Внеклассное мероприятие "Звездный час"

Разделы: Внеклассная работа


Цель: Обобщить и закрепить знания и умения, и показать свои учебные навыки, полученные во 2 классе. Развивать логическое мышление, речь, внимание, быстроту реакции, воспитать хорошие человеческие качества: трудолюбие, дисциплинированность, дружелюбие, любознательность.

Оборудование: сигнальные карточки 1-8, карточки, слайды.

Тип урока: урок-отчет

Форма урока: игра-конкурс

Внеклассное мероприятие

Звездный час. 2 класс. Урок – отчет. (на якутском языке)

Класс оформлен рисунками, поделками, сочинениями учащихся. Выставлены портфолио учащихся.

Сыала: 2-с кылааска уерэхсатабылыгар билбит билиилэрин – керуулэрин тумэн кердеруу. Толкуйдуур дьо5урдарын, бол5омтолорун, тургэн эппиэти биэрэр сатабылларын сайыннарыы; киьи сиэр – майгы учугэй хаачыстыбаларыгар: бэрээдэккэ, эйэ5эс быьыыга – майгыга, билэр – керер ба5а5а иитии.

Туттар тэрил:слайдалар, сигнальнай карточкалар 1-8 дылы, карточкалар.

Уруок керунэ: уруок – отчуот

Уруок формата: оонньуу – конкурс.

Уруок хаамыыта

1. Уруок тэрээьинэ

Кунду о5олор, бугун биьиэхэ уруокка ыалдьыттар кэллилэр, дорооболоьуохайын. Быйыл биьиги иккис кылааьы бутэрэбит. Онон билигин уруокка тереппуттэрбитигэр туохха уерэммиппитин, тугу билбиппитин кердеруохпут. Уруок – отчуот курдук буолуо5а.

Уруокпут оонньуу – конкурс быьыытынан барыа5а. Оонньуубут аата “Звездный час”

Оонньуу быраабылата маннык: оонньуу 5 туртан турар, 2 бастакы тур – отборочнай, 3-с тур – полуфинал, онтон финал ол кэннэ суперфинал. Оонньуу бутэьигэр биьиэхэ биир кыайыылаах о5о хаалыа5а. Мин боппуруос биэрэбин. Боппуруоска септеех эппиэти биэрбит о5о5о сулус бэриллэр. Эьиги сыалгыт диэн теье кыалларынан тургэн уонна септеех эппиэти биэрэннит элбэх сулуьу ыла сатыахтааххыт. Бэрээдэккит эмиэ керуллэр. 1 тур кэнниттэн ус саамай а5ыйах сулустаах о5о оонньууттан тахсар. Онтон икки а5ыйах сулустаах о5о тахсар. Финалга 4 о5о оонньуо5а, суперфиналга 2 о5о куен керсуьуе. Оонньуу кэмигэр тахсыбыт о5олортон кеме ылыаххытын ба5арар буоллаххытына биир сулускутун миэхэ теттеру биэрэ5ит, онтон тереппуттэн ыйытар буоллаххытына 2 сулуьу сиэртибэлиигит. Оонньуу быраабылата барыгытыгар ейденне. Оччо5о оонньуубутун са5алыыбыт.

2. Бастакы отборочнай тур.

“Суруйааччылар” Слайда5а 8 суруйааччылар портреттара. Бу суруйааччылар айымньыларын быйыл аахпыппыт. Эппиэккитин 1-8 сыыппаралаах сигнальнай карточканан кердере5ут. Бу суруйааччылар: К. Чуковскай, А. Пушкин, А. Барто, С. Михалков, Д. Сивцев, С. Маршак, И. Крылов, А. Кулаковскай.

1 боппуруос. Кини баснялары суруйар. Лебедь, рак и щука, Стрекоза и муравей. ( Иван Крылов – № 7).

2 боппуруос. Кини поэт, 5 остуоруйаны суруйбут сказочник. Кини остуоруйаларыгар яблоко, сиэркилэ, кораблик, лебедь, 7 бухатыыр, сарыабына, корыто бааллар. (А. Пушкин – № 2)

3 боппуруос. Кини псевдонима Суорун Омоллоон. (Дмитрий Кононович Сивцев – № 5)

Слайд “Материктар” Эьиги иннигитигэр материктар ааттара: Севернай Америка, Южнай Америка, Евразия, Африка, Австралия, Антарктида.

4 боппуруос. Биьиги дойдубут ханнык материкка сытарый? (Евразия – № 3)

5 боппуруос. Аан дойдуга саамай уьун Нил ерус ханнык материкка баарый?(Африка – № 4).

6 боппуруос. Саамай кыра материк ханныгый? (Австралия – № 5).

Слайд. “Сибэккилэр” Эьиги иннигитигэр сибэккилэр: Ньургуьун, сардаана, Тураах тарба5а – герань, ба5а батаьа – ирис, ландыш, ньээм от, кучу – иван – чай, астра.

7 боппуруос. Саамай эрдэ тахсар сибэкки. (Ньургуьун – № 1).

8 боппуруос. Бу сибэкки хонууга ууммэт, кинини клумба5а ууннэрэбит. (астра – № 8).

9 боппуруос. Саха сирин саамай кэрэ сибэккитэ. ( Сардаана – № 2).

Слайд “Куораттар”. Саха сирин куораттара: Ленск, Якутск, Нерюнгри, Алдан, Мирный, Верхоянск, Олекминск, Покровск.

10 боппуруос. Биьиги алмаастаах куораппыт. (Мирный – № 5).

11 боппуруос. Бу куорат Туймаада хочотугар турар. (Якутск – № 2).

12 боппуруос. Саамай хоту сытар куорат. (Верхоянск – № 6).

Музык. Пауза К. И. Чуковскай “Путаница”.

III. Иккис отборочнай тур. “Паараларын бул” Линиянан септеех тылын кытта холбуугут.

1 сорудах. Бэриллибит тыллар ханнык ыйытыыга эппиэттииринэн холботолоо.

Ыллыыр  
Туйгун Хайдах?
Сайын  
Уруьуйдуур Тугу гынар?
Ча5ылхай  
Кылаас Туох?

2 сорудах. Септеех эппиэти бул.

54 + 6
38 + 44
18 : 3
24 : 3
63 – 8
9 * 3
27
6
55
82
60
8

3 сорудах. Правильно соотнеси части речи.

Пенал  
Летает Имя прилагательное
Сладкий  
Ждет Глагол
Высокая  
Бежит Имя прилагательное

4 сорудах. Найди пару слов.

Смешная
Храбрый
Красные
Вкусное
мороженое
картина
мальчик
сапоги

IV . Полуфинал

Бу буукубалартан ким саамай уьун тылы толкуйдуур эбитий? Бутэй дор5оон буукубатын иккитэ туттубаккыт, онтон аьа5ас дор5оону хаста да туттуоххутун сеп.

Бол5ойун! Буукубалар. Суруйун. 3 мун толкуйдуубут.

Т, Р,А, Й, Ы, Б, Х, К, Д, Л

(кырдал, бырдах, кыайбыттар, халаат, байылыат, хардыы, кырабаат )

V . Финал. Называется “Найди ошибку”.

Эппиэттэргитин сигнальнай карточканан 0-6 дылы сыыппараларынан кердере5ут. Мин эппиппэр себулэспэт буоллаххытына хаьыс тылга сыыьа баарын сыыппаранан кердере5ут. Оскетун себулэьэр буоллаххытына 0 сыыппараны кердере5ут.

Экраны керун.

1 задание. Я утверждаю, что все эти слова однокоренные. Прав ли я?

Дворовая, домик, дворик, дворняжка, дворника.

(№ 2)

2 задание. Я утверждаю все эти числа записаны в порядке возрастания. Правда ли это?

38, 54, 60, 73, 25, 90.

(№ 5)

3 задание. Бу тыллар бары ким? Туох? диэн ыйытыыга эппиэттииллэр. Миигин кытта себулэьэ5ит дуо?

Сылгы, хабылык, тэтэрээт, уруок, о5о, халлаан.

(№ 0)

4 задание. Я утверждаю, что это все герои сказки “Петушок и бобовое зернышко”.

Курочка, хозяйка, корова, заяц, хозяин, кузнец.

(№4)

5 задание. Бу мин сепке эттим дуо?

Бэ5эьээ, бугун, сарсын, ейуун, онтон ейуун.

(№ 0)

6 задание. Бу мастар бары Саха сиригэр уунэллэр. Себулэьэ5ит дуо?

Клен, рябина, тэтин, хатын, бэс, тиит.

(№ 1)

VI . Суперфинал. Бу тыл буукубаларынан эьиги 2 мун устата теье кыалларынан элбэх тылы толкуйдуохтааххыт. Тыллар ким? Туох? диэн ыйытыыга эппиэттиэхтээхтэр. Табаарыскытын эбэтэр тереппуккутун кеме5е ыла5ыт. Бэлэмнит? Са5алыыбыт. Бу тыл:

ОСТУОРУЙА

(туруйа, суор, туой, ас, от, уос, туос, суот, ос, суорат, уйа, уот, ур, сут, суй, сай, ай, ат, ар, туу, уус, туус, уруй, орой, отор, )

VII . Итог урока. Уруокпут тумуктэннэ. Эьиги иннигитигэр кыайыылаахтар. Бары э5эрдэлиэхэйин кыайыыларынан. Онтон суперфинал кыайыылаа5ар сулустаах чаас ууннэ. Бииргэ уерэнэр о5олоргор, тереппуттэргэ тугу ба5араргын эт.

О5олор, оонньууну себулээтигит дуо? Ордук тугу себулээтиги? Туохха ыарыр5аттыгыт?

Иккис кылааска биьиги о5олорбут элбэх олимпиадаларга, конкустарга, НПК – ларга кытыннылар. Медаль туттарыы.

О5олорбор сайын устата ессе сынньананныт куус уох ылынанныт аны куьун улаатан, бэрээдэктэнэн, ейденен эйэлээхтик уерэнэргэ оностон кэлэргитигэр ба5арабын.