Киириитэ
Уус-уран айымньыны ырытыы – айымньыны ылыныы суруйааччы дьиц санаатын, керуулэрин, ис туругун ейдееьун. О5о уус-уран айымньыны сатаан ырытар буолла5ына, ейе-санаата сайдар, элбэ5и билэр.
Литература учуутала о5о ырытар дьо5урун сайыннаран, уус-уран айымньы эйгэтинэн оло5у керерге, кини ыарахаттарын быьаара уерэтэр. Литератураны уерэтии сурун соругунан ей-санаа еттунэн сайдыбыт, куустээх санаалаах, дьулуурдаах дьону иитии.
Онон улэм темата: Литература уруогар о5о ейге оцорон керер дьо5урун сайыннарыы
Улэ сыала:
О5о уус-уран айымньыны ырытар, ейге оцорон кереру дьо5урун сайыннарарга кедьуустээх ньымалары билиьиннэрии.
Улэ практическай суолтата:
Билицци туругунан кердеххе, литература уруогар айымньыны ырытыы кыаллыбат. Ол иьин о5о айымньы абылацын ейдеебетуттэн уус-уран литератураны аахпат, сэцээрбэт суолга тиийэр. Маннык турукка киирбэт сыалтан учуутал о5олор уопсай таьымнарын ейдеен туран, то5оостоох ньымалары туьанарыгар кемелеех буолуон сеп.
Уус-уран айымньыны оскуола5а уерэтии кедьууьун туьунан СГУ профессора Е.М. Поликарпова, СГУ доцена, педагогическай наука кандидата В.Р. Шишигина улэлэрин туьанабын. Уерэтии саца ньымаларын баьылыырга “Народное образование Якутии” сурунаалга, “Учуутал аргыьа” хаьыакка тахсар учууталлар уопуттарын аа5абын.
Литература учуутала теьенен айымньылаахтык улэлиир да, соччонон саца суоллары тобулар. Улэбин салгыы сайыннарар, кэцэтэр санаалаахпын.
1. О5О УУС-УРАН АЙЫМНЬЫНЫ ЫЛЫНАР, ЫРЫТАР ДЬО5УРУН САЙЫННАРЫЫ ТУЬУНАН ПСИХОЛОГТАР, ПЕДАГОГТАР КОРУУЛЭРЭ
Литература уруога искусство биир керуцэ буоларын быьыытынан, туох да бэлэмэ суох киьи кыайан ейдемуен, ылынымыан сеп. Бу туьунан олус таба Л.Н. Толстой этэн турар:
“Воспринимать искусство столь же трудно, как и творить его...”
О5о ейугэр оцорон керер дьо5ура, фантазията кини ейун-санаатын кытта ыкса сибээстээх. Ол курдук о5о улаатан-сайдан истэ5ин аайы олоххо керуутэ кэциир, уус-уран айымньыны уонна дьицнээх олох чахчыларын араара уерэнэр (Н.Д. Молдавская). Психологтар уерэтиилэринэн, орто кылаас о5олоро киьи быьыытынан сайдар, ей-санаа еттунэн сацалыы керууну кердуур, саца суолу тобулунар кэмнэринэн буолар. Маныаха литература учууталын психологическай дьайыыта о5о личность быьыытынан сайдан тахсарыгар улахан суолталаах.
Онон, бастакытынан, о5о уус-уран айымньыны ырытарыгар ейге оцорон керер дьо5ура сайдыбыт буолуохтаах, оччо5о эрэ айымньы ис туругар киирэр кыахтанар.
Иккиьинэн, о5о иэйиитин сайдыыта кини ейге оцорор дьо5урун кытта ыкса сибээстээх. Ол курдук, ейге оцорон кербутун иэйиитинэн ылынар, иэйиитин кууьунэн ейге оцорон керер.
Усуьунэн, о5о толкуйдуур, ырыцалыыр буолла5ына, айымньыны дирицник ылынар буолар. Ол туьуттан о5о сайдыытын таьымын учуоттаан, то5оостоох ньымалары туттар эрэйиллэр.
Уус-уран айымньыны ырытыы туьунан саха методистарын бары улэлэригэр керуллэр. Ол курдук, И.Н. Рожин, Н.И. Филиппова, Е.М. Поликарпова, А.А. Кондратьев, С.К. Колодезников о.д.а. элбэх методическай ыйыылары оцордулар.
Айымньыны ырытыы – о5о уус-уран айымньыны кытта аалсыьыыта буолуохтаах. Н.И. Филиппова этэринэн, уерэнээччи бэйэтин кыа5ынан литературнай айымньыны ейдуурун, ол тумугэр уус-уран айымньыттан сатаан дуоьуйуу ыларын ааьан, бэйэтин санаатын таба этэргэ, септеех тумуктэри оцорорго уерэниэхтээх.
Айымньы туьунан о5о септеех сыанабылы биэрэ уерэниитэ уерэтэр-иитэр улэ кедьуустээх ньыматынан сыаналанар.
Литература учуутала уерэтэр о5олорун саастарын уратыларын сэргэ хас биирдии уерэнээччи тус уратытын кыа5ын уонна интэриэстэрин билэрэ, учуоттуура наада.
2. УУС-УРАН АЙЫМНЬЫНЫ ЫЛЫНАРГА
О5О ОЙГО ОЦОРОН КОРОР ДЬО5УРУН САЙЫННАРЫЫ
Орто саастаах о5ону айар улэ5э ке5улээьиццэ кини киьи быьыытынан ейун-санаатын биир дьикти уратытыгар тирэ5ириллэр. Ол дьикти кестуунэн орто саастаах о5о ейге оцорон керер дьо5ура буолар.
Уус-уран айымньыны аа5ыыга уерэнээччилэр айымньыга кэпсэнэр кестуулэри бэйэлэрин кыахтарынан ейдеругэр ойуулаан оцорон кереллер. Бу тугэни учуутал таба туьанан салгыы айымньылаахтык сайыннаран ейге оцорон кербуттэрин кэцэттэ5инэ, о5олор айымньыны ылыныылара дирициир, аа5ар ба5алара кууьурэр.
О5олор 5 кылааска уус-уран айымньыны жанрдарынан уерэтиигэ киирэллэр. Манна норуот уус-уран айымньыларыттан а5ыйах бэргэн тылынан чочоуллубут баай ис хоьоонноох жанрынан ес хоьоонноро буолар.
Ес хоьооннорун уерэтэргэ о5олор толкуйдуур уонна ейге оцорон керер дьо5урдара сайдар. Уус-ураннык кэпсиир, айымньы тылын-еьун ырытар уеруйэхтэрэгэ сысталлар, бэйэлэрин санааларын этэ, олох кестуулэрин сыаналыы уерэнэллэр.
Ес хоьооннорун уерэтиигэ о5олор теье билэллэрин араас оонньуу кеметунэн быьаарыахха сеп. Холобур, ес хоьооннорун сал5аа, темаларынан наардааьын, ис хоьоонун ырытыы уо.д.а.
Ити курдук, ес хоьооннорун кытта улэ, ес хоьооннорун ырытыы о5о ейге оцорон керер уеруйэхтэрин сайыннарарга кедьуустээх буолуон сеп.
Уус-уран айымньыны ейге оцорон керуу суруйааччы ойуулааьыныгар, суруйуутугар оло5урар. Айымньылаахтык ейге оцорон керуу автор ойуулааьынын кэцэтэр, киниэх оло5уран саца обраьы айарга тиэрдэр. Ол курдук, о5о ейге оцорон керуутэ кини фантазиятын кытта ситимнээх. Ол курдук,
1. О5олор ейге оцорон керер дьо5урдарын сайыннарыыга кинилэри тылынан ойуулааьыцца уерэтии улахан кемелеех.
- уус-уран айымньыга дьуьунэ-бодото, мэтириэтэ быьаччы ойууламматах персонажтары айымньы ис хоьоонуттан, этэр санаатыттан таьааран тылынан ойуулаан кэпсээьини тэрийии.
- Художниктар уруьуйдарын ырытыы.
- Аахпыттан уруьуй.
- Ойуулуур-дьуьуннуур уус-уран ньымалар.
- Суруйааччы тематыгар айан кэпсээьин.
- Текст ис хоьоонун арыйарга туьуламмыт соруда5ы, ыйытыгы биэрии.
- Хоьоонноохтук аа5ыы ньымата.
Улэ бу араас керуцнэриттэн, чуолаан, аахпыттан уруьуйга тохтоон ааьыам.
Орто саастаах о5о аахпытын теье ылыммытын уруьуйдаан кердерерун себулуур. Аахпыттан уруьуй о5о ейге оцорон кербутун сайыннарар, кэцэтэр.
Холобур, аахпыт айымньыларыттан биир эмэ геройун эбэтэр кестуутун ейдеруттэн уруьуйдатыллар.
Ылан керуе5уц, Т. Сметанин “Куерэгэй” остуоруйатын.
Ыйытыы: Куерэгэй остуоруйаны аа5ан бутэрдибит. Эьиги санаа5ытыгар хайда5ый?
Уерэнээччилэр: Утуе санаалаах, эйэ5эс...
Учугэй дьуьуннээх...
Сорудах: билигин эьиги Куерэгэй хайдах дьуьуннээх буолуо5ун ейгутуттэн уруьуйдаац.
Эбэтэр, о5олор айымньыны барытын аахпыттарын кэннэ, себулээбит тугэннэригэр уруьуйдатыллар. Холобур,
- Майа5атта Бэрт Хара сэьэнтэн себулээбит тугэццитин уруьуйдаац.
Маны таьынан, айымньыны аа5ар кэмцэ айымньы кэрчиктэриттэн чопчу ылан уруьуйдатыахха сеп.
Холобур, Эрилик Эристиин “Хачыгыр” кэпсээнин аа5ыыга III бастан Тоттук уол Хачыгыр муус киллэрэн истэ5инэ, этэрбэьин быатын уктээн охторбут тугэнин уруьуйдатыахха сеп.
Манна, Тоттук уол бу кэмцэ хайдах дьуьуннэммитин, Хачыгыр хайдах буолбутун о5олор ким хайдах керерунэн уруьуйдуохтара.
05олор уруьуйдарын ырытар наада. О5о ханнык тугэни сепке табан уруьуйдаабытын, ханнык тугэццэ тугу оцоруон септее5ун учуутал хай5ыыра, субэлиирэ о5о ейге оцорон кереругэр бытархайдары кере уерэнэр. Уруьуйу биэрии – айымньы ис хоьоонуттан тахсар, учуутал уус– уран айымньыны ырытарга кемелеех буолуо дии санаабыт тугэнин ойуулатыан сеп
Уерэнээччилэр геройу себулээбит, ылыммыт буоллахтарына, утуе санаалаах, куустээх, уербут курдук ойуулууллар. Себулээбэтэх персонажтарын бурэ сирэйдээх, кырктаах дьуьуннээх оцороллор. Кинилэр ис санааларын, сыьыаннарын, дууьалара долгуйуутун уруьуйдарыгар тиэрдэллэр.
Бу уеруйэ5и салгыы сайыннарар суолтан улэни беле5унэн тэрийэр кедьуустээх. Манна о5о о5оттон уерэнэр, санаа атастаьаллар, дьууллэьэллэр. Ити биирдиилээн уруьуй.
Салгыы беле5унэн улэни кыайа туппут учуутал киинэ сценрийын айыыга киириэн сеп. Манна “О5олоор, арай бу айымньыга киинэ оцорор буолбуккут. Оччо5о ханнык суолталаах кестуулэри ылыа этигитий уонна то5о?” Уерэнээччилэр (беле5унэн улэ) манна бэйэ-бэйэлэрин кытта санаа атастаьаллар, биирдии бэйэлэрэ ейге оцорон кербуттэрин дьууллэьэллэр, тумук санаа ылыналлар.
Бу курдук улэ5э биирдии о5о тус-туьунан эбээьинэстээх буолар: туруорааччы-режиссер, уруьуйдьут, суруксут, кэпсээнньиттэр.
Тумук
Психологтар, педагогтар уонна методистар улэлэрин чинчийэн о5ону уус-уран айымньы кууьунэн сайыннарыыга, иитиигэ учуутал маннык хайысхаларынан улэлиэхтээх диэн саба5алааьын санааларга кэллим:
- О5олор эт-хаан, ей-санаа еттунэн сайдыыларын, киьи быьыытынан уратыларын, кыахтарын таьымын учуоттааьын.
- О5олор бэйэлэрэ толорор улэлэригэр кыах биэрии, о.э. о5о бэйэтэ улэлээн, чинчийэн тумуктэри оцорорун ситиьии.
О5о уус-уран айымньыны сатаан ырытар, сыаналыыр эрэ буолла5ына, кини сайдар. Ол инниттэн литература учуутала о5о ырытар дьо5урун сайыннарыыга маннык улэ туьумэхтэрин ыытта5ына о5о толкуйдуур, ырыцалыыр уеруйэ5э сайдар:
- О5о ейге оцорон керер дьо5урун сайыннарар улэлэри ыытыы;
- Тылы кытта улэни ыытыы;
- Автор сыьыанын быьаарыы;
- Ыйытыылар уонна сорудахтар тиьиликтэрин септеехтук туьаныы;
- Сурук улэтин тэрийии.
О5о ейге оцорон керер дьо5урун сайыннарарга маннык улэлэри ыытыахха сеп:
- Ес хоьооннорун кытта улэ – са5алыыр улэ. Ес хоьооннорун ырытыы – уус-уран айымньыны ырытарга тылы кытта улэлииргэ биир бастакы уерэ5инэн буолар.
- Айымньы уус-уран ойуулааьынын, о.э. текси кытта улэ. Уус-уран айымньы тексигэр оло5уран маннык сайыннарар улэлэри ыытыахха сеп:
- тылынан ойуулааьын;
- текст ис хоьоонун арыйар ыйытыылары уонна сорудахтары кытта улэ;
- аахпыттан уруьуй;
- суруйааччы тематыгар айан кэпсээьин;
- хоьоонноохтук аа5ыы, тэцнээьин ньымаларын туттуу.
О5о ейге оцорон керер дьо5урун сайыннарарга художниктар улэлэрин, артистар толорууларын, музыканы туттуу о5о кыа5ын кэцэтэр.
Учуутал о5о уус-уран айымньыны ылынар дьо5урун сайыннарар улэ керуцнэрин, ньымаларын аа5ыы да, ырытаа да уруоктаргыр араастаан туьанара, ол кини айымньылаах улэтинэн буолар.
О5о уус-уран айымньыны сатаан ырытар буолла5ына, кини ейе-санаата сайдар, оло5у керуутэ кэциир, литератураны тыл искусствотын быьыытынан сыаналыы уерэнэр.
Туьаныллыбыт литература:
- Выготский Л.С. Воображение и творчество в детском возрасте. Книга для учителя. – М.,1991г
- Колодезников С.К. Васильев Е.К. тереебут литературабыт. 7 кылаас.Дь.,1993с.
- Колодезников С.К., Колодезникова Л.Д., Колодезников Серг. К. Тереебут литературабыт. Дь.,1994с.
- Кондратьев А.А. Тереебут литератураны 5 – с кылааска уерэтии. – Дь.,1986с.
- Молдавская Н.Д. Литературное развитие школьников в процессе обучения. – М., 1976г.
- Поликарпова Е.М. Хоьоонноохтук аа5ыы. Учууталга кеме.Дь.,1992с.
- Поликарпова Е.М. Литература уруога – айар улэ. Учууталга кеме.Дь.,1997с.
- “Народное образование Якутии”
- “Учуутал аргыьа ”
- Филиппова Н.И. Тереебут литератураны 4-7 кылааска уерэтии. Дь., 1985с.