Азбука барахсан быраьаай

Разделы: Начальная школа, Внеклассная работа


Азбукабыт барахсан быраhаай!»

Туттуллар тээбириннэр: плакаттар «Азбукабыт барахсан, быраhаай!», «Кинигэ - киhи үтүө до5оро, өйдөөх сүбэhитэ».

Киириитэ

I. Аhа5ас, бүтэй дор5оон буукубалара, нуучча тылыттан киирии дор5ооннор, буукубалар.

II. Викторина

Учуутал. - Бүгүн бырааhынньык. 1 кылаас үөрэнээччилэрэ бастакы кинигэлэрин Азбуканы бүтэрбиттэрин бэлиэтиир күннэрэ.

Бука барыгытын үөрүүлээх күнүнэн, Азбука бырааhынньыгынан э5эрдэлиибин!

- Ыңырабыт 1 кылаас үөрэнээччилэрин. (музыка).

1.

Хоhоон, ырыа аргыстаах
Күүппүт күммүт тиийэн кэллэ
АЗБУКАБЫТ ыhыа5ар
Көрүлүө5үң, оонньуо5уң!

2.

Киирдим мин оскуола5а
1-кы кылааска үөрэнэ
Бала5ан ыйын бастакытыттан
Үөрэнээччи диэн ааттанабын.

3.

Куукуланан оонньуохпун
Солом суох, букатын
Куруук таба сүhүөхтээн
Кэлин улам кэрэхсээн
Хата. Аа5ар буоллум, дьэ.

Учуутал:

Соторутаа5ыта этэ дии
Оскуола5а киирбиппит
Ый олус түргэнник
Ааhа охсубут биллибэккэ,
Биhиги аа5ар буолан,
Азбуканы бүтэрдибит.
Бүгүн биhиэхэ үөрүүлээх күн
Махтал - баhыыба тылларын
Бастың атаспытыгар, бастың кинигэбитигэр
Азбука5а этэбит.

Бары (учууталы үтүктэллэр):

Бастың кинигэбит, Азбука барахсан!
Үөрэппит өңө5үн, өрүүтүн өйдүөхпүт.
Баhыыба! Баhыыба!
Азбука барахсан.

5.

Буукубалар - о5олор.
Уолаттар уонна кыргыттар.
Сорохторо улахаттар,
Сорохторо кыралар.

6.

Буукубалар - о5олор
Оонньуулларын таптыыллар
Хам - бааччы олорботтор
Көрүлүүллэр, ыллыыллар.

7.

Буукубалар - до5ордуулар
Бары бииргэ сылдьаллар,
Биир кылаас курдуктар
Биир алфавит буолаллар.

Учуутал:

А буукубаттан са5алаан
Аа5арга, суруйарга
Аан бастаан үөрэппит
Азбукабыт барахсанныын
Быраhаайдаhар күммүт үүннэ.
Азбука бырааhынньыгар туохха үөрэммиппитин
Аhа5ас дор5оонтон са5алаан
Сааhылаан ахтыа5ың.

1.А- о5о

Мин А диэни билэбин-
Үөhээ өттө уhуктаах,
Алын өттө атахтаах,
ортотунан туорайдаах.

2. О-о5о

Мин О диэни билэбин-
О5уруо курдук төкүнүк,
О5урсуу курдук бөкүнүк,
Уобуруч курдук төгүрүк.

3. У - о5о

У - ууhут бэрдэ,
Ууттан олох тахсыбат,
Муора уңуор да тиий,
Харбыырыттан салгыбат.

4. Уо - О5о

Уо - уоту таптыыр
Бастың, кута оттооччу,
Куттун ба5ар хаар - самыыр
Син - биир уоту ылааччы.

5. Ү - о5о

Ү - үтүөкээн ыанньыксыт
Үүт сүүрүгүн халытар
Сынньала5ар үңкүүhүт,
Үрүмэччи курдук көтөр.

6. Ө - о5о

Өтөн көтөр өйдөөх көрдөөх
Өтөх аайы өрөөн үөтэр
Өhөө - hө - hөө, өhөө - hө - hөө.

7. Үө - о5о

Үө - үөрэхтээх учуонай
Үөрэтэр арааhынайы:
Үөнү - көйүүрү,
Көтөрү - сүүрэри.

8.Ы-о5о.

«Ыы - ыы» дии - дии
Ытыыр да ытыыр
Ытырыык ыт ытырыа диэн
Ыксыыр да ыксыыр.

9 о5о.

Биhиги аhа5ас дор5оон буукубалара
Олус холкутук аа5ыллабыт.
Сорох тылларга кылгастык
Иhиллэбит: ат, ыт, кус, мус.

10 о5о.

Онтон соро5ор
Сиэттиhэммит
Уhун аhа5ас буолабыт:
Ыыт, аат, куус, муус.

11 о5о.

Онтон соро5ор холбоhон
Дифтоннар диэн буолабыт:
Тыал, уол, биэс, буор.
Уонна дифтону үөрэппэтэх
О5ону булкуйан
Мэниктээн ылааччыбыт.

12 о5о.

Онтон өссө нууччалыы
Эрэ тылларга суруллар
Түөрт нуучча «Подругалаахпыт»
Кинилэр бу бааллар (я, е, ё, ю).

13 Я - о5о.

Яша уола убайа
Якутскайга ыңырар
Яша хоту дойдуга
Яна өрүскэ олорор.

14 Е - о5о.

Еля уонна Елена
Иккиэн ааттара биирдэр.
Еля уонна Елена
Эйиэнэ миэнэ дэспэттэр.

15 о5о.

Олох - олох умнумаң,
Сыыhа халты суруйумаң,
Аhа5ас дор5оон буукубаларын.

МУЗЫКАЛЬНАЙ НҮӨМЭР.

Учуутал.

Дьэ, эрэ, о5олоор,
Көрүң - көрүң, бол5ойуң,
Азбукабыт туллар тутаахтара
Бүтэй дор5ооннор тураллар.
Чэйиң истиэ5иң,
Сонуңңутун ыhан кэбиhиң!

Б - о5о.

Б - балыксыт, муңхаhыт
Буур5алаах да муораттан
Куттанар диэн билбэт,
Долгунтан дуол иннибэт.

С - о5о.

С - сытыы, сымса
Сүүрүк атамана,
Саас сайын да кросска
Оскуола чемпиона.

Ч - о5о.

Ч - чыычаах күөмэй
Күөх кырдалга - күөрэгэй
Ыллыырын курдук ыллыыр
Көмүс курдук дьырылыыр.

Г - о5о.

Г - геолог бэрдэ
Сайын аайы саас эрдэ
Халың тыаны хайытар
Хайалары хасыhар.

Н - о5о.

Нонна мунна ханнаный?
Нонна мунна манна
Нонна бэйэтэ ханнаный?
Нонна бэйэтэ манна.

К - о5о.

Кэрии тыа5а икки
Кэ5э кэлэн эттэ
«Кук - куук, кук - куук».

Нь - о5о.

Ньыыкаан атаах ытанньах
Ньирэмсийэн марылыыр
Ньирэй курдук мэңириир.

Л - о5о.

Лыах лабаа5а түстэ,
Луук хонууга үүннэ.
Лина лыа5ы тутта,
Лана луугу булла.

h - о5о.

hуу - hаа, hуу - hаа!
Эhэ иhэр! Сиэри иhэр!
hуу - hаа дэhимэң
Муннукка түhүмэң.

5 - о5о.

О5ус са5а буолуо5ун.
О5о ба5а ба5арбыт
О5о ба5а үллүбүт
Хабах са5а буолаатын
Ха5а хайа ыстаммыт.

Ң - о5о.

Тэңкэ5э, чараңңа,
Тэтиңңэ, хатыңңа
Тииң - тииң барахсан
Тэриңниир - чэриңниир.

Т - о5о.

Мин Т диэни билэбин -
Суос со5отох ата5ын
Тоhо5олуу тирэммит
Мо5отойдуур ура5аhын
Туора сүгэн кэбиспит.

Х - о5о.

Мин Х диэни билэбин -
Харандааска харандааhы
Хардарыта туппуттар,
Хам баайталаан кээспиттэр
Х диэн буоллун диэбиттэр.

Й - о5о.

Й хара төрүө5үттэн -
Аатырбыт космонавт
Ыйга бастаан көтүө5үттэн
Онно дьиэлээх, базалаах.

БАРЫ 3-4

Биhиги эмиэ сэттэ нуучча табаарыстаахпыт
Кинилэр баар буоланнар
Элбэх тылы үөскэтэллэр,
Саха тылын байыталлар.

З - о5о.

Захар Захаров
Задача таhаарар,
Зоя Зина5а
Задача быhаарар.

Ж - о5о.

Мин Ж диэни билэбин -
Дып - дыыгынас саңалаах
Хомурдуоска маарыңныыр
Аахтахха да ата5а
Алта буола туруо5а.

БАРЫ 3-4

Биhиги бүтэй дор5оон буукубалара
Этэргэ да кытаанахпыт
Истэргэ да күүстээхпит:
Саас, мама, сибэкки, кинигэ.

БАРЫ.

Соро5ор хоhулаhабыт
Оччо5о өссө күүhүрэбит:
Массыына, таммах,
Куурусса, хаххан.

БАРЫ

Ол эрээри соро5ор
Хоhулаhаары сирэбит
Ол да иhин ардыгар
Сэргэстэhэн турабыт:
Ардах, буур5а, чалбах, сумка.

БАРЫ

Өссө икки бэлиэни
Аттыбытыгар туруорабыт
Оччо5уна а5ыаххыт
Бу маннык тыллары:
Альбом, подъезд, Ольга.

БАРЫ.

Суруйарга сыыhымаң
Аа5арга ал5аhаамаң.

МУЗЫКАЛЬНАЙ НОМЕР №1

УЧУУТАЛ.

Дьэ, оно биhиги аhа5ас,
Бүтэй дор5оону билэн,
Холбоон, сүhүөхтээн
Аа5ар уонна суруйар буоллубут.
О5олоор, бүгүн
Биhиги манна муспут,
Бу үөрүүлээх күнү а5албыт,
Аа5арга, суруйарга үөрэппит
Бастың табаарыспыт кимий?
(Азбука)
- ыңырыа5ың эрэ о5олоор!

БАРЫ. (Учууталы үтүктэллэр)

- Азбука кээл - кээл!
Биhиэхэ ыалдьыттаа!

АЗБУКА. Нөрүөн - нөргүй! Бүгүн эйиэхэ үөрүүлээх күн. Эhиги мин буукубаларбын билэн аа5ар - суруйар буоллугут. Эhиги өссө туохха үөрэммиккитин билиэхпин ба5арабын.

УЧУУТАЛ. Биhиги Азбукабыт кинигэтиттэн элбэх кэпсээннэри аахтыбыт. Мин билигин ол кэпсээннэртэн быhа тардан аа5ыам: Эhиги ханнык кэпсээнин таайыахтааххыт.

Викторина «Таай ханнык кэпсээний?»

Стр.78 Шура шара, стр.84 Ферма, стр 87 Кыhыл сэрии, стр.109 Пип- пиип, стр 111 Тыңырах, стр 112 Элбэх до5ордоох үчүгэй, стр. 114 Чыычаах о5ото.

УЧУУТАЛ. Биhиги о5олорбут аа5арга - суруйарга үөрэммиттэрин хоhоон аа5алларын, ырыа ыллыылларын, таабырын таайалларын сөбүлүүллэр. Бүгүңңү бырааhынньыкка остуоруйа геройдара Буротино, Билбэчэй кэллилэр. Кинилэр кэhиилэрин сорудах а5албыттар.

1. Бэриллибит биир схематтан тылы булуу.

: иэс, уос, уол, ыал, үөс, үөл, үөт, иэн, иэт.
: саас, маас, баас, таас, тиис, киис, тыын.

2. Буротино иккис соруда5а этиилэри сүhүөххэ араарыы.

Ки-
hи-ни ү-лэ киэр-гэ-тэр
Сү-рэх-тээх сү-гүн о-лор-бот,
А-hыыр-га ал-лаах, ү-лэ-5э кө-лөөх.
Хах-хан хах-ха сир-ри бу-лар.

  • Этиини суруйуу
  • Фишкаларынан бэлиэтээhин
  • Сүhүөххэ араарыы.

3. Тыллары дор5ооhуннатыы.

Дьокуускай - киин куорат.

МУЗЫКАЛЬНАЙ НОМЕР

4. Муммут сүhүөхтэри миэстэлэрин буллар.

Мах, аз, лун, ка, тал, бу, буол, 5а.

5. Таайбараңы таай.

  • Бэйэтэ дьиэ иhигэр, батта5а таhырдьа баар үhү?
  • Аhы барытын кытардар баар үhү? (свекла)
  • Биир дьиэ5э элбэх киhи хаайтаран олорор үhү? (тиис)
  • Элбэх сонноох эмээхсин тимэх тиктибит үhү? (хаппыыста)
  • Сибэккилээх, оттоох, киhи сиир килиэбэ тугуй? (хортуоска)
  • Cыыспатар, мөхпөтөр да, дьону барытын ытатар баар үhү? (луук)

6. Билигин биhиги кэпсээннэри, хоhооннору аа5ан иhитиннэриэхпит.

7. Саха уола былыыр - былыргаттан сымса, мындыр өйдөөх күүстээх санаалаах көрсүө сэмэй буолуохтаах. Өбүгэлэрбит оонньууларыгар кылаас иhигэр илиитигэр саамай күүстээх уолу быhаарыахпыт. МАС ТАРДЫhЫЫ

МУЗЫКАЛЬНАЙ НОМЕР

АЗБУКА («Мин сатаан ааҕабын» кинигэни сиэтэн киллэрэр)

- Баhыыбаларың о5олоор! Мин эhигини өссө да ситэ элбэххэ үөрэппэтим. Аа5арга эhигини учууталгыт, төрөппүттэргит кыhаллан үөрэттилэр. Эhиги өссө да өр кэмңэ үөрэниэххит. Аны мин солбуйааччыбын, «Мин сатаан ааҕабын»кинигэни аа5ыаххыт, билиэххит.

Мин сатаан ааҕабын.

- о5олоор, эhиги миигин кытта билсиспиккититтэн олус үөрдүм. Эhиги мин төрөөбүт тылым баайын кэрэтин билэргэ үөэтиэм. Миигиттэн Саха остуоруйаларын, таабыраннарын, өс хоhооннорун, элбэх интэриэhинэйи аа5ыаххыт, кэпсииргэ үөрэниэххит. Миигин бол5ойон аа5ың, илиистэрбин харыстааң, киртитимэң.

БАРЫ (Учууталы үтүктэллэр) Уруй буоллун АЗБУКА5А!

Айхал буоллун «Мин сатаан ааҕабын»кинигэҕэ!

- Үчүгэй аа5ааччы мэтээллэрин туттарыы. Бу үөрэх дьылыгар хайдах үөрэммиккитин туоhулуур жетоннары туттарарбын көңүллээң.

НОМИНАЦИЯЛАР:

«Барытыгар бастың»
«Бастың аа5ааччы»
«Бастың суотчут»
«Бастың суруксут»
«Кыhамньылаах үөрэнээччи»

Учуутал алгыhа…
Төрөппүт алгыhа…

МУЗЫКАЛЬНАЙ НОМЕР