О5ону тулалыыр оло5у билиhиннэриигэ тылын байытыыга дьарыктаныы.
Тиэмэтэ: Саха норуотун урукку оло5о.
Тиибэ: Буккаас тииптээх.
Сыала: О5ону тулалыыр оло5ун билиhиннэриигэ, тылын байытыыга уус-уран айымньыны, искусство араас эйгэтиттэн музыканы, уруhуйу, хамсаныылаах эрчиллиини, ахсааны холбоон, компьютернай технологияны туhанан улэ араас коруннэрин хабан ыытыы.
Соруктара:
Уорэтэр: О5олорго обугэлэрбит былыргы олохторун, кинилэр туттубут тэриллэрин, дьарыктарын билиhиннэрии; саха иhиттэрин ааттарын, аналларын, туохтан хайдах онороллорун билиhиннэрии, бол5омтолорун тардыы.
Сайыннарар: Бол5омтону, ойго хатыыр дьо5уру, сайдам санааны сайыннарыы.
Иитэр: Эhэлэрбит, эбэлэрбит олохторугар интэриэhи уоскэтии, торообут сиргэ-уокка, дойдуга тапталы, норуокка ытыктабылы, сиэргэ-майгыга иитии.
Кордоруллэр– туттуллар тэриллэр: Интерактивнай дуоска, проектор, саха тэлгэhэтин макета, магнитофон, хомус тыаhа уhуллубут диискэтэ, слайд “Саха иhиттэрэ”, обугэ хоhо (бала5ан), бала5анна дьарыктаныыга туттуллар саха иhитэ-хомуоhа, комулуок оhох, сандалы, талах олох мас бэйэтин миэстэтигэр ууруллар.
Дьарыктаныы барыыта:
- Дьарыктаныы са5аланыыта. Хомус тыаhа.
Обугэлэрбит олохторун
Тордун-тоботун быhааран,
Талкы, комулуок, сэргэ,
Бала5ан туhунан билэммит,
Эhэлэрбит, эбэлэрбит
Угэстэрин уорэтэн,
Талкы наадатын,
Комулуок сылааhын,
Сэргэ ытыктанарын,
Буор бала5ан кундутун
Былыргыны уорэтэн
Билэн-корон иhиэ5ин. /А. Семенова/. - Сурун чааhа.
– О5олоор, биhиги былыыр-былыр обугэлэрбит тугунан дьарыктанан, хайдах олорбуттарын билсиэхпит.
– Обугэлэрбит диэн кимнээ5и ааттыыбытый? “Обугэ” диэн биhиги былыргы уруубут. Биhиги хос-хос эбээлэрбит, биhиги хос-хос эhээлэрбит. Кинилэр бу дойдуга коhон кэлэн, от уунэр куоллээх сиргэ-алааска олохсуйбуттар. (“Саха тэлгэhэтэ” макеты коруу).
Бала5ан туттубуттар. Бала5аны туруору мастан оностоллоро, буорунан сыбыыллара, туннуктэрин мууhунан оностоллоро. О5олоор, то5о туннуктэрин мууhунан оностоллоро буолуой? Ол са5ана остуокулэ диэн суо5а. Бала5ан ортотугар комулуок оhох турар. Комулуок диэн саха оhо5ун урут ааттыыллара. Сахалар ус атахтаах тогурук остуоллаахтара-сандалы диэн буолар.Истиэнэни кыйа наара орон диэн оностоллоро. Бала5ан таhыгар сэргэ туруораллара. О5олоор, обугэлэрбит сэргэни то5о туруорар эбиттэрий? Сэргэ халлаантан сур ыларга аналлаах мас. Сур сэргэннэн киирэн баран, сиргэ тула тар5анар. Оччо5о от-мас учугэйдик уунэр, суоhу-ас элбиир, дьон чэгиэн-чэбдик олорор. Дьэ ити туhугар сэргэни туруорар эбиттэр.
Соhуччу тугэн. Ааны тонсуйаллар. Бэйбэрикээн эмээхсин киирэн кэлэр.
– О5олоор, Бэйбэрикээн эмээхсин куулэйдии кэллэ.
Бэйбэрикээн эмээхсин: – О5олорум барахсаттар, дорооболорун. Эhиги былыргы обугэлэрбит тустарынан кэпсэтэргитин билэн кэллим уонна эhигини бэйэм бала5аммар куулэйдэтэ ынырабын.
– Чэ, эрэ о5олоор, Бэйбэрикээн эмээхсиннэ барыаххайын. Билигин бары харахпытын симэбит уонна хомус аптаах тыаhынан бала5анна баар буолуохпут. (Хомус тыаhыыр, о5олор бала5анна баар буолаллар (Обугэ хоhо). Бала5анна комулуок оhох, сандалы остуол, талах олох мас, сахалыы иhиттэр.
Бэйбэрикээн эмээхсин: -Сиэннэрим барахсаттары саха кунду аhынан арыылаах алаадьыннан, куорчэ5инэн, кымыhынан кундулуубун.
– О5олоор, Бэйбэрикээн эмээхсин иhиттэрин корун эрэ, бу саха иhиттэрэ. Туохтан оноhуллубуттарый? Туостан, мастан.
4. Таабырын таайсыыта.
– Билигин о5олорбор таабырын таайтарыам. Ыа5айам иhигэр таабырын эппиэттэрэ бааллар.
Тордум ууhум удьур5ай
Тас корунум тупса5ай.
Оhуордаах ойуулаахпын,
Ус утуо атахтаахпын (Чороон).
– Чороон туохха аналлаа5ый? –Чороонно кымыс иhэллэр.
Тэриэлкэттэн урдукпун,
Тэриэлкэттэн истээхпин,
Кини курдук тогурукпун
Тас быhыым бокунукпун (Кытыйа).
– Кытыйаны туохха туhаналларый? – Кытыйа5а куорчэх ытыйаллар, арыы уураллар.
Туоhу тогурутэн, тугэх онорон,
Кылы кыбытан,
Кэрэтик киэргэтэн,
Ылдьаана эбээбит
-------------– тикпит (Ыа5айа).
– Ыа5айа то5о наhаа чэпчэкиний? Туостан тигиллибит, отоннуурга, дьэдьэннииргэ туhаналлар.
Соп эппиэт аайы Бэйбэрикээн эмээхсин ыа5айатыттан иhиттэр ойууларын биэрэн иhэр.
– О5олорум барахсаттар элбэ5и да билэр эбиккит.
– Бэйбэрикээн эмээхсин биhигини ыалдьыттаппыккар улахан махтал. Биhиги олус элбэ5и биллибит.
5. “Саха иhиттэрэ” слайд.
6. Хамсаныылаах эрчиллии. Билигин сынньана таарыйа хамсаныылаах эрчиллиилэри хомус до5уhуолунан оноруохпут.
Эрчиллиилэр: “Уоруу”, “Оhуор”, “Салама”, “Чороон”, “Кытыйа”, “Ытык”.
7. Уруhуй “Саха иhиттэрэ”. Интерактивнай дуоска5а улэ.
Тутарга аналлаах
Токур ус атахтаах
Ойо хаhыы, таналай
Ойуулара арылхай.
Уран тарбах оноhуута
Улаханнык умсугутта
Оhуордары утуктэммин
Уруhуйдуох этим мин. /П.Дмитриев/.
– О5олоор, билигин бу чороону, кытыйаны интерактивнай дуоска5а уруhуйдуохпут уонна сахалыы оhуорунан ойуулуохпут.
Оhуордарбыт ханнык геометрическай фигура5а майгынныылларый? (Тогурук, ус муннук, туорт муннук, коно муннук, ньолбуhах, коно сурааhын, токур сурааhын, тоhутта5ас сурааhын). Аны билигин бу бэлэм шаблоннары (чороон, кытыйа) хас биирдиибит оhуорунан киэргэтиэхпит.
8. Тумук. Дидактическай оонньуу “Таай ханнык иhит суттэ?”, “Туох уларыйда?” (интерактивнай дуоска5а ыытыллар).
– О5олоор, бугунну дьарыкка ким тугу ордук собулээтэ?
– Ханнык сахалыы иhиттэри биллигит?
– Саха бала5анын иhин тэриллэрин ааттаталаан эрэ.
Эбээ, эhээ олорбут оло5ун
Остуоруйа курдук
Кэпсээн-ипсээн
Иитээччибит уорэттэ.
Туруору бала5ан турарын кордум,
Комулуок оhох
Кулубуруу умайан,
Тыhыр5аан – таhыр5аан,
Чо5унан тамнаан, умайа турара.
Манан дьарыктаныыбыт бутэр.