Сылгы сиэлиттэн оноьуктар

Разделы: Работа с дошкольниками


У любого народа есть своя традиционная одежда, которая показывает религию, культуру, среду обитания. Традиционная одежда наших предков является частью материальной культуры и тесно связана с окружающей средой, религиозными верованиями. Взгляды якутов на Вселенную глубоко философичны, а их беззаветная вера в мать-природу – залог высокой нравственности и аналитического ума. Культурное наследие, обряды и верования наших предков ярко прослеживаются в покроях их одежды, в украшениях и узорах.

В современное время, когда все меняется, неизменным остаются изделия, сделанные руками народных мастеров. В прошлом мастерство передавалось по-наследству. От отца к сыну, от матери к дочери. И такими мастерами гордились все якуты. И, сейчас, им нужно создавать все условия, оказывать помощь народным умельцам.

И поэтому, на этом занятии по развитию речи темой является “Изделия из конского волоса”.

Цель образовательной деятельности: раскрыть детям необходимость узнавать и сохранять свои традиционные одежды, обряды.

В соответствии с целью в работе поставлены следующие задачи:

  1. Дать представление детям о якутской лошади, о том, что она неразрывно связана с жизнью якутов. А также познакомить детей с изделиями из конского волоса.
  2. Дать характеристику некоторых изделий – дэйбиир, сиел сэлээппэ, сиел коврик и др.
  3. Расказать о пользе этих изделий для здоровья. Воспитывать любовь к домашнимживотным, в частности к лошади.

Тылы сайыннарыы дьарыктаныыта.

Улахан болох оголоро.

Дьарыктаныы темата: Сылгы сиэлиттэн оноьуктар.

Иитэр-уорэтэр соруктара:

  1. Оголорго сылгы сахаларга быстыспат сибээстээгин уорэтии. Сылгы сиэлиттэн оноьуктары билиьиннэрии, кордоруу.
  2. Оголор ыарыргатар доргооннугар оонньуулар. Хоьооннру хатылааьын.
  3. Оголор ыйытыыларга ситимнээн сопко эппиэттииллэрин ситиьии.
  4. Дьиэ харамайдарыгар кыьамньылаах сыьыаны иитии.

Тыл саппааьын байытыы: обугэ, сиэл, дэйбиир,сиэл бэргэьэ, сиэл кээнчэ,уллун,кымыс,биэ.

Бэлэмнэнии улэ: Сылгыны ырытан коруу, сиэлинэн араас оноьуктары онорорунан дьарыктанар эбэлээх огону кэпсиирдии бэлэмнээьин, уран тарбахтаах иистэнньэни кытатары корсуьуугэ бэлэмнэнии.

Кордоруллэр тэриллэр: сиэл коврик, дэйбиир, сиэл бэргэьэ – тубутиэйкэ,сиэл кээнчэ,уллун,сылгы сиэлэ,сиэл утулук.

Дьарыктаныы барыыта:

1. Сахалыы ырыа холбонор. Ваня Трофимов ырыата.

Оголор киирэн олороллор

Иитээччи: Оголор бугун биьиги сахалар олохпутугар быстыспат сибээстээх дьиэ маанылаах сыспай сиэллээгин туьунан кэпсэтиэхпит. Билигин бары болгойон мин таайтарар таабырыммын истэгит, таайбыт ого илиитин уунан соптоох эппиэти биэрэр:

Ырыага ылланар
Хоьоонно хоьуллар
Хомуска оонньонор,
Айылга маанылаах
Дьоьогой огото буолабын (Ат).
Таайбыт ого эппиэтин истии.
– Маладьыастар! Сопко таайдыгыт.

Иитээччи: Эьиги тороппуттэргит, хаан-уруу аймахтаргыт, обугэлэрбит бары сыспай сиэллээги (сылгыны) иитэллэр. Сылгы биьиэхэ туьата элбэх. Этин сиибит, биэ уутунэн ас– кымыс онороллор.

Кымыс – диэн саха норуотун былыыр – былыргыттан оностунар утага буолар. Аатырбыт саха сылгытын сиэлиттэн туох оноьулларын туьунан кэпсэтиибитин сагалыыбыт.

– Оголоор, бу сиэл. Сылгы баттага сиэл – сиэл дэнэр. Улэлиэх иннинэ сууйаллар, улэгэ бэлэм онороллор.

2. Тылы ырытыы. Иитээччи: Бары “сиэл” диэтибит эрэ. Хас доргоон иьиллэрий? Ханнык доргоонтон сагаланарый? Хас суьуохтэн турарый? Фишканан онордубут (оголор сопко онорбуттарын коруу).

3. Иитээччи: Сиэлинэн араас оноьуктары – танастары ороллор. Бугун биьиги олортон сорогун кытта билсиэхпит.

Ааны тонсуйаллар. Иитээччи: истин, истин, ким эрэ кэллэ. Ааммытын тонсуйаллар.

Уран тарбахтаах иистэнньэн киирэн кэлэр

Иис: Дорооболун оголор! (Бэйэтин бтлиьиннэрэр). Оголоор мин эьиэхэ мээнэ кэлбэтим,

Аптаах холбуйачааннаах кэллим. Бу холбуйачааным иьигэр туох баарын билиэххитин багарагыт дуо? (Иис, биир – биир агалбыт оноьуктарын кордорор уонна оголорго боппуруос биэртэлиир);

– Бу тугуй? Билэгит дуо? (дэйбиир)

– Дэйбиир – диэн сылгы кутуругуттан оноьуллубут уонтэн – койууртэн харыстанар, ардыгар соруукэнэр оноьук буолар.

Дэйбиири хаьан уонна ханна туттулларый? Сахалар сайыны корсор бырааьынньыктарыгар– ыьыахха от улэтигэр,сир аьыгар,кумаар туьэр кэмигэр,салгын ыраастааьыныгар наада.

– Оголоор онтон бу тугуй? Туохха туьалаагый? (сиэл бэргэьэ, уллун, кээнчэ, коврик).

Иис: Сиэл бэргэьэ – хаан эргиирин тургэтэтэр, тобо ыарыытын аьардар туьалаах.

– Бу уллун – тилэх анныгар угуллар, тилэги массаастыыр мал.

– Бу кээнч э-саха киьитин халын наскыта. Итиини учугэйдик тутар, хаан эргиирин тургэтэтэр.

– Бу коврик – кини эмиэ тилэги массаастыыр, доруобуйага туьалаах онобук

Иис: Оголоор, эьиги хайдах массаастыырын билиэххитин багарагыт дуо? ( Иистэнньэн оноьуктары тунэтэр, оголор тутан-хабан короллор) – Аны билигин ким тылы тургэнник буларын билиэхпит. ( 2-3 тылы булаллар).

– Чэ, эрэ, ким “С” доргоонноох тылы тургэнник булуой?

Аны “Р” доргоонноох тылла этин. (Ити курдук Э, Л, Й, К доргоонноох тыллары этэллэр).

– Билигин оголоор, дэйбиир, уллун, кээнчэ,к оврик-диэн тыллары суьуохтэринэн ырытабыт.

3. Иитээччи: Оголоор, ким сиэл туьунан тугу билэрин туран оголорго уонна ыалдьыппытыгар кэпсээн биэриэй? (бэлэмнэнии улэ-сиэлинэн араас оноьуктары онорорунан дьарыктанар эбэлээх оголору кэпсиирдии бэлэмнээьин).

4. Иис: Оголоор, билигин сиэл утахтарынан сап оноро уорэнэбит (Биирдии огого сиэл утахтарын тунэтэр, быьаарар). Токунук гына эрийэбит. Саппытын элбээтиннэрэбит. Бу маннык саптарынан массаастыыр утулуктэри ороллор. Ол аата илиибит кыра былчыннарын эрчийэбит. Хоьоон аагаллар.

Иитээччи: Оголоор, Иис барар кэмэ кэллэ. Бары киниэхэ махталбытын этиэххэ, биьиэхэ элбэх сананы кэпсээтэ, кордордо.

5. Тумук. Бугун тугу биллибит? Ханнык сана тыллары биллигит-ойдоон хааллыгытый? (оголор эппиэттэрэ). Маладьыастар манан дьар ыкпыт бутэр.