Төрөөбүт оскуолабар
Дьээ-буо! Дьээ-буо! Дьээ-буо!
Бүгүҥҥү үөрүүлээх бүтэй маҥан күҥҥэ
Баай Байанай ыйыгар
Улуу Туймаадабыт
Иитэр-үөрэтэр кыһата
Өрөгөйдөөх күнүнэн
Сахалыы эҕэрдэни этэбит.
Уруй-айхал буолуохтун!
Өр сылларга Учуутал Надежда Евменьевна уонна Парфений Никитич Самсоновтар ааттарын сүгэр Хатас орто оскуолатыгар өр кэмҥэ саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан үлэлээбит Саха АССР үтүөлээх учуутала, ССРС, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар Учууталлара, Хатас нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, педагогическай үлэ, тыыл бэтэрээнэ - Софронова Матрёна Ильиничнаны кытта алтыһан үлэлээбиппит. «Оскуола», «Хатас сирин бэтэрээннэрэ», «Улуу Арыы!», «Дьүрүһүй, дьүрүһүй, музыка» диэн айымньылары үөрэнээччилэрбитигэр суруйбуппут. «Оскуола» диэн оскуолабыт Өрөгөйүн толорон, «Ыллыыр о5о саас» республиканскай ырыа күрэ5эр «Иэйии» оҕо фольклорнай бөлөҕө лауреат үрдүк аатын сүкпүтэ. Төрөөбүт, таптыыр оскуолабыт үөрэнээччилэрэ оскуолабыт Өрөгөйүн ырыатын оскуолабыт араас таһымнаах тэрээһиннэригэр, Учуутал Надежда Евменьевна уонна Парфений Никитич Самсоновтар ааттаарын сүгэр Хатас орто оскуолатыгар ыытыллар научно-практическай конференцияҕа, кинигэлэр презентацияларыгар, бэлиэ түгэннэргэ толороллор. «Бэби-шлягер» ырыа күрэҕэр кыттан ситиһиилэммиттэрэ. Хатас сирин бэтэрээннэрин ырыатын Былатыан Ойуунускай аатынан литэрэтиирэ Судаарыстыбаннай түмэлэ Улуу Кыайыы 65 сылыгар аналлаах ырыа күрэҕэр «Лучшая авторская военно-патриотическая песня» анал ааты ылбыппыт.
«Улуу Арыы!» ырыаны республиканскай «Кылыһах алыптаах түһүлгэтэ» диэн фольклор күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттан СD уһуллубуппут.
Матрена Ильинична идэтигэр олус айымньылаахтык сыһыаннаһарын биһиги, Хатас орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, кыра оҕо эрдэхпититтэн билэбит. Эргэ оскуолаҕа география кабинетыгар литературнай куруһуок буоларын өйдүүбүт. Онно оҕолор айымньы кэрэ эйгэтигэр умсулҕаннаахтык дьарыктаналлара, аан бастакы хоһооннорун айарга холоноллоро. Оскуоланы, үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран, төрөөбүт оскуолабар үлэлии кэлбитим. Уруоктарбар, кылаас таһынан дьарыктарга, куруһуогум оҕолоругар Матрена Ильиничнаны ыҥырарым. Кини өрүү эйэҕэстик мичээрдээн кылааска киирэрэ харахпар бу баарга дылы, сүбэтинэн-аматынан күүс-көмө буолааччы.Үөрэнээччилэрбитигэр ырыаларбытын бэлэх ууммуппут. Матрена Ильинична үгүс үөрэнээччилэрэ төрөөбүт дойдуларыгар учуутал идэтин баһылаан үлэлии-хамныы сылдьаллар. Кини үөрэнээччилэрин туһунан кэпсээтэҕинэ харахтара үөрэллэрэ, дьолунан туолаллара. Матрена Ильинична айар олоҕо биһиэхэ холобур буолар.
Оскуола
Саха АССР үтүөлээх учуутала, ССРС, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар Учууталлара, Хатас нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, педагогическай үлэ, тыыл бэтэрээнэ Софронова Матрёна Ильинична тыллара
Алексеева Ирина Витальевна музыката
1.
Дьэндэйдэ тупса5ай тутуулаах
Саҥа үйэ оскуолата Хатаска.
Оҕо-аймах саҥата чугдаарда
Дьол-үөрүү күлүмэ сыдьаайда.
Оскуола-чиҥ билии биһигэ,
Оскуола-чөл олох уйата.
2.
Төрөппүт үөрүүттэн эппэйдэ,
Алыптаах билиини тосхойо
Учуутал долгуйа мичээрдэ,
Уруогун саҥалыы салгыыртан.
3.
Билиигэ, кэрэ5э уһуйар
Үйэлээх дьоҕуру эн иҥэрт.
Көлүөнэ ыччаты үөрэтэн,
Дьол-саргы аартыгар эн дабат.
4.
Кэнэ5эс эн аатын ааттаныа
Уонунан умнубат сылларга,
Үөрэппит ыччатын уруйдуо
Үөрүүлээх эн дьоро тугэҥҥэр.
Улуу Арыы
Саха АССР үтүөлээх учуутала, ССРС, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар Учууталлара, Хатас нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, педагогическай үлэ, тыыл бэтэрээнэ Софронова Матрёна Ильинична тыллара
Алексеева Ирина Витальевна музыката
Кэҕэ кыылым кэрээн этэр,
Кэккэлэспит тыалардаах.
Кэрискэ мыраан кэрэниистээх,
Киэҥ Элиэнэ эҥэрдээх.
Уҥуоргутун харах ылбат,
Улуу Арыым долгуйар.
Айылҕаттан айдарыылаах,
Улуу Арыым барахсан.
Көнө дэхси кырдаллардаах,
Көрүөхтэн кэрэ налыы.
Күөрэгэйдиир чыычааҕым
Күнү көрсө көрүлүүр.
Сарсыардааҥҥы сиик таммаҕар
Күнүм уота сөтүөлүүр.
Солко хойуу нуолур отум
Күнү көрсө суугунуур.
Маннык кэрэ көстүүнү,
Маннык Улуу Арыыны
Айылҕа, бэйэтэ ситэрэн,
Айбыт эбит буоллаҕа.