Цель: Воспитание эстетической культуры дошкольников, развитие познавательных и творческих навыков.
Форма: занятие-путешествие.
Методы: коллективная работа, работа по группам, игра, сюрпризный момент.
Оборудование: картинки, ТСО, волшебная палочка и мешочек, карточки с загадками, материалы для рисования.
Формируемые компетентности: коммуникативная, информационная, общекультурная, творческая и активизация знаний дошкольников.
Темата: Отонноох уунээйилэргэ айан.
Сыала:
- о5олорго отонноох уунээйилэри билиһиннэрии, айыл5а кэрэ кэстуулэрин харыстыырга иитии;
- о5о толкуйдуур дьо5урун, сацарар сацатын сайыннарыы;
- кругозорун хацатыы.
Коруцэ: интегрированнай дьарык.
Туттар тэрил: илиигэ кэтэр тоцсо5ой куукулата,моонньо5он, хапта5ас, делуьуен, уулааах отон, дьэдьэн,сугун ойуулара; мозаика (лоскуй ойуулар), тоцсо5ой,магнитафон, мөһөөччук, аптаах палочка, биинтэ, чөцөчөх, таабырыннардаах сэбирдэх, гуашь,кисточка,кумаахынан оцоьуллубут бере суола, тостубут лабаа.
Туһаныллыбыт литература:
- «Саха сирин отонноох уунээйилэрэ» Тимофеев П.А. – Якутск, 1994.
- «Көрдөөх азбука» Л.В. Захарова. – Дьокуускай, 2009.
- «Аьа5ас дор5ооннорго ыалдьыттааьын» И.Е. Саввинова.
- Ефимова М.И. Кырачааннарга таабырыннар/ Мария Ефимова. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 32с.
Этаптара:
- Бэсиэдэ: «Саха сиригэр уунэр отоннортон барыанньалар».Сюрпризнай тугэн «Тонсо5ой».
- Отонноох уунээйи дьикти хонуутугар айан.
- Сорудахтары толоруу:
- Таабырыннары таайыы.
- Ситэрэн биэр (кырааскаламматах ойуулары ситэрэн биэрии)
- Лоскуйдартан ойуу таһаарыы.
- Хамсаныылаах оонньуу
- Тумук.
Ход урока
Дьарыктаныы хаамыыта:
I
Иитээччи: Дорооболоруц, о5олор!
Отонноох уунээйилэртэн оцоhуллубут барыанньалары сиэбиккит дуо? Ханнык отонтон барыанньалары билэ5итий? (о5олор кэпсииллэрин истии). (Ааны тоцсуйаллар).
– Уой, ким эрэ кэллэ (аацца тиийэн тоцсо5ой куукулатын илиибэр кэтэбин).
Тоцсо5ой:- Дорооболоруц, о5олоор, мин эһиэхэ Кыһыл бэргэһэчээнтэн сурук а5аллым. (суругу иитээччигэ биэрэр).(Иитээччи суругу аа5ар) «О5олоор, мин эһигиттэн көрдөһөн суруйан эрэбин. Эбэм ыалдьан отонноох уунээйилэр наада буоллулар, эмтээх отоннору сиэтэ5инэ эрэ утуөрэр уhу. Баһаалыста отонноох уунээйилэри хомуйан а5алыаххыт дуо?»
Иитээччи:- О5олоор, Кыьыл бэргэһэчээццэ көмөлөһөбут дуо? (о5олор хоруйдара).
Иитээччи:- Тоцсо5ой, эн ойуур эмчитэ буолла5ыц дии, биһигини сирдээн илдьиэц дуо?
Тоцсо5ой: - Сирдээн бө5ө буолла5а дии. Кыһыл бэргэһэчээнцэ көмөлөһөөру гына5ыт дуо? Ол эрээри ыарахан буолара буолуо. Сорудахтары сөпкө толордоххутуна эрэ, отонноох уунээйилэри булуоххут (о5олор хоруйдара).
II
Иитээччи:- Чэ эрэ тоцсо5ойдуун отонноох уунээйилэр эйгэлэригэр сирдэтэн барыа5ыц. Бары бэлэмцит 1. 2, 3 харахпытын симтибит, (музыка тыаьа-чыычаах сацалаах) бэйэбитин тула устэ эргийдибит, устэ олорон турдубут уонна устэ төбөбутун санныбыт тула эргиттибит 1, 2, 3 харахпытын астыбыт.
Иитээччи:-Уой, наьаа да учугэй сиргэ кэллибит.Оо, бере суола сытар. Уой, мас лабаатын тоһутан ааспыт.Мас эрэйдээх төһө эрэ ыарыйда.Маны эмтиэххэйиц (сиэппиттэн биинтэ ыламмын баайабын). Эһиги мастары, уунээйилэри алдьаппат энигит? Кинилэр эмиэ дьоннор курдук наһаа уйаннар ыалдьыахтарын, өлуөхтэрин сөп. Кинилэри харыстыахха наада.
(тоцсо5ой аптаах палочканан маһы таарыйар, онно мөһөөччук ыйанан турар).
Тоцсо5ой: О5олор, бу мөһөөччук инникитин туһалаах буолуо, илдьэ барыц. Чэ, салгыы барыаххайыц. Хайаа, бу чөцөчөххө туохтаах эрэ сэбирдэх сытар дии.
III
1-кы сорудах: Иитээччи:-Бу туох суругай? Маны ылан көруөххэ эрэ. О5олоор, таабырын эбит. Бастакы таабырыны бол5ойон истиц:
- Саха кэрэ кыыһын хара5ын курдук төп-төгурук, хап-хара отоннор чөмөхтөспуттэр уһу. (моонньо5он – 1-кыхаартыска). Ити таабырынца этиллибитин курдук киьи хара5ын төгуругун са5а буола уунэр. Буспут моонньо5он хап–хара буолар. Мооньо5онтон минньигэс барыанньа оцороллор. Мооньо5он бары көруцун эмкэ, аһылыкка киэцник тутталлар. Моонньо5он отонун сибиэһэйдии, саахары кытта эрийэн сииллэр, барыанньа, хомпуот, кисиэл, араас утах уоннакэмпиэт оцорорго туьаналлар. Моонньо5он отоно, сэбирдэ5э битэмиин тиийбэтиттэн, хаан убаата5ына, сөтөлтөн эмтэнэргэ, аппетиты көтө5өргө туттуллар.
- Кыһыл о5уруо ытар5алаах, кэрэ кыыс ойуур са5атыгар кэтэһэн турар уһу. (хапта5ас - 2-схаартыска). Хапта5ас улахан туһалаах уунээйи. Отонун көтөр-суурэр сиир. Хапта5ас отоно да, сэбирдэ5э да сөбугэр битэмииннээх. Отонун саахардаан, барыанньа оцорон сииллэр, кисиэл, сироп, хомпуот утахтарын оцорорго тутталлар. Сэбирдэ5иттэн битэмииннээх чэй оцороллор.
- Хатыылаах укка ньолбуһах сирэйдээх кыһыл кыргыттар суксуруспуттар уһу (дөлуһуөн -3-с хаартыска). Дөлуһуөну хатаран баран оргуйбут ууга икки хонук туруора5ын, онтубут сурдээх учугэй татархай амтаннаах утах буолар. өссө дөлуьуөнтэн барыанньа оцороллор. Дөлуьуөн киьи доруобуйатыгар туһалаах.
- Ойуур тыа5а ыhыллан, оцой-соцой көрөбун, о5уруолуу мунньуллан оцоойукка туолабын (отон – 4-с хаартыска). Уулаах отон айыл5а5а, киһи оло5ор улахан суолталаах уунээйи. Тыа климатын сымнатар, хамсыыр – харамай арааһын элбэтэр. Барыанньата остуол мааны аһа. Араас дойдуга бу отону 4повидло, джем, мармелад, сироп. Эгэлгэ араас утах. Кэмпиэт оцорорго туһаналлар.
- Сырылас куйаастан тэтэрэ буһабын, дыргыйар сыппынан ыцыран ылабын диир баар уһу? (Дьэдьэн – 5-с хаартыска). Саха сирин саамай минньигэс астаах уунээйитин дьэдьэни о5о – аймах барыта олус бэркэ билэр. От ыйын ортотугар дьэдьэн аһа ситэр. Дьэдьэн отонун, сэбирдэ5ин былыр –былыргыттан аска, эмкэ киэцник тутталлар. Дьэдьэни хааны ыраастыырга, тирии бааһын куурдарга, оһордорго, айах - куөмэй суһуруутун тохтоторго, куртах ыарыытын эмтииргэ киэцник тутталлар. Ессө да элбэх ыарыыттан туһалыыр. Дьэдьэн отонунан араас утах, сироп. Карамель кэмпиэт оцороллор, Мыыла оцорорго эбилик гыналлар.
(артикуляционнай гимнастика нецуе тыл, уос былчыцнарын сайынннарыы).
(«Минньигэс барыанньа» эрчиллии: тыл тебетунэн уоьу тегуруччу салбаныы).
Кэмпиэт курдук минньийбит,
Дьэдьэн барыанньата
Эчи минньигэьиэн!
Тоцсо5ой: - Маладьыастар, сөпкө таайдыгыт. Бу эппиэккитин мөһөөччуккутугэр уктуц, кэлин наада буолуо. Чэ, салгыы барыаххайыц.
2-с сорудах – ситэрэн биэр. О5олоор, бу туох эрэ ойуулара сыталлар дии. (Ойууну о5олору кытта көруу). Сорох өцун кырааскалаабатахтар эбит. То5о эрэ киистэлэр уонна гуашь турар дии. Хайдах өцнөөх гуашь турарый? (кыһыл). Билигин бары киистэлэрбитин ылабыт уонна ситэри кырааскаламматах ойууларбытын кырааскалыахха (О5олор кырааскалыыллар). Уруhуйбутун бол5ойон көруөххэйиц эрэ, туох ойууламмытый? (Хапта5ас). Маладьыастар, хапта5ас эбит. Чэ эрэ, о5олоор, ити уруһуйбутун мөһөөччукпутугэр угуохха. Салгыы айаннаатыбыт.
3-сорудах – лоскуйдартан ойуу таhаарыы. Тоцсо5ой: - Уһус сорудахпыт бу сытар (шкатулка турарын көрдөрөр). Иһигэр туох баарын көруөххутун ба5ара5ыт дуо? Көрун эрэ, лоскуй кумаахылар сыталлар. Арааһа бу лоскуйдары холбоотохпутуна ойуу тахсыахтаа5а буолуо. Дьэ эрэ, холбооттуохха туох ойуу тахсар эбит. Хайа, о5олоор, туох ойуута та5ыста. (сугун – 6-с хаартыска). Бу ойуубутун эмиэ мөһөөччукпутугэр угуохха. Чэ, салгыы барыахха.
– Тоцсо5ой:Мөһөөччуккутун отонунан толордугут, онон дьиэлиир кэмцит кэллэ.
Иитээччи: - Чэйиц эрэ, о5олоор, тоцсо5ойго махтаныаххайыц. (Тоцсо5ойго көмөлөспутун иһин махтанабыт).Кыһыл бэргэһэчээн эбэтигэр бу хомуйбут мөһөөччукпутун тиэрдэригэр көрдеьуеххэйиц.
IV
Хамсаныылаах оонньуу: «Отонноох уунээйилэри хомуй»
Оонньуу ис хоьооно: Муоста5аараас ойуулаах карточкалар ыьылла сыталлар. Эhиги, бу сытар карточкалартан отонноох уунээйилэри эрэ талан хомуйуохтааххыт. Ким элбэх карточканы хомуйбут ол кыайар.
– О5олор, билигин дьиэбитигэр айанныыбыт. Эмиэ 1,2,3 харахпытын симтибит (музыка тыаһыыр – чыычаах сацата). Бэйэбитин тула устэ эргийдибит, устэ олорон турдубут уонна төбөбутун санныбыт тула эргиттибит. 1,2,3 харахпытын астыбыт, дьиэбитигэр кэллибит.
V
– Иитээччи:о5олоор, биһиги ханна бара сырыттыбыт? Туох отоннору хомуйдубут? Хомуйбут отоннорбутун кимиэхэ ыыттыбыт? Туох сорудахтары толордубут? (ааны тоцсуйаллар, тоцсо5ой киирэр).
Тоцсо5ой:- о5олор, мин эhиэхэ Кыhыл бэргэhэчээн эбэтин махталын тиэрдэ кэллим. Кыһыл бэргэһэчээн эбэтэ утуөрэн, эhиэхэ махтанан кэһиитин отонноох уунэйилэртэн оцоhуллубут утахтары, барыанньалары ыытта (о5олорго утах, барыанньаамсатыы).