Творческий подход к преподаванию национальной культуры на уроках и во внеклассных занятиях. 5-й класс

Разделы: Внеклассная работа

Класс: 5


Уруок  сыала:
1.   Сылгы-саха тыына,  культурата, аан дойдуну ойдуур философията буоларын билии.
2.   Дьоhогойу сааhынан араарыы, ат араас тэрилин билиhиннэрии.
3.    Обугэлэртэн утумнаан кэлбит сылгыга сыhыаннаах сиэр-туом, норуот тылынан уус-уран айымньытын  нонуо сиэрдээх о5ону иитии.

Сылгы онун билиhиннэрии.

Туттуллар тэрил:

  • Интерактивнай дуоска.
  • Тест онорорбутугар флиптчартары туhанабыт.
  • Сылгыга  алгыс.
  • Дьөhөгөй бэлиэтэ.
  • «Сылгы» диэн схема.
  • Сахабыт сирин гиэрбэтэ.
  • Сиэрдээх билии «СЫЛГЫГА СЫhЫАННААХ СИЭР-ТУОМ»(ахсаана 24)
  • «СЫЛГЫНЫ СААhЫНАН АРААРЫЫ»  (ахсаана 24 )
  • «АТ ЭЛБЭХ АРААС ТЭРИЛЭ» уруhуй.

Кинигэ быыстапката: Этнограф Вацлав Леопольдович Серошевскай  «Якуты» , Г.В.Ксенофонтов «Эллэйаада»  кинигэлэрэ. Саха олонхото «Дьулуруйар Ньургун Боотур», Ульяна Алексеевна Винокурова «Сказ о народе саха»
-О5олор, бары аа5ыа5ың уонна бу алгыс  туох үтүө санааны этэрин өйдүө5ун!

Сылгыга алгыс
Таңаралыыр бэчээттээх,
Саба5алыыр дьа5ыллаах,
Түөрт   тү өрэм туйахтаах,
Дьөhөгөйбүт о5ото,
Төрүөххүн   чүөмчүлээ,
Үөдүт-үөскэт,
Үлүннэр-үксэт.

Айылыат! Айылыат!
(Саба5алыыр эппиэт:  Дьөhөгөйбүт о5ото элбээ  диэн ба5а санаабыт этиллэр)
- Көрүө5үң  эрэ,  Дьөhөгөйбүт  бэлиэтин.
Былыр-былыргыттан сылгы иитиитинэн дьарыгырбыт саха дьоно Дьөhөгөйтөн төрүттээх айыы  о5отун  - сылгыны атын дьиэ сүөhүтүттэн ойуччу туталлара, кинини ытыктыыллара, киниэхэ сүгүрүйэллэрэ.
Вацлав Леопольдович Серошевскай «Якуты» диэн үлэтигэр саха сылгытын туhунан тугу  суруйбутун аа5ыа5ын уонна сылгы культа сахаларга хайдах суолталаа5ын билиэ5иң.
«Все кто по внешности пробовал сближать якутских лошадей с южно-или западносибирскими, чаще всего указывали на киргизкую конную породу. Научного исследования, опирающегося на точные и многочисленные измерения, пока не было. Единственные достойные внимания данные по этому вопросу находим у Черского. На основании изучения черепа современной якутской лошади , доставленного доктором Бунге с р. Адычи (Верхоянского округа), Черский устанавливает самостоятельный тип лошади, отличный от других сибирских лошадей и ближе всего примыкающий к южнорусским тарпанам и полуископаемой западносибирской лошади…Существование у якутов смутного предания о каких-то диких (тангара, собственно божьих) лошадях… Среди якутских лошадей самые крупные и типичные особи встречаются в настоящее время на севере, именно: в Верхоянском, Колымском и Вилюйских округах».

О5олор эппиэттэрэ.

-   Кырдьык да5аны сылгы культа сахаларга ураты суолталаа5ын чинчийээччилэр бигэргэтэллэр. Саха мифологиятыгар таңара бастаан аты айбыт. Аттан киhиэхэ маарынныыр туох эрэ харамай түспүт. Улуутуйар Улуу Тойон орто дойдуга үс саханы үөскэтээри манан биэни түhэрбит. Онтон саха үөскээбит.
Саха бу дойдуга көhүүтүн туhунан эмиэ үрүң аты сирдээн а5албыта  диэн  историческай үhүйээңңэ кэпсэнэр. Эллэй Боотур Өлүөнэни таңнары устан истэ5инэ,үрүң ат күлүгэ уу аннынан сирдьит буолан испитэ үhү. (Г.В.Ксенофонтов «Эллэйаада» кинигэтин көрдөрүү)

Саха олоңхотугар ааттаах ат Айыы бухатыырын миинэр миңэтэ ,  көтөр кыната, эрэллээх до5оро ,үтүө сүбэhитэ. Бухатыыр аатын кытта тэңңэ  ойууланан хоhуллар. Бухатыырдар аан маннай уоhээ Дьыл5а тойонтон аналлаах ааттаах-суоллаах минэ аты ылаллар.Онто билигин Дьулуруйар Ньургун Боотур» олонхоттон «Бухатыыр ата» диэн быhа тардыыттан олонхо ата хайда5ын билиэхпит уонна ыйытыыларга хоруйдуохпут(«Иэйии» о5о фольклорнай ансамблыгар дьарыктанар о5олор толороллор)

Дьулусханнаах дьулуо манан халлаан,
Дьураатыгар тура торообут,
Дьулусхан субуйа суурук,
Дьураа хара ат барахсан.
Бадьыр оhуор ойуулаах,
Бар-дьа5ыл кыллаах,
Бастын сэргэтигэр хантаччы баайыллан,
Туорт туорэм таас туйахтарынан,
Туннэритэ холоруктаан,
Эhэгэй-дугуй тибиилээх сиэллэрэ,
Эриллэ бурулла ытыллан,
Уйул5аннаах оночо уот кутуругунан,
Уотунан охсуhа оонноон,
Орутэ мохсон
Орукуйэ турар эбит!
Бухатыыр ата хана торообутуй?Онун,туйахтарын, сиэллэрин, кутуругун олонхо тылынан хайдахтарын этин.

О5олоор, эhиги дьиэ5итигэр олонхо атын бэйэ5ит хараххытынан хайдах короргутун уруhуйдаан кэлиэхтээх этигит. Коруо5ун эрэ. Онтон эhиги сылгы туhунан ырыаны-хоhоону билэ5ит дуо? Ким сылгы иитиитинэн дьарыктанарый?
Саха киhитин оло5ор-дьаhа5ар сылгы суоhу былыргыттан тыын суолталаа5а. Ол курдук саха норуотун былыргы итэ5элэ, араас бырааhынньыктара, туомнара эмиэ сылгы иитиитин кытта быстыспат ситимнээхтэр, киниэхэ оло5уран сайдаллар.
ЫhЫАХ УРУhУЙА: Самаан сайын салаллан кэлиитин, киhи-суоhу, котор-суурэр, торуур-ууhуур, уунээйи чэчириир кэмин уруйдуур-айхаллыыр саха улуу бырааhынньыгы-ыhыахз эмиэ сылгы иитиитин культуратынар оло5уран тэриллэр, уруйданар.

Эhиги «Сылгы» диэн схеманнан сылгылаах норуот итэ5эллэрин, оонььууларын , туомнарын туhунан кылгастык кэпсээн иhитиннэриэххит дуо?

Сэргэ  туруоруута        

          Ба5ах туруоруута  

      Ытык аты ыытыы (кэрэх бэлэхтээhин)

Ат суурдуутэ                   

                 СЫЛГЫ                

                                   Кулун оонньуута

Чэчир анньыыта           

                  Кымыстааhын              

               Ыhыах ыhыыта

(о.д.а. бука бары сылгы баайдаах норуоттар итэ5эллэрэ, оонньуулара, туомнара)

Сахалар-аттаах норуот. Ат сэриигэ бойобуой до5ор, ананна миинэр минэ,    курэхтэhиигэ дьуккуордээх куон корсооччу, улэ5э –буула5а бухатыыр,идэhэлэннэххэ-эмис эт(хаана,хаhата, иhэ) , ыан истэххэ уохтаах кымыс, таныннахха-талба танас, быа-туhах гыннахха –бигэ тэрил.

Ойдоон коруо5ун эрэ, биhиги Сахабыт сирин гиэрбэтин. Уонна маннык ыйытыыларга эппиэттиэ5ин.
То5о бу гиэрбэ5э аппыт былыргы ба5айыный? То5о диэн ат барахсан саха омуга тун былыргы омук буоларын бэлиэтии сырытта5а. Ону тэнэ гиэрбэ5э буойун олорор. Ол биhиги былыр-былыргыттан баарбытын бэлиэтиир, онтон ат эрэллээх до5орбут.Холобур, бу гиэрбэбитигэр ити аннимационнай киинэ5э костор аты уруhуйдаабыттара буоллар-ойдобулэ олох атын буолуо этэ. 
Сахалар сылгы олугун, кыраматын сиргэ мээнэ хаалларбаттар, комоллор биитэр тоботун унуо5ун уоhээ масс мутугар ыйаан кэбиhэллэрэ. Наhаа байбыт байдар кыhын улахан ойбон аллаттаран баран, онно сылгыларын уоhэ танара5а бэлэх оноробут диэн ыыталлара. Маны таhынан, эмиэ наhаа байбыт биирдиилээн бодон байдар, урдуку айыыларга махталларын биллэрэн, ытык сылгыны эбэтэр уор сылгыны бутууннуутун киhитэ-суоhутэ суох иччитэх урэх бастарыгар кыыл ыытан кыйдаан кэбиhэллэрэ.
Саха сылгыта а5ыйа5ы аhыыр, элбэ5и улэлиир.
Ульяна Алексеевна Винокурова «Сказ о народе саха» диэн кинигэтигэр туох диэн суруллубун аа5ыа5ын. Уонна саха сылгыта туох уратылаа5ын, туох комолоо5ун-туhалаа5ын кэпсиэххэ. Павлик:
«Сылгы тымныы кыhынын, кумаардаах сайынын      аhын бэйэтэ булунан сылдьар. Саха сылгыта тулуурдаах, улэhит, элбэх киhи оло5ун быыhаабыт эрэллээх до5орбут. Сахабыт сирэ уонна Россия сайдыытыгар элбэх онолоох. Топтору-таары ас, танас, техника, почта таhаллара. Суол оноруутугар  1808 с. 10 тыh.сылгы хоргуйан олбуттэ. Комус хостооччулар комустэрин 1935 сыллаахха дылы атынан таhаллара. 1928 с. Олуохумэттэн комустээх Алданна диэри суол онорорго тиийбиттэригэр, куорат урдунэн 1 дьааhык курууппа уонна 1 дьааhык лапса хаалбыта уhу.
Онон сылгыга , акка пааматынньык туруордахпытына- биhиги махталбыт бэлиэтэ буолуо этэ. Саха сылгытын аан бастаан 1965 сыллаахха  Казахстантан кэлэн илдьэ барбыттара. Yс сылгыттар  биир хаалбыт (иккитэ ууга тимирбит),     кинилэр сылгыларыттан ордук тулуурдаах буолан биэрбитин сохпуттэр. Монголлар, японецтар саха сылгыын интэриэhиргииллэр. Билинни кэмнэ 200 тыh.саха сылгыта баар(1930 с. -биир) Россия урдунэн 57 порода баара биллэр, биhиги сахабыт сылгыта ахсаанынан бастакы миэстэни ылар.

Остуол, чороон ата5ын былыргы уустар сылгы туйа5ын курдук онороллоро. Бала5ан, ураhа ба5аналарыгар ат тоботун онороллоро. Тэлгэhэлэрин ытык-мааны маhын- тойон сэргэни ат баhынан киэргэтэллэрэ.
Аал уоттарын иннигэр ат баhын миинэн олорон ытык анда5ары этэллэрэ.
Сылгы сиэлэ-абааhыны-куhа5аны утэйэр, улаханнык ытыктанар суолталаах.Чороону, мас хамыйахтары манан сылгы ситиитинэн, сиэлинэн баайаллар-киэргэтэллэрэ.Онноо5ор Айыы ойууна дунурэ суох, хатын маhы манан сиэлинэн баайан, онон алгыыра, туойара уhу.
Сиэл, дэйбиир былыр саха бала5аныгар киирэр аана ыйанан турар буолара, обугэлэрбит итэ5эллэринэн кыл ыраастыыр, киртэн харыстыыр суолталаа5а. Ол   аата кэлсибит куhа5ан тыын дьиэ5э киирсиэ суохтаа5а.
Айыы ойуун кыырарыгар уот иннигэр манан сылгы тириитин тэлгэтэллэрэ.Сылгы, ордук манан сылгы айыы суоhутун быhыытынан ойууну куhа5ан тыынтан араначчылыахтаах. Былыргы сахалар Дьоhогойтон торуттээх ат сылгыны хайдах курдук маанылаан туталлара, урдэтэн саныыллара, ытыктыыллара, сугуруйэллэрэ мантан да костор.

СЫЛГЫГА СЫhЫАННААХ СИЭР-ТУОМ (билсиэ5ин).

Ыанар биэ уонна кулун быатын «алаастыыллара», оччо5уна кинилэр ыалдьыбаттар, олботтор. Алаастааhын –ол аата биэ сулардаах контоhун куодьуйбут туптэ буоругар «алаас, алаас, алаас» дии-дии ыhаллара;

Саас уонна сайын ыараханнык ыалдьыбыт киhиэхэ ойуун ытык сылгынан сирэйдэнээн кыырар. Ытык диэн олбот, сааhын тухары тыыннаах сылдьар сылгы биитэр суоhу буолар. Ытык сылгы олло5унэ, этин сиэбэттэр, ойуурга таhааран аранастыыллар;

Эргэ суктэр кыыс хайаан да хара сылгы тириитинэн киэргэтиллибит аас манаас сылгы тириитэ тэллэхтээх буолар. Ити урдунэн эбии ууруллар кугас тирии тэллэ5э «тахтыр тэллэх» диэн ааттанар.

Аны билигин СЫЛГЫНЫ СААhЫНАН АРААРА УОРЭНЭБИТ.

КУЛУН (КУЛУНЧУК) – торуо5уттэн 6-7 ый туолуо диэри.

УБАhА- 6-7 ыйыттан биир сааhын туолуор диэри.

ТЫЙ- 1 сааhын толору туолан  2-с хаарыгар уктэммит сылгы. Ийэтин эмэ сылдьар буолла5ына ЭМНЬИК ТЫЙ, ийэтиттэн араардаахха , ХАНЧААhЫН ТЫЙ дэнэр.

Сылгыны икки сааhын туолан, уhус хаарыгар уктэннэ5инэ кутуругун сарбыйан, сиэлин сэлээн ыыталлар, онуоха атыырын ТИНЭhЭ СОНО5ОС, тыhытын ТИНЭhЭ КЫТЫТ дииллэр.

Yhун туолар сааhыгар эмиэ сиэлин сэлээн, кутуругун сарбыйан ыыталлар, онуоха атыыра устээх СОНО5ОС, устээх КЫТЫТ дэнэр.

Туордун туолар сааhыгар эмиэ сиэлин сэлээн, кутуругун сарбыйан  ыыталлара, онуоха туортээх соно5ос , тыhыта туортээх кытыт дэнэр.

Биэhин туолар сылыгар атыыра биэстээх соно5ос, тыhыта биэстээх кытыт дэнэр.

Сылгы алта сааhын туоларыгар  атыырын алталаах ат эбэтэр алталаах атыыр , оттон тыhытын алталаах биэ дэнэр.
Мантан уоhээ сааhынан араарбакка эрэ аты ат, биэни биэ, атыыры атыыр дэнэр.
Кырдьан эрэр сылгыны кырдьа5ас ат, кырдьа5ас атыыр дэнэр.

Саха ата 5-10 сааhыгар ордук куустээх буолар. 20 саастаах ат-кырдьа5ас диэн ааттанар, диэн Серошевскай бэлиэтиир. Кинилэр аттарын  ордук кичэйэн киэргэтэ сатыыллыра. Аны билигин АТ ТЭРИЛИН билсиэ5ин.
Ат сэбин-сэбиргэлин, быатын-туhа5ын оноруутунан уонна оhуордаан-мандардаан киэргэтииннэн туспа анал дьон дьарыгырар. Аты араас тугэннэ соп тубэhиннэрэн симииллэрэ. Сылгы быата-туhа5а кылтан, сиэлтэн, тирииттэн араастаан оруллэрэ, хатыллара.
« АТ ЭЛБЭХ АРААС ТЭРИЛЭ» уруhуйу коруо5ун уонна тыллары булан быhаарыа5ын
АТ   ТЭРИЛЭ барыта тус-туспа ааттаах буолара.
ЫНЫЫР-акка олорорго аналлаах ат сиhигэр ууруллар бо5о олох.
БYРГЭ – ыныыр сирэйигэр хороччу саайыллар, ону-маны иилэр дьо5ус тимир.
ХОНСУОЧЧУ- ыныыр сирэйигэр хороччу саайыллар, ону-маны иилэр дьо5ус тимир.
ДЭПСЭ-ыныыр боруотэ.
КЫЧЫМ- ыныыр икки оттунэн ат ойо5оhун саба уурар тириилэо.
ЧАППАРААК-ат самыытын саба уурар танас.
ХОЛУН-ыныыр ортоку кура, ат оро5отугэр тубэhэр отто.
ТОРГYY-ыныыр кэннигэр ону-маны баайарга аналлаах икки синньигэс быа.
ДЬИРИМ- холун тобо оттунээ5и тирии быа.
ИНЭhЭ- киhи аты миинэригэр уктэнэн тахсарга аналлаах дугаалыы быhыылаах тимир(ыныырга ининнэриллэр).
СУЛАР- ат тоботугэр кэтэрдиллэр быа.
ТЭhИИН –тирииттэн оноhуллар, ат айанын салайан биэрэр уун быа.
КОНТОС- аты сиэтэргэ, баайарга аналлаах  сиэлинэн хатыллыбыт хапта5ай быа.
БОТО-ыныыр аннынан ат сиhигэр ууруллар, оту эбэтэр сиэли симэн оноhуллар халын олбох.
Элбэх ойуулаах-бичиктээх ыныырдар, чаппараактар, кычымнар Нью-Йорк куоракка «Естесственнай история музейыгар» кордоруугэ тураллар. Бу ыныырдары, кычымнары уонна чаппараактары саха маастардардара онорбуттар. Билинни да кэмнэ аты киэргэтэр угэс баар. Ону биhиги ат суурдуутугэр, ыhыахха коробут.

О5олоор,анны билигин сылгыны хайдах оннууллэрин билсиэхпит.
Сахалар сылгыны таба дьуhуннуургэ былыр-былыргыттан уорэммиттэрэ, бу кинилэр бэркэ тэнийбит, улахан дьарыктара. Кырдьа5астар сылгыны дьуhунунэн , ханнык удьуор сылгы торуо5э буоларын короот билэллэрэ уhу.
Кэпсииллэринэн, сылгыга 60-н тахса суол дьуhун баар, ону тэнэ хас дьуhун ахсын хас да корун баар. Сылгыны дьуhуннээhин сир-сир аайы туhунан буолар. Биллэрин курдук , сылгы дьуhунэ кини сааhыттан, дьыл бэлиэлэриттэн араастаан уларыйыан соп. Ордук элбэхтик буулур сылгы дьуhунэ кубулуйар. Кини дьуhунун сыл устатасэттэтэ уларытар дииллэр. Ону аныгыскы кылаас таhынан дьарыкка уорэтиэхпит.
Билигин билиибитин чинэтэн уруhуй, таблица, схема комолорунэн таайбаран оноруорун.

Интерактивнай дуосканы туhанабыт.
СЫЛГЫ  –  САХА   ТЫЫНА  диэн этииттэн таайбаран таhаарабыт, дуоска5а биирдии о5о тахсан ыйытыытын суруйар, атын о5олор эппиэтин таайаллар. Сопко эппиэттээбит уорэнээччилэргэ сылгы фигуратын тар5атан иhэбит.
О5олор, барыгытыгар паарта5а флиптчартар тураллар. Эhиги мин тест ыйытыыны биэрбитим кэнниттэн  соптоох эппиэти баттыыгыт.

1. Дьоhогой бэлиэтэ? ( c  бэлиэни кордоробун, онтон соптоох эппиэтин талаллар)

А.
Б.
В.

2. Ат, сылгы тоботун, туйа5ын остуол ата5ар, чороонно кыhан онороллоро. Ат тоботун сэргэ5э олордоллоро. Бу туох бэлиэтэй?

А. Киэргэл
Б. Сылгы элбэ5ин бэлиэтэ.
В.ЫТЫКТАБЫЛ, СYГYРYЙYY БЭЛИЭТЭ.

3. 6-7 ыйыттан биир сааhын туолуор диэри сылгы ким диэн ааттанарый?

А.тый
Б.УБАhА
В.соно5ос

4. Ат самыытын саба уурар уурар танас?

А. кычым
Б.ыныыр
В.ЧАППАРААК

5.Ордук ытыктанар сылгы

А.МАНАН сылгы
Б.ХАРА ЧОХ ХАРА сылгы
В.КУГАС сылгы

Хас уорэнээччи сопко эппиэттээбитин, ким туохха сыыhалаа5ын таhаарар. О5олор бэйэлэрин сыыhаларын булан коннороллор. Араспаанньалара, ааттара дуоска5а костон турар буолан сыаналыырга учугэй.

Сыанабыл.

Дьиэ5э улэ. Сылгы, Дьоhогой туhунан матырыйаал хомуйан альбом оноруу.