I. Киирии тыл.
Тойон Эр баар дуо саха5а?
Мин санаабар, чахчы баар буолла5а –
Ол түс – бас дьоhун киhи, а5а.
Эппэр – хааммар, өйбөр хаалла5а.Ол киhи дьахтары ытыктыыра,
О5олорун туhугар тилэ5ин
Элэтэрэ, модун сүрэ5ин
Итии хаанын хамсатара.Тойон Эр баар буолла5ына
Дьиэ кэргэн дурдалаах – хаххалаах,
Өлөн – охтон биэриэ суо5а.Хас биирдии дьиэ баhылыктаах,
Түс – бас а5алаах буолла5ына,
Саха дьоно ууhуур, сайдар дьыл5алаах.
А5а – дьиэ кэргэн баhылыга, тирэ5э, иитэр – аhатар, көрөр – харайар, эрэнэр киhитэ. «А5а о5отун туhугар тилэ5ин элэтэр» диэн поэт Сергей Васильев эппитинии, эhиги о5олоргут туhугар кыhамньыгыт улахан буолла5а. Иннэ диэн туран бүгүңңү сүбэ мунньахпыт сыалын кытта билсиэ5ин:
- О5о иитиитигэр а5а оруолун үрдэтии;
- О5о а5атын кытта бодоруhуутугар сүбэ – ама биэрии;
- А5алары оскуола оло5ор сыhыарыы;
II. Киирии.
«Один отец значит больше, чем сто учителей» диэн мээнэ5э эппэттэр. О5ону иитиигэ а5а оруола сүңкэн суолталаа5ын учуоттаан, а5алары оскуола үлэтигэр түмэ тардаары эhиэхэ анаан «а5а нэдиэлэтэ» са5аланна. Онно эhигини актыыбынайдык кыттаргытыгар ыңырабыт уонна сүбэ мунньахпытын са5алыырбытын көңүллээн.
Дьиэ кэргэңңэ а5а оруолун үрдэтии наадатын туhунан бары истэ – билэ сылдьабыт.
III. Билигин о5олорбутун истиэ5иң. (Магнитофонна эбэтэр камера5а уhуллубут о5олор анкета5а эппиэттэрэ). О5олоргут эhигини олус таптыыллар, убаастыыллар эбит.
IV. Билигин группанан ыйытыыларга эппиэттиибит.
1 гр.– «Эн санаа5ар дьиэ кэргэңңэ а5а оруола туохханый?»
2 гр. – «О5о иитиитигэр ким оруола ордук улаханый: ийэ дуу, а5а дуу?»
Истэн олорор группалар эбии этиэххитин сөп.
Түмүк: Дьиэ кэргэңңэ о5о5о ийэ да, а5а да оруола сүңкэн суолталаах. Ийэ үтүө санаатынан, истиң сыhыанынан о5о характерын гуманистическай өрүттэрин иитэр. Оттон туруоруммут сыалы тиhэ5эр тириэрдэргэ, хорсун хоодуот санааларга а5а иитэр эбит.
Уол о5о тулалыыр эйгэ5э, олоххо миэстэтин булунарыгар тиhэ5эр «бухатыыр» буоларыгар а5а киниэхэ тыыннаах холобур буолар – майгытынан, дьо5урунан, дьоңңо сэргэ5э сыhыанынан. А5а сүрэхтээх, тэрээhиннээх буолла5ына о5отун бэйэтигэр сыhыарар. Ону эдэр а5алар өйдүөх тустааххыт.
V. Билигин сынньана таарыйа 5 кылаас уолаттарын истиэ5ин «Харыстаа айыл5а ийэ5ин».
VI. О5олор анкета5а эппиэттэрин истиэ5ин.
VII. Билигин 3, 4 группаларга ыйытыы:
3 гр. – «О5о5утун кытта туох уопсай интириэстээххитий?»
4 гр. – «Уоппуска5ытын о5олоргутун кытта атаара5ыт дуу, эбэтэр бэйэ5ит эрэ дуу?»
Атын группалар туох дии саныыгыт.
Түмүк: Дьиэ кэргэңңэ туох эмэ уоппсай интириэс бара о5ону уонна төрөппүтү бииргэ түмэр. төһө кыалларынан о5ону кытта элбэхтик бодоруhа сатыахха. О5о ба5а санаатын убаастыахха. Оччо5о кини эмиэ эhиэхэ үтүөтүк сыhыаннаhыа. А5а о5ону кытта бэйэтин үөрүүтүн, хомолтотун тэңңэ үллэстэ сатыахтаах, оччо5о о5о эмиэ санаатын үллэстэ үөрэнэр. Подростковай кэмэ ыарахаттара суох ааhар.
VIII. Архипова Д.А. о5о буруйу оңоруутугар профилактическай бэсиэдэ.
IX. Билигин группанан ситуация5а эппиэтээhин 1,2 бэриллэр.
- А5а о5отун оскуолаттан дьиэтигэр илдьэн иhэн ыйытар «Хайа, үөрэх хайда5ый?» «Үчүгэй» - диир уола. Онтон а5а: «Оскуола5а тугу аhаттылар? Бүгүн тугу гынныгыт? Хайдах сырыттын?» Бу бэсиэдэни хайдах сыаналыыгыт? А5а төһө сөпкө кэпсэттэ?
Түмүк: о5оттон сиhилии ыйытар наада. Холобур,
- Бүгүн туох сананы биллин?
- Тугу оонньоотугут? Ким кыайда?
- До5оргун то5о (туох иhин) сөбүлүүгүн?
- Библиотекаттан уларсыбыт кинигэ5ин кэпсээ эрэ.
Бириэмэ5ит тиийэринэн о5о5утун кытта тэңңэ үлэлээн, оонньоон, сынньанын. О5олор ийэни, а5аны до5ор – атас курдук ылыныахтаахтар.
- 3,4 группа5а ситуация.
Кыhын. О5о дьиэтигэр киирэн кэллэ. А5а о5отугар хаhытыыр: «Хаардаах таңаскынан то5о киирэн бара турдун? Ийэн сибилигин дьиэтин сууйан бүтэрдэ! Төнүң!». О5о олус хомойдо. Муоста5а Хаар ууллан түспүтүн дьэ көрдө. Кини таhырдьаттан бүгүн хайдах курдук үрдүк сыыры онорбутун кэпсээри дьиэтигэр ыксаан ахан кэлбитэ. А5а маннык быhыытын хайдах сыаналыыгыт? Эhиги хайдах гыныа этигит?
Түмүк:
- Саната суох атах танаhын устар сиргэ илдьии.
- Холкутук быhаарыы, кэпсэтии.
- Бирикээстээтэххэ о5о өсөhөр, куруубайдыыр.
X. Билигин көрсүң Мичил Филипповы.
XI. О5олор эппиэттэрэ.
XII. Билигин ийэлэрбит махтал суруктарын туттарарбытын көңүллээн.
XIII. Уонна бүгүңңү сүбэ мунньахпыт саамай актыыбнай кыттааччыларыгар оскуола администрациятын аатыттан грамота туттарабыт.
Уонна этиэхпит этэ о5олор а5аларбыт үтүө санаалаахтар, кинилэри таптыыбыт диэн санааларын олохторун устатын тухары сүрэхтэригэр илдьэ сылдьалларын курдук гына иитэргитигэр ба5арабыт. «Сүүс учууталлаа5ар биир а5а иитиитэ күүстээх» диэн өс хоhоонунан сиэттэрэн о5олоргутун иитин. О5олоргут туhугар оскуола оло5ор кэлэн кыттаргытын умнуман! Кэлэн уруоктарга сылдьын, о5олоргут үөрэхтэрин көрүң, мероприятияларга актыыбнайдык кыттан иhин диэн ынырабыт. Көрсүөххэ диэри!