Внеклассное мероприятие "Баьыыба эйиэхэ, Буукубаар!"

Разделы: Внеклассная работа


- Утуо кунунэн ынырыылаах тороппуттэрбит, ыалдьыттар, о5олор! Бугун биьиэхэ умнуллубат тугэн ууннэ. Биьиги аан бастаан дор5ооннору, буукубалары кытта билсиспит, уорэппит, аахпыт кинигэбитин Буукубаары кытта быраьаайдаьар куммут ууннэ.

- Корсун маннайгы кылаас уорэнээччилэрин

(“Чему учат в школе” ырыа до5улуоьунан о5олор киирэллэр)

-Убаастабыллаах ыалдьыттар, корун эрэ, о5олорбут куьуннуттэн хайдах курдук улааппыттарын! Кинилэр наьаа иллээхтэр, бэйэ-бэйэлэригэр куруук комолоьоллор, оскуола5а киирэн элбэх сананы биллилэр, аа5арга, суруйарга, суоттуурга уорэннилэр.

Бугунну бырааьынньыкка анаан о5олорбут хоьоон уорэттилэр.

  1. Ханнык ба5ар о5о уорэнээччи буоллла5ына, оонньууругар солото суох буолар, оннук буолбат дуо, о5олор! Ол туьунан Никита Лаптев хоьоон аа5ыа5а.
  2. О5олоор, уорэх малын ааттаталаан эрэ! Саамай соп. Аан бастаан тэтэрээккэ улэлиирбитигэр харандааьынан холонон коробут. Харандаас туьунан Снежанна Третьякова аа5ыа5а.
  3. Буукубаар уруогар элбэх буукубаны уорэттигит. “Ь” буукуба туьунан Саина Шкулева хоьоонун истин.
  4. О5олор тоьо да улаатталлар, сынньанар кэмнэригэр оонньууларын собулууллэр. Кыра эрдэхтэринэ ал5аска биир эмэ оонньууру алдьаппыккыт дуо? Бу туьунан Соня Татаринова уорэппит хоьоонун истиэ5ин.
  5. Уруоктар икки ардыларыгар биьиэхэ туох баарый? (эппиэт) Перемена буолбутун хайдах билэбитий? (эппиэт) Чуораан туьунан Констанция Шадрина хоьоону аа5ыа.
  6. Ханнык ба5ар о5о элбэ5и билиэн – коруон ба5аран интэриэьиргиир, дьонтон ыйыталаьар. Маннык о5о туьунан Настя Шкулева хоьоон аа5арын истиэ5ин.
  7. О5олор сахалыы эрэ буолбатах, нууччалыы эмиэ санарарга, аа5арга уорэнэллэр. Нуучча буукубаарыгар хас буукуба баарын туьунан хоьоон бэлэхтиэ Саша Сибиряков.

О5олорбут маладьыастар!

Билигин кылгастык о5олорбут билиилэрин кордоруохтэрэ. О5олор эппиэттииргэ бэлэм олорун. Эппиэттииргит са5ан сигнальнай карточканы кото5о5ут.

- саха алпаа5ытыгар хас буукуба баарый? (40)

-оттон нуучча буукубаарыгар? (33)

-саха алпаабыта хас буукубанан элбэ5ий? (7)

-саха буукубаларын ааттаталаан (Ь, Н, НЬ, ДЬ, 5, У,О)

-этии туохтан турарын? (икки эбэтэр иккиттэн элбэх тыллартан)

-тыл туохтан турарый? (дор5ооннортон)

- ханнык дор5оонору билэ5итий? (аьа5ас, бутэй)

Маладьыастар!

( музыкальнай э5эрдэлээьин)

Биьиги буукубаарга элбэх этиилэрдээх тиэкистэри аахтыбыт, аахпыппытын ойдоон, ырытан корооччубут. Мин билигин аахпыт кэпсээннэрбититтэн быьа тардыылары аа5ыам, эьиги ханнык айымньыттан аахпыппын таайыахтааххыт.

    1. “Сережа Жучкатын холоон корорго сананна.Ытын суорэн а5алла”….мустубут дьон Жучканы хай5аатылар”. (Жучка абыраабыта)
    2. “Хатын симэьинэ суурэрэ тохтоото. О5ом уоьэ тыынна….Биьиги уорэ-кото дьиэлээтибит”. (Ытыыр хатын)
    3. “Комолос диэтэххэ=ыалдьыбыт буолааччы”. (Сурэ5э суох, суус субэлээх)
    4. “…Тонон сэниэтэ эстэн олороохтуур эбит… Айыл5а институтун улэьитэ Василий Дягтерев котору буобэйдээбитэ” (“Вася” фламинго)
    5. “Эмискэ халлаантан элиэ кыыл тустэ да… Акаары о5отун аьынан ытаата”. (Чоппуускалар)
    6. “-Чээбин дуу мин… -чээ5ин, чээ5ин”. (Барабыай о5ото)
    7. “Биирдэ муоттээх ынырыа котон иьэн ууга туспут… Ол олордо5уна сааьыт уол уомэн киирбит…” (Ынырыа уонна чокчоно)

Маладьыастар!

Билигин ыалдьыттарбытыгар анаан таабырыннары таайтарыа5ым.

- дьиэ5э киэргэмсэх, таьырдьа маанымсах баар уьу. (остуол, сэргэ)

- манан биэ хара кулун батыьыннарыылаах уьу. (кырынаас)

- икки титирик сэргэстэьэ уунэр уьу. (таба муоьа)

- куох эриэн о5успут, муннун быатын соспут.(иннэлээх сап)

- икки куол кытылларыгар харыйалар ууммуттэр. (харах, кыламаннар)

- олбот ойдоох туох баарый? (киьи)

- туорах са5а да буолларбын, дуул о5уьу дьулатабынспэр инэриммэппин. (тигээйи)

- истибиппин испэр инэриммэппин. (радио)

- икки киьи уот тутар, туорт киьи орон онорор, биир киьи дьиэ харбыыр. (ыт хара5а, атахтара, кутуруга)

- бастакыта нэлэс, ортокута чомчос, кэнникитэ – лаглас баар уьу (от охсуута, бугуллааьына, кэбиьиитэ).

(Элбэх таабырыны таайбыт ыалдьыттарга бириис тутарыллар)

(Музыкальнай э5эрдэлээьин)

О5олорбут уруок бириэмэтигэр туран сынньаналлар. Эьиэхэ хоьоонунан буукуба тааттарыахтара, ону эьиги таайыахтааххыт.

Ж, Н, П - Саша, Никита

Ф, Г - Настя

Т, Р - Констанция

А, И - Снежанна, Саина

Л, У - Соня

О5олор, бол5ойон дуосканы корун эрэ. Оля диэн кыыс эьиги курдук маннайгы кылааска уорэнэр эбит. Учуутала кылаас, туннук, Яна,Юра диэн тыллары суруйарыгар сорудахтаабыт. Оля суруйуутугар сыыьа баар буолла5ына коннорун.

кылас, тунук, йана, юра

(сыыьалары быьаара- быьаара конноруу)

О5олорбут маладьыастар! Элбэ5и билбиттэриттэн тороппуттэр уорэллэр.

-Остуолга фишкалар ыьылла сыталлар. Мин билигин эппит тылларбын уочаратынан кэлэн дуоска5а фишканнан туруоран биэрэ5ит. (тыллар- массыына, остуол, суумка, оскуола, тигээйи, тэтэрээт, кэмпиэт)

Маладьыастар! Бары сорудаххытын сопко онордугут!

Тумук. Билигин истин эрэ, Буукубаар эьиэхэ анаан туох диирин.(“Буукубаар” киирэр)

Таптаан миигин аахтыгыт,

Таабырыммын таайдыгыт.

Аны араас кинигэни

Аа5а сылдьын эьиги.

Усмугуйан уорэнин

Оскуоланы бутэрин

Ол эрээри бука-бары

Умнаайа5ыт Буукубаары!

- Бугунну бырааьынньыкпыт тумугэр о5олорго анаан маннык номинациялары анаатым.

“Саамай тэтимнээх аа5аачы” - Никита Лаптев

“Саамай дор5оонноо аа5ааччы”- Констанция Шадрина

“Саамай ойдоон аа5ааччы”- Соня Татаринова

“Саамай кичэйэн аа5ааччы”- Снежанна Третьякова

“Аа5арга дьулуурун иьин”- Саша Сибиряков

“Хоьоону айымньылаахтык аа5арын иьин”-Настя Шкулева

“Аахпыты сиьилии кэпсиирин иьин” - Саина Шкулева

-Убаастабыллаах ыалдьыттарбыт! Бырааьынньыкпыт тумугэр собулээн уорэппит ырыабытын бэлэхтиирбитин конуллээн

(О5олор “Мэник-Мэнигийээн” диэн ырыаны ыллыыллар)

Ынырыыбытын ылынан кэлэн ыаллардаабыккытыгар махтанабыт!

(О5олор буфекка бырааьынньык остуолугар ынырыллаллар)