Убаастабыллаах коллегаларбын, бары ыалдьыттары, о5олору бугунну уеруулээх бырааьынньыгынан Билии кунунэн барыгытын э5эрдэлиибин!
Бугун 1-кы кылаас о5олоро оскуола боруогун атыллаан, билии аартыгар уктэнэр уеруулээх куннэрэ. О5олорбор ба5арабын туйгун уерэ5и, билиини-керууну, учугэй бэрээдэги, доруобуйаны!
(Учуутал о5олору, тереппуттэри батыьыннаран кылааска а5алар).
(О5олор киэргэммит кылааска киирэллэр. Дуоска5а сурук «В первый раз в первый класс», «Билии дойдута» (Слайд №1) диэн сурук интерактивнай дуоска5а суруллан турарын кереллер).
Бугун эьиги бастакы уруоккутугар Билии дойдутугар кэллигит.
Учуутал: Утуе кунунэн о5олоор! Утуе кунунэн тереппуттэр, ыалдьыттар!Маннайгы чуораан тыаьаабыт кунунэн ессе тегул э5эрдэлиибин.
- О5олор, миигин билэ5ит? Мин аатым Дария Алексеевна. Оскуола5а уерэнэ кэлбиккититтэн мин наьаа уердум. Ким бугун оскуола5а уерэн-кетен кэлбит илиибитин уунабыт (о5олор илиилэрин ууналлар).
Учуутал: Кунду о5олор! Эьиги дьикти, аптаах Билии дойдутун боруогун атыллаан киирдигит. Бу аптаах хоспутун КЫЛААС диэн ааттыыллар. Туох дииллэр эбитий? (КЫЛААС). Керун, эрэ кылааспыт иьэ сып-сырдык, ып-ыраас, сана остуоллар, устууллар, ыскааптар.
- Бу паарта, бу устуул. Биьиги манна олоруохпут. Чэ, эрэ бугун ханна ба5ар олоруоххутун сеп. Керун, эрэ хайдах олоруохтаах эбиппитий? (Слайд №2)
(Учуутал о5олору остуолларга олортуур, интерактивнай дуоска5а баар картинканы кердерер).
Учуутал: - О5олоор, паарталарбыт биьиэхэ тугу эрэ этиэхтэрин ба5арбыттар. Истин эрэ:
Паарта субэтэ:
- Сарсыарда эрдэ тур, ороннун хомуй, сирэйгин-илиигин суун-тараан.
- Кыьалланнын танын, школьнай форма5ын киртитимэ.
- Бэрээдэктээх буол, суумка5ын бэйэн хомун.
- Уруокка олорон кулумэ, о5олорго мэьэйдээмэ.
- Эн улааттын, о5олору кытта охсуьума, ытаама.
- Иьиттигит? Себулэьэ5ит? (о5олор эппиэттэрэ). О5олоор, мин биьиги кылааспыт до5ордуу буолуон наьаа ба5арабын.
Учуутал: - О5олоор, биьиги ханна кэллибит? (Оскуола5а, Билии дойдутугар) (Слайд №3)
- Бу аптаах дойду устун УЕРЭНЭЭЧЧИЛЭР эрэ айанныыллар. Кимнээх айанныыллар эбитий? (уерэнээччилэр). Уерэнээччи диэн кимий? (о5олор эппиэттэрэ)
Учуутал: Билии дойдутугар олорон уерэнэр о5олору «Уерэнээччи» диэн ааттыыллар.
- Эьиги бу дойдуга 11 сыл уерэниэххит, элбэх до5ордонуоххут, элбэ5и билиэххит-керуеххут. О5олоор, биьиги кэккэбитигэр сурэ5элдьиир о5о баар дуо? (Суох). Дьэ, ол учугэй, Билии дойдутугар сурэ5элдьиир, куьа5аны онорор, уерэниэн ба5арбат о5олор киирбэттэр.
Учуутал: Бу дойду устун айанныырга бэлэмнит? Билии дойдута наьаа киэн, ол иьин тугунан айанныыбытый? (Поезд уруьуйа кестер) (Слайд№4)
- Сепке этэ5ит, поеьынан. Поезпыт олус дьэрэкээн. Ол гынан баран манна мээнэ киллэрбэттэр, туох нааданый? (БИЛИЭТ).
- Таабырын таайдахпытына эрэ биьиэхэ билиэт биэрэллэр, чэ, эрэ бэлэм олоробут.
Таабырыннар:
- Ким бу дьиэ5э киирбит, Билиини ылар. Ол тугуй? (Оскуола)
- Со5отох ата5ар туран, тебетун эргиттэ5инэ, ерустэри, хайалары, океаннары, араас дойдуну кердерер. (Глобус)
- Эн кинини кытта кэпсэт, олус ейдеех буолуон. Тугуй? (Кинигэ)
- То я в клетку, то в линейку,
Написать на мне сумей-ка,
Можешь и нарисовать,
Потому что я ... (Тетрадь) - Я - чёрный, красный, жёлтый, синий,
С начинкой в серединке.
С точилкой острой я дружу,
И что хочу, изображу (Карандаш) - Я люблю прямоту,
И сама прямая.
Сделать ровной черту
Людям я помогаю (Линейка) - Свою косичку без опаски,
Она обмакивает в краски
Потом окрашенной косичкой
В альбоме водит по страничке (Кисточка) - Хаппыт тэллэй хаьаастаах, амтаннаах эриэхэ аьылыктаах, кутуругунан оонньуур, сааьыттары муннуур (ТИИН)
- Кыьын кэллэ5инэ ар5ахха киирэн утуйар баар уьу (ЭЬЭ)
- Кыьыны быьа ойуурга аччык кэрэдэк баар уьу (БЕРЕ)
- От-мас аьылыктаах ойуоккалас о5очоос баар уьу (КУОБАХ)
- Тула еттубун керунэбин, туохтан эрэ дьиксинэбин, ойуур тыалары кэрийэбин, албынныыры сатыыбын (САЬЫЛ) (Слайд №5)
Учуутал: Маладьыастар, бары билиэттэннигит?
- Ким ханнык еннеех вагончик эбитий?
- Маладьыастар.
- Дьэ, эрэ биьиги эмиэ поезта оноруоххайын эрэ. Наар биир енунэн онордохпутуна хайдах буолуой? (скучнай), дьэрэкээн поезта оноруохха дии?! (о5олор биирдиилээн тахсан дуоска5а сыьыараллар)
- Поезпыт бэлэм буолла?
(О5олор: бэлэм буолла)
Учуутал: О5олоор, биьиги бу аптаах дойду устун айанныырга тугу эрэ умнубуппут ди? Тугу буолуой? (о5олор эппиэттэрэ)
Таабырын: дуоска5а кестер (Слайд №6)
Новый дом несу в руке,
Двери дома на замке,
А живут в доме том
Книжки, ручки и альбом (Сумка)
О5олор:Суумка.
Учуутал:Уерэнээччи оскуола5а суумкалаах кэлэр. Эьиэхэ баар дуо суумка? Суумка5ытын себулээтигит? Ким эьиги суумка5ытын хомуйбутай: маама5ыт, паапа5ыт эбэтэр эбээ5ит, эьээ5ит дуу?
(О5олор эппиэттэрэ)
Учуутал: Биьиги бэйэбит хомуйуохтаахпыт. Суумкабытыгар уерэх тэрилин бэйэбит уга, хомуйа уерэниэхпит сеп? Билигин биьиги кыратык эрчиллиэхпит. (Слайд №6)
- Мин билигин эьиэхэ предметтэри этиэм, суумкабытыгар угабыт диэтэххитинэ биирдэ таьына5ыт, укпаппыт диэтэххитинэ таьыммаккыт. Холобур, уруучука - о5олор таьыналлар, сыттык - таьымматтар.
Кинигэ, Помада, Харандаас, Оонньуур бистэлиэт, Жевательнай резинка, Пенал, Куукула, Альбом, Телевизор, Фломастер
- Маладьыастар. Суумкабытын хомуйа уерэннибит, бэлэм буоллубут. Чэ айанныахха! 20 диэри аахтахпытына поезпыт тургэтиир. Аа5ыаххайын эрэ- 1,2,3…20.
Сынньалан: Турдубут. Илиибитин токурутабыт. Поезд айанныыр: Чух-чух-чух.
Учуутал: Бастакы тохтобулга кэллибит. Керун эрэ ханна кэллибит?
О5олор: Кинигэлэр дойдуларыгар (Слайд № 7).
- Билии дойдутугар биьиэхэ куус-кеме буолуохтара биьиги кинигэлэрбит.
(учуутал кинигэлэри кердерер).
- Азбука, Тулалыыр эйгэ, Русский язык, Литературное чтение, Ахсаан, Буукубаар. Ол аата бу учебниктарбыт бары наука буолаллар, быйылгы уерэх дьыла наука5а ананар. Букубаар диэн учебникпыт Буукуба диэн тылтан тахсыбыт. Буукубаны биллэхпитинэ биьиги сатаан аа5абыт, суруйабыт. Ким буукубатын билэн кэллэ? Маладьыастар.
- О5олоор, Букубаар кинигэбитин онорбуттара 100 сыла буолбут. Бу кинигэни Семен Андреевич Новгородов теруттээбит. Бу букубаары кини сахалыы сурук-бичик диэн ааттаабыт. Эьиги эдьиийдэргит, убайдаргыт, ийэлэргит, а5аларгыт маннык букубаардарынан уерэммиттэрэ. Онтон биьиги быйыл бу сана кинигэнэн уерэниэхпит.
Учуутал: Салгыы айанныахха. Ханна эрэ кэллибит. Ээ остуоруйа дойдутугар кэлбиппит ди (Слайд №8)
- Ким остуоруйаны себулууруй, илиигитин уунун эрэ? Эьиэхэ остуоруйа геройдара э5эрдэ ыыппыттар (конверт кердеруу). Аа5ыахха эрэ.
Суругу аа5ыы.
«Бастакы кылааска киирбит кунду о5олору итиитик-истинник э5эрдэлиибит.
Учугэйдик уерэнин, учууталгыт тылын истин. Уонна бэйэбит субэбитин эьиэхэ биэриэхпитин ба5арабыт» (Слайд №9).
- Дьэ эрэ таайыаххайын эрэ, кимнээх биьиэхэ сурук ыыппыттарын.
Оонньуу «Остуоруйа дойдутуттан сурук» (Слайд 10-11)
- Биьиги ус бырааттыыларбыт. О5олоор, учугэйдик уерэнин, оччого биьиги бырааппыт Наф-Наф курдук таас дьиэни учугэйдик оностуоххут. Бу Кимнээ5ий? (Три поросенка).
- Перемена5а кылаас иьигэр мээнэ суурумэн, ал5ас вазаны эбэтэр кыьыл кемус сымыыты улту туьэриэххит. Оо дьэ оччого мин хаттаан кыьыл кемус сымыыты буолбакка, боростуой сымыыты баттыыбын! (Курочка Ряба).
- Первоклассниктары э5эрдэлиибин! Ейдоох буолун, буукубаларгытын уерэтэн аа5арга уерэнин. Мин сатаан аахпат буоламмын а5ам Карло бэлэхтээбит азбукатын, кукольнай театр билетыгар атастаспытым. Онтон наьаа хомойобун. О5олоор, кинигэлэргитин харыстаан, алдьатыман, марайдааман! (Буратино)
- Оскуола5а кыьалланныт уерэнин, бэрээдэктээх, эйэ5эс о5олор буолун! Биирдэ биьиэхэ Маша диэн кыыс кэлэн ыйытыыта суох хааьыбытын барытын сиэбитэ, Мишутка устуулун алдьаппыта, ороммутугар киирэн сыппыта, ыспыта. Эьиги кини курдук буолуман!! Кимнээ5ий? Биллигит? (Ус эьэ)
- Мин эмиэ эьиги курдук оскуола5а уерэнэ барыахпын наьаа ба5ардым. Эьиги курдук уерэнэрим буоллар, Бере - куьа5ан, адьыр5а кыыл буоларын билиэм этэ. Кинини кытта кэпсэтиэ, эбээм ханна олорорун этиэ суохтаахпын билиэм этэ (Кыьыл Бэргэьэчээн).
- О5олоор, учууталгыт тылын истин, уруокка олорон хаьыытааман, илиигитин уунан эппиэттээн. Миигин Знайка куруутун уерэтэр, ол гынан баран мин барытын умнан кэбиьэбин. Мин курдук билбэтчэй буолуман! (Незнайка)
- Дьэ маладьыастар, остуоруйаны, остуоруйа геройдарын сурдээхтик билэр эбиккит.
Учуутал: О5олоор, ессе оскуола5а хайдах сылдьыахтаахпытый, билэ5ит?
Кыратык ооньуоххайын сеп? Себулэьэр буоллаххытына таьына5ыт, себулэспэт буоллаххытына атаххытынан тыаьата5ыт. Ейдеетугут?
- Оскуола5а хаьыытыы-хаьыытыы суурэбит. Сеп дуо? Оччого таьынабыт дуо? Атахпытын тыаьатабыт.
- Хаьыытыыбыт
- Суоттуубут
- Уруьуйдуубут
- Паарта урдунэн суурэбит
- Уруокка олорон о5олору кытта улаханнык кэпсэтэбит
- Ыллыыбыт
- Силлиибит, ытырабыт.
- Дьэ маладьыастар, олус бэрээдэктээх о5олор эбиккит.
- Уой, ал5ас о5олоор, ессе биир суругу аахпатахпын ди. Аа5абын? (аах)
«Маладьыастар, о5олоор! Биьигини билбиккититтэн олуьун уордубут. Субэлэрбитин туьанын. Уонна кыракый аптаах бэлэхпитин биэрэбит. Крибле! Крабле! Бумс!- диэтэххитинэ бэлэх баар буола туьуо.
- Дьэ эрэ о5олоор, Крибле! Крабле! Бумс! - аптаах бэлэх баар буол диэхтээхпит сеп?! Ытыспытын холбуубут, харахпытын саптыбыт, уонна бары бииргэ: Крибле! Крабле! Бумс! - аптаах бэлэх баар буол! Бары бииргэ эттэхпитинэ баар буолара буолуо. (О5олор санараллар) (Слайд 12)
- Ээ кинилэр кистээбиттэрэ буолуо, олорор сиргитигэр керден эрэ?! Устуул анныгар кистээбиттэр ди!! Тугу бэлэхтээбиттэрий? Шоколад!!!
- Дьэ бу боростуой шоколад буолбатах, бу аптаах шоколад. Маны сиэтэххитинэ дьаныардаах, улэьит, бэрээдэктээх о5о буола5ыт. Дьиэ5итигэр баранныт эдьиийдэргитин, балтыларгытын, бырааттаргытын, убайдаргытын кытары сиэрин сеп?! Билигин паарта5ытыгар ууран кэбиьин! Салгыы айанныахха.
Учуутал: О5олоор, дьэ бу биьиги бутэьик тохтобулбут эбит. Ханна тиийдибит? Кылааспытыгар кэллибит. Поезпыт биьигини теттеру а5албыт. Ол аата эьиги бары УЕРЭНЭЭЧЧИ буолбуккут. (таьынабыт)
- Салгыы поеьынан кэнники айанныахпыт сеп. Билии дойдута аана эьиэхэ куруутун аьа5ас буоллун диэн бастакы кылааска киирбиккит туьунан документ- свидетельство туттарыам.
(учуутал биирдиилээн туттартыыр).
- Бэйэ бэйэбитин таьынаммыт э5эрдэлиибит.
- Бугун эьиги тереппуттэргит эмиэ бырааьынньыктара. Кунду тереппуттэри о5олоргут бастакы кылааска киирбиттэринэн э5эрдэлиибин. 4 сылы быьа бииргэ буолуохпут, бииргэ улэлиэхпит уонна бу субэлэри эьиэхэ биэрэрбин кенуллээн.
Учуутал: Манан биьиги кылаас чааспыт тумуктэнэр. Аныгыскы уруокка керсуеххэ диэри.
СОВЕТЫ РОДИТЕЛЯМ ПЕРВОКЛАССНИКОВ
- Будите ребенка спокойно. Проснувшись, он должен увидеть вашу улыбку и услышать ласковый голос. Не подгоняйте его с утра, не дергайте по пустякам, не укоряйте за ошибки и оплошности, даже если «вчера предупредили».
- Не торопите, умение рассчитать время - ваша задача, и если это вам плохо удается, то вины ребенка в этом нет.
- Не отправляйте ребенка в школу без завтрака; до школьного завтрака ему придется много поработать.
- Не прощайтесь, предупреждая и направляя: «смотри не балуйся», «веди себя хорошо», «чтобы сегодня не было плохих отметок» и т. п. Пожелайте ему удачи, подбодрите, найдите несколько ласковых слов. У него впереди трудный день.
- Забудьте фразу «Что ты сегодня получил?». Встречайте ребенка после школы спокойно, не обрушивайте на него тысячу вопросов, дайте расслабиться (вспомните, как вы сами чувствуете себя после тяжелого рабочего дня, многочасового общения с людьми). Если же ребенок чересчур возбужден, если жаждит поделиться чем-то, не отмахивайтесь, не откладывайте на потом, выслушайте, это не займет много времени.
- Если видите, что ребенок огорчен, но молчит, не допытывайтесь, пусть успокоится, тогда и расскажет все сам.
- Выслушав замечание учителя, не торопитесь устраивать взбучку и постарайтесь, чтобы ваш разговор с учителем происходил без ребенка.
- После школы не торопите садиться за уроки, необходимо 2-3 часа отдыха (а в первом классе хорошо бы часа полтора поспать) для восстановления сил. Лучшее время для приготовления уроков с 15 до 17 часов. Занятия вечерами бесполезны, завтра придется все начинать сначала.
- Не заставляйте делать все уроки в один присест, после 15-20 минут занятий необходимы 10-15-минутные «переменки».
- Во время приготовления уроков не сидите «над душой», дайте возможность ребенку работать самому, но уж если нужна ваша помощь, наберитесь терпения. Спокойный тон, поддержка («не волнуйся, все получится», «давай разберемся вместе», «я тебе помогу»), похвала (даже если не очень получается) необходимы. Не акцентируйте внимание на оценках.
- В общении с ребенком старайтесь избегать условий. «Если ты сделаешь, то…». Порой условия становятся невыполнимыми вне зависимости от ребенка, и вы можете оказаться в очень сложной ситуации.
- Найдите (постарайтесь найти) в течение дня хотя бы полчаса, когда вы будете принадлежать только ребенку, не отвлекайтесь на домашние заботы, телевизор, общение с другими членами семьи. В этот момент важнее всего его дела, заботы, радости и неудачи.
- Выбирайте единую тактику общения всех взрослых в семье с ребенком, свои разногласия по поводу педагогической тактики решайте без него. Если что-то не получается, посоветуйтесь с учителем, врачом, психологом, не считайте лишней литературы для родителей, там вы найдете много полезного.
- Будьте внимательны к жалобам ребенка на головную боль, усталость, плохое состояние. Чаще всего это объективные показатели утомления, трудности учебы.
- Учтите, что даже «совсем большие» дети (мы часто говорим «Ты уже большой» 7-8-летнему ребенку) очень любят сказку перед сном, песенку и ласковое поглаживание. Все это успокаивает их, помогает снять напряжение, накопившееся за день, и спокойно уснуть. Старайтесь не вспоминать перед сном неприятностей, не выяснять отношений, не обсуждать завтрашнюю контрольную и т.п.