Внеклассные занятия по предмету КН РС(Я) (О5ону кэрэ5э уһуйуу)

Разделы: Внеклассная работа


«Yгүс педагогическай са5алааhыннар көдьүүhэ суох буолууларын норуот педагогикатыгар тирэ5ирбэттэриттэн быhаарыахха соп».
«Народная педагогика предполагает исследование педагогической культуры народных масс, выработанной тысячелетним опытом человечества и бытующей в народе до наших дней». Г.Н.Волков

Yлэ сыала:

  1. Норуот уус-уран айымньыларынан о5о тылын байытыы.
  2. О5о талаанын, дьоҕурун сайыннарыы, уhуйуу, чочуйуу.
  3. Кэрэни, сырдыгы кэрэхсииргэ уһуйуу.

Төрөөбүт тыл баайа, күүhэ, этигэн кэрэтэ, олонхоҕо сөҥөн сытарын быhыытынан, о5о, ыччат бол5омтотун олоҥхо тылыгар тардыы, сиэрдээх майгыга иитэр кыа5ын торумнааhын. Олонхо тылыгар оло5уран ийэ тылы билиини дириҥэтии, уус-уран айымньы тылын бол5ойор, ырытар, чинчийэр үөрүйэх тордун инэрии.

Методическай көмө:

  1. Куораттаа5ы саха тылын , литературатын, төрүт култуура учууталларын холбоhуга.(Борисова М.Н.)
  2.  ИРО и ПК  ыытар куурустара, семинардара (Шишигина В.Р., Ядрихинская Ф.В.)
  3. «Айыы дьиэтэ».
  4.  Оскуола музейа.
  5.  Оскуола научнай салайааччыта .
  6.  Ытык кырдьаҕас-алгысчыт Николаева З.П.
  7.  «Тускул» культура киинэ.
  8.  О.д.а.

Научноһа

  1. Фольклору хомуйааhынна угус элбэх сыраларын биэрбит фольклористар, этнографар, чинчийээччилэр , урдук үөрэх үөрэтээччилэрин үлэлэрин уруоктарга , уруок таhынан дьарыктарга көдьүүстээхтик туттабыт. Ордук чуолаан Г.У.Эргис, В.М.Ионов, Э.К.Пекарскай, С.В.Ястремскай, В.Ф.Трощанскай о.д.а. үлэлэлэрин туһанабын.

Аҥардас эстетическай эрэ өттүнэн буолбакка сиэр-майгы,сиэр-туом,кут-сүр, чөл олох төрүт өйдөбүллэри иҥэрэргэ биhиги нэhилиэкпит  «Алгыс» кырдьа5астар ансамбллара күүс-көмө буолаллар. Кинилэри кытта көрсүhүүлэр, беседалар куруhуок улэтин чэрчитинэн  ыытыллаллар.

О5олор олохторугар умнуллубат түгэннэринэн араас тематическай көрсүһүүлэр буолаллар. Ол курдук «Иэйии» фольклорнай ансамблын үөрэнээччилэрэ Москваттан, Красноярскайтан, Германияттан, Норвегияттан, Южнай Кореяттан кэлбит ыалдьыттарга сиэри-туому толорон көрдөрбүттэрэ. Хас сыл ахсын куорат оскуолаларын физкультура, нуучча тылын уонна литературатын, саха тылын уонна литературатын, биология учууталларын семинардарыгар, завучтар, директордар, музей үлэһиттэрин семинардарыгар, педчтениеларга, нэһилиэккэ ыытыллар «Олоҥхонон о5ону иитии» научно-практическай конференцияларга опыт атастаhан, үөрэтии, иитии, дьарык ньымаларын билиhиннэрэллэр.

«Иэйиигэ» дьарыктанар о5олор куораттаа5ы төрүт култуура олимпиадаларын кыттыылаахтара уонна кыайыылаахтара. Биhиги о5олорбут кылаас, оскуола, нэhилиэк, куорат, улус ыытар тематическай мероприятиеларыгар, фольклорнай бырааhынньыктарга, олимпиадаларга, научно-практическай конференцияларга, көрсүһүүлэргэ, курэхтэргэ ситиhиилэриттэн олус үөрэбит.