Образ птицы в поэзии Семена Данилова

Разделы: Литература

Ключевые слова: поэзия, Семен Данилов


КИИРИИТЭ

Үлэ актуальноһа: Саха поэзията Советскай кэмңэ дохсуннук үүнэн, сайдыы киэң аартыгар үктэнэр кэмигэр Семен Данилов бу саңа историческай аартыгы тэлээччилэртэн биирдэстэринэн буолбута. Кини оччоттон бэйэтэ туспа куоластаах, номо5он иһирэх тыллаах ырыаһыт быһыытынан норуокка киэңник биллэн барбыта. Поэт хотугу сир дэлэй эңин-эгэлгэ өңнөрүн, төрөөбүт айыл5атын, атын дойду сирин-уотун ханна да суох көстүүлэрин ойуулаан көрдөрбүтэ, төрөөбүт норуотун үһүйээннэрин уонна былыргы сэһэннэрин туһаммыта, ол кини айымныларыгар национальнай тыыны уонна ханна да суох сонун көрүңү биэрбитэ. Кини хоһоонноругар биһиги олох бүппэтин, айыл5а уонна киһи хардарыта сибээстэрин боппуруостарыгар дириң толкуйдааһыннары булабыт. Туох баар айымньыта саха поэзията чэчирии сайдарыгар анаммыта. Кини дьиңнээх поэт быһыытынан, туох-ханнык иннинэ гражданин буолуохтааххын диэн принцибинэн салайтарара.

Үлэ проблемата: Билигин аныгы сайдыылаах кэмңэ аа5ыы боппуруоһа күүскэ турар. Үөрэнээччи хоһоону буолуохтаа5ар кэпсээни да умсугуйан аа5ара өй-санаа, билии-көрүү олохсуйарыгар уустуктары үөскэтэр. Саха народнай поэта Семен Данилов о5о5о, эдэр ыччакка үгүс хоһоону айан хаалларбыта. Поэзията олох сыаннастарын күүскэ толкуйдатарынан суолтата үрдүк. Поэт биһигини мэлдьи үтүө5э, кэрэ5э эрэ дьулуһарбытыгар, туһалаахтык олорорбутугар ыңырар, биһиги үчүгэйи дуу, куһа5аны дуу оңорорбут кэлин хайаан да түмүктээх буолуо5ун этэр. Онон билиңңи олоххо олох сыаннастарын үрдүктүк тутуу боппуруоһа сытыырхайбыт кэмигэр поэт хоһооннорун оскуола о5олоругар, эдэр ыччакка билиһиннэрии, саңалыы көрүү үтүө түмүктээх буолуо5а.

Үлэ ырытыллар объега: Семен Данилов поэзията.

Үлэ ырытыллар предметэ: Семен Данилов поэзиятыгар көтөр уобараһа.

Үлэ сыала: поэт хоһоонноругар көтөр уобараһын хоһуйар уратытын чинчийии.

Үлэ сыалын ситиһэргэ маннык соруктар турдулар:

  • Семен Данилов көтөр туһунан хоһооннорун билсии, үөрэтии;
  • хоһоон сүрүн санаатын, тематын, көтөрү хоһуйар уобарастааһыннары булан ырытыы;
  • хоһоон тылын-өһүн чинчийии;

Барыл санаа (гипотеза): Семен Данилов поэзиятын этигэн кэрэтин эдэр көлүөнэ ыччат өйдүүрүгэр олук ууруу.

I. Саха суругунан поэзиятыгар көтөр уобараһын туттуу

Күөрэгэй, туллук уо.д.а. чыычаахтар

Ырыа чыычаахтартан образка күөрэгэй ордук үгүстүк киирэр. Кини кэнниттэн-туллук, татыйык, кыталык, ымыы, көлүөс уо.д.а. Хомуска күөрэгэй дьырылас ырыатын үтүгүннэрэн оонньууллар. Кыыс оҕоҕо «Күөрэгэй» диэн ааты биэрэллэр.

Күөрэгэй, көлүөс, татыйык-кыыс оҕо, кыыс дьахтар. Айыы дьоно оҕолорун этэллэр: «көмүс түөстээх күөрэгэйбит, алтан түөстээх далбарайбыт». Ньургун Боотур этэр: «күн айыы күндү күөрэгэйэ аҕыс былас суhуохтаах Айталыын Куо биэбэкэйим».

Кыыс ырыата күөрэгэй ырыатыгар тэҥнээх. Олоҥхоҕо айыы кыыha ыллаан «күөрэгэй о5отун курдук күйгүэрэ... турбута эбитэ үһү» - дэнэр.

Күэрэгэй ыллыыра-дьол, үөрүү,өрөгөй: «күммүт тахсыа, күэрэгэйбит ыллыа».

Туллуктар-кыргыттар: «туллук маҥан кыргыттар чорооҥҥо куппуттар».

Арыт эр киhи эмиэ-туллук. Дьахтар эрин сэриигэ атаарар тойугар этэр:»туллуктуура до5орум..., көстөр күндү көмүһүм! Көстө көтөр күнүҥ буолла».

Долгуйбут сүрэх-до5уурга иҥнибит туллук: «тойон сурэ5им, до5уурга иҥнибит туллук чыычаах курдук, толугуруу долгуйда5ыан».

Бухатыыр стилэ-туллук курдук. Ньургун Боотур: «үрүҥ туллук курдугунан «топ» гына силлиир».

Чыычаа5ынан туох эрэ аччыгыйы, дьо5уhу дьүһүннүүллэр. Аал Луук маска: «чыычаах тумсун са5а күлүмнүү умайа түспүт өлбөт мэҥэ уута».

Адьарай ааттаахтара Үрүҥ Уоланы сэнээн хоhулууллар: «чоруос са5а буолан туран чоргуйара да баар ээ!».

Тыл иччитэ чыычаах буолар. Айыҥат хаан айма5а хомуhу айан баран бу курдук этэр: «тыл иччитин, тыллаах-эстээх тыhы ымыы чыычаах гынан, тылгар сыһыардым».

Кэ5э

Кэ5э сааhы, сайыны хоhуйуу арахсыбат аргыha диэххэ сөп. Олоҥхо5о айыы айма5а олорор сирэ - «кэрээбэт кэ5этэ кэпсии турар» эргиччи сайын дойду. Кэ5э кэрэ куолаhын хай5аан хоhуйуулар бааллар.

Кэ5э, син биир күөрэгэй, этэн курдук, үөрүү, дьол, сайын символа буолар. «Биhиги да алааспытыгар этэн үөтүө, кэ5э этиэ, куэрэгэй ыллыа» диэн өс хоhооно баар.
Ол эрээри кэ5э икки өруттээхтик туттуллар. Дуоспуруна суох тыллаах-өстөөх киhини кэ5э «курдук сэлээр кэпсээннээх» диэн этэллэр. Биир сиргэ түптээн олорбот, тохтообот, сүүрэ-көтө сылдьар киhини эмиэ кэ5э5э холуур тубэлтэ баар буолар. Маны таhынан кэ5э, чэкчэҥэну, куо5аhы кытта сэргэ, ойуун эмэгэтэ буолар. Ойуун абааhыттан киллэрэригэр «кэ5элиир», а.э. кэ5э курдук саҥарар.

Кыталык. Туруйа.

Бөдөҥ көтөрдөртөн саха ырыатыгар-тойугар үгүстүк киирбит тыл буолар. Саха5а кыталык Айыы ытык кыыла, айыылар орто дойду дьонугар кыталык буолан кэстэллэр. Ол туhунан А.Е.Кулаковскай бу курдук хоhуйар:

Былыр...
Айыы дьоно
Ал5аан баран
Айах туттахтарына,
Айыҥат хаан айма5а,
А5ыс кыталык буолан,
Айыы дьонун
Айхаллаах туhулгэлэрин
Анааран-ал5аан
Ааhаллара эбитэ уhу.

Былыр кыталык киhиэхэ үчүгэйгэ эрэ көстөр дии саныыллара. Кыталыгы көрбут сирдэрэ-айыы илэ бэйэтинэн түһэн көстүбүт, тайбыт сирэ-ол күнтэн ыла бэлиэ5э ылыыллар, ытыктанар; кэпсэлгэ сылдьар сир буолар. Айыы тайбыт сирэ-дьоллоох-соргулаах сир. Дьэ ол иhин «Кыталыктаах», «Кыталык ыллаабыт», «Айыы тайбыт» диэн алаастар, үрэхтэр, хайалар ааттара ааттаналлар.

Кыталык бэйэтэ тас дьүhүнэ, быhыыта-тутуута кыраhыабайынан эрэ аатырбат, саҥата кэрэтинэн эмиэ кэпсээҥҥэ киирэр: «кыталыктан ордук кыраhыабай куоластаах кыылы кэрбэтэ5ум».

Саха народнай музыкатыгар кыталык, күөрэгэй куоластарын утуктуу биллэр миэстэни ылар. Оттон куба, хаас тас быһыыларынан үчүгэй холобурга арыт киирэллэр буолан баран, саҥаларынан, төттөрү, сириигэ киирэллэр. Олоҥхо5о абааhы бухатыырын ырыата бу курдук хоhуйуллар:

Кус-хаас тойуга туойулла,
Куба-лахсыыр ырыата ыллана,
Иhиллиэ-иhиллиэ мэлийэн,
Сүтэ-сүтэ күөдьүйэн,
Өрүтэ ньиргиэрэн
Тиийэн кэлэн испитэ эбитэ үһү.

Норуот поэзиятыгар кыталык кэнниттэн туруйа үгүстүк образтанар. Кинилэр иккиэн сэргэстэhэ кэриэтэ сылдьарбуолаллар.

Кыталык-кыыс, дьахтар; туруйа-уол: «то5ус субан туруйа курдук уолаттар, а5ыс тыhы кыталык курдук кыргыттар».

Кыргыттар кыталыктыы ыллыыллар, уолаттар-туруйалыы: «кыыс о5о манна кыталыктыы ыллаабыт, уол о5о манна туруйалыы туойбут».

Олоҥхо5о айыы кыргыттара, дьахталлара-кыталык курдуктар. Туйаарыма Куо «ыталык курдук кынталдьыйар», кини куолаhа «кыталык ырыатын курдук кыҥкыныы дьырылыыр».

Айыы кыргыттара, дьахталлара, уда5аттар санааталлар эрэ кыталыкка кубулуйаллар, кыталык буолан көтөллөр. Айыы Умсуура, «тыhы кыталык буолла да, «өрө көттө».

Арыт олоҥхо бухатыыра эмиэ кыталыкка холуллара баар буолар. УруҥУолан «кэстэр үтүө дьүhүнүнэн кыталык кыыл о5отун курдук дьоройбут уҥуохтаах... бэрт диэн үтүө киhи». Дьахтар кэрэтэ арыт туруйа5а холуллара эмиэ баар буолар. Эр киhи дьахтары бу курдук туойар:

Дуобуналыыр барахсан,
Дьоролдьуйан сылдьаргын,
Туруйа кыылбар
До5ордуу кэрдум.

Кыталык-үтүө, ыраас быhыы идеала. Саха5а маннык өс хоhооно баар: «кыталык кынатын төбөтүгэр кыырпахтаа5ар дылы». Бу этии өйдөбүлэ «и солнце не без пятен» диэн нуучча өһүн хоhоонугар майгынныыр.

Хонуу, кырдал ырааhа, киэҥэ кыталыгынан, туруйанан до5уhуолланан этиллэр: «кыталык кыыл түhэн ыллаан ааhар добдул маҥан томторо».

Олоҥхо бухатыырын биилкэтэ кыталык сыҥаа5ын уҥуо5ар майгынныыр: «тыhы кыталык тыллаах тылбыы көмүс сыҥаа5ын уҥуо5ун сыыйа тарпыт курдук кырбыытаммытынан кэлэр, кыыдам көмүс устуу салаалардаах үөрбэлэрдээх эбит».

ХОТОЙ

Хотой эмиэ айыы ытык кыыла. Кинини ытыктаан «тойон», «тойон кыыл» диэн ааттыыллар. Өссө кинини бэрт былыр араҥаччыллыыр тан,ара он,остоллоро эбитэ уhу.

Хотойу хаhaн да бултаспаттар, тыыппаттар. Тыыппыт киhини буулуур дииллэр. Онон хотой былыргы саха итэ5элигэр киирбит кэтэр. Хотой ыал аттыгар кэлэн тустэ5инэ, анаан ас тэрийэн аhаталлар. Эссэ хотой ун,уох туттараары гынна5ына, киhиэхэ чугаhыыр диэн буолар. Оччо5о кинини элуэр диэри аhатыахтааххын, эллэ5унэ ун,уох кэтэ5уэхтээххин.

Хотойу маннык эпитеттарынан хоhуйаллар: «чуучугуруур туус тумус, чаачыгырыыр таас тан, алай, буруэ харах, бутэй мулгун, тэгурук турбуу кынат, атара кутурук, алтан сабарай, ала мондо5ой, тайбыыр дьа5ыл, сун,кэн эрэли хомпоруун хотой кыыл».

Олон, хо5о айыы бухатыырдара ыраах айанныылларыгар уксугэр хотойго, мохсо5олго кубулуйаллар. Ньургун Боотур «үңкүрүс-күөлэhис гына түстэ, хотой хара дьађыла буола тустэ» дэнэр. Кини аллараа дойдуттан, «моонньугар мойбордоох мохсо5ол кыыл буолан», айыытын сиригэр кэтэн тахсар. Оттон абааhылар хотой, мохсођол буолбаттар, үксүгэр суор буолаллар. Холобур, Кыыс Кыскыйдаан эдьиийэ Ытык Хахайдаан уда5ан «күтүр улахан хара маңаас суор» буолан кэтэн барыйар. Ол гынан баран норуот тылынан айымьнытыгар хотой образтаан этиилэргэ, тэңнээhиннэргэ олус үгүстүк туттуллубат.

Атын көтөрдөр

Мас көтөрдөрүттэн үгүстүк улар образка киирэр.

Тыа куртуйах кутуругунан дьүһүннэнэр: «куртуйах улар кутуругун нуо5айын өрүкүччү туппут курдук догдон, уо...тыа».

Халлаан, былыт өңө эрдэ5эс түөһүн эбириэнигэр майгынныыр: «эрдэ5эс улар кыыл түөhүн эбир түүтүн ойуутун курдук ииримтийэн көстөр э5эрдэлээх илин халлаан», «эрдэ5эс улар эбириэнин курдук, эбир дьа5ыл былыт».

Олоңхо бухатыырын дьиэтин киэңин көрдөрөргө улар холобур буолар: «уолан киьи са5а буолан уулан тиийэр ун,а диэки эттэ»...

Бухатыыр атын миинэрэ хара улар көтөн тахсарын курдук: «халдьаайы тыа хара уларын курдук, атын урдугэр хап гына хатана тустэ».

Долгуйбут киhи быара улар курдук омуннаахтык мөхсөр: «хара быарым хандаа5а ин,нибит хара улар курдук халыгырыы хамнаата5ыан».

О5о уончалаах, мэнигиргиир сааhын «улар сааhа», «уларыгар туhэ сылдьар» диэччилэр. Акаары киhини «улар мэйии» диэччилэр.

Суор, тураах, элиэ, мэкчиргэ, кукаакы, киргил, чаччыгыныар наар мөлтөђү дьүhүннүүргэ туттуллаллар. Кинилэр сиэмэх биитэр куhа5ан дьуhуннээх, быһыылаах-тутуулаах, саңалаах көтөрдөр. Норуот кинилэргэ сыhыанын маннык өс хоhоонноруттан көрүөххэ сөп: «суор суорун хара5ын оңпот, тойон тойонун түhэн биэрбэт»; «киhи суора киhи», «суут баhа мэкчиргэ баhын курдук», «элийбити элиэ сиир», «тойон олођор тураах олорор», «собул5а5а суор-тураах мустар, өлбүт киhи үбүн баай хомуйар», «кукаакы кулубалаах, киргил кинээстээх, тоңсо5ой тойонноох, чаччыгыныар чаччыыналаах, суор суруксуттаах». Остуоруйа5а игин абааhылар суор буолан көтөллөр.

II. Семен Данилов поэзиятыгар көтөр уобараһын туттуу

Үйэлээх поэзия ырыаһыта

Биллиилээх советскай поэт, А.М.Горькай аатынан РСФСР Государственнай бириэмийэтин лауреата. Саха АССР народнай поэта Семен Петрович Данилов аата саха аа5ааччыларыгар эрэ буолбакка, Россия норуоттарын үгүс тылларыгар, ону ааһан бүтүн Советскай Союз аа5ааччыларыгар тиийэ киэңник биллэр, оттон сорох айымнньылара омук сиригэр кытта бэчэттэммиттэрэ. Кини - икки тылынан тахсыбыт отучча кинигэ автора.

Поэт С.П.Данилов 1917 сыллааххаа кулун тутар 20 күнүгэр Горнай оройуонун Мытаах нэҺилиэгэр дьадаңы бааҺынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. НэҺилиэгэр бастакы советскай оскуола үөрэнээччитэ, комсомолец, ликбез учуутала, колхоз биригэдьиирэ, суут секретара, райком инструктора, онтон куоракка пединститут студена уонна преподавателэ - суруйааччы оло5ун суолун бастакы сүрүн оңкуллара итинниктэр. Кэлин Москва5а А.М.Горькай аатынан Литературнай институт иҺинэн үрдүкү литературнай курстары бүтэрэн баран, Саха сирин суруйааччыларын союҺун бырабылыанньатын литературнай консультанынан үлэлиир. Ити кэмңэ поэт бырабылыанньа иҺинэн литературнай түмсүүнү ситиҺиилээхтик салайбыта.

Семен Данилов аан бастаан 1937 сыллаахха «Эдэр большевик» хаҺыакка икки-үс хоҺоону бэчээттэппитэ. Бастакы дьоҺуннаах холонууларын поэт сэрии сылларыгар оңорбута. Семен Данилов оччоттон бэйэтэ туспа куоластаах, номо5он иҺирэх тыллаах ырыаҺыт быҺыытынан нооруокка сыыйа биллэн испитэ. Кини «Өлүөнэ эбэкэм», «Бэ5эҺээ кулууп дьиэтигэр», «Кини! - дииллэр», «Үүнүү» колхоз кыыҺабын», «Алааска, мин ыаллыы колхозпар», «Эдьийдэрим, кэрэ кыыс», «Депутааты атаарыы» диэн хоҺоонноро ырыа буолбуттара.

1954 сыллаахха буолбут ССРС суруйаачыларын иккис съеҺигэр хоҺоонноро үрдүктүк сыаналаммыттара. Ол кэннэ С.П.Данилов Советскай Россия уонна бүтүн Советсай Союз литературнай эйгэтигэр бигэтик тахсан эрэрин 1975 с. Москва5а буолбут саха литературатын билиңңи туругун уонна кини сайдар тосхолун дьүүллэспит РСФСР суруйааччыларын союҺун бырабылыанньатын VI пленума кытта бэлиэтээбитэ. Онно кини аата бастың советскай суруйааччылар ахсааннарыгар баара.

Семен Данилов поэзията төрөөбүт төрүт буоруттан, норуот ырыатыттан-тойугуттан дириң силистээ5э кини үгүс айымнньыларыгар көстөр. Кини айымнньыларыгар Кулаковскай поэзиятын дириң социальнай эңсиитэ, Софронов, Күндэ лирикаларын уйа5ас иэйиилэрэ, Ойуунускай революционнай күүрээнэ, кини искусствотын партийноҺа, интерналистскай тыына, Эллэй поэзиятын судургу эрчимэ саңалыы уҺаарыллан сылдьаллар.

Төрөөбүт литература ыырын, кини түмүктээн кыа5ын кэңэтии - Семен Данилов поэт быҺыытынан уус-уран көрдөөҺүнүн биир ордук тахсыылаах тосхоло. Кини поэзиятыгар Ийэ дойду обраҺа сүрүн миэстэни ылар. Семен Петрович Данилов хоҺооннорун сүрүн тематынан буолар билиңңи кэми, аныгы дьону хоҺуйуу. Поэт үгүс хоҺоонноругар олох кырдьыгын толору этэргэ дьулуҺар, оттон сүрүннүүр оптимистическай санаа кини поэзиятыгар дьиң баар олохтон үөскүүр. Кини о5о5о аналлаах поэзия5а, литературнай критика5а уонна проза5а эмиэ тахсыылаахтык үлэлэҺэрэ.

Народнай поэт Савва Тарасов кини туһунан тыллара үгүһү этэр: «Семен Данилов - биһиги уһулуччулаах национальнай поэппыт. Биһиэхэ үчүгэй, бэрт, ааттаах поэттар бааллара уонна бааллар да5аны. Ол гынан баран, кини курдук алаас ыллык суолуттан дор5оонноох аартыкка дьулур5атык то5о көтөн тахсыбыттар, Саха сирин, саха норуотун, саха литературатын, чуолаан поэзиятын туһунан, үтүө өйдөбүлү киэң эйгэ5э таһаарбыттар суох буоллахтара буолуо. Ол да иһин кини туһунан этэллэрэ: Россия5а уон улуу поэт баар буолла5ына, биирдэрэ - Семен Данилов, Россия5а биэс улуу поэт баар буолла5ына, биирдэрэ - Семен Данилов. Ити бигэргэтии олохтооох этэ. Ол да иһин кини аата Расул Гамзатов, Мустай Карим, Кайсын Кулиев, Давид Кугультинов ааттарын кытта өрүү бииргэ ааттанара».

Суруйааччы айар уонна общественнай үлэтин партия уонна правительство үрдүктүк сыаналаабыттара. Семен Петрович Данилов Үлэ КыҺыл Знамята уонна Октябрьскай Революция орденнарынан, хас да мэтээлинэн, РСФСР уонна уонна Татарскай АССР Верховнай Советтарын Президиумнарын Бочуотунай грамоталарынан на5араадаламмыта, киниэхэ Саха АССР народнай поэтын бочуоттаах аата иңэриллибитэ.

Семен Данилов поэзиятыгар көтөр уобараһа.

Семен Данилов үгүс хоһоонугар Саха сирин араас көтөрүн уобараһын хоһуйбута.
Кини поэзиятыгар биһиги омук быһыытынан уратыбытын ыллыыр-туойар. Кини дьүһүннээһиннэнэрэ норуот үөскээбит айылђатыттан, олорбут историятыттан, дьарыгыттан силис тардар.

Ол курдук кини хоһоонноругар чыычаахтартан күөрэгэй, туллук, ымыы уобараһа үгүстүк көстөр. Чыычаах диэн тылы Семен Данилов олус сөбүлээн туттар. Чыычаах бу орто дойдуга туох баар үчүгэйи кытта ситимнээх. Кини ырыата дууһаны үрдүккэ көтүтэр, санааны уоскутар:

Атын тыл эркин буолан
Аргыстарбыттан араарар,
Хол дойдуга чороҥ хаалан
Буһабын мунчаарыы муҥар.

Оччоҕо миигин саататар
Чыычаах чуопчаарар саҥата,
Аралдьытар, уоскутар
Чыычаах аптаах ырыата.
«Чыычаах ырыата»

«Поэт кэргэнэ» диэн хоһооҥҥо кэргэнин айар үлэтин ымыы чыычаахха холуур. Кэргэнэ кини доҕоро, баар-суох өйөбүлэ. Кини баар буолан, хомоҕой хоһооно тыыннаах тыл буолан кутуллар, йар илбис иччилэнэр. Поэт кэргэнэ кинини ыллатар, айар үлэҕэ сирдиир үйэлээх музата буолара маннык строкаларга көстөр:

Поэт бүппэт түбүктээх арчыһыт айыыһыта,
Дьалхааннаах олоҕун арахсыспат арыалдьыта,
Кини суос-соҕотох доҕоро - биир санаалааҕа -
Кини ийэ кэргэнэ, кини ырыатын ымыы чыычааҕа.
«Поэт кэргэнэ»

Саха поэзиятыгар туллук үгүстүк көстөр уобарас. Семен Данилов хоһоонноругар туллук уобараһа үгүстүк көстөр. Туллук уобараһын кини ураты истиңник туттар. «Тумара туллуктара» поэмађа Семен Данилов дьол, үөрүү диэн өйдөбүллэри туллуктарга сыһыара тутан хоһуйар. Лирическэй герой дойдутуттан тэлэһийэн баран, төрөөбүт өтөҕөр кэлэн турар. Кини быданнааҕы кэмҥэ ырааппыт оҕо сааһын ахта саныыр. «Тумара» диэн ааспыт кэм суолтаҕа туттуллубут. Ол аата «тумара туллуктара» ааспыт оҕо саас, эдэр эрдэҕинээҕи кэрэ, умнуллубат кэмнэри кэрэһэлииллэр:

Дьол диэни, тумара туллугун
Мин буллум төрөөбүт дойдубар.
Сырыттым иккиһин уол буолан,
Баһыыба, мин дьоммор-сэргэбэр.
«Тумара туллуктара»

Тумара туллуга диэн уобарас «Айанньыт доҕорбор» диэн хоһооҥҥо эмиэ баар. Айанньыт сыарҕата сыыйыллар, оттон кэннигэр айан суола хаалан иһэр. Айан хаһан баҕарар ахтылҕаны үөскэтэр, онон тумара туллуга ахтылҕан бэлиэтэ.

Бу кэмҥэ мин өрүү
Эйигин ахтабын,
Тохтообот, уоскуйбат
Тумарам туллугун.
«Айанньыт доҕорбор»

Туллук чыычаах поэкка ураты үөрүүнү-көтүүнү, истиҥ иэйиини бэлэхтиир, дууһатын ыллатар көтөр буолар. Тулалыыр эйгэни өрүүтүн үтүө, сырдык өҥүнэн өйдүүр, көрөр поэт буолар. Туллуктары кини кэрэ кыргыттарга тэҥниир:

Уһун субуу, сыыр курдук,
Утуу-субуу тардыллар.
Отчут дьүөгэ кыргыттар
Үрүҥ тулук курдуктар:
Үөмэр-чүөмэр хаамсаллар,
Өгүрүк-төгүрүк көрөллөр.
«Ходуһаҕа»

Семен Данилов өрүү сырдык кырааскалаах чэпчэки, ыраас тыыннаах хоһооннору суруйарар. Оннук хоһооннортон биирдэстэрэ «Бастакы хаар» буолар. Поэт төрөөбүт дойдутун оҕолуу истиҥник таптыыр, кини араас көстүүтүттэн дуоһуйар. Онон туллуктар үөрүү-көтүү аргыһа буолан, лирическэй герой суолун арыаллыыллар:

Мин суолга наадыйбат оҕочоос буолабын:
Мырааны быһабын, чагдаҕа тахсабын,
Туллуктар суолларын көрөммүн үөрэбин,
- Туллуктар! Эй, кэлиҥ! Мин үтүө киһибин.

Хоһооҥҥо хаар түһэрэ кыталык үҥкүүтүгэр тэҥнэнэр. Кыталык кыыл кылбааран сырдыгы, ырааһы туһаайар. Киһи олорорун тухары санаата ыраас буолуохтааҕын таайтаран этэр:

Күөдьүйэр таһырдьа күүрээннээх көр-күлүү,
Кыталык үҥкүүтүн намыын хаар үҥкүүлүүр.
«Бастакы хаар»

Поэт ордук ырыаһыт күөрэгэй чыычаађы үгүс хоһоонугар киллэрбит. Күөрэгэй таптал, үөрүү, дьол, көҥүл санаа, ахтылҕан символа буолар. Кини күөрэгэй чыычаахха анаабыт «Күөрэгэй», «Күөрэгэй туһунан баллада», «Тайҕа күөрэгэйэ» хоһооннордоох. Семен Данилов «Күөрэгэй» диэн хоһоонугар үгүс кэпсээннээх, күүстээх санаалаах күөрэгэй сааһы аҕалар:

Кынаппынан силэйэн,
Хаары күрдьэр инибин,
Күөлгүт мууһун битийэн,
Көлбөрүтүөм - дэнэбин.
«Күөрэгэй»

Эбэтэр «Күөрэгэй туһунан баллада» хоһоону ылан көрүөҕүҥ. Олус истиҥник, иһирэхтик күөрэгэй чыычааҕынан дойду ахтылҕанын туһунан санаа этиллэр. Күөрэгэй чыычаах Ѳлүөнэ биэрэгэр «төлөһүйэн үөскээбитэ», ыраах сылаас сиргэ тиийэн кыстыыра, дойдутун ахтара строфа аайы сайдан иһэр. Киһи төрөөбүт төрүт буоругар курдары тартара, ахта -саныы сылдьар:

Арыт кини түһээн көрөрө
Ол ыраах кыстык хаар дойдутун,
Ол дойду өрүү көҕөрөн,
Тупсан, туругуран турарын.

Поэт күөрэгэй чыычааҕынан дойду ахтылҕанын көрдөрөр. Семен Данилов Сахатын сириттэн элбэхтик ыраах тэлэһийэ сылдьыбыта, сир араас муннугун көрбүтэ, сөхпүтэ-махтайбыта. Онон ийэ дойдуга ахтылҕан темата кини хоһоонноругар олус күүстээх. Күөрэгэй чыычаах дьолу-соргуну туһаайарын таһынан ахтылҕаны эмиэ көрдөрөр.

Миигин дойдутун ахтыбатын диэннэр, -
Өлүөнэ кытылын сааһын санатан,
Күндүл халлааммар көччүйэ көттүлэр
Көмүс тыллаахтар, күөрэгэй чыычаахтар, -
Дойдутун тойугун суохтаабатын диэннэр.
«Миигин дойдутун ахтыбатын диэннэр»

Күөрэгэй ырыата бар дьоҥҥо дьолу туһаайар, баҕа санаа буолан кыырайа көтөр. Семен Данилов бу кыракый да буоллар, күүстээх чыычааҕы олус сөбүлүүр. Кини дьоҥҥо кэрэни, үйэлээҕи бэлэхтиириттэн, күн сирин ырыатынан ириэрэриттэн олус астынар:

Кини кылыһаҕа элбэҕи этэр,
Кыл саҕа да буоллар, саха сүрэҕэр.
Оттон күөрэгэй дьоллоох тойуга
Биир кэм дьырылыыр күннээх куйаарга.
«Тайҕа күөрэгэйэ»

Ытык көтөрдөр кыталык уонна куба уобараһа саха поэзиятыгар үгүстүк көстөр. Семен Данилов куба уонна кыталык уобараһын үгүс хоһоонноругар көрүөххэ сөп. Ол курдук «Кыталык» хоһооҥҥо кыталык кыыл саха аймах кутун-сүрүн көрдөрөр ытык көтөр буоларын санатар. Кыталык хоһооҥҥо күн көстүүтүн санатар. Поэт кыталык күн сириттэн сүтэн эрэриттэн хараастар:

Аны айаан алаастарбар
Көрүөҥ суоҕа өрүүтүн
Күн көстүүтүн санатар
Кыталыгым үҥкүүтүн…
«Кыталык»

Семен Данилов Аиза Решетниковаҕа «Пианистка» диэн хоһоону анаабыта. Аиза Решетникова талааннаах пианистка имигэс тарбахтарынан оонньоон дьүрүһүтэр хатыламмат кэрэ доҕоонноруттан поэт сөҕөр-махтайар. Ол дорҕоонноругар айылҕа алыптаах музыката дьүрүһүйэр: «кыырт буолан» кыырайар, «куба буолан куоҕайар», «кыыс үчүгэй кындыа кыталыктар ыллаһаллар».

Оттон Анегина Ильина-Дмитриеваҕа анаабыт «Искусство» диэн хоһоонугар ырыаһыт киһи сүдү талааныгар сүгүрүйэр, сөҕөр-махтайар. Норуот киэн туттар талааннаах ырыаһыта Анегина Ильина ураты куолаһа дууһаны үрдүккэ көтөҕөр, ыраах ыырдарга кыталык буолан көтөр, куту-сүрү аймыыр дьикти хомуһуннаах:

Эн куолаһыҥ намылыйа тохтор
Кэрэмэс саһыл күндү толбонунан,
Арыт дайа көтөн иһэн охтор,
Кыната тостубут кыталык буолан.
«Искусство»

Ол эбэтэр Саха сирин араас көтөрүн ырыата-тойуга Семен Данилов хоһоонноругар искусство үрдүк чыпчаала буолбут музыканы кытта алтыһар.

Куба уонна кыталык Саха сирин саамай кэрэ уонна ытык көтөрдөрөр. Кинилэр ийэ айылђа айбыт дьикти бэлэђэ буолаллар. Семен Данилов Индияҕа сылдьыбыта. Онно киһи өркөн өйүнэн айбыт Тадж-Махал мавзолейы көрөн сөхпүтэ-махтайбыта:

Индия салгыныгар тайаарар курдуккун,
Туналыйан, Минарет моойдоргунан күөкэйэн,
Куба курдуккун, кыталык курдуккун.
«Тадж-Махал»

«Бу тыллар буолбатах - кубалар» диэн ырыа буолбут хоһоон киһини үйэлээххэ ыңырар. Хайа бађарар тылы эгэлгэлээн эттэххэ, сүрэђиң сылааһын иңэрдэххэ киһи иэйиитин уһугуннарар. Нарын истиң ырыа тыллара дууһа үрдүккэ талаһыытын көрдөрөр, маңан куба курдук сырдыгы, ырааһы кэрэһэлиир:

Бу тыллар буолбатах - кубалар.
Сааскылыы таптаһар кубалар,
Ып-ыраас, муус маңан кубалар
Санньыардык, нарыннык дайаллар.
«Бу тыллар буолбатах - кубалар»

Кини хоһоонноругар куба маҥан хаарга тэҥнэнэр. Онон куба туох баар ырааһы, кэрэни кытта ситимнээх көтөр буолар:

Куба бууга саҥыйаҕынан
Куорат таҥнан уһуктар…
«Күһүҥҥү сарсыарда»

Хотой кыыл саха ытык көтөрө буоларынан модун, күүстээх уобарас буолар. Ол курдук «Ѳлүөнэ эбэкэм» хоһооҥҥо төрөөбүт дойду киэн нэлэмэн көстүүтүнэн поэт киэн туттар, сөҕөр-махтайар. Ѳлүөнэ эбэкэм диэн үөрэнэргэ, үлэлииргэ көҥүл Саха сирэ буолар. Оттон лирическэй герой хотой буолан күүстээх, кыахтаах, модун санаалаах, барыны бары кыайар аналлаах. Саха сирэ киһи көҥүллүк тыынар, таптыырга бырааптаах, дьолунан толору дойду буоларын айхаллыыр:

Мин сырдык тапталбын,
Мин хоһуун хотойбун
Булбутум, сэгэрдэр,
Бу өрүс биэрэгэр.

«Хотой дьоло» диэн поэманы поэт биир дойдулааҕа худуоһунньук Афанасий Осиповка анаабыт. «Хотой» уобараһыгар хотугу киһи сындааһыннаах үлэтэ-хамнаһа, кини айылҕа уустуктарын утары туруулаһыыта, тулуура көстөр. «Хотой дьоло» диэн кини табаһыт ыарахан үлэтин эдэр санныгар сүгэн ханнык да буурҕаттан-чысхаантан чаҕыйбат дьиҥнээх эр киһи иитиллэн тахсыбыта буолар. Семен Данилов бу поэманан эр киһи дьоло-соргута кини дьаныардаах үлэтиттэн тутулуктааҕын санатар. Поэмаҕа герой туундара тыйыс олоҕун талбытыттан кыырпах да саҕа кэмсиммэт. Айымньыга уол оҕо киһи хара буолар анала олох араас эндирдээх суолун устун аа1ыахтаах. Дьэ оччоҕо уол оҕо соргулаах олоҕо салаллар:

Ол курдук уол оҕо соргута
Аан дойду адаардаах аартыгар,
Үс төгүл саадаҕын уол устан,
Үс төгүл курданан дьоллонор.
«Хотой дьоло»

Тыңырахтаах көтөрдөр уобарастарын поэт эмиэ табыгастаахтык туттар. Ол курдук кырбый көтөр үлэ үлүскэнин көрдөрөр. («Ходуһа»)

Сахабыт сирин үгүс көтөрдөрө поэт айымньытыгар айылђа дьикти, ураты хартыынатын, араас дьыл кэмин уратытын көрдөрөллөр.

Бурдук сириттэн улардар көттүлэр,
Буруо уһуннук тура унаарар…
«Күһүн»

«Садка соловей чуопчаарар» диэн хоһооҥҥо соловей таптал туойар. Соловей ырыата эдэр сүрэх таптала:

Садка соловей чуопчаарар,
Сааскы көҕөрүү кэмигэр.
Бүгүҥҥү чуҥкук ырыабар
Биир уол биир кыыһы эрийэр.
«Садка соловей чуопчаарар»

Поэт аныгы таптал таҥарата олус судургу буолла диэн курутуйар. Ол гынан баран кини кыыс ыраас санаатыгар эрэнэр.

Семен Данилов кус уобараһын хоһоонноругар эмиэ туттар. Кус ийэ дойдуга талаһыы, ахтылҕан бэлиэтэ:

Ураанай кус ийэ күөлүгэр
Тыыннааҕын тухары төннөр.
Мин сүрэҕим ийэ буоругар
Мээр курдары тартарар.
«Дойдубар талаһабын»

Поэт сааһыран баран өбүгэлэрин өтөхтөрүгэр, Бор алааска, Дьулаҥ үрүйэҕэ сырыытыттан үөскээбит «Төрөөбүт алааспар» диэн хоһоонугар соҕотох туруйа уобараһа ааспыт кэм ахтылҕана, дуораана буолан иһиллэргэ дылы. Соҕотох туруйа хаһыыта иччитэхсийбит алаастары санатар:

Сугун уктаах Дьулаҥ үрүйэҕэ соҕотох туруйа
Тулаайахсыйар чуҥкук хаһыыта дуораһыйда,
Онтон олох чугас Өлөҥнөөхпөр уларыйан,
Мин ийэ куппун долгута, ыардык курулуйда.
«Төрөөбүт алааспар»

Соҕотох туруйа хаһыыта ааспыт эдэр саас дуораанын эбэтэр дойдутуттан тэлэһийбит киһи туоххаһыйыытын санатар.

Семен Данилов бултуурун олус сөбүлүүр этэ. Ол иһин кини сааскы көтөр, кус-хаас кэлиитин хоһоонугар үгүстүк холбообута.

Дьону кыһытан талахха
Үөр мороду моргуйар,
Эбэтэр арыы кумахха
Хаас саҥата лыгыйар.
«Булка»

Семен Данилов кэҕэ көтөр уобараһын биирдэ эмэ туттар. «Дьэ хайдах мин туойбат буолуомуй?» хоһооҥҥо поэт Саха сирин кэрэни түстүүр бары көтөрүн хоһуйбут: күөрэгэй, кэҕэ, хотой, кыталык, туруйа. Кини хоһоонугар кэҕэ кыыл кэпсээн кэҕийэр. Кэҕэни маннык тылларынан хоһуйар:

Кэрээбэт кэпсээнин иннигэр
Кэҕэ кыыл элбэхтик кэпсэнэр.

Тураах уобараһа саха поэзиятыгар сэдэх. Семен Данилов «Түүллэр» диэн хоһоонугар тураах уобараһа көстөр. Тураах ыар санаа, олох хараҥа көстүүтүн санатар. Киһи олоҕор араас санаа баттыгаһа үгүс. Ол ыар санаалар хара тураах буолан көстөллөр:

Улук уулаах түүн үөһүгэр
Туох барыта хараарар…
Миэхэ түүлбэр үс түүл киирэр -
Үһүөн хара тураахтар.
Онтон сырдык санааны туллук үөрэ солбуйар:
Түһүүр түүлбэр кыыс кэрэтэ,
Туллук үөрэ, кустуктар,
Санньыйар санаабын чэпчэтэ,
Санаан киирэр курдуктар.
«Түүл»

Онон бу олоххо сырдык уонна хараҥа бииргэ сылдьаллар, иккиэн биир тэҥник дьылҕаны үллэстэллэр. Ол гынан баран поэт санаата оптимистическай, санньыар санааны сырдык сана солбуйар.

Көтөр уобараһын ойуулуур дьүһүннүүр ньымата Тэҥнээһин

Туллук уобараһын тэҥнээһиҥҥэ ордук туттар. Туллугунан үксүн кыргыттары, сырдык санааны көрдөрөр:

Отчут дьүөгэ кыргыттар
Үрүҥ тулук курдуктар.

Массыынаһыт кыргыттар
Маҥан туллук курдуктар.

Күн көмүс хабдьы буолан,
Сыа хаартан быган көрөр.
«»

Уһуга биллибэт уйгулаах дойдубар
Күөрэгэй чыычаахтыы көҥүллүк туйаарар…

Хаһан да эргэрбэт, сир курдук чэлгийэр
Хотойдуу куорсуннаах хоһооннор наадалар.
«Ырыалар наадалар»

Алааска, мин ыаллыы колхозпар,
Аатырбыт сылгыһыт киһи баар,
Ол киһи хотойдуу хараҕар
Дууһабын туттардым быһыылаах.
«Алааска, мин ыаллыы колхозпар»

Миигин дойдутун ахтыбатын диэннэр,-
Эйэҕэс кыргыттар манна мустаннар
Оһуохай курдук үҥкүүлээн киирдилэр
Дайа наскыйар кыталык буоланнар, -
Доҕорун ахтан мунчаарбатын диэннэр.
«Миигин дойдутун ахтыбатын диэннэр»

Чуумпу Лена долгунунуу,
Туундара үрүҥ кубатыныы.
«Саха үҥкүүтэ»

Кэрэ, ыраас ырыалаах
Кыталык курдук этэ.

«***»

Оттон мин
Улуу тапталым охтубута
Оххо таптарбыт
Кыталык курдук.
«***»

Кыталык маҥан борохуотум
«Эдэр сааһы ахтыы»

Тойон сүрэҕим эмискэ
Доҕуур туһаҕар иҥнибит
Тулук буолан мөҥүстэ.
«***»

Татыйыктаах, күөрэгэйдээх
Сайыҥҥы нүөл алаас курдук.
«Ыччат фестивала»

Эпитет.

Тумара туллуга, хоһуун хотой, күөх тыам тыллаах чыычааҕа, көмүс күөмэй күөрэгэй, кубалаах көлүкэ иэнэ, кыталык ыллыыр сыһыыта,кыталык аптаах ырыата, үчүгэй күөрэгэй, чуопчаарар татыйык,

Метафора.

Кырбый кыыл кынатынан
Кынаттана оонньообото.
«Ходуһа»

Хаһан эмэ хопто, арыт ытаан, арыт күлэн,
Аймыыр аҥааттыбыт чуҥ салгыны.
«Ыраах муора кумаҕар»

Көстө кэлэллэр сэргиир санаабар
Куба кыргыттар, хотой уолаттар.
«Кэпсээ, кэпсээ, мин саҥа доҕорум»

Күөрэгэй дьоллоох ырыатын
Көмүс чуораан кылыһаҕын
Күйгүөрүнэн көччүтэр.
«Ийэ дойдум»

Хараҥаччы көтөр курдук,
Халаахтаан ыраах саа тыаһа
Утуктуу нуктуур дойдум
Уу-чуумпутун аймаан ааһар.
«Үрүҥ түүн»

Үөхсэр көрдөөх чөкчөҥө,
Былдьырыыт күлэр-үөрэр,
Өһүргэнэн, үнтү түһэн,
Өлө сатыыр өҕүрүө.
«Булка»

Тыыннааҕымсытыы.

Куба бууга саҥыйаҕынан
Куорат таҥнан уһуктар…
«Күһүҥҥү сарсыарда»

Түмүк

Бу үлэбэр мин маннык түмүккэ кэллим:

- Семен Данилов үгүс сиргэ, ол дойду дьонун кытта алтыспыт, уйгулаах оло5ун уратытын билбит поэт буолар;

- Айанын, сырыытын сыыска-буорга түһэрбэккэ хоһоонугар холбообут, ырыатыгар ыпсарбыт;

- Атын дойду уратытын тыыннаах хартыына оӊорон уус-ураннык, умнуллубаттык хоһуйар талааннаах поэт буолар;

- хоһооннорго поэт олох, дьол, до5ордоһуу туһунан түмүктэммит санааны тиэрдэр, киһи иэйиитин, дууһатын туругун, санаа-оноо ымпыктарын, майгы-сигили уратытын арыйар;

- поэт маастарыстыбата, тыл дэгэтин туттар сатабыла хоһоон этэр ис номо5ун кытта бэргэнник дьүөрэлэһэр;

- хоһооӊӊо баар уобарастааһыннар сонуннар, хатыламматтар, аа5ааччыга өйдөнүмтүөлэр.

- Семен Данилов хоһоон эриэ-дэхси эрчимин кэһимээри хоһоон строкаларын дьүөрэлэһиитин тутуһар.

Презентация

Туттуллубут литература

1. Данилов С.П. Талыллыбыт айымньылар 1 том - Дьокуускай, 1984.
2. Данилов С.П. Талыллыбыт айымньылар 2 том - Дьокуускай, 1985.
3. Данилов С.П. Талыллыбыт айымньылар 3 том - Дьокуускай, 1985.
4. Данилова М.Е., Аввакумов П.Д. Норуот тыыннаах кэрэһиттэрэ - Дьокуускай, 2003.
5. Максимова Е.С. Үтүө ааттара умнуллубат - Дьокуускай, 2004.
6. Флегонтова У.М. Литература кэрэһиттэрэ - Дьокуускай, 2006.
7. Максимова П.В., Тобуруокап Н.Н., Филиппова Н.И. Саха литературата: 11 -Дьокуускай, 2006.
8. Данилов С.П. Талыллыбыт айымньылар 1 том - Дьокуускай, 1977.
9. Данилов С.П. Айыы сыдьаайа - Дьокуускай, 1997.
10. Сыромятникова Г.С. Өй сүрэх үрдүккэ дьулуһуута - Дьокуускай, 1982.
11. Данилова М.Е. Саха кэскилин түстэспит сүдү дьоммут - Дьокуускай, 2007.
12. Окороков Г.Г., Кардашевский Г.Р., Рожин И.Н., Сивцев И.К. Саха литературата IX-X кылааска - Дьокуускай, 1990
13. Окороков Г.Г. Сүрэх муудараһа - Дьокуускай, 1982 .
14. Спиридонов И.Г. Бу тыллар буолбатах-кубалар… - Дьокуускай, 2002.