Сценарий внеклассного мероприятия на якутском языке

Разделы: Начальная школа


Күндуттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн –
Таптыа
ҕыҥ ийэни!

– Үтүө күнүнэн манна мустубут эйэҕэс эбэлэрбит, амарах майгылаах күн-күбэй ийэлэрбит , көрсүө-сэмэй ыалдьыттарбыт  уонна инникини кэскилбит  эмдэй-сэмдэй оҕолорбут!

– Эһиэхэ сааскы маннайгы, кэрэ аҥардар бырааһынньыктарынан , итии-истиҥ сааскылыы сайаҕас  эҕэрдэ буолуохтун!

– Бүгүҥҥү дьоро киэһэҕэ конкурска икки хамаанда кыттыыны ылыахтара, бу хамаандалар биэс  түһүмэххэ кыттыыны ылыахтара. Дохсун ытыс тыаһынан сыанаҕа көрсүөҕун бүгүҥҥү киэһэ кыттыылаахтарын.

– Дьүүллүүр сүбэни билиһиннэрии.Дьүүллүүр сүбэ биэс баалынан сыаналыаҕа.

– Күндү ыалдьыттар күннээҕи түбүгү умнан хамаандаларга ыһыытаан хаһыытаан ыалдьаргытыгар ыҥырабыт.

– 1) Маҥнайгы сорудах хамаандалар бэйэлэрин ааттарын, девизтарын, хапытааннарын билиһиннэриэхтэрэ. (Дьиэҕэ сорудах)

– 2) Эриэн сиидэс эриллэр,

– Хаарыс таҥас хатыллар,

– Дьарҕаа ойуу тардыллар,

– Дьэрэкээн силик сиэтиллэр,

– Оонньуур солко охсуллар,

– Эриэн сиидэс эриллэр – диэн туран иккис туһумэҕи саҕалыырбытын көҥүллээҥ!

– Дьиэ кэргэн ийэтэ куруук иҥнэтин сабын туппутунан сылдьар идэлээх буолааччы.Ол курдук билигин мин көмөлөһөөччүлэрим оҕолорго кыра-кыра миэтэрэлээх таҥастары биэриэхтэрэ

– Бу таҥаһы быспакка хамаандаттан икки оҕону таҥыннарыахтара. Таҥаһы эрийэн оҥоруохтара. Күндү ыалдьыттар эһиги миэстэттэн олорон оҕолоргутугар ыалдьыаххытын сөп.(оҕолор маладьыастар олус диэн дьоҥҥутун сөхтөрдүгүт)

– 3) Ыллам ырыа ыллыктаах,
Сэргэх сэһэн сэтиилээх,
Күндү кэпсэл көтөллөөх
Уран хоһоон ойуулаах,
Уруй – айхал тускуллаах,
Ойо тэбэ сылдьа
ҥҥын
Ону өйдөөн истэри
ҥ
Олус да
ҕаны үчүгэй!

Оҕолорбут музыканы олус диэн сөбүлээн истэллэр,ыллаһаллар. Биллиилээх ырыаһыттар ааттарын билэ сатыыллар, хаартыскаларын мунньаллар. Ханнык баҕарар киһи музыка абылаҥар ылларарын курдук биһиги оҕолорбут бэйэлэрэ ийэлэригэр айбыт үҥкүүлэрин бэлэх уунуохтара. (дьиэҕэ сорудах)

Олус үчүгэй үҥкүүнү бэлэхтээбиттэригэр махтал буолуохтун.

– 4) Билигин хамаандалартан устүү оҕолору ыҥырабыт. Хас биирдии сыанаҕа тахсыбыт оҕолорго көмөлөһүөхтэрэ  кыра саастаах иитиллээччилэр уонна тараах, баттахха иилиллэр  хоруопкаҕа угуллубут тэриллэри  биэрэбит.Кыргыттар кыыс оҕо буолалларын туоһулуур уһун суһуохтарын өрөн кэрэ бүрүчүөскэ оҥоруохтара.

– 5) Бүтэһик түһүмэххэ киирэбит.Оҕо сылдьан тугу гынарбытын өйдөөн –санаан ааһыаҕыҥ.

– Арай ийээлэрбит үлэлии бартарын кэннэ, дьиэҕэ кыыс оҕо хаалан ийэтин ыскаабын аһан уруккуттан ымсыыра көрбут таҥаһын таҥнан сиэркилэ иннитигэр киирэн эргичиҥниирбит. Ол курдук оҕо сааспытын санаан ааһыаҕыҥҕолор ийэлэрин таҥастарын таҥнан мода көрдөрүөхтэрэ.(дьиэҕэ үлэ)

– Көрөөччулэри кытта оонньуу.(Оҕолор бэлэмнэниэхтэригэр диэри  ыалдьыттары хамаандаларга арааран ийэҕэ анаммыт ырыаларга курэх тэрийии. Хайа хамаанда элбэх ырыаны ыллаабыт ол кыайар.)

– Кунду ыалдьыттар, дохсун ытыс тыаһынан көрсүөҕүҥ оҕолорбутун.(хамаандалары биир-биир ыҥырыы)

– Тылы биэрэбит убаастабыллаах дьүүллүүр хамыыһыйаҕа. (түмүк таһаарыы,кыайыылаахтарга бириис туттарыы)

– Күндү манна мустубут  ыалдьыттарбытыгар баҕарабыт ыарыы ыалласпатын, сырдык санаа, үөрүү дьүөрэлэстин, олоххутугар барыта этэҥҥэ буоллун диэн баҕаран туран  алгыспыт бастыҥын тиэрдэбит! Чөл куттаах чэгиэн өйдөөх – санаалаах инникигэ эрэллээх саҥа суолга үктэниэҕиҥ!

– Манан конкурспутун түмүктүүбүт болҕомтоҕут иһин махтанабыт.

Туhаныллыбыт  литература:

1)     Серафим Романович Кулачиков – Эллэй. Стихотворение «Таптыа5ыҥ ийэни”.

2)     Н.Е Петров  Оhуокай.