КИИРИИТЭ
Үлэ актуальноһа: 70-80 сыллартан саҕалаан сахалыы проза стилэ байар, кэҥиир суолга киирбитэ. Софрон Данилов саха позатын байытыспыт суруйааччылартан биирдэстэрэ. Литературоведтар бэлиэтииллэринэн Софрон Данилов психологическай ойуулааһын маастара. Литературнай герой уобараһын арыйарга араас ньыманы таба туттар. Айымньыларыгар суруйааччы уус - уран уобарас ис туругун, иэйиитин арыйарыгар, бэйэтин көрүүтүн, сыһыанын чопчулааһыңңа үгүстүк пейзаж (айыл5аны ойуулааһын) ньыматын туттар. Айыл5аны ойуулааһын нөңүө айымньы социальнай-психологическай өрүттэрин, геройдар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын, литературнай герой уйулҕатын туругун көрдөрөр.
Үлэ проблемата: Софрон Данилов элбэх ааҕааччы сэҥээриитин ылбыт айымньыта "Сүрэх тэбэрин тухары". Роман бүтүн литература сайдыытыгар улахан сабыдыалы оҥорбута, норуот общественнай олоҕор биллэр-көстөр сүүрээни киллэрбитэ. Айымньы бэчээккэ тахсыаҕыттан хас да көлүөнэ ааҕан кэллэ. Роман киһи үрдүк аналын, сиэр-майгы, суобас, бэйэ-бэйэҕэ сыһыан боппуруостарын сытыытык туруорарынан эдэр көлүөнэ ыччат ааҕара наадалаах.
Үлэ ырытыллар объега: Софрон Данилов ""Сүрэх тэбэрин тухары" романа.
Үлэ ырытыллар предметэ: Софрон Данилов "Сүрэх тэбэрин тухары" романыгар айыл5аны ойуулааһын кэрчиктэрэ.
Үлэ сыала: суруйааччы айымньытыгар пейзаж литературнай герой уобараһын арыйарга уонна сюжет сайдыытыгар суолтатын чинчийии.
Үлэ сыалын ситиһэргэ маннык соруктар турдулар:
- Софрон Данилов "Сүрэх тэбэрин тухары" романын ааҕыы;
- Айыл5аны ойуулааһын миэстэтин булан литературнай герой уобараһыгар, кэпсэнэр быһыыга-майгыга сыһыаран ырытыы;
- айыл5аны ойуулааһыңңа туттуллубут уобарастааһыннары наардааһын, ойуулуур-дьүһүннүүр ньыманы чинчийии.
Барыл санаа (гипотеза): Софрон Данилов айымньытын эдэр көлүөнэ ыччат ылынарыгар олук ууруу.
Новизна (сонуна): Софрон Данилов "Сүрэх тэбэрин тухары" романын билиңңи кэмңэ саңалыы көрүү.
I. Кэпсээнинэн айымньыга айыл5аны ойуулааһын
1.1. Айыл5аны ойуулааһын - тылынан айыл5аны ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма
Литературоведческай тылдьыкка пейзаж маннык быһаарыллар: «Пейзаж в литературе (франц. paysage - картина природы), тип художественного образа, которым представлена картина открытого пространства. Поскольку основными предметами изображения в литературе являются человек и окружающий его мир, образы природы в произведениях не менее значимы, чем образы людей. В литературе пейзажи могут приобретать несколько функций: в образцах эпоса с помощью пейзажных описаний прерывают повествование непосредственно перед поворотами сюжета или его кульминационными моментами; в лирике пейзажи могут быть использованы для скрытого или явного сопоставления внутреннего состояния лирического героя с состоянием внешней среды (этот приём называют «психологическим параллелизмом», с его помощью авторы оценивают героев, указывая читателям на гармонию или дисгармонию в отношениях между человеком и миром); кроме того, и в эпосе, и в лирике авторы, стремящиеся к реалистически точному изображению предметного мира, не обходятся без пейзажных подробностей (в драме функцию такого фактографического описания приобретают «интерьеры» - образы закрытого пространства); в отдельных лирических произведениях пейзажные образы могут быть вынесены на передний план, приобрести самоценность (такую лирику определяют как «описательную»).
Онон айыл5аны ойуулааһын (пейзаж) уус -уран уобарас ис туругун, иэйиитин арыйыыга, автор көрүүтүн, сыһыанын чопчулааһыңңа туһаныллар ньыма. Искусство терминиттэн литературоведение5а көспүт ньыма буолар. Айыл5аны ойуулааһын литература5а айыл5а5а сыһыан нөңүө литературнай герой уобараһын, айымньы социальнай-историческай өрүттэрин, кылаастар сыһыаннаһыыларын көрдөрөр. Айымньыга буолар быһыыга-майгыга фон буолар, тыла-өһө баай, ойуулааһына сиэдэрэй, эпитет, тэңнээһин, метафора, тыынна5ымсытыы курдук ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма хойуутук туттуллар. Суруйааччы араас символ уобарастарынан литературнай герой характерын, уобараһын, буолар быһыы-майгы сирин-уотун уратытын арыйар. Саха литературатыгар айыл5аны ойуулааһыңңа үгэс буолбут уобарастар туттуллаллар. Литература5а пейзаж араас көрүңнэнэн киирэр. Ол курдук романтическай пейзаж, этнографическай пейзаж.
Хас биирдии омук литературатыгар «национальнай» уонна «экзотическай» пейзаж диэн баар. Холобур, нуучча литературатыгар тыа, өрүс, истиэп уобарастара ордук хото туттуллар буолла5ына саха литературатыгар ити уобарастар эмиэ үгүстүк туттуллаллар. Омук айыл5атын хартыынатын дьүһүлгэнэ тахсар. Саха сиригэр үүнэр мас арааһа, көтөрө-сүүрэрэ, ото-маһа сиһилэнэр сюжекка сөп түбэһиннэрэн пейзажка ахтыллар.
II. Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» романыгар айыл5аны ойуулааһын (пейзаж) нөҥүө литературнай геройу арыйыы уратыта
2.1. Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» романыгар айыл5аны ойуулааһын нөңүө литературнай герой уобараһын арыйыы
Cофрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» ромаңыгар литературнай герой уобараһын үгүстүк пейзаж нөңүө психологическай көрүүгэ оло5уран арыйар.
Суруйааччы айымньыга үүнэн турар маһынан киһи оло5ун, эрэйин-кыһал5атын, санаатын-оноотун көрөрөр. Холобур, роман 4 чааһыгар маннык ойуулааһын баар: «Киэң алааһы ортотунан ааһар тибилгэн айан суолун кытыытыгар аарыма тиит үүнэн турарын көрбүккүт дуо? Киллэм сиргэ турар буолан, ол тиит күһүңңү сирилэс тыалы аан бастакынан көрсөр, сааскы сардаңалаах күн күөрэйэ ойон тахсарын ким-хайа иннинэ көрөр. Кыһыңңы будулђан буурђа кини тоң лабааларын булгу сөрүүр, сайыңңы этиң-чађылђан кини киил көхсүгэр сааллар. Сатыы да, аттаах да айанньыт ол тиити быһа ааспат…». Тиит саха поэзиятыгар үгүстүк эр киһи уобараһын, кини эриирдэээх-мускуурдаах олођун көрдөрөр символ уобарас буолар. Бу пейзаһынан сиэттэрэр суруйааччы сыыйа кырдьађас учуутал Всеволод Николаевич Левин уобараһын арыйар: «Бэйэлэрин олохторунан, бэйэлэрин дьылђаларынан ити тибилгэн айан суолун кытыытынаађы аарыма тиити санатар дьоннор баар буолаллар. Всеволод Николаевич Левин оннук дьоннортон биирдэстэрэ. Кини сэттэ уонугар чугаһаан эрэр, ол гынан баран бэйэтин сааһынаађар быдан эдэрдик көстөр. Үрдүк, дөрөл уҥуохтаах, дарађар сарыннаах, холустук, эрчимнээхтик туттар-хаптар Всеволод Николаевич сааһырдађын ахсын ордук кииллийэн иһэргэ дылы». Тиит курдук киил, гражданскай сэрии уоттаах сылларын ааспыт, олох киэң суолун тэлэн, эрэйи-муңу көрсөн испитэ. Дойдуга буолан ааспыт бары будулђаннаах кэмнэр кини сүрэђин нөңүө ааспыттара. Нуучча ыраахтаађыта япон императорын утары сэриитэ, гражданскай сэрии, Ађа дойду улуу сэриитэ... Всеволод Николаевич революция уоттаах сылларыгар студенныы сылдьан революционнай өйө-санаата уһуктан, саңа олођу туругурдарга эрдээх быһаарыныы ылынар. Софрон Данилов ромаңңа оччотоођу кэм историческай событыиеларын Всеволод Николаевич олођун батыһыннара олус интэриэһинэйдик сиһилиир. Ол иһин дађаны пейзаж лаппа тэнийбит. Улахан олох суолун ааспыт киһи кииллийэн, буһан-хатан, эрэйи эңэринэнэ тэлбитэ тиит мас уобараһыгар бэркэ көстөр: «Сатыы да, аттаах да айанньыт ол тиити быһа ааспат: сатыы буоллађына бэйэтэ сөрүүкүө, сынньаныа, көлөлөөх буоллађына көлөтүн хабыалатыа. Үтүө сүрэхтээх киһи, умайар уот куйаастан халың күлүгүнэн хаххалаабытыгар махтанан, ол тиит намылхай лабаатын кыһыл, күөх кырадаһын таңаһынан, атын кылбаа маңан сиэлинэнэ киэргэтэн ааһыа. Оттон куһађан санаалаах күтүр биитэр ааргы айанньыт күлүккэ сөрүүкээн күүс-сэниэ ылбыт төлөбүрүгэр тиит барахсан тыыннаах тымырын - боллоруттађас силиһин быһа охсуо биитэр чэгиэн эттээх түөкүң дьукку дайбаан аанньата суох аатын суруйан хаалларыа. Аарыма тиит ону барытын уйар, опну барытын тулуйар. Төһө да сыллата ахсын чысхаан тыалтан, бытарђан тымныыттан этэ-сиинэ эмэнсийдэр, төһө да ааргы, баламат илиилэртэн ыар баастары ыллар, кини, саргылаах лабааларын санньыппакка, үрдүк чыпчаалын хоңкуппакка, син-биир сүүрбэ, отут, сүүс сыллаађытыныы, бар дьоңңо туһалыы, айанньыттары абырыы турдађа ити». Софрон Данилов Максим Кирович Аммосов уобараһын кииллэрбитэ Всеволод Николаевич уобараһын ордук дириңэтэр. Всеволод Николаевич олођо Арыылаах нэһилиэгин олођун туругурдарга ааспыта.
Всеволод Николаевич уобараһын батыһа быстах-быстах айылҕаны ойуулаһын киирбит. Ол курдук Левини тиһэх суолга атаарыы кэнниттэн киирбит ойуулааһын: «Им сүтэн, халлаан лаппа хараҥарда. Хотуттан анысхан тыал сирилэччи үрэн барда. Кунан муоһугар маарынныыр ый токур кэлтэкэтэ, будумах былыттарга тимирэ-тимирэ, күөрэйбэхтээтэ». Айылҕаны ойуулааһын бу быстах кэрчигэ сүҥкэн дьылҕалаах киһи олохтон барбыт ыар түгэнин дириҥэтэр. Салгыы: «Бысталаммыт былыттар быыстарынан хараҥа халлааҥҥа уоттаах сулустар дьиримнэһэн көһүннүлэр. Ол сулустартан сорохторо, баҕар, үгүс тыһыынча сыллааҕыта өлөн баран, билиҥҥэ диэри тырымныы тураллара буолуо», - диэн пейзаж Всеволод Николаевич Левин курдук сүҥкэн дьон ааттара хаһан да умнуллуо суоҕар эрэли көрдөрөр.
Айымньыга айылҕаны ойуулааһын герой уйулҕатын, дууһатын хамсааһынын, туругун арыйар. Роман 10 чааһа айылђаны ойуулааһынтан сађаланар: «Хас да хонугу быһа ардах түстэ. Астан-ааһан быстыбат, күһүңңү салгымтыалаах ардах. Халлаан ыраас бэйэтэ лүңкүрэн, үрдүк бэйэтэ намтаан, алааһы иилиир хара тыа үрдүгэр быардыы түһүөх көрүңнэннэ. Илистибит, илби сытыйбыт сир чалбах харахтарынан болоорхой халлааны ааттаспыттыы, одуулаһа сытта: «түксүлээриий… күңңүн көрдөрүүй» диирдии. Халлаан ону истиэх быһыыта биллибэт: хата өссө ордук ыаһыран, дьэбидийэн истэ». Роман бу чааһыгар Арыылаах оскуолатыгар саңа үлэлээн эрэр эдэр учуутал Саргылаана Кустурова үлэтэ кэпсэнэр. Учуутал уустук үлэтигэр ылсан үлэлээн эрэр эдэр учуутал үлэтигэр көрсүбүт ыарахаттар былыттаах ардах курдук санаатын баттыыллар. Саргылаана үлэтигэр кыаллыбатађы быһаара сатыыр, бэйэтин үлэтин ырыңалаан көрөр. «Мин куһађан учууталбын..» уонна «куһађан учуутал буолуох кэриэтин эрдэттэн аккаастаммыт ордук» диэн саныыр. Саргылаана Кустурова санаатын батыһыннаран пейзаж хатыланар: «Кыратык сэллиэхчэ буолан иһэн, самыыр эмиэ ыађастаах уунан кутан барда. Бөдөң, ыарахан таммахтар, оңхой сир ахсын халыйбыт чалбахха түһэн, дьиэрэңкэйдээн тэйдилэр. Саргылаана ардахтан хорђойуох быһыынан хойуу лабаалардаах аарыма хатыңңа тиийдэ…» Кыыс эдэр сүрэђэ сүбэ-ама көрдүүр. Ону хатың көрдөрөр.
Оттон роман 11 чааһа маннык айылҕаны ойуулааһынтан саҕаланар: «Уһун ардах кэнниттэн сайыҥҥылыы сып-сылаас күннэр буоллулар. Күн, халыҥ былыттарга хаххалатан, арахсан сылдьан баран, тапталлаах сир ийэтин эмиэ көрсүбүтүттэн үөрбүт-көппүт курдук, чаҕылыҥнаабыта, мичиҥнээбитэ сүрдээх. Маннык күннэргэ киһи дьиэҕэ олоруо суоҕун, таһырдьа салгыҥҥа, киэҥҥэ-дуолга сылдьыан баҕарааччы». Роман бу чааһыгар Сергей Аласов кылааһыгар «ЧП буолла» диэн ыҥыртараллар. Уһун ардах кэнниттэн күн тахсыыта бу оскуола олоҕор саҥа сүүрээн, уларыйыы буолаары гыммытын бэлиэтэ. Уруокка оҕолор бууннаабыттарыттан «сирэйэ багдайан хаалыар диэри кыыһырбыт» Надежда Алексеевнаны көрөн Аласов улаханнык соһуйар. Аласов оҕолору кытта кэпсэтэр, сэмэлиир ньымата барыларыттан атын. Кини улаатан эрэр оҕолор уйулҕаларын табан сыһыаннаһар, тыла-өһө ылыннарыылаах. Надежда Алексеевна оҕолору сэниир да түгэннэрэ бааллар эбит. Инники өрүү маннык буолуо. Ол иһин айылҕа ойуулааһыныгар уһун ардах туох да саҥа сүүрээнэ суох, биир күдьүс үлэлии олорбут оскуола үлэтин көрдөрөр. Оттон сайыҥҥылыы сылаас күн саҥалыы көрүүлээх Сергей Аласов өйүн-санаатын уратытын көрдөрөр. Айымньыга көстөр быһыыга-майгыга туох эрэ уларыйыы буолаары гыммыта сэрэйиллэр. Аласов үлэтигэр ураты сыһыаннаах, үөрэтэр оҕолорун ис сүрэҕиттэн таптыыр, олоххо буола турары сөпкө сыаналыыр киһи буолара сыыйа арыллан иһэр. Арыылаах оскуолатыгар инники хаһан да көһүтүллүбэтэх уларыйыылар буолан бараллар.
Надежда Алексеевна айымньыга уустук уобарас. Кини Аласовы сэрииттэн кэлэрин кэтэһиэх буолан тылын биэрбит, эрэннэрбит. Ол кэс тылын кини толорботоҕо. Аласов Арыылаахха төннүбүтэ Надежда Алексеевна урукку иэйиитин, эмиэ даҕаны кэмсиниитин уһугуннарда. Аласов кэлбитэ Надежда Алексеевна олоҕор суолталаах буолуоҕун маннык ойуулааһын көрдөрөр: «Бэҕэһээ сарсыардаттан кыйыдыйбыт тымныы тыал сирилэччи үрбүтэ. Бастаан, хотуттан кэлэн, үрэх көҥүстэригэр хаайтаран кыһыҥҥы торҕон бөрөлүү улуйбута, онтон алаастар, сыһыылар киэҥ иэннэригэр киирэн, тиһэх күннэрэ кэлбитин өссө да итэҕэйбэккэ, күн кэмчитийбит сылааһыттан өссө да бэриһиннэрээри өрө өндөйө сатаахтыыр хагдарыйбыт сибэккилэр хаһааҥҥыта эрэ хараҕы манньытар кэрэ сэбирдэхтэрин үнтү кумалаан салгыҥҥа көтүппүтэ, тоһуттаҕас умнастарын сиргэ нимси баттаабыта уонна күөллэр килэҥнэс муус көхсүлэригэр дьиэрэҥкэйдии оонньообута. Ойуурга тахсан, аарыма тииттэр, хотун хатыҥнар, нарын иирэлэр күлүк өттүлэригэр кэм да саһыаран турбут көмүстүү саһарбыт киэргэллэрин ньылбы суйдаталаабыта. Өссө да туох эмэ ордон хаалыа диэн тиҥсирийэн, хараарбыт, чарааһаабыт тыалары курдарыта сүүртэлээбитэ. Ол курдук күнү быһа тууспаннаан баран, «үлэбин бүтэрдим» диэбиттии, киэһэтигэр астан хаалбыта. Түүнүгэр буоллаҕына хаар түһэн намылыппыта».
Надежда Алексеевна оскуолаҕа бараары таһырдьа тахсан кылбаа маҥан хаар түспүтүн соһуйа, сонургуу көрөр, «уой, даа!» диэн саҥа аллайар. Айылҕаны ойуулааһын кини ис туругун көрдөрөр: «Эчи сырдыгын, эчи ырааһын, эчи чэбдигин! Кылбаа маҥан хаар уулуссаны, дьиэлэр сарайдарын, саһара тунаарар алаас киэҥ эйгэтин бүтүннүүтүн үллүйбүт. Харах ыларын тухары - хаар, хаар ып-ыраас, мап-маҥан, сып-сымнаҕас хаар туналыйар. Бу хаар суорҕанынан саптан, туох барыта сымнаабыкка, сылаанньыйбыкка дылы буолбут. Бэл, оол бэҕэһээ киэһээҥҥэ диэри соҥуоран турбут үрэх үрдүнээҕи тиит». Надежда Алексеевна туохтан эрэ үөрүөн баҕарар, бэйэтэ да билбэтинэн сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ бу пейзажка таайтаран этиллэр. Бу ойуулааһын кини сүрэҕин түгэҕэр сөҥөн сытар кистэлэҥ иэйиитин кытта сөп түбэһэр. Он суруйааччы бэйэтэ бигэргэтэр: «Бу кылбары маҥан хаар эн мичээргин таска ыҥыран таһаарбыт эрэ өҥөлөөх буолаарай? Эн мичээриҥ дьиҥнээх төрүөтэ антах ыраах, сүрэҕиҥ хайа эрэ муннугар, уйаланан сылдьара буолаарай?..» Онон саҥа хаар Надежда Алексеевна сүрэҕин түгэҕэр сонун иэйии саһа сытарын кэрэһилиир. Аласов кэлиэҕиттэн оскуола эрэ олоҕор буолбакка, Надежда Алексеевна уйулҕатын туругар, тулалыыр эйгэҕэ сыһыаныгар сыыйа уларыйыы биллэн барар.
Надежда Алексеевна судургута суох дьылҕата ааҕааччыны толкуйдатар. Надежда Алексеевна буолар быһыыга-майгыга араас сыһыанын Софрон Данилов араас ньыманан арыйар. Пестрякова араас дьайыытын, уйулҕатын туругун, санаатын-оноотун батыһа суруйааччы кылгас кээмэйдээх пейзажтары киллэрэр. Холобур: «Таһырдьа ыйдаҥа киэһэ эбит. Ый тунаархай сырдыгар дьиэлэр, олбуордар эркиннэрин сурааһыннара, хаары, халлааны кытта силбэһэн, симэлийэн хаалбыттар, күлүктэрэ эрэ харааран көстөллөр. Киэһээҥи дьыбар түһэн, киһи тыына, хагдаҥ оттуу сыыгыныыр». Бу хараҥанан саптан кураанах уулуссаҕа хаама сылдьар Надежда Алексеевна Аласовы төнүннэрэ сатыыр санаатын кистиир курдук.
Эпическэй айымньыларга пейзаж айымньы сюжета сайдарыгар улахан суолталаах. Ол эбэтэр сюжет хайдах сайдыахтааҕын, туох быһыы-майгы буолуохтааҕын ааҕааччы ылынарын курдук суруйар. Роман 23 чааһа маннык саҕаланар: «Аласов, педсовет мунньаҕар бараары дьиэтиттэн тахсаат, хаар тумарык ортотугар буола түстэ. Күүстээх тыал, хаары сөрөөн аҕалан уолугар, саҕатыгар куппахтаата, сирэйин, чыпчаххайынан быһыта биэрэн эрэрдии, аһыппахтаата. Күһүнү быһа нуһараҥнаан турбут халлаан бырааһынньык кэнниттэн тута киҥин-наарын киллэрбитинэн барда». Бу пейзаж айымньы конфлигын дириҥэтэр. Педсовекка учуталлар ортолоругар мөккүөр, Пестряковтаах Аласов утарсыылара көһүтэр. Чиэппэри түмүктүүр педсовекка Иван Иванович оҥорбут отчуота, директор Федор Васильевич, Кылбанов даҕаны этиилэрэ Аласовы астыннарбат. Сыыппараны эрэ эккирэтэр үлэ, баар чахчыны хайдах баарынан ылынартан аккастанартан Аласов хайдах да туора турара сатаммат. Куруук биир халыыпка киирэн хаалбыт педсовекка кини хайаан да санаатын этэргэ сананар. Онон пейзаж оскуола коллективын биир күдьүс олоҕор уларыйыы буолаары гыммытын сэрэтэр. Ону Нахов тыллара туоһулуур: «Күөх чаалайынан көлбөҕүрбүт уу долгураҥ олохпут уурайарын, тэлгэһэбит тас өттүгэр күөстүү дэбилийэр олох күүстээх тыала сайа охсон киирэрин күүппүтүм. Үчүгэйтэн мөкүнү араарар сытыы харахтаах, куһаҕаны кытта эйэлэспэт үтүө сүрэхтээх, кырдьыгы этэртэн чаҕыйбат хоһуун санаалаах киһи көстөрүн күүппүтүм…» Олоҕу уларытар күүстээх тыал Аласов буолар.
Софрон Данилов айылҕаны ымпыктаан ойуулуур мындыр харахтаах. Кини сорох ойуулааһынын лаппа тэнитэр, хас ымпыгар-чымпыгар тиийэ ойуулуур, онон айылҕа хатыламмат кэрэ хартыыната ааҕааччы хараҕар тиллэн кэлэр. Айылҕаны ойуулааһын сюжет сайдан истэҕин аайы сонуннук уларыйан иһэр. Роман 24 чааһыгар онус кылаас оҕолоро уонна учууталлар коммунистар уҥуохтарыгар хайыһарынан походка тахсаллар. Пейзаж Мария Ивановна хараҕынан ойууланар: «Уҥуоргу саҕахха - алаас соҕуруулуу-илиҥҥи өттүгэр, олоҥхоҕо орто дойду улуу бухатыыра оттубут сүдү кутаатын санатан, кыһыҥҥы күн тоҥ саһарҕата кыыстар-кыыһан, улааттар-улаатан умайыктана оонньоон барда. Алаас иһэ улам сырдаан, мичилиҥнээн, күлүмүрдээн истэ. Саһарҕа кытархайдыҥы-тэтэркэй үөрбэлэрэ, буһурук саҕаҕы өрө сыҕайан, үөһэ таҕыстар-тахсан бардылар. Ити ахсын халлаан бүтүннүүтэ үрдүүргэ дылы буолла. Өр-өтөр буолбата: ыраахтан биир кэлим истиэнэ курдук көстөр хара тыа кэтэҕиттэн, доҕотторуттан саһан баран: «Мин бу ба-арбы-ын!» диэн хаһыытаабытынан, мичилийбитинэн былтас гыммыт оҕолуу, кыһыҥҥы дьэлтэркэй күн үрүт кэлтэкэтэ эмискэ уһулу ойон таҕыста. Ол тахсаатын кытта харах ылбатынан тунааран сытар хаар үрдэ эгэлгэ өҥнөөх алмаас таас кыырпахтарын ыһан кэбиспиттии ирбэнньиктэнэ, дьиримнии түстэ. «Үчүгэйкээниэн! Бу дьикти кэрэни көрбөккө, Надя онно соҕотох туран хааллаҕа…» диэн Мария Ивановна тоҕо эрэ эмиэ Пестрякованы санаан кэллэ». Бу пейзажка айымньы геройдара үлэттэн аралдьыйа быһыытыйан, бэйэлэрин ис дууһаларын туруга, иэйиилэрэ арыллар курдук. Дьахталлар уобарастара айымньыга биир сүрүн миэстэни ылар. Кинилэр сүрэхтэрин ис кистэлэҥин, Сергей Аласовка сыһыаннарын суруйааччы олус бэркэ көрдөрбүт. Аласов күүстээх санаатыттан, кутаммат-чаҕыйбат майгытыттан сөҕүү-махтайыы биллэргэ дылы. Мария Ивановна Аласовтыын мырааны дабайан, үөһэ тахсаллар. Кинилэр сыһыаннарын кэрэһилиир маннык пейзаж салгыы киирбит: «Үөһэ тахсан, Унарова сыыр чабырҕайыгар, түргэн-түргэнник тыыммахтыы, алааһын эргиччи көрөн турда. Кэрэ да көстүү! Алаас кылбаа маҥан иэнэ кырса уорҕатыныы кылбачыҥныы долгуҥнуур. Ол күлүмүрдэс долгун балаһалара мөлтүү-мөлтүү күүһүрэн, сүтэ-сүтэ күөрэйэн, ырааттар-ыраатан, уҥуоргу саҕахха тиийэннэр, нарын-намчы көҕөрүмтүйэр тумарык буолан сүтэллэр. Ырыаһыттарбыт-тойуксуттарбыт бу маны, субу көстөрүн курдук кэрэтик, нарыннык ойуулаабат да буоланнар. Хоһуйдахтарына наар хабараан тымныытын, чысхаан тыалын эрэ таба көрөн суруйаллар. Туохха барытыгар үчүгэйи, кэрэни таба көрүү, ону итэҕэтиилээхтик ойуулааһын, омос санаатахха, оччо уустуга суоҕун да иһин, киһи ахсын бэриллибэт дьоҕур быһыылаах». Суруйааччы геройдар бэйэ икки ардыгар сыһыаннарын таайтаран этэр. Унарова тапталыгар олус бэриниилээх, үлэтин таптыыр, холку, амарах санаалаах саха дьахтара. Софрон Данилов кини уобараһыгар хаста да тохтуур. Унарова характерынан, үлэтинэн-хамнаһынан, олоҕу көрүүтүнэн Аласовка хайаларынааҕар да ордук чугас. Ол гынан баран суруйааччы кинилэр сыһыаннарын бытааннык сайыннарар. Ол Аласов уонна Унарова сыһыаннара истиҥин өссө ордук дириҥэтэргэ дылы. Уопсайынан ромаҥҥа Унаровалаах Аласов бииргэ буоллахтарынан пейзаж утум-ситим салҕанара кинилэр сыһыаннарыгар дьикти иэйиини таайтарар.
Иван Иванович туруорсуутунан Аласовы Арыылаах оскуолатыттан көһөрөр туһунан кэпсэтии кэнниттэн буола турар быһыыга-майгыга дьүөрэлэһэр маннык ойуулааһын киирбит: «Ойуур иһигэр өссө да хараҥа. Иннигэр тииттэр биир кэлим хара истиэнэ буолан көстөллөр. Ол да буоллар халлаан буһуруктуйа быһыытыйан, сулустар, көҕүспүттүү, утуу-субуу умллан бардылар. Арай илин уорҕаҕа Чолбон эрэ хаалан, Аласовы ойоҕолоон, тииттэр быыстарынан эккирэтэн истэ». Ити истиэнэ буолан көстөр тииттэр Аласовка утары санаалаах дьону,оттон соҕотох чолбон Аласовы санаталлар.
Аласов үөрэтэр оҕолорун кытта айылҕаҕа сылдьар түгэнэ айымньы биир сүрүн миэстэни ылар, сырдык өйдөбүлү хаалларар. Манна оскуоланы саҥа бүтэрээри сылдьар эдэркээн оҕолор санаалара ырааһын, ыралара сырдыгын бигэргэтэрдии пейзаж киирбитэ сюжет сүүрээнин ордук итэҕэтиилээх оҥорор: «Бэттэх, алаас саамай саҕатыгар, хомурах хаартан өрө үүнэн тахсыбыкка дылы кылбаа маҥан хатыҥнар, намчы лабааларын намылытан, нусхайан тураллар. Кинилэр кэтэхтэригэр баай хара тииттэр, күлүктээх көхсүлэригэр көмнөх хаары бүрүнэн, өргөс чыпчаалларынан үрдүк халлааны күөнтээн кэккэлээбиттэр. Антах, соҕуруу өнньүөс диэки, хагдарыйары билбэт харыйалар көҕөрүмтүйэ хараараллар. Дьиибэ баҕайы: оҕолор одуулаһан истэхтэрин ахсын, урут кинилэргэ биир кэлим хара истиэнэ кэриэтэ көстөр тыа хас биирдии маһа улам уратытыйан, туспатыйан көһүннэ. Хас биирдии тиит, хатыҥ, харыйа тус бэйэтэ туох эрэ анал кистэллээх, анал кэпсээннээх курдук буолла…». Эбэтэр: «Хахыйах, оонньоон куота көтөн, алаас диэки сүүрэн иһэн, кылбаҕар сототун ортотугар диэри халыҥ хаарга батыллан, ситтэрэн, будьурхай төбөтүн эдэр тиит хатырыктаах түөһүгэр өйөөбүт. Тиит буоллаҕына кинини икки имигэс лабааларынан сэмэйдик, тапталлаахтык күөйэ кууспут уонна, арыычча нөрүччү туттан, хахыйах кулгааҕар нарын тыллары сибигинэйэргэ дылы…» Бу ойуулааһын тэбэнэттээх эдэр сааһы, барыны бары билэ-көрө сатыыр кэрэ кэми кэрэһилиир. Хахыйах эдэр кыыс, оттон эдэр тиит уолан уол уобараһын көрдөрөр символ уобарас буолаллар.
Роман бу 41 чааһа эдэр оҕолорго анаммыт, онно айылҕаны ойуулааһыны суруйааччы хаста даҕаны киллэрбит. Оҕолор харахтарынан айылҕа алыптаах-дьиктилээх хартыыната арыллан иһэр: «Ити көннөрү ойуур буолбатах - дьикти ойуур, араас алыптаах-албастаах, кэпсэммэт кистэлэҥнэрдээх, таайыллыбат таабырыннардаах ойуур. Ити устата-туората көстүбэт улуу тыа ортотугар кыһына суох эргиччи саман сайыннаах, түүнэ суох мэлдьитин күндэлэс күннээх уйгулаах унаар сыһыылар бааллар. Ол сыһыылар килэрийэр кииннэригэр, дьогдьойор саалларыгар көй-бараан күндү көмүс уоруктар күлүмүрдэһэллэр. Ити кэрискэ тииттэри, үрдүк халдьаайыны ааһа түстэххэ, антах, күн улууһун көмүскээччи, айыы аймаҕын араҥаччылааччы олоҥхо бухатыырдара утары тахсан уруйдуу көрсүөхтэрэ. Ол бухатыырдар ортолоругар биир эдэр (соччо эдэрэ да суох диэххэ дуу?) бухатыыр баар буолуо. Кини Нинаҕа чуо хааман кэлэн дириҥник сүгүрүйэн баран, илиитин биэриэ…» Бу хартыынаны Нина хараҕыллан тиллэн кэлэр. Олох киэҥ аартыгар саҥа үктэнэн эрэ кыыс оҕо олохтон кэрэни, үтүөнү эрэ кэтэһэрин суруйааччы таайтаран этэр. Биллэн турара, эдэр кыыс сүрэҕин түгэҕэр саһа сылдьар кистэлэҥ иэйиитэ бу пейзажка эмиэ биллэн ааһар.
Оҕолор ойуурга тахсан үс аҥы суолунан бараллар. Онон Софрон Данилов үс суол хартыынаны ойуулуур. Лира уонна Юра Монастырев үһүс суолунан бараллар. Хас биирдии киһи туспа суоллаах, талаһар баҕа санаалаах буоллаҕа. «Лира уол ыйбытын хоту көрбүтэ, сүүрбэччэ хаамыы холобурдах сиргэ хаар үллүйбүт сыгынаҕын икки уһугар икки куруппааскы олорор. Эчи маҕаннарын! Эчи ыраастарын! Тыаһы иһиллээн, хончойон олорбохтуу түһээт, уоскуйдулар быһыылаах, быыкайкаан атахтарын сыыһынан, үҥкүүһүттэр кэриэтэ, биллэ-биллибэттик сыыдам-сыыдамнык дугуммахтаан, утарыта бардылар. Биирдэстэрэ моонньо сохсоҕор соҕус - уол быһыылаах, биирдэһэ ордук нарын, дьоҕус - кыыс муҥнаахха дылы. Туттара-хаптара даҕаны чэпчэки, намчы, симик. Сохсоҕоро, киниэхэ холоотоххо, кэм дьорҕоот. Сыгынах ортотугар тиийэн, утарыта көрсөн, чочумча тохтоотулар. Онтон сохсоҕор эр хаанын ылынна быһыылаах - утары атыллаата уонна дьүөгэтин кулгааҕар сыста түһэн, тугу эрэ сибигинэйдэ…» Бу пейзаж бастакы таптал ыраастан ыраас истиҥ иэйиитин көрдөрөр.
Бу үс ойуулааһын автор маннык тылларынан түмүктүүр: «Көрүҥ, оҕолор, көрүҥ. Көрүҥ уонна бу дьиктилээхэй көстүүнү үйэҕит-сааскыт тухары умнубаттык уйулҕаҕытыгар иҥэриҥ. Бу сардаҥалаах сарсыарда, бу күлүмүрдэс күн, бу өрөгөйдүүр киэҥ тайҕа туһунан өйдөбүл эһиэхэ олоххут уһун суолун тухары арахсыспат аргыс буоллун». Сардаҥалаах сарсыарда эдэр саас бэлиэтэ буолан, үөрүү, сырдык ыра, дьол, таптал туһунан биир кэлимсэ хартыынаны үөскэтэр.
Айымньыга суруйааччы герой уйулҕатын туругун мындырдык уонна итэҕэтиилэхтик арыйар. Нина кыыс улахан дьон хаҕыс сыһыаныттан тууйуллубут, кэлэйбит санаата айылҕаҕа сирдээн аҕалар: «Тиитэ, кини кэлбитин билбит курдук, хаар үллүктээх лабааларын биллэ-биллибэттик дьигиҥнэтэн ылла». Софрон Данилов айылҕаны ойуулуур кэрчиктэргэ тиит уобараһын үгүстүк туттар. Нина көмүскэлгэ наадыйара бу түгэҥҥэ көстөр.
Софрон Данилов ити курдук айымньы былаһын тухары күһүҥҥү кэмтэн саҕалаан литературнай герой уобараһын уонна сюжет сайдыытын пейзаж курдук уус-уран ойуулааһын ньыманан байытар.
2.2. Софрон Данилов романыгар айыл5аны ойуулааһыңңа туттуллар уобарастар
Тыа - дурда, хахха: «суон ойуур курдук дурда буол, халың ойуур курдук хахха буол!»
Тыа - өлгөмнүк үүнүү-үөскүү холобура: «үрдүк ойуур курдук үүнэ-үөскүү турар үрдүк өрөгөй үктэллэниң».
Ойуур, тиит - туох эмэ кээмэйэ, улахана: «үрдүк ойуур курдук өһөх хаан үктэллэнэн», «үүнүүлээх тиит са5а үрдүк өрөгөй үөскээбитинэн барда».
Тэңнээһиннэргэ мастан саамай үгүстүк тиит киирэр. Тииттэр - эр дьоннор: «Тойон түһүмэт дьон то5уоруһан туралларын курдук… толу тиит масс тулааһыннаах».
Хатыңнар - дьахталлар: «хатың дьахталлар ханыылаһа хаамсан иһэллэрин курдук, хатың чараң тыа.
Киһи майгытын-сигилитин, туругун, ыараханы, уустугу тобулуутун, дьолун-соргутун уо.д.а. түөһүү туой тыанан, маһынан дьүһүннэнэр. Холобур, маннык а5ыйах өс хоһоонун да ылыахха сөп: «харыйаны таңнары соспут курдук киһи», «хаахыныыр мас охтон биэрбэт», «бэл хара тыа ыллыктаах», «хара тыа баайдаах», уол о5о дьоллоох», «силиһэ суох мас үүммэт», «ойуурдаах куобах охтон биэрбэт», «тыала суохха мас хамсаабат», «салаң киһиэхэ хара тыа маһа ытыыр».
Эдэр, күөх тыанан (ойуурунан) саңа көлүөнэ ыччат халың кэккэтэ дьүһүннэнэр.
Тиитинэн, хатыңынан, талахтарынан дьүһүннээһин суругунан поэзия5а, а5ыйыахтаа5ар, элбиир. Былыргы үгэһинэн хатыңнар - кыргыттар, тииттэр - уолаттар: «самантан аллараа үңкүүлээн дыгыйар маңан туос чуккулаах мааны кыыс - хатың».
Киһи дьылђатын көрдөрөр уобарастар: аарыма тиит мас
Эдэр саас: хахыйах, саһарҕалаах сарсыарда.
Утарсыы: тыал, силлиэ, хаар тумарык.
Киһи өйүн күүһэ: чолбон сулус.
Санаа баттааһына: ардах.
Мунуу-тэнии: ыйдаҥа түүн.
Саҥа сонун иэйии, таптал: хаар, хаар күн уотугар күлүмнүүрэ, кыһыҥҥы саһарҕа.
2.3. Софрон Данилов айылҕаны ойуулааһыҥҥ туттар ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалара
Эпитет: сирилэс тыал, сардаҥалаах күн, будулҕан буурҕа, намылхай лабаа, саргылаах лабаалар, анысхан тыал, бысталаммыт былыттар, кыйыдыйбыт тымныы тыал, хотун хатыҥ, аарыма тииттэр, ый тунаархай сырдыга, кылбаа имаҥан хатыҥнар.
Тыыннаа5ымсытыы.
Тыыннаа5ымсытыы ньымата суруйааччы айыл5аны ойуулуу түһүмэхтэригэр наһаа элбэ5э суох.
Хахыйах, оонньоон куота көтөн, алаас диэки сүүрэн иһэн, кылбаҕар сототун ортотугар диэри халыҥ хаарга батыллан, ситтэрэн, будьурхай төбөтүн эдэр тиит хатырыктаах түөһүгэр өйөөбүт. Тиит буоллаҕына кинини икки имигэс лабааларынан сэмэйдик, тапталлаахтык күөйэ кууспут уонна, арыычча нөрүччү туттан, хахыйах кулгааҕар нарын тыллары сибигинэйэргэ дылы…
Метафора.
Софрон Данилов уобарастааһына олус күүстээх. Кини пейзаһынан буолуохтаах быһыыны-майгыны эрдэттэн таайтарарар. Тыла-өһө баай, туттар кырааската хойуу. Суруйааччы пейзажка метафорическай этиилэрин тиһиликтэринэн айыл5аны, көстүүнү биир кэлим уобарас курдук ойуулуур. Бу суруйааччы айыл5а көстүүтүн ус-ураннык ойуулуур биир туспа уратытынан буолар. Холобур: "Бастаан, хотуттан кэлэн, үрэх көҥүстэригэр хаайтаран кыһыҥҥы торҕон бөрөлүү улуйбута, онтон алаастар, сыһыылар киэҥ иэннэригэр киирэн, тиһэх күннэрэ кэлбитин өссө да итэҕэйбэккэ, күн кэмчитийбит сылааһыттан өссө да бэриһиннэрээри өрө өндөйө сатаахтыыр хагдарыйбыт сибэккилэр хаһааҥҥыта эрэ хараҕы манньытар кэрэ сэбирдэхтэрин үнтү кумалаан салгыҥҥа көтүппүтэ, тоһуттаҕас умнастарын сиргэ нимси баттаабыта уонна күөллэр килэҥнэс муус көхсүлэригэр дьиэрэҥкэйдии оонньообута".
Уҥуоргу саҕахха - алаас соҕуруулуу-илиҥҥи өттүгэр, олоҥхоҕо орто дойду улуу бухатыыра оттубут сүдү кутаатын санатан, кыһыҥҥы күн тоҥ саһарҕата кыыстар-кыыһан, улааттар-улаатан умайыктана оонньоон барда.
Кинилэр кэтэхтэригэр баай хара тииттэр, күлүктээх көхсүлэригэр көмнөх хаары бүрүнэн, өргөс чыпчаалларынан үрдүк халлааны күөнтээн кэккэлээбиттэр.
Тиитэ, кини кэлбитин билбит курдук, хаар үллүктээх лабааларын биллэ-биллибэттик дьигиҥнэтэн ылла
Күһүнү быһа нуһараҥнаан турбут халлаан бырааһынньык кэнниттэн тута киҥин-наарын киллэрбитинэн барда.
Алаас иһэ улам сырдаан, мичилиҥнээн, күлүмүрдээн истэ.
Тэңнээһин
Софроно Данилов пейзажка ордук тэҥнээһини туттар. Тэңнээһиннэригэр кини сонун уобарастары туттар:
Өр-өтөр буолбата: ыраахтан биир кэлим истиэнэ курдук көстөр хара тыа кэтэҕиттэн, доҕотторуттан саһан баран: «Мин бу ба-арбы-ын!» диэн хаһыытаабытынан, мичилийбитинэн былтас гыммыт оҕолуу, кыһыҥҥы дьэлтэркэй күн үрүт кэлтэкэтэ эмискэ уһулу ойон таҕыста. "алаас кылбаа маҥан иэнэ кырса уорҕатыныы кылбачыҥныы долгуҥнуур";
Ол тахсаатын кытта харах ылбатынан тунааран сытар хаар үрдэ эгэлгэ өҥнөөх алмаас таас кыырпахтарын ыһан кэбиспиттии ирбэнньиктэнэ, дьиримнии түстэ.
"киэһээҥи дьыбар түһэн, киһи тыына, хагдаҥ оттуу сыыгыныыр";
"сулустар, көҕүспүттүү, утуу-субуу умуллан бардылар";
"тиитэ, кини кэлбитин билбит курдук, хаар үллүктээх лабааларын биллэ-биллибэттик дьигиҥнэтэн ылла";
"алааһы иилиир хара тыа үрдүгэр быардыы түһүөх көрүңнэннэ";
"учуутал уустук үлэтигэр ылсан үлэлээн эрэр эдэр учуутал үлэтигэр көрсүбүт ыарахаттар былыттаах ардах курдук санаатын баттыыллар";
"бөдөң, ыарахан таммахтар, оңхой сир ахсын халыйбыт чалбахха түһэн, дьиэрэңкэйдээн тэйдилэр";
"күн, халыҥ былыттарга хаххалатан, арахсан сылдьан баран, тапталлаах сир ийэтин эмиэ көрсүбүтүттэн үөрбүт-көппүт курдук, чаҕылыҥнаабыта, мичиҥнээбитэ сүрдээх";
"хотуттан кэлэн, үрэх көҥүстэригэр хаайтаран кыһыҥҥы торҕон бөрөлүү улуйбута...";
"Өссө да туох эмэ ордон хаалыа диэн тиҥсирийэн, хараарбыт, чарааһаабыт тыалары курдарыта сүүртэлээбитэ. Ол курдук күнү быһа тууспаннаан баран, «үлэбин бүтэрдим» диэбиттии, киэһэтигэр астан хаалбыта";
"Бу хаар суорҕанынан саптан, туох барыта сымнаабыкка, сылаанньыйбыкка дылы буолбут";
"Күүстээх тыал, хаары сөрөөн аҕалан уолугар, саҕатыгар куппахтаата, сирэйин, чыпчаххайынан быһыта биэрэн эрэрдии, аһыппахтаата";
"Өр-өтөр буолбата: ыраахтан биир кэлим истиэнэ курдук көстөр хара тыа кэтэҕиттэн, доҕотторуттан саһан баран: «Мин бу ба-арбы-ын!» диэн хаһыытаабытынан, мичилийбитинэн былтас гыммыт оҕолуу, кыһыҥҥы дьэлтэркэй күн үрүт кэлтэкэтэ эмискэ уһулу ойон таҕыста";
"Ол тахсаатын кытта харах ылбатынан тунааран сытар хаар үрдэ эгэлгэ өҥнөөх алмаас таас кыырпахтарын ыһан кэбиспиттии ирбэнньиктэнэ, дьиримнии түстэ";
"Алаас кылбаа маҥан иэнэ кырса уорҕатыныы кылбачыҥныы долгуҥнуур".
Риторическай ыйытыы. Бу кылбары маҥан хаар эн мичээргин таска ыҥыран таһаарбыт эрэ өҥөлөөх буолаарай? Эн мичээриҥ дьиҥнээх төрүөтэ антах ыраах, сүрэҕиҥ хайа эрэ муннугар, уйаланан сылдьара буолаарай?
Түмүк
- Софрон Данилов литературнай герой уобараһын арыйар биир сүрүн ньымата пейзаж буолар;
- айымньы тематын уонна литературнай геройу пейзаж нөңүө социальнай-психологическай көрүүгэ оло5уран арыйар;
- "национальнай" пейзажка үөрүйэх буолбут уобарастары туттар;
- айыл5аны ойуулааһынын тыла-өһө баай;
- ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма арааһыттан ордук тэңнээһини туттар.
Туттуллубут литература
- Данилов Софр. П. Сүрэх тэбэрин тухары. - Дьокуускай: Сахаполиграфиздат, 1996
- Копырин Н.З. Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. - Дьокуускай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1981
- Литература в школе от А до Я. 5-11 классы. Энциклопедический словарь-справочник. - М.Дрофа, 2006.
- Литература: Учебник-хрестоматия для 11 классов нац. Школы. Ч. 1 /С.К.Бирюкова, К.М.Нартов, Л.В.Тодоров.- СПб.: 2001.
- Литература кэрэһиттэрэ: 10-11: хрестоматия/хомуйан оңордо У.М. Флегонтова./ - Дьокуускай: Бичик, 2006.