Авторская работа "Азбука в стихах"

Разделы: Начальная школа, Внеклассная работа


Улэ-уорэх азбуката
(маннайгы кылаас о5олоругар аналлаах, улэ5э иитэр суолталаах хоhооннор, автор тыллара)

Аанчык кыыс
Асчыт бэрдэ
А5атыгар айанна
Алаадьы астаата

Быраатым Борялыын
Биэдэрэ ыллыбыт.
Бэлэммит биhиги
Балыкка барыахпыт.

Велосипедпыт  алдьаммыт.
Валералыын оностуохпут.
Володялаахха оттоhо,
Велосипедынан барыахпыт.

До5орбун кытта
Дуоскаттан быhан
Даайа эдьиибэр
Долборук онордум.

Дьоммор оттоhобун,
Дьоммор отонноhобун,
Дьонум уорэллэр
Дьоhун киhи дииллэр.

Зина5а суоттуурга
Задача5а кѳмѳлѳстум.
Зебра туhунан кэпсээни
Зоя5а аахтым.

Иистэнэри сатыыбын.
Иннэни да угабын.
Ийэм онтон уорэр.
Имэрийэр оргууйдук.

Кыра да буолларбын
Кѳмѳлѳhѳру сирбэппин.
Куну быhа улэлээн,
Киhи бэрдэ дэтэбин.

Маалыкай ынахпын,
Маанылаан таптыыбын.
Маалыкайбар оттуубун.
Маамам онтон уорэр.

Убайбын кытта
Уу баhабыт.
Уунан суунабыт.
Ууну иhэбит.

Ỳлэлиири таптыыбын.
Ỳлэлиири сатыыбын
Ỳлэлиир учугэй
Ỳунэргэ, сайдарга.

Таhырдьа тахсаммын.
Тиэргэммин хомуйабын.
Тамыйахпын аhатабын.
Туртаспынаан  улэлиибит.

Сайын эрэ буоллар
Сайылыыбын эбэбэр.
Суораттыыры сатыыбын.
Суогэйи  араарабын.

Хаары курдьээри
Хаатынка кэтэбин.
Халыhыйа  суурэн,
Хаарбын таhан бутэрдим.

Эркээйи алааска
Эбэм, эhэм оттууллар.
Элбэ5и да улэлээтим.
Эрэнэр киhилэрэ мин.

Ыраастык да ыраастык.
Ыппын сууйабын.
Ытырбат хата кини.
Ыйылыыр да ыйылыыр.

Уокка отторго
Уонча маhы хайыттым.
Уонна атынын тастым.
Уол о5ото буолабын.

Ыа5аhынан ууту
Ыа5ым дэллэччи
Ыараханын билэбин.
Ыарахантан куттаммаппын.

Ỳѳрэ- кѳтѳ,
Ỳѳрэниэм мин.
Ỳѳрэхтээхбуолуо5ум
Ỳѳрдуѳ5ум дьоммун.

Настаа эбэбэр
Наскы баайдым.
Наhаа итии
Наадалаах танас  диир.

Ѳрѳбул кун
Ѳнурук куйааска
Ѳлѳѳс эhэбэр,
Ѳрѳмуѳннэ кѳмѳлѳстум.