(Шрифт Baltica Sakha Unicode)
Сыала:
1. Оҕо буукубаарга үөрэммит кэмин өйдөөhүн, ылбыт билиитин-дьоҕурун көрдөрүү.
2. Оҕо хоhоону дорҕоонноохтук ааҕар, ырыаны ыллыыр, имигэстик үҥкүүлүүр дьоҕурдарын сайыннарыы.
3. Оҕо уонна төрөппүт түмсүүтүн бөҕөргөтүү.
Тэрилэ: Презентация “Буукубаар быраһаай”, проектор, экран.
-Үтүө күнүнэн, күндү оҕолор, убаастабыллаах учууталлар, төрөппүттэр, ыҥырыылаах ыалдьыттар!
-Бүгүн биhиэхэ үөрүүлээх күн үүннэ. Биhиги оҕолорбут үөрэх сырдык аартыгар маҥнайгы үктэли дабайдылар, Буукубаары бүтэрдилэр. Бүгүҥҥү бырааhынньыгы үөрэ-көтө саҕалыырбытын көҥүллээҥ!
Балаҕан ыйын 1 күнүгэр оскуолабыт боруогун аан бастаан атыл-лаабыппыт. Ол күн хоhоон аахпыппыт. Өйдүөххэйиҥ эрэ: слайдалары көрдөрүү.
1-4 диэри слайдалар.
Билии күнүгэр бастакы чуораан чугдаарбыта, оҕолору уруокка ыҥырбыта. Үөрэх аартыгар бастакы хардыылар оҥоһуллубуттара, бастакы хоһооннор үөрэтиллибиттэрэ. Аан бастаан ханнык хоһоону үөрэппиппитий?
Хоһоон аа5ыы (бары)
Кылаас бары ыраас
Кылаас бары сылаас
Кинигэбит саҥа
Тэтэрээппит саҥа.
-Ити курдук саҕалаан Билии дойдутугар айаннаабыппыт. Онтон бүгүн Буукубаары бүтэрбит үөрүүлээх көҥҥэ кэллибит, сурук-бичик араас кистэлэҥнэрин биллибит, ааҕарга үөрэннибит. Мин бүгүҥҥү бырааьынньыкка ынырыахпын баҕарабын: Баһаалыста!
БУУКУБААР!
Буукубаар киирэр уонна эҕэрдэлиир:
-Дорҕооннору үөрэттим,
Буукубалары биллэрдим,
Элбэх тылы суруйтардым,
Этии, кэпсээн аахтардым.
Үгүс ойуу көрдүгүт,
Үөрэн-көтөн сөхтүгүт.
Кэрэхсээҥҥит, cэргээҥҥит
Кэпсээннэрбин биллигит.
Учуутал :
-Буукубаар, баһаалыста, олор, күндү ыалдьыт буол.
Учуутал .
-О5олоор саха алпаабытыгар хас буукуба баар этэй ? (40)
Ханнык дорҕооннор баалларый? (Аһаҕастар уонна бүтэйдэр)
Биһиги дорҕооннор тустарынан элбэх хоһооннору үөрэттибит:
Оҕолоор, саха тылыгар хас аһаҕас дорҕоон баарый ? (8) Слайд
Оҕолор хоһооннору ааҕаллар:
-Аhаҕас дорҕооҥҥо
Салгыммыт иҥнибэт
Айахпыт иhигэр
Мэhэйи көрсүбэт.
А-
Мин А диэни билэбин
Үөһэ өттө уһуктаах
Алын өттө атахтаах
Ортотугар туорайдаах
О
Мин О диэни билэбин
Оҕуруо курдук бөкүнук
Огурсу курдук төкүнүк
Уобуруччу курдук төгүрүк
Ы
Ыы дии дии ытыыр да ытыыр
Ытырыык ыт ытырыа диэн
Ыксыыр да ыксыыр
Ө
Өссө, өссө саас ыраас
Өссө, өссө саас сылаас
Кус хаас аас да аас.
У
Уу ууһут бэрдэ
Ууттан олох куттаммат
И
Икки илии,
икки ини-бии
Иккиэн бииргэ дайбыыллар
Имигэстик хамныыллар
Ү
Үстээх Үстүүнньэ
Үүт иһэрин сөбүлүүр
Учуутал :
-Бүтэй дорҕооннор тустарынан ханнык хоһооннору билэбитий?
Бүтэйдэр бүтэҥилэр
Ыллыахтарын баҕарбаттар
Хардьыганаан саҥараллар
Ыллыахтарын баҕарбаттар.
Т
Мин Т диэни билэбин
Суос соҕотох атаҕын
Тоҕоhолуу тирэммит
Моҕотойдуур ураҕаhын
Туора сүгэн кэбиспит
Х
Харандааска харандааьы
Хардарыта туппуттар
Х диэн буоллун диэбиттэр.
Н
Нонна мунна ханнаный?
Нона мунна манна.
Нонна бэйэтэ ханнаный?
Нонна бэйэтэ манна.
Ч
Кып кыра чычып чаап
Хап хара харахтаах
Кып кыра чычып чаап
Чыып чаап ырыалаах
-Киирии дорҕооннор тустарынан ханнык хоьооннору билэбитий ?
Ш
Саша Шура шарын
Шаригынан ытта
Шура шара “паш” гынна
Шура шарын аhыйда.
Ж
Пожарник , пожарник
Баар дуо манна пожарник?
Суох ээ манна пожарник .
-Оҕолоор, онтон эһиги Буукубартан тугу биллигит?
Этии туохтартан турарый ? Оттон тыллар?
Дорҕоон,буукуба ? (12 аһа5ас: 4 кылгас, 4 аһа5ас , 4 дифтонг
бүтэй: ньиргиэрдээх уонна ньиргиэрэ суох араарабыт, 2 бэлиэ: Ь, Ъ
Саха алпаабытыгар сахаларга эрэ туттуллар хас буукуба баарый ? (ү, ө,ҕ, һ, ҥ,дь, нь)
Паараласпыт бутэй дор5ооннор: б-п, д-т,г-к, 5-х, дь-ч, h-с (6)
-Маладьыастар. Билигин бэриллибит моделларынан тыла толкуйдааҥ.
Буратино киирэр. (көрсүhүү):
Оҕолоор, Букубаарга биһиги буукубаартан бэйэбит хайдах ааҕа үөрэммиппитин аа5ан иһитиннэриэҕин эрэ.
Букубаарга хоhоон аа5ыы: “Ыт”, “Куоска”, “Кутуйах”, “Бөтүүк”
Оонньуу :Билбэтчэй алҕаhын көннөрүү. Тыл суруйар. Билбэтчэйи бэйэбитигэр ылыы.
Өс хоhооннор. Сөптөөх этии тахсар гына бээрээдэктээн суруйуҥ:
-дьоллоох. доҕордоох Ким ол (Ким доҕордоох ол дьоллоох)
-хаалларбат доҕорун алдьархайга Доҕор (Доҕор доҕорун алдьархайга хаалларбат).
-бэйэҕэр Албынныаҥ оноруоҥ куhаҕаны (Албынныаҥ бэйэҕэр куһаҕаны оҥостуоҥ).
Буратино:
-Сөп, маладьыастар. Элбэҕи билбиккит. Мин эһиэхэ араас тыл оонньууларын аҕаллым. Араас тыл оонньууларын оонньооһун. (5-11 слайдалар)
Эҕэрдэ тыл бэриллэр:
- оскуола директорыгар Винокуров А.В.
- төрөппүттэргэ
Буукубаарга анаан оҕолор хоһоон ааҕаллар.
Буукубаар,баhыыба!
Буукубаарбыт барахсан баһыыба!
Баһыыба бары үчүгэйгэр,
Кэрэ кэпсээннэр,сэһэҥҥэр
Үгүс хоһооҥҥор,ойуугар.
1.ырыа “Куобахчаан”
2.ырыа “ Ийэ кунэ”
4. “Чему учат в школе”. Ырыа толороллор.
Учуутал :Саҥа үйэҕэ үөрэх үрдук чыпчаалын дабайан, саҥалыы санаанан салайтаран , билиигэ-көрүүгэ тардыhыҥ!
“Сыккыс” кинигэтин туттарыы.
Приложение 1 (Сыһыарыы) Презентация “Буукубаар быраһаай”