Бастакы дьарык.
“Иэйии” о5о фольклорнай бөлөҕүн толоруутугар «Улуу Арыым барахсан” диэн ырыаны бол5ойон истиэҕиҥ. Бу ырыа тылларын Парфений Никитич уонна Надежда Евменьевна Самсоновтар ааттарын сүгэр Хатас орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Софронова Матрена Ильинична, матыыбын төрүт култуура учуутала Алексеева Ирина Витальевна суруйбуттара. “Улуу Арыым барахсан” ырыаҕа ханнык сиргэ таптал хоһуйулларый?
«Улуу Арыым барахсан”
Кэҕэ кыылыым кэрээн этэр,
Кэккэлэспит тыалардаах,
Кэккэ мыраан кэрэниистээх,
Киэҥ Элиэнэ эҥээрдээх.Уҥуоргутун харах ылбат
Улуу Арыым долгуйар,
Айылҕаттан айдарыылаах
Улуу Арыым барахсан!Маннык кэрэ көстүүнү,
Маннык Улуу Арыыны,
Айылҕа бэйэтэ ситэрэн
Айбыт эбит буоллаҕа.
Оҕолор эппиэттэрэ.
Бу «Улуу Арыым барахсан” диэн ырыаҕа өбүгэлэрбит оттуур сирдэрэ хоһуйуллар. Улуу Арыы-олус улахан Арыы.
Улуу Арыы-оттуур сирбит.
Улуу Арыыга, төрөөбүт дойдуга таптал хоһуйуллар (сайыҥҥы кэми саныыллар, от үлэтин туһунан кэпсэтэбит).
Оҕолоор, биһиги өбүгэлэрбит сүрүн дьарыктарын билэҕит дуо?
Саха киһитин сүрүн дьарыга-сүөһү иитиитэ. Сүөһү иитиинэн дьарыктанар ыал от үлэтигэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһара. Оҕолор от үлэтин кыра эрдэхтэриттэн билэллэрэ, от үлэтигэр көмөлөһөллөрө. Өбүгэлэрбит сүөһүнү былыргыттан иитэллэрэ. Академик А.Ф.Миддендорф 1885-1886 c.c. Cибиир хотугулуу-илин өттүнэн айанныы сылдьан: «Сахалар өҥнөөх-быйаҥнаах мэччирэҥнэргэ тыһыынчанан ынах сүөһүнү уонна сылгыны иитэллэр, сорох мэччирэҥнэрин дьара күөл уутун туһэрэн оҥостолллор» диэн суруйбута.
Ытык сиэрбит-айылҕаны кытта сөпкө алтыһан олоруубут.
«Саха-айылҕа оҕото”уруһуй.
Саха ынаҕын уратыта.
Сүөһүнү иитиигэ сыһыаннаах өбүгэлэрбит билиилэрин билсиэҕин.Үрүҥ илгэ.
Сүөһүнү дьыл кэмиттэн көрөн иитии.
Тылдьытынан үлэ.
Ынах сүөһүнү сааһынан араарыы:
Ат оҕус-көлүүр оҕуһа.
Үтүрүм ынах-ыанар, төрөөбүт ынах.
Ньирэй –ынах оҕото,төрүөҕүттэн күһүҥҥэ диэри итинник ааттанар.
Кур оҕус-көлүллүбэтэх,мэччирэҥҥэ сылдьан уотуллубут оҕус.
Кунан-3-4 cаастаах атыыр (ат) о5ус.
Буос ынах - төрүөхтээх, иһигэр оҕолоох ынах.
Кытарах ынах-быйыл төрөөбөтөх буолан баран ыанар ынах.
Торбос-төлөһүйбүт күһүҥҥэ диэри тиийбит ньирэй.
Борооску-долборукка аһыыр буолбут торбос.
Тиҥэһэ-иккис кыһынын туораабыт тыһаҕас.
Туҥуй бургунас-аан бастаан төрүүр тиҥэһэ, түөртээх ынах.
Субай сүөһү-ыаммат сүөһү.
1 эрчиллии Көппүт тыллары суруйан биэриҥ.
Ынах-сүөһү дьүһүнэ.
Хара - черный.
Үрүҥ - белый.
Ала - белобокий.
Маҥаас - белоголовый. Беломордый.
Туоһахталаах - с белой полосой на задней ноге.
Саадьаҕай - с белым чепраком вдоль хребта.
Чуккулаах - белоногий.
Эриэн - пегий.
Тараах күрдьүгэс - рыжий с темными полосами.
Чиҥэтии. Тест толоруу.
Сыана туруоруу.
Сайыҥҥы сорудах
- Cаха ына5ын уратытын туһунан матырыйаал хомуйуу.
- Сүөһүнү хаартыскаҕа түһэрии, сүөһү дьүһүнүн суруйуу. Дьарыкка билбит билиигин туһан.
- “От үлэтэ” диэн тиэмэ5э уруһуйдаа.