Национальная культура коренных народов Республики Саха (Якутия)

Разделы: Внеклассная работа


Уруок  сыала:

1. Сэргэ диэн тугун билиэхпит.

2.  Сэргэ то5о ытыктанарын ойдуохпут.

3. Сэргэ арааhын, сэргэ туруоруутун сиэрин-туомун билсиэхпит.

Туттуллар тэрил. Схема «Сэргэ»

Хаартыскалар «Былыргы сэргэлэр»;

Уруhуй «Моойдоох сэргэлэр»;

«Сэргэни ытыктаа» диэн обугэлэрбит сиэрдээх билиилэрэ (ахсаана 24); 

Эрчиллии «Сэргэ туруоруутун сиэрэ-туома» (ахсаана 24);

  • Тест «СЭРГЭ» (ахсаана 24)
  • сэргэ фигурата(ахсаана 24)
  • Таайбаран(ахсаана 24)
  • Кинигэ   быыстапката.

Туhаныллыбыт литература:

  1. Вацлав Леопольдович Серошевскай «ЯКУТЫ».
  2. Вильям Фёдорович Яковлев «СЭРГЭ 1,2 чааhа».
  3. Матрёна Алексеевна Попова «Саха торут культурата.
  4. М.А.Попова, А.Н.Павлов «Саха угэhин торут ойдобуллэрэ».
  5. Ксенофонт Дмитриевич Уткин «Ысыах как этнокультурное явление»
  6. В.И.Хатылаева «Национальная культура коренных народов РеспубликиСаха (Якутия)».
  7. Дьулуруйар Ньургун Боотур олонхо.
  8. Экспресс-бюллетень «Кут куоппатын, сур суппэтин». «Саха былыргы сэhэннэрэ уонна кэпсээннэрэ».
  9. «Кэскил» хаhыаттан ойдобунньук сэргэлэр туhунан матырыйаал.

Саха суруйааччыта М.Тимофеев «Сэргэ» диэн хоhоонун  аа5ан баран, сэргэ диэн тугун ойдуу сатыахха (тирэх хоhоон дуоска5а суруллан турар)

СЭРГЭ
М.Тимофеев

Сэргэ-сылгы уоруутэ,
Сэргэ айан тумугэ,
Кыынньар кымыс
Кутуллар
Куо чороон дьоло буолар.
Саха киhи ыал буолбут,
Сырдык уоту оттубут
Итэ5элэ, иччитэ,
Энэлгэнэ, иэйиитэ…
Сэргэ ыhыах ырыата,
Сэргэ-эйэ эрэлэ,
Олонхоhут   уус  тылбыт
Оhуор-дьар5аа ойуута.

(О5олор эппиэттэрин саба5алааhын:

Сэргэ-сылгы уоруутэ.
Сэргэ айан тумугэ.
Сэргэ-ыал дьоло.
Сэргэ-эйэ эрэлэ.

Сэргэ ыhыах ырыата о.д.а. эппиэттэр буолуохтарын соп.)

1. Сэргэни  саха киhитэ олус ытыктыыр, сэргэ5э кини сугуруйэр. Ол туhунан этнографтар,чинчийээччилэр, учёнайдар элбэхтик уонна итэ5этиилээхтик суруйбуттара.
Холобур, Вацлав Леопольдович Серошевскай «Якуты» диэн улэтигэр туох диэн бэлиэтээбитин истиэ5ин. Ньургун аа5ыа5а:
« Столбы коновязей считаются священными, с ними связано счастье дома… Богатые якуты, переменяя место жительства, не раз выкапывали и увозили с собой эти столбы…».
18 уйэ5э сэргэ туhунан Иоганн Гмелин, Яков Линденау, 19 уйэ5э Маак, Трощанскай, Виташевскай,  Пекарскай, Худяков улэлэригэр билэбит.
Сэргэ диэн тугуй? Сэргэни то5о ытыктыылларый?
Сэргэ – монгол  тыла. (Онон сэргэ сахалар торуттэрэ былыр со5уруу олоруохтарыттан ыла илдьэ кэлбит угэстэрэ эбит. Суоhу иититинэн дьарыктанар кос биис уустара оссо торут былыргыттан ат баайар ба5аналаахтара биллэр). Ат баайар ба5ана-коновязь, былыр туруйа диэн ааттана сылдьыбыт.
Оттон биhиэхэ, сахаларга , суоhуттэн , кыылтан барытыттан ытыктанар кимий? - Ат
Ат барахсан. Кини син биир киhи курдук. Ойдуур ойдоох, саныыр санаалаах, оссо киhилии кэпсэтэр тыллаах-остоох. (Биhиги ону ордук саха норуотун тылынан уус-уран айымньытыгар (олонхо5о), саха итэ5элигэр(танха оонньууларыгар) коробут.
Дьулуруйар Ньургун Боотур олонхоттон «Бухатыыр ата» быhа тардыыны толоруо5ун уонна сэргэ хаhан уоскээбитин саба5алыахха.
(Фольклорнай куруhуокка сылдьар о5олор нойосуус аа5аллар)

Дьулусханнаах дьулуо манан халлаан,
Дьураатыгар тура торообут,
Дьулусхан субуйа суурук,
Дьураа хара ат барахсан.
Бадьыр оhуор ойуулаах,
Бар-дьа5ыл кыллаах,
Бастын сэргэтигэр хантаччы баайыллан,
Туорт туорэм таас туйахтарынан,
Туннэритэ холоруктаан,
Эhэгэй-дугуй тибиилээх сиэллэрэ,
Эриллэ бурулла ытыллан,
Уйул5аннаах оночо уот кутуругунан,
Уотунан охсуhа оонноон,
Орутэ мохсон
Орукуйэ турар эбит!
(ырытыы)

Сэргэ киhини кытта тэн сыhа саастаах буолуон соп. Обугэлэрбит ат буола сылдьан икки атахтарыгар уктэнээтин, илиилэринэн туттар буолаатын киhи иэгэйэр икки ата5ар тура сылдьар туоhута-символ онорон, сэргэни туруорар угэhи уоскэппит буолуохтарын соп. Онтон ханыл сылгыны тутан, миинэр минэ гыналларыгар бэйэлэрин кытта тэннэ турбут ол сэргэлэрин тулланнаабат тулааhын оноhуннахтара. Ол да иhин саха оhуордаан-дьар5аалаан ордук кичэйбитэ бу сэргэ. (Саха-сэргэни оhуордаан-дьар5аалаан ордук кичэйэн онорор). Онон быдан былыргы уйэлэр тыын боппуруотарын быhаарар, коло, ас-тьанас буолар сыспай сиэллээххэ аналлаах, кичэйэн оноhуллубут оhуордаах-бичиктээх, аньыыттан-хараттан ымыылыыр, бары куhа5аны куттуур, куруук сэргэх турар суду суолталаах маhы былыргы дьон харыстаан, сэрэнэн-сэрбэнэн сэргэ диэн ааттаабыт буолуохтарын соп.

Сэргэ иччитэ –ТYhYМЭЛ.

ХААН ТYhYМЭЛ,
ТЫЫН ТYhYМЭЛ,
ТОЙОН ТYhYМЭЛ,
ХАТАН ДЬАРАЛЫК

СЭРГЭ –Аан дойду тутуллан турар кулукутун кордорор (СХЕМА «СЭРГЭ»)

1.  Сэргэ биhиги обугэлэрбит итэ5эллэринэн, Yрун Аар Тойон тайа5а буолар. Итинэн кини сиртэн сибээhи ылан, аан ийэ дойдубут оло5ун-дьаhа5ын сайдыытын салайан биэрэр диэн ойдобуллээх.

2. Ыал ымыыта. Дьиэни-уоту, тиэргэни, ыалы араначчылыыр. Сэргэ-айыы киhитэ орто дойдуга  олохсуйбутун кордорор ытык бэлиэ. Ыалга кэлбит ыалдьыт, хоноhо аан бастаан сэргэ5э тохтуур. Кэлбит ыалыгар бэркэ сэрэнэн, сиэри-майгыны тутуhан чуумпутук киирэр.

3.  Уhун уйэ бэлиэтэ.

4. Сылгыга сугуруйуу.

5.  YYннэрэр, айар куус. Эр киhи сурэ, айан тэрилэ. Удьуор сал5анар.

6. Ыалдьытымсах буолуу бэлиэтэ.

7.  Дьол маhа. Сэргэ ат баhа ойуута аанынан абааhы дьиэ5э киирэн дьону бадьыыстыа5ын, куhа5аны оноруо5ун тууннэри-кунустэри манаан турар, киллэрбэт.

Онон, сэргэ Айыы кууhун тардар, бэйэтин тула тар5атар. Сэргэ киhиэхэ бигэ буолар кууhу биэрэр. Ол иhин сэргэни ытыктыахтаахпыт диэн санааны о5олор этиэхтээхтэр.

 2. «Сэргэни ытыктаа» диэн обугэлэрбит сиэрдээх билиилэрин  суруйан тар5аттым.
Обугэлэрбит сэргэ былыргы аналын тугу кытта ситимнииллэрин ойдуу сатыа5ын.

1.  Ытыктаа. Сэргэни алдьаппыт, кэрдибит, уокка туhаммыт дьон алдьархайга тубэспиттэрин туhунан угус кэпсээн баарын умнуман.
2. Харыстаа. Сэргэни тура тарпаттар, киртиппэттэр. Уматар, алдьатар сатаммат.
3.  Ытык сир. Сэргэ таhыгар о5ону-урууну оонньоппоттор, айдаарбаттар. Бо5ун-сыыhын хомуйа сылдьаллар. Улахан уоруулээх куннэ ас бастынын сэргэ тордугэр уураллар. Олох сиэрин бэлиэ тугэнэ дьону-мэргэни сэргэ таhыгар тумэр.
4. Аньыы. Сэргэни алдьатар киhи-оло5ун алдьатар.
Сэргэни алдьатар киhи – дьиэтин иннэрэр.
Сэргэни таннары туруоруу-тоннор, кэхтэр бэлиэ, кырыыс суолталаах, «таннары кыран» диэн ойдобуллээх.
Сэргэни аргыннан аhатар аньыы.
Дьэ ити курдук сэргэ улаханнык ытыктанар. Ытыктанар эбит былыргы анала итэ5эли кытта быстыспат сибээстээх буолан диэн ойго-санаа5а кэлэбит.

Норуот сэhэнинэн саамай былыргы кыргыс, туруйа, садах уонна сатанах сэргэлэрэ буолаллар. Вильям Фёдорович Яковлев «Сэргэ» диэн кинигэтин коруо5ун. (Хаартыскалы кордоруу)
Кыргыс сэргэтин тун былыр биис ууhа атын биис ууhун олоро-оhоро, сэриилии барарыгар туруораллара. Ол сэргэ оройугар батыйалаах, ол аллараа оттугэр икки ытар5а муостаах, сэргэ тула ох ойуулардаах буолара уhу.
Cаадах сэргэтэ алларааннан со5ус уоhэтэ ох сааны, иккиhэ кэгэhи ыйыырга аналлаах.
Сатанах сэргэ. Элбэх баай лабаалаах синньигэс тиити быhан , ыраастаан дьиэ айа5ар чугас туруораллар. Ол сэрг5э бултуур тэриллэрин, туттар малларын ыйыыллара. Аты да баайаллара уhу.
Элбэх куннэр-дьыллар ааспыттара. Ол аайы кыргыс, туруйа, садах, сатанах сэргэлэр улам умнуллан-сутэн барбыттара. Кинилэри билинни моойдоох, ойуулаах сэргэлэр сыыйа солбуйан испиттэрэ. Моойдоох сэргэлэр 18 уйэттэн са5алаан тэнийбиттэрэ.
Моойдоох сэргэ коруннэрин уруhуйга коруо5ун («Моойдоох сэргэлэр» уруhуй):
-тэлгэhэ (туcаhа) сэргэлэрэ;
-ыhыах (туhулгэ) сэргэлэрэ;
-итэ5эл сэргэлэрэ;
-сэлэ сэргэлэрэ;
-тохтобул (айан) сэргэлэрэ.
Кэлинни кэмнэ дьон-сэргэ ойдобунньук сэргэлэри тутуорар буоллулар.

1.  ТЭЛГЭhЭ СЭРГЭЛЭРЭ. Былыр саха ыала дьиэ тутунна5ына, тэннэ сэргэни сэргэни онорон туруорара уhу. Оччотоо5у ойдобулунэн, сэргэ-дьол-соргу, дьиэ-уот кэскилэ, ымыыта, ыалдьытымсах буолуу, кэлбит киhини уорэ корсуу бэлиэтэ этэ. Былыр тэлгэhэ элбэх сэргэлээх буолара. Дьаданы кыаммат киhи 1 сэргэни, баай, кыанар киhи 3-12 тиийэ сэргэни туруораллара. Баай ыал ойуулаах-киэргэллээх 3 сэргэлээх буолара. Бастакы улахан сэргэ баай ыалдьыт атын баайарыгар, орто сэргэ баай со5ус ыалдьыкка, кыра сэргэ-дьаданыга аналлаах буолара. Маны таhынан баай киhи кийиит кэллэ5инэ, о5о тороото5унэ, онноо5ор ытыктанар суду ыалдьыт хонно5уна-ороотунэ эмиэ сэргэ туруораллара уhу.

2.  ТYhYЛГЭ СЭРГЭЛЭРЭ-ЫhЫАХ СЭРГЭЛЭРЭ. Yор тиити охторон баран , икки метр кэриннээх икки эбэтэр ус остуолбаны сулуйан, тоболорун аннынан курдары ууттууллэлэ. Yуттэрин уоhээ оттунэн ойуулууллара, остуолба тоботун дуомат курдук суораллара. Остуолбалары сиргэ хаhан туруоран баран, ууттэрин устун сул маhы угаллара. Ыhыах кэмигэр туhулгэ сэргэлэрин туорай маhыгар кымыстаах сири иhиттэри ыйыыллара. Туhулгэ сэргэлэрин илин оттугэр баара5ай тиити сулуйан, торут быhан, суунэ улахан сэргэни туруораллара. Былыр онтуларын  то5ус томтор5олоох, то5ус эрбэхтээх аар ба5ах диэн ааттыыллара. Ба5ахтарын моонньооhунун уоhэ-аллараа оттунэн устуу кэккэлээх (томтор5олоох) ойууну оссо ба5ах тоботун аллараа оттунэн онороллоро. Ол иhин то5ус томтор5олоох диэн буолар. Аны моонньооhу аллараа оттунэн тогуруччу то5ус эрбэ5и быhаллара, ол аата то5ус эрбэхтээх диэн буолар эбит. Бу аар ба5ахха ыhыах ыhалларыгар кырдьа5ас аарыма атыыры баайаллара.

3.  СЭЛЭ СЭРГЭЛЭРЭ. Кымыс кымыстыыр байдар биэ ыанар титиигин таhыгар киhи урдугун са5а туох да ойуута суох сэлэ сэргэлэрэ диэни туруораллар. Yксугэр 3-9 сэргэ буолара уhу, икки ардылара 3-туу хаамыы буолар эбит. Сэргэлэр моонньооhуннарыгар сылгы сиэлиттэн хатыллыбыт модьу сэбэhэ быаны тардаллара, онтулара сэлэ диэн ааттанара. Сэлэ5э кулуннарын ахсаанынан мас кулукулаах тирбэ5э быаны баайаллара. Ол кулукуларга кулуннарын контос тиэрбэhинэн ининнэрэллэр.

4.  ТОХТОБУЛ, АЙАН СЭРГЭЛЭРЭ. Аты уоскутарга, айанньыт сынньанарыгар анаммыт сэргэлэр. Бу сэргэлэргэ бэлэх биэрэн ааhаллара.

5. ИТЭ5ЭЛ СЭРГЭЛЭРЭ. Сэргэ коруннэриттэн итэ5эл сэргэлэрэ олус элбэх араастаахтар. Холобур, ойуун, уда5ан сэргэлэрэ, хоолдьуга, олбут сэргэлэрэ, торуох тартарбыт эбэтэр сэлэ тартарбыт сэргэлэр, торбосчут сэргэлэр о д.а.

6.  ЫТЫК СЭРГЭ ытык дабатыыга анаан туттуллар. Сэргэ тас корунэ ыарыы арааhыттан тутулуктаах. Ону тэнэ хаhыс олоххо утэйэллэриттэн эмиэ ситимнээх. Сэргэни саламанан киэргэтэллэрэ. Туттан бутэн баран ойуурга ыраах кистээн кэбиhэллэрэ.

7. ЫТЫК КОТО5YY БА5А5А. 19 уйэ бутэhигэр диэри баай ыаллар суоhу далыгар, куруотугэр ытык дабатыы ба5а5ын анаан туруораллара. Онно ытык дабатар сылгыларын баайаллара. Бу сэргэлэр то5устуу курдааhыннаах туорай мастаах буолаллара, эриэн ситиигэ тиhиллибит саламанан киэргэтэллэрэ. Тула оттугэр то5ус тиит мастан оноhуллубут сурдьугэстээх буолара.

3. Аны билигин сэргэ  туомун билсиэ5ин.

1.  Маhын бэлэмнээhин. Сэргэ маhын ус сыл инниттэн бэлэмнииллэр, бэрт эттээх,а5ыйах мутуктаах коно маhы талаллар. Yрдугэ ус метр кэринэ буолар. Кэрдэн киллэрэн, хатырыгын хастаан, салынньа5ын, далбархайын ыраастаан танастыыллар.Ол кэнниттэн кун уотугар сылытан туран, маска инэр гына ынах арыытынан ньал5аарыччы  сотоллор. Ити улэ ус сылустата хаста да хатыланар.Маннык масс кыыл муоhун курдук кытаанах буолар, мээнэ тырыта-хайыта баран хайдыбат.Бу курдук сэргэ буолар ДYЛYНY эрдэттэн бэлэмнииллэрэ.

2. Буорун бэлэмнээhин. Сэргэ туруоруу туспа сиэрдээх-туомнаах. Буорун хаhыахтарын иннинэ сири бааhырдыбакка туран, уот оттон,сир-дойду иччититтэн кордоhоллор-ааттаhаллар, алгыс этэллэр. Алгыс тылын кэнниттэн сиэллээх арыынан айах туталлар.Дьэ, ол кэнниттэн сири бааhырдаллар.

3. Сэргэ турууоруутун туома. Алгысчыт уна илиитигэр урун сылгы сиэлин, ханаhыгар ынах кутуругун туутун тутан туран, кун диэки хайыhан алгыс тылын этэр: «Сыспай сиэллээххит сыhыы-сыhыы мунунан сырыстын. Хоро5ор муостааххыт хону-хонуу мунунан хойуннун». Онтон сиэлин, туутун ому5аhын ту5эгэр илин-ар5аа, хоту-со5уруу диэки хайыhыннаран кириэстии уурар, арыылаах кымыhы кутар. Сэргэ маhын ар5ааттан илин диэки оро анньаллар. Сэргэ буорга туhэр оттун хатын,бэс масс дьуокэтинэн сотоллор, туоhунан буруйэллэр. Дьахталлар сэргэ5э дэлбиргэ ыйыыллар. Сэргэ тордугэр мустубут дьон кымыс иhэллэр, арыылаах алаадьы сииллэр. Сэргэ тордугэр ас бастынын уураллар. Сэргэ тоботугэр чэчир анньаллар.

4. Сиэри тутуhуу. Атын кэмнэ сэргэ анныгар туох да ууруллубат. Сэргэттэн тэйиччи туспа сиргэ бэлэх-туhах уурар сир бара ордук.
Сэргэни таннары туруоруу , арыгы кутар-аньыы.

О5олор, холобур ,бу кылгас кэпсээни сопко аахтаххытына сэргэ туруоруутун сиэрин-туомун ойдообуппут диэн буолуо. (Эрчиллии «Сэргэ туруоруутун сиэрэ-туома», хараардыллыбыт тыллары суруйан биэриэхтээхтэр)

 Былыр сахалар сэргэни олус ЫТЫКТЫЫЛЛАРА. Сэргэни алдьатар, уокка оттор, арыгынан аhатар, урдунэн атыллыыр улахан АНЬЫЫ. Саха угэhинэн сана ыал буолбут дьон бала5ан тутталлар. Бала5аннарын ИЛИН оттугэр, аан утары онкучах хаhыахтарын иннинэ СИР-ДОЙДУ ИЧЧИТИТТЭН кордоhоллор-ааттаhаллар. Сэргэ буолар ДYЛYНY  эрдэ бэлэмнииллэр. Сэргэ саамай тоботугэр ЧЭЧИР анньаллар. Сэргэ туруоруутугар АЙМАХТАРЫН ыныраллар. Алгысчыт уна илиитин тарбахтарыгар  МАНАН СЫЛГЫ сиэлин кыбытан, ханаhыгар ЫНАХ кутуругун тутан баран, икки илиитин КYН диэки оро уунан АЛГЫС тылын этэр. Дьэ ити курдук ал5аан баран, уокка хоруордуллубут, ТУОhУнан буруллубут сэргэ тордун онкучахха туhэрэллэр. Ити кун алаhа дьиэ сэргэтин тордо туспут малааhына буолар. Онно аhыыр астарын саамай КYНДYТЭ аан бастаан бу CЭРГЭ тордугэр ууруллар. Алтан СЭРГЭ анньыллан, тэлгэhэ тордо торуттэнэр. Чэйин эрэ,о5олор, ОhУОКАЙЫ оройуттан тутуо5ун, оонньуо5ун-корулуо5ун!