Интегрированный урок (математика + окружающий мир + чтение + технология) по теме «Люби и сохрани природу Якутии»

Разделы: Начальная школа, Конкурс «Презентация к уроку»


Презентация к уроку

Загрузить презентацию (11 МБ)


Сыала:

  • О5олорго айыл5а5а: кыылларга, уунээйилэргэ харыстабыллаахтык сыьыаннаьарга уерэтии;
  • Ойуурга сылдьыы быраабылаларын туьунан кэпсэтии;
  • Айыл5а5а утуе сыьыанна, кэрэни сыаналыырга  иитии;
  • Санарар саналарын, билэр – керер ба5аларын, толкуйуур дьо5урдарын, тарбахтарын моторикаларын сайыннарыы;
  • Задачалары суоттуурга эрчийии.

Туттуллар тэриллэр: кыыллар иллюстрациялара, слайдалар, карточкалар, пластилин, скатерть.

Уруок хаамыыта

1. Уруок тэрээьинэ

- Бугун биьиэхэ дьикти уруок (слайда 1)  3-4 кылаастар окружающай, математика, аа5ыы, труд уруоктарын холбоон бииргэ ыытыахпыт.

2. Уруок сыалын уонна тематын билиьиннэрии:

Уруокка кэпсэтиэхпит биьигини тулалыыр айыл5а туьунан. Айыл5а диэн тылы иьиттэххитинэ эьиэхэ хараххытыгар туох кестеруй? (от- мас, кыыллар, кетердер)

- уунээйилэр, кыыллар олохторун тустарынан;

- кинилэр киьиэхэ туох туьалаахтарын;

- тулалыыр эйгэ5э, айыл5а5а киьи буруйуттан туох алдьархай тахсыан себун, онтон хайдах харыстыыр, кемускуур туьунан кэпсэтиьиэхпит.

Киьи буруйуттан тулалыыр эйгэбит киртийэр, ойуурбутун мэлитэн эрэбит, уубут киртийдэ, хамсыыр - харамайдарбыт елен- сутэн эрэллэр.

Ол курдук туристар (айыл5а5а сынньана тахсар дьон) мас лабааларын алдьаталлар, сибэккилэри ургууллэр, бехтерун - сыыстарын хааллараллар, ыьаллар, соро5ор баьаары ыыталлар. Ол иьин ойуурга сылдьыы быраабылаларын тустарынан кэпсэтиьиэхпит. Айыл5а5а сыьыаннаах задачалары суоттуохпут, бэйэбит Кыьыл кинигэ5э киллэриллибит хамсыыр-харамайдары, уунээйилэри оноруохпут.

3. Теманы хатылааьын.

Хоьоон аа5ыы
- эьиэхэ «Аьын,таптаа айыл5аны» диэн хоьоону аа5ан иьитиннэриэ.

           Айыл5а дьикти кэрэ, киьиэхэ олус элбэх уерууну, утуену бэлэхтиир, биьиги доруобуйабытын харыстыыр.

  • «Айыл5а дьыл5ата- биьиги дьыл5абыт» диэн этэллэр, то5о итинник дииллэрий? (Айыл5аны кытта биьиги олохпут ыкса сибээстээх).

                 
Айыл5а ситимнэьиитэ (таблица)

Уунээйи эьиннэ5инэ киьи, хамсыыр-харамайдар эмиэ суох кутталланаллар. То5о?
(Уунээйи эьиннэ5инэ салгыммыт киртийиэ, оччо5о тыынар тыыннаах эстэр кутталланар.)

4. Аа5ыы уруога

Ойуур кинигэлэрин унсуулэрэ.

Ойууртан суруктар кэллилэр (аа5ыы).

Мин олус наадалаах, кыраьыабай этим, онтон билигин керун хайдахпын!
Хонуубун унту тэбистилэр, сибэккилэрбин ургээтилэр.
Уунэн турар мастарбын кэрдэн оттук мас оноьуннулар, бутуннуу баанкалары, кирдээх кумаа5ылары, тэрээпкэлэри бырахтылар.
Унсэбин! Урут ойуур хонуута этим, билигин помуойа буоллум.
Урукку ойуур хонуута.

  • Хайдах ойуурга кемелеьебутуй?
  • Те5е мастарбыт а5ыйаан иьэллэрий? Тугу гыныахтаахпытый? (Сана мастары олордуохха, костертан сэрэхтээх буолуохха).
  • Ойуурга сылдьан ханнык быраабылалары тутуьуохтаахпытый?

(слайд 3)

Чыычаах о5олоруттан унсуу.

Аьыныгас санаалаах о5олору унсэбит. Ийэлээх, а5абыт чиэрбэлии барбыттарын кэннэ, уйабытыттан туьэн талахтар быыстарыгар эбэтэр хонууга олордохпутуна о5олор тулаайахтар диэн аьынан дьиэлэригэр илдьэллэр. Хоруопка5а олордоллор, килиэп, куруппа, халбаьыы сиэтэ сатыыллар. Итинник буебэйдээьинтэн биьиги елербутугэр эрэ тиийэбит.

Чыычаах о5олоро.

  • Чыычаах о5олоругар хайдах кемелеьебутуй? (чыычаах о5олорун дьиэ5итигэр а5алыман, уйатын алдьатыман, тыытыман).
  • Быраабыланы кытта билсиьии.

(слайд)

Берелер унсэллэр.
Биьигини, берелеру, сиэмэх кыыллар диэн олус кыдыйан, елертеен эрэллэр. Онноо5ор саас о5олорбут кыраларыгар булчуттар хапкаан иитэн сордууллар. Саанан да5аны о5олорбутун эккирэтэ сылдьан ытыалыыллар, елертууллэр, бааьырдаллар.

Берелер.

  • Бере олус сылбыр5а, куустээх, ейдеех сиэмэх кыыл.Бере утуйа да сытан истэр чуор кулгаахтаах. Хара5а сыты, туун учугэйдик керер. Кинилэр 6-15 диэри уерунэн сылдьаллар, онон туохха барытыгар кутталлаахтар. Ол эрээри кинилэр ойуур кыылларыгар туьалаахтар, ыалдьыбыт кыыллары бултаьаллар.
  • Берелерге хайдах кемелеьуеххэ себуй?

1) Сокуонунан:

Сыл сааскы кэмигэр берелеру бултуур бобуулаах.

2) Берелер элбээннэр, тыа5а таба, тайах ахсаана олус а5ыйаата5ына берелеру елертуур кенуллэнэр. Айыл5а5а туох барыта тэн буолуохтаах.

5.  Математика

Айыл5а5а сыьыаннаах задачалар.

  • Бере теье киилэ эти сиэн тоторун билиэххитин ба5ара5ыт дуо? Задача суоттаан билиэххит.

(Хартыына)

1 задача
Бере биирдэ аьыырыгар 2 кг эти сиир. Онтон аччык буолла5ына, 5 тегул элбэ5и сиир. Аччык бере теье киилэ эти сиирий? (10 кг)

2 задача
Биьиги бары билэрбитинэн куобах олус куттас. Оссе кини олус сэрэхтээх, ол естеехтертен кемускэнэригэр кемелеьер. 3 чааска куобах 210 км суурбут. Куобах тургэнэ теьенуй? (70км)ч)

Задача №3
Быйыл 2009 сыл ууннэ. 22 сыл аннараа еттугэр Саха сиригэр «Кыьыл кинигэ» тахсыбыт. Хас сыллаахха «Кыьыл кинигэ» Саха сиригэр бэчээттэммитэ? (1987)

6. Сынньалан. 

- Биьиги айыл5а5а тахсан  сибиэьэй салгынынан тыынабыт. (Тыыныы эрчиллиитэ)

- Салгыны э5ирийдибит, туеспут уеьэ тахсар. Оттон теттеру тыыныыбытыгар туеспут аллара туьэр. Биьиги тыынарбытыгар салгын тына5а киирэр. Ол салгын тына5а баар хабахчааннары толорор уонна хаанна инэн, биьиги организммытыгар тар5анар. Теттеру тыынарбытыгар туттуллубут салгын таьырдьа утэйиллэр.

7. Кыьыл кинигэ туьунан билиьиннэрии.

- Кыьыл ен тугу бэлиэтиирий?  (бол5ойун, тохтоон уунээйилэри, хамсыыр-харамайдары харыстаан) «Кыьыл кинигэ» туьунан тугу билэ5итий? «Кыьыл кинигэ» диэн тугуй?
(О5олор санаалара)

  • - «Кыьыл кинигэ» - эстэн эрэр хамсыыр харамайы уонна уунээйини харыстыыр туьунан кинигэ. Аан дойдуга 1966 сылтан са5алаан бастакы «Кыьыл кинигэни» онорбуттара. Биьиги дойдубутугар Россия5а маннайгы «Кыьыл кинигэни» 1927с. онорбуттара. кинигэ5э 62 уутунэн иитиллээччи уонна 63 кетер керунэ киирбитэ. 1985 с. «Кыьыл кинигэ» санардыллан, уутунэн иитиллээччи -65, кетер – 109, сыыллааччы – 11, уу, хонуу харамайа – 4. балык -9, уен-кейуур 34 керунэ киирбитэ. Саха сиригэр маннайгы «Кыьыл кинигэ» 1987 с. бэчээттэнэн тахсыбыта. Кинигэ5э сэдэх уонна сутэн эрэр 50 кетер арааьа,16 хамсыыр харамай уонна 33 уунээйи керунэ киирбит.

Кетер арааьа:

  • Кыталык
  • Хара туруйа
  • Хардыр5ас хаас
  • Алтан харах
  • Балыксыт
  • Хотой
  • Боруллуо
  • Харылыыр
  • Мохсо5ол
  • Аччыгый дьиэрэн
  • Оноло
  • Чэкэ
  • Хара кутан

Кыыл арааьа:

  • Урун эьэ
  • Чубуку
  • Таарба5ан
  • Мордьо
  • Тулуен
  • Кулааьай
  • Бэдэр
  • Туртас
  • Буобура

Уунээйи арааьа:

  • Сылгы ньургуьуна
  • Сардаана
  • Тууппулэ от
  • Кырсаада   о.д.а.

 «Кыьыл кинигэ5э» киирбит хамсыыр харамайы уонна уунээйини 5 кэрдиискэ араараллар: 0 – суппут, 1 – эстэн эбэтэр симэлийэн эрэр, 2 – уйан, эмсэ5э, 3 – сэдэх, 4-  харыстанар.

- Оссо тегул хатылыа5ын. «Кыьыл кинигэ5э» киирэллэр: уунээйилэр, хамсыыр-харамайдар, кетердер, уен-кейуур, сыыллааччылар.

- Маладьыастар!.  Билигин бэйэбит ханнык кыылы, кетеру, уунээйини  «Кыьыл кинигэ5э» киллэриэххитин ба5араргытын пластилинынан онорон кердере5ут.

7. Практическай улэ (о5олор оноьуктарын онороллор)

8. Сынньалан (кыыллар хамсаныыларын утуктуу)

- Ойуурга сырыттахха тугу керсуеххэ себуй? (ааттаталаабыт кыылларын, кетердерун утуктэллэр)

- Куобах, эьэ, саьыл, тиин  о. д. а.

9. Улэлэрин кемускээьин

- Маладьыастар! Бары олус учугэйдик онорбуккут.

То5о бу кыылы, кетеру, уунээйини «Кыьыл кинигэ5э» киллэрбиккитин быьаара5ыт.

10. Барбыты чинэтии.

(Карточкаларынан улэ)

- Билигин уруокка тугу билбиппитин чинэтээри карточкаларынан улэлиибит.

1. Кыьыл кинигэ Саха сиригэр хаьан бэчээттэммитэ?

2. Ханнык хамсыыр -харамайдар киирэллэрий?

3. Ханнык кетердер киирэллэрий?

4. Ханнык уунээйилэр кыьыл кинигэ5э киирэллэрий?

5. Кыьыл кинигэ диэн тугуй?

6. Айыл5а диэн тугуй?

7. Айыл5а быраабылаларын суруй.

8. Айыл5а быраабылаларын суруй.

9. То5о айыл5аны харыстыахтаахпытый?

11. Тумук

- Манан уруокпут тумуктэнэр. Туох сананы биллигит? Туох тумуккэ кэллигит?

- Хайдах улэлээтибит дии санаатыгыт? Бу кестор ойуулартан талан ыла5ыт.

12. Сыаналааьын

13. Дьиэ5э улэ. Плакат уруьуйдааьын  «Айыл5аны харыстаан!»