"Сохраним родную природу!". Конкурс презентаций

Разделы: Литература, Конкурс «Презентация к уроку»


Презентация к уроку

Загрузить презентацию (2 МБ)


(Амма  ерус  экологическай  проблематыгар, айыл5а5а  сыьыан туьунан санааны этии)

Кэм-кэрдии уларыйан, олохпут балысханнык сайда турар. Араас техника элбиир. Бу барыта биьиги, икки атахтаах, куннээ5и олохпутутун чэпчэтэр. Ол эрээри айбыт ийэ айыл5абытыгар наука сайдыыта улахан буортуну а5алар, улахан хоромньуну онорор.  Араас собуоттар, фабрикалар таьаарар быыллара, кирдэрэ-хохторо салгыны буортулуулла. «Киьи айыл5аны кыайан, таптаабытынан уларытыан, дьаьайыан сеп» диэн ейдебул туран, киьи айыл5аны тутары турбута. Ол тумугэр сир баайын кердеен куех кырыьы алдьатабыт. Бу барыта, биллэн туран, куех сирэми киртитэр, аар айыл5аны кэ5иннэрэр.

Саха былыр былыргыттан айыл5а о5ото. Былыр ебугэбит ойууртан суурэр атахтаа5ы, куех далайтан кемус хатырыктаа5ы бултаан тыыннаах олорбута. Уерэ5э суох саха киьитэ айыл5алыын биир кэлим алтыьан, эйэ дэмнээхтик туттан-хаптан сылдьыбыта. Тулалыыр эйгэ5э сэрэхтээхтик сыьыаннаьара. Ол курдук бултууругар сиэри таьынан барбат этэ, уокка отторго онноо5ор ченечек, хатырык туьа5а тураллара. Тыа5а сылдьан айдаарбат, кетеру-суурэри мээнэ аймаабат буолаллара.

Аар айыл5абыт кэхтибэккэ чэчирии сайдарын туьугар ис сурэхтэриттэн, дууьаларыттан ылсан улэлиир дьон баара биьигини уердэр. Оннук тумус туттар дьоммутуттан биир дойдулаахпын педагогическай наука доктора, СГУ омук тылын факультетын кафедратын сэбиэдиссэйин, профессор М.М.Фомины ааттыам этэ.

Михаил Матвеевич Фомин айыл5а харыстабылыгар  туруулаьан  улэлээбитэ. Ол курдук саха дьонун сурэ5эр олус кунду Амма ерус экологическай проблематын киэн эйгэ5э кетехсубутэ. Саха сирин биир саамай ыраас уулаах со5отох хаалбыт еруьэ Амма харыстабылыгар  сорунуулаахтык  туруммута.

Кини Амма чэчирии сайдарын сурэ5инэн ылынан ис дууьаттан турууласпыта. Ол курдук Амма уутун атын оройуоннарга суурдуу, кырыс сири туьа5а таьаарыы курдук улахан бырайыактар ыарахан, уустук экологическай проблемалары туруоралларын туьунан суруйбута. Амма баьыгар тыаны киэн далааьыннаахтык урусхаллааьын ерус уута тардар, уолар кутталын уоскэтэрэ туох да саарба5а суо5ун эппитэ. Маннык улэ ыытыллыан иннинэ научнай-экологическай экспертиза оноьуллара наадатын санаппыта.

М.М. Фомин Амма бассейнын кемускуургэ ус суол бырайыак кэлимник, бииргэ ырытыллан оноьуллара наадатын ыйбыта;

  1. Амма уутун атын оройуоннарга суурдуу бырайыага;
  2. Амма кырыс сирин туьа5а таьаарыы, Амма сирин-уотун кэлимник нуелсутуу;
  3. Амма баьыгар тыаны кэрдэн леспромхозтары са5алаан тэрийии;

Бу бырайыактар Амма айыл5атыгар быьаччы дьайалларын быьыытынан, тус-туьунан керуллэрэ, быьаарыллаллара оруна суо5ун эппитэ. Биирэ атыныттан тутулуктаа5ын учуотаабатахха, ессе  элбэх уустуктары уоскэтэн, кэлин кыайан кеннеруллубэт содулу а5алыан себун сэрэппитэ.

Кини Амма баьыгар заповеднай зонаны тэрийэргэ быьаччы туруорсубута. Заповедник тэриллэригэр бары теруеттэр баалларын ыйбыта: «Кыьыл кинигэ5э»киирбит дэннэ кестер сыаналаах уунээйилэр араас суоллара, кетердер, кыыллар ыырдара, эмтээх уулаах сыккыстар, Амманы угуттуур маардар, бадарааннар, уруйэлэр. Ити курдук Амма дэннэ кестер сыаналаах уунээйилэрдээх айыл5а дьикти муннуга буоларын бэлиэтээн туран, бу сиргэ тыаны олох кэрдибэккэ заказник тэрийэр наадалаа5ын туруорсубута. Бу заказник-заповедник тэриллиннэ5инэ, дьикти кэрэ айыл5алаах, се5умэр ыраас уулаах еруспутун харыстыыр кыахтаахпытын бэлиэтээбитэ.

Ити курдук Амма биир чулуу уола кэрэ айыл5алаах Амма еруспут кэхтибэтин туьугар бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрбитэ.  

Билигин хас биирдиибит, эдэриттэн-эмэниттэн тутулуга суох, экология билиитигэр-керуутугэр оло5уран, тулалыыр эйгэбит тупсарын туьугар турунуохтаахпыт. Ол-ытык иэспит. Тереебут сирбитигэр иэспитин телуехтээхпит, ийэ айыл5абытын харыстыахтаахпыт, араначчылыахтаахпыт. Ханна да сырыттарбыт, куех хонууну, киэн алааьы, баай хара тыабытын ыраастык тутуохтаахпыт. Саха о5ото, айыл5аны харыстаа, ебугэн угэьин кэьимэ!