Физкультурный досуг «Оонньуу дойдутугар айан»

Разделы: Работа с дошкольниками


Задачи формирование представления о дружбе.

Цель:

  • Воспитательное: воспитание чувства доброжелательности друг к другу; воспитание .
  • Образовательное: развитие двигательных навыков, координацию движений, ловкость, быстроту, сноровку; дальнейшее знакомство с якутскими народными пословицами.
  • Оздоровитиельное: профилактика плоскостопия, формирование правильного носового дыхания

Сыала-соруга:о5олор куустэрин-уохтарын сайыннарыы, сэрэхтээх буолууну иитии, бары бииргэ эйэлээхтик-кохтоохтук тумсэн оонньуулларын ситиьии, интэриэьи тардыы.

Спортивнай сааланы киэргэтии: араас онноох саарыктарынан уонна сибэккилэринэн

Туттар тэриллэр: Мэник-Мэнигийээн персонаж танаьа, о5олор уонна Мэник-Мэнигийээн киирэллэригэр, оонньууларга араас тиэмпэлээх муусукалар, кумахтаах моьооччуктэр, араас онноох лиэнтэлэр, мастар, куоталаьарга 2 кэмпиэт, 2 луоска.

Кыттааччылар: Мэник-Мэнигийээн (М-М), ыытааччы (Ы), улахан болох о5олоро.

Аралдьыйыы хаамыыта:

О5олор музыканнан хааман киирэллэр. Маршировка: хаамыы(араастара),сууруу(араастара);тыынарга эрчиллии хаама сылдьан. Саалы эргийэн баран икки оттунэн олоппосторго олороллор.

Ыытааччы: Дорооболорун, о5олор! Бары муьуннугут?

– Мустубут буоллаххытына, бырааьынньыкпытын са5алыаххайын!

– Бугун биьиги оонньуу дойдутугар айанныахпыт.

– Оонньуу дойдутун билэ5ит дуо? (эппиэт)

– Ким билэрий? (эппиэт)

– Маладьыастар билэр эбиккит дии.

– Эьиги а5аларгыт, ийэлэргит, эбээлэргит, эьээлэргит кыра сылдьан оонньуу дойдутугар сылдьыбыттара.

– Оонньуу дойдутуттан ордук, туох да суох эбит дииллэр.

– О5олор, мин бугун эьигини таах мээнэ оонньуу дойдутугар ынырбата5ым.

– То5о диэтэххэ, мин билэбин эьиги оонньуургутун олус собулуугут.

– Оонньуургутун собулуугут дуо?(эппиэт )

– Дьэ, эрэ билигин бары турдубут уонна оонньуу дойдутугар айанныаххайын.(муусука тыаьыыр, о5олор бары тураннар иитээччи кэнниттэн мастар икки ардыларынан бараллар)

– Ханна кэллибитий?

– Оонньуу дойдутугар кэллибит.(муусука тыаьыыр), эмискэ Мэник-Мэнигийээн киирэн кэлэр(сюрпризнай тугэн).

М. – М.: Уой, ханна тиийэн кэллим бу? Атын сиргэ баран испитим ээ.

Ы.: Дорообо, Мэник-Мэнигийээн!

Эн детсадка кэллин.

М. – М.: Детсадка даа? Элбэх-элбэх о5олор сылдьар сирдэригэр дуо?

Ы.: Саамай сопко эттин. Манна биьиэхэ элбэх о5олор бааллар.

М. – М.: Наьаа, учугэй дии оччо5уна.Бэрт да, бэрт. Мин таптыыбын да, таптыыбын о5олору. О5олору кытта мэниктииргэ учугэй да, учугэй.

О5олор, мэниктиэххэйин! (о5олор диэки барар ).

Ы.: Суох, суох Мэник-Мэнигийээн биьиги мэниктээбэппит. Биьиэхэ бугун оонньуу бырааьынньыга. Эн бугун манна хаал уонна биьигини кытта оонньоо.

М. – М.: Бырааьынньыгы мин собулуубун.Элбэх да, элбэх кэмпиэт, пирожнай….(тылын салбанар). Ол гынан баран оонньуур диэни сатаабаппын.(хомойбут курдук туттар). Мэниктиири эрэ, сатыыбын.

Ы.: Хомойума, хомойума биьиги эйиигин уорэтиэхпит!

О5олор, уорэтэбит дуо? (эппиэт) Биьиэхэ до5ор буол! “Ким до5ордоох ол дьоллоох” диэн ес хоьоонугар курдук элбэх до5ор донор олус учугэй. Оннук дуо, о5олор? (о5олор кыратык ес хоьоону ырытыылара)

М. – М.: (уорэ туьэр) Соп,соп оччо5уна мин хаалыам.(илиитин таьынар, ыстаналыыр).Мин элбэх до5оттордоннум, ол аата мин эмиэ дьоллоохпун, ура!

Ы.: Оччо5уна, билигин бары турдубут уонна оонньуоххайын.

Оонньуу: “ Бары бииргэ, бары тэннэ” (о5олор тогуруччу тураллар уонна муусуканнан иитээччини утуктэн хамсаналлар, Мэник-Мэнигийээн эмиэ ункуулэьэр).

Ы.: Маладьыастар!

Онтон билигин оссо биир оонньууну оонньуоххайын. Оонньуубут аата “ Сэлээппэлээх ункуу” Сиспитин конотук туттабыт . Сиспит коно буоларыгар туьалыыр. Быьыыбыт-таьаабыт тупсарыгар кемелеьер(о5олор араас тиэмпэлээх муусуканнан тоболоругэр уурбут кумахтаах моьооччугу туьэрбэккэ эрэ хамсаналлар. Ким моьооччугэ туспут тахсар оонньууттан). Ким саамай уьуннук “сэлээппэтин” туьэрбэтин билиэхпит. Бутэьик хаалбыт о5о саамай кене таьаалаах-быьыылаах буолар.

М. – М.: Уой, о5олор оонньуур диэн наьаа интириэьинэй эбит дии.

Маладьыастар!

Ы: Саамай-саамай кене быьыылаах-таьаалаах буолла Анжелина! Керун о5олор хайдах курдук кене унуохтаа5ын.

Ы.: Оонньуу дойдутугар, оссо биир оонньууну оонньуоххайын. Оонньуубут аата: “Кутуругу тут” диэн. Ким билэрий бу оонньууну? (эппиэт).(кэннилэригэр лиэнтэ иилэбин, ким кутуругун туттарбыт оонньууттан тахсар)

Ы.: Билигин эккирэтээччи талабыт. Хайдар талар этибитий? (эппиэт).

М. – М.: Мин, мин аа5ыам.

Ы.: Соп. Аах эрэ

М. – М.: 1,2, 5, 3, 7, 14, 56, 674…………..

Ы.: Сопко аахта да, о5олор? (эппиэт)

Кордоруоххэйин, эрэ Мэник– Мэнигийээннэ.(биир о5о тахсан считалка аа5ар: “Биир-икки, биир-икки, ессе биирдэ биир-икки, оонньууну эн са5алаа!” ;муусука тыаьыыр, оонньуу са5аланар “ Кутуругу тут”, эккирэтээччини устэ уларытабыт.)

М. – М.: Маладьыастар !

Тыыныыга эрчиллии: “ Чыычаа5ы быьыахха”(бытаан муусука тыаьыыр)

“Арай, хонууга тонмут чыычаах сытар,(икки ытыстарыгар ылаллар уонна туостэригэр уураллар)

Чыычаахпытын сылаас тыынмытынан сылытыаххыйын (оро тыыныы )

Чыычаахпытын ыыттыбыт. (илиилэрин уоьээ ууналлар )

М. – М.: Уой, уой то5о эрэ мин мип-минньигэьи сиэхпин наьаа ба5аран кэллим.(сиэбиттэн кэмпиэт таьаарар уонна сиэн барар)

Ы: Тохтоо, тохтоо Мэник– Мэнигийээн сиэмэ! Коруоххэ эрэ, о5олортон ким тургэнник кэмпиэти туьэрбэккэ эрэ, суурэн кэлэр эбитий.

М. – М.:– Оо-дьэ, хайдах эрэ... Кэмпиэти сиэбэккэ эрэ, суурэр ыарахан дии.

(о5олор икки хамаанда5а арахсаллар)

Куоталаьыы “ Кэмпиэттээх луоска”.

М. – М.: Маладьыастар, тургэнник суурэллэр эбит.Онтон, мин фокус кордорору сатыыбын. Кордоробун да? Мин аан дойдуга саамай учугэй фокусникпын. Корун, эрэ миэхэ кэмпиэт баар.(о5олорго кордорор). Билигин бу кэмпиэти суутун ылабын .Кэмпиэт баар. Кэмпиэт суох!(кэмпиэти сиэн кэбиьэр)

Интириэьинэй фокус кордордум дуо, о5олор?(эппиэт)

Ы.: То5о эрэ эн фокуьун биьиэхэ олох интириэьинэйэ суох. О5олор, соьулээтигит дуо? (эппиэт )

М. М.: (кыбыстар) Бырастыы гынын. Эьиги миигин оонньуурга уорэттигит, онтон мин……………..

Ы.: Хомойума, Мэник– М энигийээн! Биьиги эмиэ эйиигиттэн уорэргэ-которго уорэннибит . О5олорго кордоруоххэйин эрэ, хайдах курдук биьиги уорэбитий.

Оонньуу “ Улахан, кыра” (бол5омто5о ).

М. – М.: Баьыыбаларын, о5олор! Эьиги бары мин до5отторум буоллугут. Билигин мин бэйэм до5отторбор тиийэммин эьиги оонньууларгытын уерэтиэм, эьиги курдук иллээхтик-эйэлээхтик оонньуохпут. “Ким до5ордоох ол дьоллоох” дииллэрэ кырдьык эбит. Оннук дуо о5олор? (эппиэт)

О5олор: Корсуоххэ, диэри!

Ы: О5олор, бугун ханна сырыттыбытый? (эппиэт)

Ким ыалдьыттаата?(эппиэт)

Тугу собулээтиги? (эппиэт)

Ханнык оонньууну оонньоотугут?(эппиэт)

Ханнык ес хоьоону биллигит? (эппиэт )

Манан биьиги бырааьынньыкпыт буттэ.

Корсуоххэ, диэри!

Маршировкалаан тахсаллар.