Уруок сыала: айымньыны ырытыыны сайыннарыы; үөрэнээччи айар дьоґурун сайыннарыы; остуоруйа айарга бэлэмнээhин; норуот тылынан уус-уран айымньытыгар интэриэhи үөскэтии; үөрэнээччи тылын баайын элбэтии.
Туттуллар тэрил: остуоруйалар кинигэлэрин быыстапката, оґолор уруhуйдара, интерактивнай дуоска, проектар.
Уруок хаамыыта
1. Учууталкиириибэсиэдэтэ. (1 слайд)
Остуоруйа – наhаа дьикти, кэрэ тыл. Бу тылы иhиттибит да, тулабыт сырдаан, араас дьикти дойдуларынан айаннаан, мүччүргэннээх сырыылары туораан остуоруйа дойдутугар тиийэбит. Остуоруйаґа үчүгэй куhаґаныхайаан да кыайар, от кыыс буолар, кыыс кыталык буолан көтөр, ат киhилии саңарар, таастар арыынан-сыанан аллаллар, көтөр кыната суох көтөр буолан хаалар, хобо чуораан лыңкыныыр, кыптыый тыаhа «кылыр» гынар. Бу барыта биhигини дьиктилээх-алыптаах, дьикти дойдутугар сирдиир.
Бүгүн, оґолоор, биhиги остуоруйаhыт оруолун толорон, остуоруйа айарга холонуохпут. Кырачаан бырааттарбытыгар, балтыларбытыгар анаан хорсун быhыыны көрдөрөр, араас дьикти алып көмөтүнэн кыайан-хотон ийэ дойду, бар дьон уонна кырдьык иhин охсуhар, кыайыылаах тахсар остуоруйа геройдарын бэлэхтиэхпит. Остуоруйа айыллыытын кытта билсиэхпит. Ону ааhан, оґолоор, норуот үгэстэригэр олоґуран үтүөнү мөкүттэн араара үөрэниэхпит.
Остуоруйа киhини араас дьиктилээх-алыптаах түгэннэринэн кэрэхсэтэр. Остуоруйаны ааґа олорон хас биирдиибит сөґүүнү, махтайыыны, дуоhуйууну эрэ ылар. Биллиилээх поэт, прозаик Иван Гоголев маннык суруйан турар: (2 слайд)
Остуоруйа истэр киэhэм –
Оґо сааhым чулуу дьоло,
Остуоруйа – бараммат кэм,
Остуоруйа – аптаах олох.
Сир үрдүгэр – атаґастабыл эстэригэр, үөрүү – көтүү өрөгөйдүүрүгэр, киhи аймах дьоллоох буоларыгар биhиги бары итэґэйэбит.
2. Уруок тематынан үлэ
1. Ыйытыктарга хоруйдааhын: (3 слайд)
– Оґолоор, сахабылыргыостуоруйаларахантансилис-мутуктарданбиhиэхэтиийэнкэлбиттэрэй?
– Остуоруйаханныкараастардааґынкимбиhиэхээтиэй? (бэлэмнээхоґолортон)
(4 слайд)
– Дьиктилээх-алыптаахостуоруйаларолох-дьаhах, хамсыыр-харамайостуоруйаларыттантуохуратылаахтарый?
– Дьиктилээх-алыптаахостуоруйаларгасаамайборостуойпредметтэритуохкүүтэрий?
2. Салгыы биhиги остуоруйаhыт оруолун толоруохпут, остуоруйа айыллар кистэлэңнэрин билиэхпит.
Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин алаас-сыhыыга ынаґын көрдүү сылдьан 5 салаалаах бэрдьигэс оту булан ылан, биир да салаатын алдьаппакаа түөрэн ылан суорґаныгар суулаата, сыттыгар уурда. Арай хобо чуораан лыңкынаата, кыптыый тыаhа кылыр гынна…
– Оґолоор, остуоруйа хайдах саґаланарый? Үөрэппит остуоруйаларбытыттан саныаххайың эрэ.
1. Былыыр-былыр…
2. Арай биирдэ…
3. Биир сарсыарда туран, Биэс ынахтаах Бэйэбэрикээн эмээхсин алаас сыhыыга ынаґын сылгылыы барбыт үһү.
4. Көмүс илимнээх, көмүс тыылаах Лыыбырда диэн оґонньор төрөөн-үөскээн олорбут.
5. Сүүтүкээн эмээхсин баар үһү. Уон айалаах, сүөһүтэ суох. Хаңас диэки Хара Хаан тойон ыаллаах, уңа диэки Сабыйа Баай тойон ыаллаах. Уон айатынан куобахтыыр, күн аайы уоннуу куобаґы киллэрэр.
6. Чохороон сүгэлээх, тордох-ирдэх таңастаах Чурумчуку уус олорбута эбитэ үһү.
– Остуоруйабарытаүксүгэрбиирдикбүтэр. Хайдах бүтэллэрин истиэххэйиң эрэ.
1. Күн бүгүнүгэр диэри ыччаттара олороллор үһү.
2. Лыыбырда бэрдэ бээhээңңигэ дылы, үтүөтэ үнүргүгэ диэри байан-тайан олорбута үһү.
3. Дьэ ити курдук, Бһүкээннир Ыаhахкыайан-хотон, үөрэн-көтөн, байан-тайан, көңүл көрүлээн олорбута.
– Остуоруйаґа түмүк туох оруолу ылар эбитий? (биhигини дьоллоох, үчүгэй олох баарыгар сирдииллэр, үөрэтэллэр, итэґэтэллэр, остуоруйаны кэрэ, кыраhыабай оңороллор)
– Остуоруйа айарбытыгар,бу холобурдары туhаннахпытына, оґолоор, остуоруйабыт ордук тупсаґай, дьиктилээх-алыптаах буолуоґа.
– Эhиги санааґытыгар остуоруйаhыт диэн хайдах киhи буолуой? (уус-уран тыллаах, баай фантазиялаах, эйэґэс, үчүгэй…)
4. Ону ааhан, остуоруйа айарга кини тылыгар-өһүгэр, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларыгар (эпитет, метафора, тэңнэбил, гипербола, тыыннааґымсытыы) болґомто ууруохтаахпыт. Остуоруйа хас биирдии тыла-өһө саха норуотун ураты историятын, культуратын, олоґун-дьаһаґын сырдаталлар. Өс хоhоонноро, сомоґо домохторо норуот муудараhын кытта билиhиннэрэллэр. Сынньана таарыйа кыратык билиибитин сааhылыаххайың:
(5 слайд)
Кроссворд
- Предмети, көстүүнү уус-ураннык хоhуйан быhаарыы (эпитет)
- Хамныыр харамайы, айылґа көстүүлэрин, хамсаабат эйгэни киhилии быhыылаан, майгылаан, сирэйдээн көрдөрүү. (тыыннааґымсытыы)
- Предмети, көстүүнү, хайааhыны атын туохха эмэ холоон, тэңнээн хоhуйуу. (тэңнээhин)
- Предмети, көстүүнү тас бэлиэтинэн эбэтэр атын предмеккэ майгыннатан хоhуйуу. (Метафора)
- Күүркэтэн, дарбатан ойуулааhын. (омуннааhын, гипербола)
1. Эпитет (6 слайд)
Куруук туттуллар эпитет сааhылааhын
2. Метафора (7 слайд)
Тыллар быhаарыы
3.Тэңнэбил (8 слайд)
Тэңнэбиллэри ситэрии
4.Тыыннааґымсытыы (9 слайд)
Ыhыллыбыт тыллары бэрээдэктээhин.
– Остуоруйа аайы элбэхтик туттуллар тыллар баар буолаллар. Ол тыллар лексическэй суолталарын билбэтэхпитинэ, остуоруйаны ситэри өйдөөбөппүт, эбэтэр туох туhунан кэпсэнэрин ситэри билбэппит. Дуоскаґа бэриллибит тыллар суолталарын кылгастык быhаарсан, айыахтаах остуоруйабытыгар киэңник туhаннахпытына остуоруйабыт тыла уус-уран, хомоґой буоларын ситиhиэхпит. (10 слайд)
Остуоруйа айаргытыгар эhиэхэ көмө буолуоґа остуоруйа аптаах тылдьыта . Бу кыракый тылдьыты остуоруйа айаргытыгар туhанаргыт эбитэ буоллар наhаа үчүгэй буолуо этэ. (тылдьыттары түңэтэбин)
3. Остуоруйа айааhына
1. Дьиктилээх-алыптаах остуоруйа композициятыгар үлэ.
– Остуоруйа дьикти түгэннэртэн саґаланыан сөп эбит дуо?
– Биhиги айар геройбут ханнык мүччүргэннээх сырыыларга түбэhиэн сөп эбитий?
– Остуоруйаґа төһө элбэх быhылааннаах түбэлтэлэр баар буолуохтарын сөбүй?
– Биhиги геройбут киниэхэ күүс-көмө, өйөбүл буолар доґоттордоох-атастардаах дуо?
– Биhиги дьиктилээх остуоруйабыт тугунан түмүктэниэй?
– Остуоруйа түмүгүн, инники холобурдары туhанан түмүктээ.
– Остуоруйаґытын ким диэн ааттыа этигитий?
– Сүрүн геройбут ким диэн ааттааґый?
– Кини хайдах баар буолбутай?
– Геройбут тас көрүңүн, таңаһын-сабын, дьиэтин-уотун, төрдүн-ууhун, киhи быhыытынан хайдаґын ойуулаан көрүөххэйиң эрэ.
– Биhиги геройбут куhаґаны, хараңа күүhү, өстөөґү кыайарыгар кини киhи быhыытынан ханнык хаачыстыбалара, майгыта-сигилитэ көмөлүһүөй? (албына, ким эрэ көмөлөһөөһүнэ, киитэрэйэ, дохсуна, күүһэ-уоґа о.д.а)
2. Остуоруйаны айааhын.
– Уруокка ылбыт билиибитин туhанан хас биирдиибит остуоруйа геройун айарга холонуоххайың эрэ.
Хас биирдии үөрэнээччи бэйэтин остуоруйатын геройун айарга кыhаллар. Киниэхэ аат толкуйдуур, атастарын-доґордорун булар, киниэхэ утары турар омсолоох геройу айар. Кини геройа туох быhылааннары көрсүөн, ханнык мүччүргэннээх сырыылары туоруон сааhылаан суруйар.
4. Остуоруйаhыттар күрэхтэрэ (айбыт геойдарын туhунан кылгастык кэпсииллэр)
5. Уруок түмүгүн таhаарыы.
6. Дьиэґэ үлэ (11 слайд) Бүгүңңү уруокка ылбыт билиигитин туhанан дьиктилээх-алыптаах остуоруйа айарга холонуу.