Урок на якутском языке "Человек ‒ дитя природы"

Разделы: Литература, Конкурс «Презентация к уроку»


Презентация к уроку

Загрузить презентацию (728 кБ)


Тема: Биһиги бука бары айыл5а о5олоробут… (Софрон Данилов публицистикатынан)

Уруок тиибэ: диспут -уруок

Уруок сыала:

  1. Публицистика ураты жанр буоларын билиһиннэрии.
  2. Суруйааччы айар үлэтин дириңэтэн ырытыы.
  3. Айыл5а харыстабылын тула суруйааччы санааларын, ырытыыларын, очеркаларын туһунан түмүктэммит санааны этэр дьо5уру сайыннарыы.

Уруок тэрилэ: Софрон Данилов оло5ун, айар үлэтин сырдатар презентация. «Санаам туймуулара» кинигэ

Уруок хаамыыта

1. Уруок бэлиэ тыла:

«Биһиги бука бары айыл5а о5олоробут…»
Софрон Данилов

Учуутал киирии тыла.

- Софрон Петрович Данилов суруйааччы эрэ буолбакка, норуотун дьыл5атын, кэлэр кэскилин, сарсыңңытын туһугар өйүн-санаатын түмэн үлэлээбит общественнай деятель. Кини үгүс айымньыларыгар, публицистическай суруйууларыгар, бэлиэтээһиннэригэр олох үтүөтүн-мөкүтүн, сытыы боппуруостарын уустаан-ураннаан көрдөрбүтэ. Кини до5оро, оло5ун аргыһа Мария Егоровна «Софрон Петрович суруйааччы, общественнай деятель быһыытынан төрөөбүт норуотун дьыл5атын-түбүгүн, оло5ун-кыһал5атын, общественнай быһыыга-майгыга дьиксиниитин, хотугу сир дьоно ааспат-арахпат кыһал5аттан быыһаналларын, киһилии олохтоноллорун, онон олохтоох норуоттар эстэр-быстар суолтан мүччүрүйүөхтэрин туһунан санаа үүйэ тутарын, дьиксинэрин араас таһымнаах мунньахтарга этэрэ, бэчээккэ суруйара» диэн этэрэ суруйааччы туох туһугар олорбутун, үлэлээбитин, турууласпытын бигэргэтэр. Софрон Петрович ыраа5ы өтө көрөр, киэң толкуйдаах, норуотун туһугар ханнык да күчүмэ5эйдэртэн иңнибэт киһи буоларын Н.И. Протопопова «Хонууга со5отох буойун» диэн ахтыытыгар эмиэ көрөбүт: «Кини этэр тыла ууһа-урана, ис хоһооно дириңэ, санаата сааһыламмыта, кимиэнигэр да маарыннаабата… Кини этиитин ис хоһоонугар сөп түбэһэн киһи үөрүөн, хомойуон, долгуйуон, абарыан-сатарыан, астыныан сөбө». (2, 235)

Норуотун үөрүүтүн-кыһал5атын үллэстэн, араас таһымнаах форумнарга эппит этиилэрэ, хаһыаттарга, сурунаалларга таһаартарбыт публицистическай ыстатыйалара сорохторо «Санаам туймуулара» диэн кинигэ5э киирбит. Ити суруйуулар олох үгүс өрүтүн таарыйаллар, сырдаталлар. Ол курдук, Ийэ дойдуга таптал, төрөөбүт тыл суолтата, бэйэ-бэйэ5э сыһыан, сиэр-майгы араас көстүүлэрэ уо.д.а. темалары булуохха сөп. Онтон мин биир саамай тыын боппуруоска , айыл5а харыстабылыгар тохтуохпун ба5арабын.

Софрон Данилов кыра да кэрэни сыыска-буорга түһэрбэт, кыырпах да са5а мөкүттэн хараастар уйан дууһалаах суруйааччы буолара айымньыларыгар көстөр. «Олох кэрэлэрин умсарыы, айыл5а5а дьиикэй сыһыан, святыня буолар сирдэри аахайбат буолуу – кини ыалдьар боппуруостара. Үлэ үтүө төрүө5үн тэпсии, киһи кэрэ өрүттэрин сүтэрии суруйааччыны эмиэ аймыыллара…»,- диэн суруйааччы Петр Аввакумов эппит тыллара Софрон Данилов бэйэтин дойдутун инникитин туһугар туруулаһааччы буоларын кэрэһэлиир.

Бүгүн биһиги «Санаам туймуулара» кинигэ5э киирбит публицистическай бэлиэтээһиннэр, тэттик суруйуулар тула кэпсэтиэхпит. Билэрбит курдук, публицистика ураты жанр. Олоххо-дьаһахха улахан суолталаах тирээн турар теманы көрдөрөр, ча5ылхай тыллаах-өстөөх, дьон өйүгэр-санаатыгар дьайар, аа5ааччыга тиийимтиэ буолар аналлаах, нэһилиэнньэ бары араңатыгар анаммыт суруйуу буолар. Публицистика көрүңнэригэр – бэлиэтээһиннэр, интервью, корреспонденция. Обзор, очерк, памфлет, репортаж, сыанабыл, ыстатыйа, фельетон киирэллэр.

2. «Санаам туймуулара» кинигэ туһунан уонна суруйааччы айыл5а проблематыгар анаабыт публицистикатын туһунан үөрэнээччилэр иһитиннэриитэ

  • «Санаам туймуулара» диэн кинигэ суруйааччы өлбүтүн кэннэ 1995 сыллаахха тахсыбыта. Бу кинигэ «этэр санаатын, ис иэйиитин, өһүллүбэт өйүн күүһүнэн бары кинигэлэриттэн итэ5эһэ суох». «Кинигэ дэгиттэр: манна баар политика, лирика, философия, эпика… Саамай күүстээ5э - сарсыңңыны тыктарыы… Ким да сарсыңңыта суох олорбот. Кэскил кэрэлэнэн кэлэрин туһугар киһилии сиэр-майгы туругуруохтаах». Манна киирбит тыл барыта киһини толкуйдатар, сарсыңңытын санатар.

Литературнай критик Дора Васильева бу кинигэ туһунан «Чолбон» сурунаалга сырдатан маннык суруйар: «… Манна киирбит айымньыларга Софрон Данилов үйэ аңарын устатыгар биһиги олохпут хайдах сайдан испитин сэргэх журналист, уйан дууһалаах суруйааччы, олоххо активнай позициялаах гражданин хара5ынан, ыраахтан эңсэн, история араас кэрдиис кэмнэригэр тирэ5ирэн сытыы проблемалары, дириң санаалары эппитигэр итэ5эйэбин». (4) Софрон Данилов публицистика жанрыгар ордук оло5ун тиһэх сылларыгар үлэлээбитэ биллэр. Онон кини а5ам киһи муударай көрүүтүнэн оло5у анаарар, саха ыччата сырдык, ыраас инникитигэр эрэнэр, үөрэтэр-такайар.

«Санаам туймуулара» диэн кинигэ аата да киһини толкуйдатар. Олох араас көстүүтүн туһунан киэң санаа, мындыр толкуй, далааһыннаах анаарыы иһиллэр курдук. Ол курдук, айыл5а харыстабылыгар сыһыаннаах сиэр-майгы боппуруоһугар уонна иэдээннээх содул экология5а охсуутун сырдатар суруйууларынан «Кэриэстэбиллээх алаастарга», «Муударай үгэс», «Сир бүөбэйдиири сөбүлүүр», «Хаһааңңа диэри», «Тимир суол», «Күөх сибэкки», «Чернобыль алдьархайа», «Кэскилбит биир санааланыыга» буолаллар.

  • Софрон Данилов олоххо баар кэрэни кыра5ытык көрөр нарын дууһалаах. Кини суруйуулара сырдыктар, тыыннаахтар, киһини үтүө сиэрдиир, бастың майгылыыр аналлаахтар. Бу орто дойдуга туох баар барыта кэрэ5э, сырдыкка тардыһар күүстээ5ин, олоххо ананан кэлбитин кини бэйэтин публицистикатыгар итэ5этэр.

Суруйааччы «биһиги бука бары – айыл5а о5олоробут» диэн этэр. Айгыр силик айыл5а икки атахтаах үөскүө5үттэн аһатан-сиэтэн, көрөн-харайан бачча5а а5алла5а. Онон бары айыл5аны ииппит ийэбитинии иһирэхтик саныыбыт. Кини сибэккилээх сыһыыларын, киэң толооннорун, күөх тыаларын, хаардаах хайаларын, сүүрүктээх үрэхтэрин хоһооңңо хоһуйабыт, ырыа5а ыллыыбыт. Онно төрүүр-ууһуур көтөр кынаттаах, сүүрэр атахтаах бииһин үөнүгэр-көйүүрүгэр тиийэ кыра эрдэхпититтэн көрө-билэ улаатабыт. Кинилэрэ суох айыл5а дьадайар. Ити күннэтэ көрөр тулалыыр айыл5абыт мөлүйүөнүнэн сылларга оңоһуллан кэлбитэ. Ити курдук оңоһуллан тахсыбыт айыл5а5а туох эмэ уларыйыы тахсара олус улахан охсуулаах. «Айыл5а «сыыһаларын» көннөрдөхпүт, айыл5аны уодьуганнаатахпыт аатыран, хаарыан бэйэлээх хампа-тор5о тыаларбытын хара хоруо5а кубулуттубут, күөх ньаассын толооннорбутун, үүнэр кырыстарын мэлитэн, күөрэ-лаңкы түһэрдибит, өрүстэрбит, үрэхтэрбит эрэйдээхтэр дьэңкир ыраас ууларын сүһүртүбүт… Ону ол диэбэккэ, үөскээбит айыл5абыт барахсан, төрөппүт ийэ кэриэтэ, биир кэм биһигини күөх ньээкэ түөһүгэр күөлэһитэн бүөбэйдии, биһиги туспутугар түбүгүрэ кыһалла турар», - диэн олохпут билиңңи хартыынатын таба этэр.

3. Эһиги ханнык суруйуулары, бэлиэтээһиннэри аахтыгыт?

Софрон Данилов суруйууларыгар то5о «Биһиги бука бары айыл5а о5олоробут…» диэн этэрий? (Айгыр силик айыл5а икки атахтаах үөскүө5үттэн аһатан-сиэтэн, көрөн-харайан бачча5а а5алла5а. Онон бары айыл5аны ииппит ийэбитинии иһирэхтик саныыбыт)

4. Бөлө5үнэн үлэ

Үөрэнээччилэргэ дьиэ5э эрдэ аа5алларыгар сорудахтаммыт суруйуулары ырытарга бөлө5үнэн үлэ бэриллэр.

  1. бөлөх.
    Софрон Данилов «Кэриэстэбиллээх алаастарга» суруйуутун аа5ың.
    • Тэттик суруйуу эйигин долгутар дуо? Тугунан?
    • Автор суруйууларыгар туохтан ордук хараастарый?
    • Суруйааччы этэр сүрүн санаата тугуй?
    • Сүрүн санааны тиэрдэр күүстээх тыллары булан бэлиэтэниң.
  2. бөлөх.
    • «Сир бүөбэйдиир сөбүлүүр» суруйууну аах.
    • Айымньы ханнык боппуруоһу көтө5өрүй?
    • Миитэрэй о5онньор туохтан хараастарый?
    • Айымньы сүрүн санаатын көрдөрөр күүстээх тыллары бэлиэтэниң.
    • Суруйааччы өтө5ү ойуулуурга туттубут уобарастааһыннарын бул.
  3. бөлөх
    Сорудах: «Тимир суол» диэн суруйууну аа5ың.
    • Суруйааччы тимир суол кэлэрин хайдах сыаналыырый?
    • Тимир суол кэлэрэ айыл5а5а туох содуллаа5ый?
    • Софрон Данилов туох сүбэни биэрэрий?
    • Кини этэр санаатыгар тугу эбэн этэ5ин?
  4. бөлөх
    «Чернобыль алдьархайа» суруйуу көтө5өр боппуруоһун туһунан санаа5ын этэргэ холон.
    • Софрон Данилов ханнык ыар түгэни ахтарый? То5о?
    • Суруйааччы туохтан дьиксинэрий?
    • Ханнык түмүк санаа5а кэлэрий?
    • Айымньылар этэр ис номохторун көрдөрөр күүстээх тыллары булан ырытың.
«Кэриэстэбиллээх алаастарга» «Сир бүөбэйдиири сөбүлүүр» «Тимир суол» «Чернобыль алдьархайа»

5. Үлэни көмүскээһин барыллааһына

1 бөлөх: Кинигэ5э «Кэриэстэбиллээх алаастарга» уонна «Сир бүөбэйдиири сөбүлүүр» диэн ойуулааһыннар бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээх курдуктар. Ити суруйууларга иккиэннэригэр саха алааµын билиңңи дьыл5ата кэпсэнэр. Алаас биһиги өйдөбүлбүтүнэн саха киһитэ иитиллэн тахсыбыт ытык биһигэ, уйата буолар.

Бары билэрбит курдук, Таатта5а саха литературатын төрүттээччи А.Е. Кулаковскай биµигин ыйаабыт Уучай, Алампа поэзитятыгар хоһуйбут Оккуодай алаастара бааллар. Софрон Данилов үгүс сиргэ сылдьыбыта биллэр. Оттон бу алаастартан кини үөрэн, сүргэтэ көтө5үллэн төннүөхтээх бэйэтэ хом санаалаах төннүбүт. Кини Амыдай диэн алааска Өксөкүлээх Өлөксөй уола, саха биллиилээх суруйааччыта Реас Кулаковскайы кытта сылдьыбыт. Реас Алексеевич чуумпу сатыылаабыт алааһыгар кэлэн туран, манна ааспыт о5о сааһын мунчаара ахтар: «Дьэ бу, Кулаковскайдар олохторо. Манан биһиги бала5аммыт баара. Ол хотоммут онно. Итинэн ампаар турар… А5ам уһун айаннарын быыһыгар, сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо кэриэтэ, тохтоон, билсиһэн, олохпутун тэрийэн барара. Ийэбит өлбүтүн кэннэ манна биһиги эдьиийбит Лариса, ийэ-а5а буолан, көрөн-истэн олорбута. Биһигини улаатыннараары эргэ барбата5а… Дьэ бу сүүрбүт-көппүт, кылыйбыт, ыстаңалаабыт ахан кырдалым…» Реас Кулаковскай уруккуну ахтар бүтэңи куолаһыгар уйадыйыы иһиллэргэ дылы. Бу айымньы «өтөх төңүргэстээх, сурт кэриэстээх» диэн саха өс хоһоонун санатар. Алааска атын тутуулары, бала5аны, ампаары аахпатахха, сэргэ да ордубатах. Софрон Данилов этэринии «бу саха норуотун биир саамай кэриэстэбиллээх сиригэр кэлэн турабын ээ» диэн иэгэйэр икки атахтаах сэрэйиэ суох курдук.

Эбэтэр Оккуодай алаас. Бу алаас Алампа оло5ун саамай «күндүттэн күндүтэ». «Бу кырылас көнө кырдалы, күөх ньаассын отунан саба үүммүт көлүччэни, оол кэккэлиир эргэнэ хара тыаны уонна бу билигин омооно да сүтэн эрэр, борбуйун көтөхпүт бала5анын сыыһын хара5ар көрөн, уйадыйан, этэргэ дылы, сүрэ5э хаанынан чоккуруу олороохтообута буолуо». Бу тыллары аа5ааччыны ордук долгуталлар. Биһиги Алампа ыарахан, трагическай дьыл5алаах суруйааччы буоларын литератураттан билэбит. Дьэ, бу кини туохха да биэрбэт Оккуодай алааһа билигин иччитэхсийэн турда5а.

Софрон Данилов маннык сирдэри «күндүттэн күндү национальнай святыня» диэн ааттыыр уонна кинилэри Аан дойду бүттүүнэ билинэр, ытыктыыр, хоһооңңо хоһуйбут, ырыа5а ылламмыт нуучча улуу суруйааччылара музей-уһаайба буолан турар төрөөбүт сирдэригэр тэңниир. Оннук сирдэринэн Михайловское, Ясная Поляна, Тархана, Костантиново курдук сирдэр буолаллар. Ити сирдэргэ үгүс ыалдьыт сылдьан сүгүрүйэн ааһар. Кинилэринэн үгүс уоттаах сэриилэр ааспыттара. Ол да буоллар кинилэр тыыннаахтар. Онтон Амыдайы, Уучайы, Оккуодайы уоттаах сэриилэр урусхаллаабатахтара. Ити сирдэри киһи умнубута.

«Кэриэстэбиллээх алаастарга» диэн ойуулааһыңңа «ардах» санаа баттыгаһын көрдөрөр символ уобарас буолан туттуллубут. «Ардах курулаччы кута турда5ына Амыдай диэн алаас хотугу са5атын диэки тохтоотубут» диэн суруйара бу түгэни ордук күүскэ арыйар. Онтон бүтүүтүн диэки «сабыстыбыт халлаантан самыыр түһэр… түһэр…» диэн этии суруйааччы ис туругун тиэрдэр. Бу суруйуутун маннык тылларынан түмүктүүр: «…Халың былыттарынан хаппахтаммыт халлаан, иччитэх алаастары таңнары одуулаан, хараастан, хара5ын уута тохто турарга дылыта…» Ол аата бу киһини уйадытар түгэн автор санаатын баттыыр, аалар.

Иччитэхсийбит ытык алаастартан суруйааччы санаата айманарын бу курдук тиэрдэр: «Саха тылын, литературатын эрэ буолбакка, сахалыыны бүтүннүүтүн аанньа ахтыбат өйгө-санаа5а үгүс сыл ииппит ыччаппытыттан итини эрэйэр күчүмэ5эй. Инньэ гыммаккыт диэн кинилэри сирэй-харах анньар да сатабыла суох. Ити кинилэр буруйдара буолбатах – иэдээннэрэ». «Кэриэстэбиллээх алаастарга» Саха сиригэр үгүс политсыылынай көскө кэлэн бэлиэ суолу-ииһи хаалларбытын ахтар. Кинилэр ааттарын, саха норуотугар оңорбут үтүөлэрин биһиги билэбит. Олорбут бала5аннара аатырбыт Чөркөөх музейыгар туралларыттан сө5өбүт уонна киэн туттабыт. Софрон Данилов итинник сыһыантан олус үөрэр уонна уйадыйар. Ол гынан баран бэйэбит омукпут буолла да5аны, то5о итинник сыһыаннаһарбытыгар хоруй була сатыыр: «… Бэйэң төрөөбүт омуккун адьас соторутаа5ыга диэри төһө аанньа ахтыбаккын, аахайбаккын да соччонон дьиңнээх интернационалист курдук көстөрүң». Бу эмиэ олохпут, историябыт кырдьыга буолар.

2 бөлөх: Бу кинигэ5э «Хаһааңңа диэри?..» диэн тэттик бэлиэтээһиңңэ тохтуохпутун ба5арабын. Манна суруйааччы Лена өрүс уңуорунаа5ы биир бэртээхэй сиргэ сылдьан күөрэгэй то5о ыллаабатыттан соһуйар. Бу сир бүтүн Саха сирин үрдүнэн аатырар алаас, үтүөкэн дойду «иһийэ ньимийэн» турар. «Ол-бу химикат, уо5урдуу тэнийиэ5иттэн мэлийэн турар» диэн аргыс киһи эппит тыллара өссө төгүл айыл5аны киһи эрэ алдьатарын туоһулуур. Биир өттүнэн сайдыы суолун тэлэбит, биир өттүнэн «олорор мутукпут маһын кэрдэбит» диэн түмүккэ кэлиэххэ сөп.

«Санаам туймуулара» кинигэтигэр «Чернобыль алдьархайа» диэн бэлиэтээһинигэр көрөбүт. Кини бу санаатын «Саха норуота бар5арыы суолунан» диэн саха норуотун бастакы конгреһыгар эппит эбит. Россияны эрэ буолбакка Аан дойдуну аймаабыт Чернобыль алдьархайын туһунан үгүһү суруйаллар, телевидениенэн биэриигэ көрдөрөллөр. Бу иэдээннээх катастрофа биһиги төрүү иликпитинэ буолбут.

Бэлиэтээһин биэс лоскуйтан турар. Суруйааччы Укранина поэта Микола Сом аа5ааччылары кытта көрсүһүүтүн кэнниттэн үүйэ туппут санаалары кытта үллэстэр: «…биһиги ыраах олорон дьон төһө да үгүстүк истибиппит, аахпыппыт иһин, Чернобыль алдьархайа ынырыгын дириңник тургута өйдүү иликпит. Эбэтэр өйбүтүнэн өйдөөбүппүт да иһин, сүрэхпитин-быарбытын аймаһыта уйул5абытыгар иңэрэ иликпит». Кырдьык, биһиги истэбит, ол эрээри кини алдьархайыгар, дьон трагедиятыгар тохтуу сатаабаппыт. Омос көрдөххө билигин бу сиргэ туох да буолбата5ын курдук «күп-күөх хонуу суһумнуу долгуннурара, намылхай ойуур чэлгийэ суугунуур, дьэп-дьэңкир уу дьиримнии кылбаһыйар». Ол эрээри манна саамай ынырыга диэн, эстибит атом тыаһа-ууһа суох тыынар-тыыннаахха дьайа, өлөр өлүүнэн суоһуу турар. Бу иккис бэлиэтээһиңңэ киирбит тыллары кини түмүктүүр курдук этэр: «Аны сибэккилээх хонууну, күөх намылы ойууру, кылыбырас ууну, көмүс туора5ы, минньигэс отону, «радиациялаах буолаайаллар?...» диэн, куттанан көрөр сорбут кэлиэх муңа дуу…» Бу иэдээн кээмэйэ хайдах курдук улаханын суруйууга ахтыллар Чернобыль олохтоо5о Владимир Шовкошитнай хоһооно бигэргэтэр:

Мой мертвый город
встал, как призрак…

Тигинии олорбут, сайдан испит бүтүн куорат кубус-кураанах, иччитэх. Бу киһи тылынан тиэрдибэт алдьархайа.

6. Түмүк. Рефлексия.

Софрон Данилов публицистикатын туһунан тугу этиэххэ сөбүй? Суруйааччы ордук туохтан дьиксинэрий? Кини бэйэтин суруйууларыгар тугу сүбэлиирий? Бу суруйуулары туох ситимниирий?