Эпос древних народов, живущих на Якутской земле. 5-й класс

Разделы: Внеклассная работа

Класс: 5


Сыала:
1.Саха  норуотун киэҥник биллэр остуоруйатын   кэрчиги ааҕан, ис хоһоонун биллэрии
а Тирэх ыйытыыларга хоруйдатан ис хоһоонун илдьиритиһии.
б Өйдөммөт тыллары ырытыһыы.
2.Кэрэ кыыс  тас көрүҥүн, майгытын сигилитин, сыһыанын быһаар-
сыы. Кэрэ өйдөбүлү ырытыһыы.
а  Сирэйин-хараҕын, таҥаһын-сабын.ис санаатын олоххо сыһыанын
Б Ааҕар, саҥарар дьоҕурдарын сайыннарыы.
3.Билиҥҥи олох костүүлэрин остуоруйаҕа сыһыаран быһаарсан иитии-үөрэтии халыыбын таҥыы.

Уруок ньымата. Сатабылы сайыннарар уруок.(Комбинированнай буолуон сөп).
Ырытыһыы, сэһэргэһии, диспут, оонньуу да быһыытынан барыан сөп.

Туһаныллыбыт лит-ра.
Уруок хаамыыта.
Тэрээһин. !.Уруокка бэлэмнээһин.
Хатылааһын. 1.Тирэх ыйытыыларга эппиэттээһин.

 1. Оҕолоор,түҥ былыр сайдыылаах олоххо олорботох, биһиги өбүгэлэрбит иллэҥ кэмнэрин хайдах атаараллара буолуой? (Остуоруйалаһан, олоҥхолоһон, таабырыннаһан, ыллаан- туойан.).

Бу айымньылар хайдах тарҕаналлара буолуой? (Тылынан).

Биһиги бу айымньылары ханнык көрүҥҥэ киллэрэрбит буолуой? (Норуо тылынан уус-уран айымньыга киллэрэбит).

Оттон биһиги үөрэтэр остуоруйабыт тоҕо Биэс Ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин диэн ааттаабыттара буолуой? (Оҕолор араастык эппиэттиэхтэрин сөп. Уопсай биир санааҕа кэлэн биир эппиэти булуохха сөп.).

Бу кэнниттэн сыалбытын - сорукпутун чуолкайдаһабыт. Оҕолоор, бүгүн биһиги бу уруокка түгү гынарбыт буолуой? (Оҕолор биир- биир туран эппиэттииллэр.)
Учуутал уруок сыалын-соругун чуолкайдыыр.Урут аахпыт кэрчикпит ис хоһоонун санатыһабыт.

Ааспыт сырыыга биһиги  ааҕан тугу билбиппитий? (Оҕолор тура-тура хоруйдууллар).

Ол кэнниттэн  остуоруйабыт кыыс туһунан кэрчигин  ааҕабыт.ааҕабыт (Учуутал саҕалыыр, оҕолор салгыыллар. Манна элбэх бириэмэ бэриллиибэт. Кыыска эрэ сыһыаннаах өттүн ааҕабыт). Аахтыбыт билигин сорудахтары көрөн толоробут (сороҕун тылынан, сороҕун суругунан)

2. а) Карточканан бэриллэр .

Кыыс таас көрүҥүн ааҕан тылынан кэпсээҥ. Хайдах кыыс эбитий?.(Таҥас нөҥүө этэ көстөр, этин нөҥүө  силиитэ көстөр...хап-хара хараҕынан чараас-чараастык тэрбэлдьиччи көрө олорор кыыс эбит.).

Билбэт тылларгытын устан эбэтэр аннынан тардыҥ.( Тылдьытынан үлэ буолуон сөп.).

Кэрэ кыыспыт орто дойдуга хайдах баар буолан хаалбытый!? (Үөһэттэн айдарыылаах кэлбит. Кини биэс салаалаах бэрдьигэс от буолан үүммүт.)

Норуот тоҕо кэрэ кыыһы биэс салаалаах отунан ойуулаан көрдөрдө?

 Былыр сахалар хайдах кыыһы кэрэ диэн ааттыылларай?

(Хатыҥыр, нарын намчы көрүҥнээх,уһун дьылыгырас көнө уҥуохтаах кыыһы кэрэ кыыс диэн ааттыыллар.)

Дьэ,оччоҕо, биһиги  өбүгэлэрбит хайдах толкуйдаах, көрүүлээх эбиттэрий?(Мындыр, дириҥ , киэҥ о.д.а).

Оттон нуучча омуга былыр хайдах кыыһы кэрэ диэн ааттыылларай? (Модьу-таҕа көрүҥнээх, кыайыгас –хотугас кыыһы кэрэ дииллэр эбит.)

Билигин кэрэ өйдөбүлэ уларыйбыт дуо? (Сахалар кэрэ диэн өйдөбүллэрэ уларыйбатах курдук, оттон нуучча омугун өйдөбүлэ уларыйбыт курдук. Бу туһунан

Оҕолор бэйэлэрэ ырытыһыахтарын сөп.)

Оттон эһиги кэрэ диэҥҥэ тугу киллэрэҕит?

б) Тэтэрээккэ эбэтэр альбом  илииһигэр кэрэ кыыһы бэйэҕит оҥорон көрөр дьоҕургутунан уруһуйдааҥ.

в) Кэрэ өйдөбүлүнэн  түмүк оҥоһуллар. (Нуучча суруйааччытын А Чехов этиитин тылбаастаан биэриэххэ сөп.).

Онон кэрэ диэн өйдөбүлүнэн аҥардас тас көрүҥү эрэ эппэттэр. Кэрэ киһи барытынан кэрэ буолуохтаах. Ол гынан баран  эҥкилэ суох үчүгэй киһи баара буолуо дуо, орто дойдуга?
(Оҕолор түмүк өҥороллор).

3. Кыыспыт олоҕун эйгэтин,майгытын - сигилитин ырытабыт. (Дискуссия курдук ыытабыт).


- Кыыспыт аата кимий?
- Эһиги санааҕытыгар кыыспыт тугунан дьарыктанарый? Бэйбэрикээн эмээхсиҥҥэ көмөлөһөрө буолуо дуо?
- Кини  нарын намчы дии, тугу да сатаабата буолуо. Дьиэтигэр үлэлээбэтэ буолуо. Оттон эһиги дьоҥҥутугар көмөлөһөҕүт дуо? (Үлэһит киһи өйө-санаата тобуллаҕас буолар.).
-Бэйбэрикээн эмээхсин кыыһа хайдах майгылаах эбитий? (Сытыары-сымнаҕас майгылаах ).
-Сытыары сымнаҕас майгылааҕын остуоруйа быһа тардыыларыттан булан  ааҕыҥ эбэтэр кэпсээҥ. ( Ийэтин кытта кэпсэтэр, кэргэн кэпсэтэ кэлэллэригэр улгумнук сөбүлэһэр).
- Кини тоҕо сөбүлэһэрий? (Оҕолор санааларын этэллэр).
Оҕолор бэйэлэрин түмүк санааларын этэллэр.
Тэтэрээккэ бэлиэтэнэллэр.( Кини үлэһит эбэтэр үлэни кыайбат, сытыары-сымнаҕас майгылаах, утарыласпат, мөккүспэт, улгумнук сөбүлэһэр, толоругас- маны барытын быһааран биэрэллэр.).
- Кыыспыт кэргэнин дьиэтигэр баран иһэн мунан хаалла? Тоҕо?
-Ким буруйдааҕый? Кыыс бэйэтэ эбэтэр ким?( Салгыы өссө хайдах баҕарар тэнитиэххэ сөп.)

4. Кыыс оҕо хайдах буолуохтааҕый? Ырытыһан баран түмүгүн тэтэрээккэ үлэ суруйтарыллар.

5. Түмүгэр киһи майгытын-сигилитин бэйэтэ иитиниэхтээх, олоҕун бэйэтэ оҥостуохтаах, кэрэ диэн өйдөбүлгэ талаһыахтаах.

6. Уруһуйдары аныгы дуоскаҕа толоруохтарын сөп.

7. Остуоруйа диискэтин туһаныахха сөп

8. Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин диэн кинигэни туһаныахха сөп.

Чиҥэтиһии: Тугу биллибит? Тугу сатаатыбыт? Туохха үөрэннибит?
Дьиэҕэ үлэ. Кэрэ кыыс туһунан мин санаам (суругунан үлэ )
Кэрэ кыыһы уруһуйдааһын.
Хаардьыт Бэргэн туһунан булан ааҕан кэпсэтэргэ бэлэмнэнэҕит..

Нуучча кылаастарыгар саха тылын, төрүт культураны, олоҥхону үөрэтии сорох тугэннэриттэн санаалар.
Саха тылын уонна төрүт культураны атын омуктарга үөрэтии олох ирдэбилэ. Саха сиригэр олорор омуктар олохтоох омуктар тылларын, культураларын үөрэтэн,билэн  иллээх-эйэлээх олох онкулун онорсоллор. Бу предметтэри үөрэтэргэ сурун сыал-сорук быьыытынан саха тылын кэпсэтии таьымыгар баьылааьын ньымаларыгар үөрэтии, төрүт культура үөруйэхтэрин иҥэрии буолар.
Учууталлар бу хайысха5а үлэ ис хоһоонун, үлэ ньымаларын дириҥэтэргэ бары кыахтарын күүстэрин биэрэн үлэлииллэр. Үгүс оскуолаларга үлэ усулуобуйата уларыйбытынан сибээстээн, саҥаттан саҥа суолу-ииһи тобулуу кыһалҕата үөскүүр..Биир дьоһуннаах суолунан икки предмети куолаан үөрэтии хайысхата буолар. Ол курдук нуучча да кылааһыгар, саха да кылааһыгар саха литературатын кытта төрүт культураны холбуу үөрэтэриирдииллэр. Эбэтэр саха тылын төрүт культураны кытта холбуу  үөрэтэргэ күһэллэбит.Ол эбэтэр  интеграциялааьын ньымата туьаныллар.Ону сэргэ кылааска араас таьымнаах билиилээх оҕолор олороллорун быьыытынан бөлөҕүнэн үлэ ньымата туттуллар. Онуоха мин ити предметтэргэ сорох темалары холбуу үөрэтии опытыттан санаа атастаһыахпын баҕарабын.Куолаан үөрэтии төрүттэрэ

1.Үөрэтии чааьа аҕыйах.

2. Төрүт культураҕа үөрэтиллэр темалар тыл темалаыгар сеп тубэьэллэр.

3. Бу быстах кэмнэ (чаас аҕыйаабыт кэмигэр) куолаан үөрэтии табыгастаах ньыма буолууьу быһыылаах. Онон төрүт культураҕа даҕаны, саха тылыгар  уонна литературатыгар даҕаны үгүс теманы куолаан үөрэтиэххэ сеп. Холобур 8 кылааска  Олонхо ус дойдутун кытта биьиги дойдубут диэн тиэмэни холбоон үөрэтэр табыгастаах курдук.

1.  Уруок тиэмэтэ: Олонхо дойдута уонна Биьиги дойдубут- Орто дойду.
Сыала –соруга:

1. Олонхо дойдутун туьунан билиьиннэрии.
2. О5олор саҥарар, кэпсиир, ырытар дьо5урдарын сайыннарыы
3. Төрөөбут дойду уонна аан дойду. диэн өйдөбулу иҥэрии.
Ньымата: Кэпсэтии, ырытыы,тумук оноруу, суругунан улэ.
Уруокка туттуллар наглядность :Презентация, кинигэлэр, хартыыналар.
Уруок хаамыыта
Тэрээьин: Турукка  киллэрии. Сир диэн тугуй? Дойду диэн тугуй?. Төрөөбут дойду диэн тугуй?
Сана тема: 1. Учуутал кылгас ырытыыта. Саха философиятыгар Олонхо ус дойдута ойууланар. Үөһээ дойду , Орто дойду, Аллараа дойду. 
Үөһээ дойдубут 9 халлааннаах. Үөһээ дойдуга кимнээх  олороллоруй? (Айыылар) 9 халлааанна. Урун Айыы Тойон олорор. 9 халлаан туох суолталаа5ый? (Халлаан киэҥ киэлитэ. Вселенная Галактика.)Мин өйдүүрбүнэн 9 планета буолуон сөп. Былыргы сахалар “Галактика”. “Киэҥ Куйаар” диэн өйдөбүллээх эбиттэр. Үөьээ дойдуттан араас куттал суоьуурун, ыарыы-сүтүү ааҥныырын эмиэ билэллэр эбит .Ханнык куттал суоһууруй? (Дьаҥ-дьаьах, метеориттар, планеталар да5аны кутталлаахтарын билэллэр эбит).
Орто дойду –бу биьиги сирбит, биьиги дойдубут. Манна айыы аймаҕа, айыы дьонноро  олороллор.
Аллараа дойдуга абааьылар олороллор. Манна сирдэрэ- уоттара да атын. Аллараа дойдуттан куруук алдьархай ааҥныырын былыргы сахалар сэрэйэллэр эбит диэн быһаарыллар. (Ыйытыы.Ханнык куттал суоьууруй?).
Оттон Орто дойду олоҕо. күөрчэхтии эргийэр уратылаах. Айыы дьоно- орто дойду олоҕун улэлээн- хамсаан ситэрэн-хоторон, киэркэтэн биэрэллэр эбит.Орто дойду оло5о тугунан уратылаа5ый? Ыйытыыга хоруйдаан, орто дойду олоҕун уратытын быһаараллар.(Уунээйи, от -мас арааьа уунэр эбит)..Аал Луук Мас ус дойдуну барытын ситимниир эбит.Ол аата, ус дойду бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса ситимнээхтэр эбит. .Байылыат олох туоьута -Аал-Луук –Мас. Былыргы сахалар баҕа санааларын Аал-Луук-Маһынан көрдөрбүт буолуохтарын сөп. Бу быьаарыы салгыы оҕолору кытта быһаарыллар, ырытыһыллар. Ол эбэтэр мас умнаһа орто дойдуга уунэр. Баараҕай лабаатынан дьону-сэргэни аьатар, арчылыыр-араҥаччылыыр. диэн өйдөбул үөскүүр.
Лексическэй темата: Биьиги дойдубут.- Саха сирэ. Туьаныллар тыллара:
Алаас сыьыы, үрэх, өрус. Хайа, хонуу, тыа, от-мас сибэкки, хатыҥ, харыйа, бэс, көтөр-сүүрэр. Сүөһү, сылгы, айыл5а.
Баар, көстөр.көҕөрөр,сүүрүгүрэр, тулалыыр,устар.көҕөрөр.,көстөр,уунэр,кэлбит,мэччийэр, киэркэйэр.

Бастакы Сорудах.
1 бөлөх: а) Тыллары устуҥ уонна тылбаастааҥ, ситимнэрдэ үөскэтиҥ.
Б)  да5ааьыннары эбэн, ситимнэрдэ үөскэтиҥ
В) ситимнэри тэнитэн этиилэрдэ оҥоруҥ.
Г) Этиилэр араастарын быьаарыҥ.

2 бөлөх:а)Тыллары устуҥ уонна тылбаастааҥ.
Б) Тыллар суолталарын быьаарыҥ.
В) Туохтуурдары эбэн тэнийбэтэх этиини уескэтиҥ.
Г) Этиилэри тылбаастаан.Тылбаастаан.

3. бөлөх а) тиэкиһи оноруҥ.
Б) тылбаастааҥ..
3)Этиилэр араастарын ыйыҥ.

Иккис  сорудах: 1 бөлөх: “Биьиги дойдубут”диэн ааттаах тиэкистэ оҥоруҥ.
2 бөлөх. Бэлэм тиэкиьи ааҕыҥ уонна тылбаастааҥ.
3 бөлөх Бэриллибит этиилэр тиэкис буолар курдук тэнитиҥ.

Төрут культураҕа 3 дойдуну уруьуйдатыллар уонна тэҥнэтиллэр. Холобур.
1. В верхнем мире живут Айыы. На 9-м небе Уруҥ Айыы Тойон. Он весь белый.Верний мир этор-рай, блаженство. Обитателями Верхнего мира передаются наши мечты.
2.В нижнем мире живут дьяволы, черти. Они создают людям неудобства. Но люди сильные, побеждают все преграды. Обитателями нижнего мира передаются разные человеческие пороки.
3.Средний мир - это земля. Здесь живут люди. Люди развивают облагараживают средний мир.

На земле  идет развитие.Люди создают собственное хозяйство. И улучшают свою  жизнь в плане материальная культура.

2.Бу этиилэри салгыы тэнитэр, сайыннарар сорудаҕы бэриллэр. Оҕолор санааларын истиллэр. Нууччалыы тылынан, бөлөҕүнэн тылбаастатыллар.
Үс бөлөххө уопсай сорудах бэриллэр уонна улэлэтиллэр.
Үһүс сорудах. Аал Луук Маьы уруьуйдатан, суолтатын ырыттарыллар. Ол кэнниттэн
уопсай тумук оноьуллар. Олоҥхо ус дойдута Орто дойду олохтоохторугар ордук дьүөрэ эбит. Дьиҥ олоххо баар тугэннэр олоҥхо ис хоьоонун быьыытынан айыллан бэриллибиттэрэ чуолкай эбит. Орто дойду олоҕор чугасаьар тугэннэр  үгүстүк көстөн ааьаллар.
Тумугэр. Рождение Срединого мира диэн В.О.Каратаев Могучий Эр Со5отох олонхотуттан
Аа5ан ырытыы оноьуллар.

Это было давным- давно, за гранями давно канувших древнейших времен. В Те времена Мать-Земля наша была совсем другой. Она была камушком с величиной с пятку серой белки.... И вот однажды по велению богов началось сотворение Земли-Срединного Мира.Наша маленькая Земелечка стала расширяться и растягиваться, разрастаться и рождаться. И Земелечка превратилась в Землю....
Уопсай тумук оноьуллар. Тугу биллибит? Тугу сатаатыбыт?
Дьиэҕэ бэйэлэрин көрүүлэрин суруйан ырытан кэлэллэригэр сорудах бэриллэр.

Иккис уруок. Төрүт культура тиэмэтэ:Хаһаайыстыбаны тэринии.Сайылык. Кыстык Отор.
Саха тылын тиэмэтэ: Дьыл кэмнэрэ сайын, күһүн, кыһын.
Сыала- соруга. Хаһаайыстыба киһи тирэҕэ, олоҕун оҥкула буоларын тиэрдии. Сайылык, кыстык, отор диэн тыллар өйдөбүллэрин ырытыһыы. Онуоха сыһыаннаах тыллар ситимнэрин, этиилэри оҥорорго дьарыктаныы.
Тэрээһин: тирэх өйдөбүллэри ырытыһыы.                                           
Хаьаайыстыбаҕа туох киирэрий? Дьиэ кэргэн сайдарыгар туох көмөлөөҕүй? Итинник ыйытыыларынан оҕолор билиилэрин тургутан көрөбут.Холобур. хаьаайыстыба диэн сүөьү-ас, сылгы - ынах диэхтэрэ.Оччоҕо ону кытта туох өйдөбул үөскүүрүй?. Хотон, дьиэ, алаас, сыһыы,хонуу курдук тыллар этиллиэхтэрэ. Бу тылларга сыьыаннаах сорудах:
Хас биирдии тыл суолтатын быьаарыҥ. Хотон диэн сүөьу кыстыыр  сирэ, дьиэ- дьон олорор сирэ. Алаас – төгүрүк,төгүрүччү сыырдаах, ортотугар күөллээх сири ааттыыбыт.
Сыьыы- киэҥ нэлэмэн көнө сири ааттыыбыт. Хонуу – көҕөрөн турар сири ааттыыбыт.
Хаьаайыстыба дьиэ кэргэн дьиэтэ –уота, сүөьутэ- аьа, сылгыта, оҕуруота, оттуур сирэ-уота диэн өйдүөхпүтүн сөп.
Бигэ хаьаайыстыьаны тэринэргэ туох наада буоларый? Харчы-уп, бигэ база тэриниэхтээхпит. Онуоха туох нааданый? Сир, оттуур ходуһа, сайылык, отор, кыстык. Дьэ, о5олор , билигин бу өйдөбүллэринэн үлэлиэхпит.диэн этэн баран
Сана тема5а киирэбит.Сайылык диэн тугуй?.Биьиги олорор сирбититтэн  туох уратылааҕый? Сайылык диэн тыл ханнык тылтан үөскээбитий? (Сайын).
Кыстык (кыьын). Отор (от ордор эбэтэр кэнчээрилиир диэн буолуон сөп.) От хаьан ордуон эбэтэр кэнчэрилиэн сөбуй? –(күьүн)
Тылы сайыннарар үлэ эбэтэр сана тема. Үс кэм уратыларын ырытыһабыт.
Төрүт культураҕа маннык сорудах бэриллиэн сеп: Сайын ханнык улэ тэтимнээхтик барарый? Ол туьунан суруйун.(От улэтэ, сүөьүнү төлөһүтүү.) Ол туьунан сиһилии кэпсииргэ бэлэмнэниҥ. Ыаллар былыр даҕаны, билигин даҕаны ханна  олорон Сүөһүнү көрөн үлэлииллэрий? (Сайылыкка)
От улэтэ үмүрүйбүтүн кэннэ, күһүну  сүөьүнү ханна мэччитэллэрий? (Оторго)
Отор диэн тугуй? Ханнык тылтан тахсыбытый? (От ордор, кэнчээрилиир ) диэн буолуон сөп.
Күһүн ханнык үлэ күргүөмнээхтик ыытылларый? (кыстык улэтэ) Ол туьунан суруйуҥ.
Тылга: Дьыл кэмнэригэр сайын, куьун, кыьын дьон дьарыга диэн тиэмэ5э улэлэтиэххэ сөп. Бастаан сайын, кыьын, күьүн туһунан тугу билэҕит нууччалыы этиҥ .Онтон сахалыы тылбаастыахпыт диибин.Оҕолор бэйэлэрин этиилэрин этиттэрэн биир уопсай тиэкис онорторон онно баар тыллары тылбаастатабыт. Тылга сорудахтар.

1 бөлөх. Сайыҥҥыга сыьыаннаах тиэкиһи онорторуллар.
Холобур: Лето жаркое. Солнце светит ярко. В жаркий день люди купаются. Из зимника переезжают на дачу или в сайылык. В сайылыке держат скот, коров и телят. Сайылык стоит на красивом месте. Посредине алааса есть небольшое озеро. Вокруг сайылыка растут различные деревья, травы,кустарники. Коровы пасутся недалеко.

2 бөлөх Күһүҥҥүгэ сыьыаннаах тиэкиьи онорторуллар.
Наступила осень. Солнце светит тускло.Дни становятся короче.Заканчивается корм для скота. Поэтому переходят в другое место.По якутски это называется отор. Здесь проживают до выпадения снега.
3 бөлөх.Кыһыҥҥыга сыьыаннаах тиэкиһи таҥаллар.
Наступила зима. На улице холодно. холодно.Птицы српятались в свои гнезда. Некоторые птицы улетают в теплые края. В лесу тихо.Дни короткие, аночь длинная. Дети учатся а их родители работают. В городе домах тепло, а вдеревне топят печку, заготавливают дрова. Работы много.
Эбии сорудах быьыытынан, этиилэр араастарын быһаартарыллар, сыһыарыыларын, тыллар ситимнэрин, ырыттарыллар. Морфологическай ырытыылары онорторуллар.

Төрүт культураҕа сорудах.
Бэйэ хаьаайыстыбатын туьунан кэпсэтиьии, дискуссия быьыытынан, оҕолор санааларын быьыытынан эбэтэр былаан онорторуутун быьыытынан улэлэтиэххэ сөп.

1 бөлөх.Хаьаайыстыбаны тэринэргэ туох субэни биэриэ этигитий? 1. Субэ, 2 субэ, 3 субэ.

2 бөлөх.Хаьаайыстыбаны тэринэргэ туох наада буоларый? 1 субэ, 2 субэ, 3 субэ.Инники ахтыллыбыт идэлэртэн ордук ханнык идэ туьалаах буолууьунуй?

3 бөлөх Хаьаайыстыбаны тэринэргэ киһиттэн бэйэтиттэн туох ирдэнэрий?. Олоҥхо бухатыыра хаһаайыстыбалааҕа буолуо дуо? Ити үлүгэр кэлэ бара сырыттаҕына, кини сүөһүтүн –аһын, дьиэтин-уотун ким көрөрө буолуой?  Киниэхэ туох сүбэни биэриэххит этэй?
Түмүк. Онон олоҥхоҕо көстөр олох орто дойдуга сыһыаннаах олох буоларын бары өйдөөн олороҕут. Олоҥхоҕо көрсүллэр кыһалҕа барыта биһиэхэ сыһыаннааҕын биллигит. Онон олонхону ааҕан моһоллору хайдах туоруурбутун, кыһалҕалары хайдах быһаарарбытын биллибит.Олоҥхону элбэхтик ааҕыахтаахпыт, ис хоһоонун өйдөөн, таабырынын таайыахтаахпыт диэн өйдөбүлгэоҕолору тиэрдэбит.
Тумук оноһуллар. Дьиэҕэ 1.Мин инники былааным диэн тиэмэҕэ былаан онороҕут. 2 бөлөх Мин хаһаайыстыба тэринэбин.

3 бөлөх Бэйэҕит хаьаайыстыбаҕыт туһунан инники былааны сабаҕалаан суруйуҥ, уруьуй быьыытынан  эмиэ оноруоххутун сөп.
Тумук: Кэтэх хаьаайыстыба туох туьалааҕый? Эһиги санааҕытыгар хас биирдии киһи хаһаайыстыба тэриниэхтээх дуу, суох дуу? О5олор санааларын истии.
Ити курдук хас биирдии темаҕа саха тылыгар көрүллэр лексическэй тиэмэни сыһыаран, кыратык да буоллар, онно үөрэнэр оҕолору саха тылыгар уонна терут культура5а, олоҥхоҕо сыьыаран үөрэтиэххэ сөп быһыылаах диэн түмүктүүбүн.                                        

Тумук
1. Оҕо бу тиэмэлэри уерэтэригэр куолаан үөрэтии  олоҕу тэринии уустугун туһунан уопсай ейдебулу ылао.
2.Учуутал чааьа аҕыйах буоллаҕына бириэмэни таба туһана үөрэнэр.
3. Нуучча кылааьыгар үөрэнэр оҕолор, кыра да буоллар, тыа сирин олоҕун туһунан уопсай ейдебулу ылан тахсар.
4 Атын омуктар тылларын, культураларын ейдуур буолар уонна салгыы олоҕун тэринэригэр ылбыт билиитин тирэх оҥостор.