт,
Түүлээх уллуҥахтаммыт,
Түөкүн майгыламмыт,
Алдьатан-талаан барары
Амтаһыйа санаабыт
Арсан Дуолай аймахтара:
«Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы-хаан аймахтара
Атаҕастыы олоруохтара,
Алдьатан-талаан бараммыт
Саһар сирбитинэн
Саарбахсыйа сылдьыахпыт...
Күн-өркөн улууһун
Күөмчүлээн бараммыт
Өһөгөйдөөх Өлүү Чөркөчүөх төрдүгэр
Өрүһүттэрбэккэ киирдэхпитинэ -
Өҕүрүтэллэрэ мөлтөх буолуоҕа,
Айыы-хаан аймаҕын
Атаҕастаан бараммыт
Аллараа дойдуга түстэхпитинэ -
Үс күлэр ньүкэн үтүгэн
Үҥнэн биэрэрэ биллибэт...
Үтүө сир ол баар» - диэннэр,
Алдьархайдаах аллараа дойдуга түһэннэр,
Аныардаах аан дойдуламмыттар эбит...

анаарыйар атамааннарын-Ыйыста Хара, Уот Уһутаакы, Алып Хара бухатыырдары кытта өлөр-тиллэр охсуһууга киирсэн, элбэх эрэйинэн, сыранан кыайталыыр. Кини ити мʏччʏргэннээх хорсун сырыыларын хоһуйуу-бу олонхо сʏрʏн темата. Олонхо орто дойду сирин-уотун ойуулааһыныттан са5аланар, бу дойду дьоно-сэргэтэ абааьы аймахтарын ада5айыыларыттан улаханнык иэйэн-куойан туран, ʏөһээ айыылартан комускэл кордоьор. Онуоха ʏөһээ дойдуга олохтоох Υрʏҥ Айыы тойон уонна Дьылҕа Хаан айыы дьонун араначчылаата Ньургун Боотуру балта Айталы Куолуун орто дойдуга тʏһэрэллэр. Ньургун Боотур ити ытык аналын толорбутунан барар.

Үөһэ диэкиттэн сүллэр этиҥ ньиргиэрдээх
Саллар чаҕылҕан дапсыырдаах
Тыас иһиллэрин кытта
Дьулусхан субуйа сүүрүк аттаах
Дьулуруйар Ньургун боотур илэ бэйэтинэн
Дьирэс гына түһэр.

Ньургун Боотур:

Көр даа бу! Көр даа бу!
Айыы хаан аймахтарын
Атаҕастаабыт үһүгүн, нойоон, хара түөкүн!
Күлэ-күлэ күлгүн таптайыам,
Аал уоккун умуруоруом,
Алаһа дьиэҕин алдьатыам,
Тымыргын баттыам,
Тыыҥҥын иһиллиэм.

Олоҥхоһут: Диэн тыл этэн тыылла-хабылла түстэ, үөгүлүү түһэн баран үс төгүл өрө чиччигинээн тыыллан дагдас гына түстэ, эриэн кыыл этэ тириитэ ибилитэ бара сыыста, иҥиирин тыаһа кычыгыр гына түстэ.

Дьулуруйар Ньургун Боотур обургу кыбдьыгырыы түһэн кыланан ылла да, адьарай уолун тоҕус бэгэччэгинэн охсон кэбистэ да, анараата аһара охсон биэрдэ.

Хахай хаана хааннанан
Хаһыытаһа түһэн баран
Хап курдук саайыстылар,
Аллара дойду айманан дьалкыйда,
Үөһэ дойдуга үөгүлэрэ иһилиннэ,
Орто дойдуга охсуһуулара билиннэ.

Айталы Куону абааһы бухатыыра Тимир Ыйыста Хара бухатыыр уоран барыыта Ньургун Боотур хорсун сырыылара саҕаланыыларыгар бастакы төрʏөтʏнэн буолар.Олонхо сюжета итинтэн ыла уустугуран барар. Ньургун Боотур хоодуот сырыылара бииртэн биир солбуллан, бэйэ-бэйэлэриттэн сиэттиһэн-тиһиллэн иһэллэр. Холобур, Ньургун Боотур Айталы Куону быыһаан кэлэн иһэн, Кʏн Туйаарыма Куону Тимир Дьэһинтэйтэн босхолуур, онтон Уот Уһутаакыны кыайан, айыы бухатыырдарын босхолуур, ап-чарай быаны быһан, Кыыс Ньургун сурдьун Айыы Дьураҕастайы өлʏʏ суолуттан мулчу туттарар.

Дьэ, ити курдук
Дьураа хара аттаах
Дьулуруйар Ньургун Боотур
Үрдүк сурахтаммыт,
Үтүө ааттаммыт.
Тоҕус быластаах суһуохтаах
Туналыйар Ньуурдаах Туйаарыма Куону
Үрүмэччи маҥан аттаах
Үрүҥ Уолан бухатыыры
Дьонугар - сэргэтигэр төнүннэрбит.
Оонньуу-күлүү оройо аһыллыбыт,
Көр-нар көҕө үктээбит,
Кыыс оҕо кылааннааҕа кыттыспыт,
Уол оҕо уһуктааҕа мустубут
Дэлэгэй ыһыах тэриллибит
Улуу ыал уһун буруолара унаарыйбыт.
Бу урууга-тарыыга
Олоҥхолоон оҕонньор олоҥхолообут,
Ааттаах чабырҕахсыт
Дьүһүйэн чабырҕахтаабыт.
Оҕо-уруу өттө
Оонньууну батыспыт,
Оһуохай айбыт,
Дьиэрэҥкэй тэппит,
Үҥкүү дьиэрэйбит.
Үөрүү-көтүү үксээбит,
Уруй-айхал этиллибит,
Алгыс ырыата ылламмыт,
Оһуохай оонньуу саҕаламмыт.

Бу олонхо сурун идеятын айыы дьонун көнүл, дьоллоох олохторун, төрөөбүт дойдуну абааһы биистэртэн араначчылааһын буолар. Көстөрʏн курдук, Ньургун Боотур бары өстөөхтөрʏн кыайыыта,эйэлээх олоҕу төрʏттээһинэ олонхо идеята сырдыгын, норуот бары харана куустэри кыайарга хаан ба5арар эрэллээ5ин туоһулуур. Ньургун охсуһуута барыта кун сирин комускэлигэр ананар буолан, бу олонхо Ийэ дойдуга таптал тыыныгар иитэр.