Куруһуок сыала – соруга:
- О5ону кыра сааһыттан ийэ тыл эйгэтигэр киллэрэн, уус –уран тылга умсугутуу.
- Саха норуотун тылынан уус – уран айымньытыгар, саха суруйааччыларын айымньыларыгар оло5уран төрөөбүт тыл ылба5айын, сиэдэрэйин, тылы туттуу кистэлэңнэрин о5олорго билиһиннэрии.
- О5о бэйэтин санаатын, тугу билбитин – көрбүтүн сатаан сааһылаан саңарар, уустаан – ураннаан, бэргэн хомо5ой тылларынан кэпсиир, суруйар үөрүйэ5ин, айар дьо5урун сайыннарыы.
- О5ону дьону кытта тэңңэ сэһэргэһии, санаа үллэстии культуратыгар, этикетнэй тыллары туттууга үөрэтии, эрчийии.
- Саха о5ото кыра сааһыттан норуотун тылын, культуратын этигэр – хааныгар иңэрэн, төрөөбүт буоруттан силистээх мутуктаах, саха норуотун салгыыр, урааңхайы ууһатар киһи буола улаатарыгар олук ууруу.
Куруһуок үлэтин былаана
I түмсүү: Саха тылын төрдө - ууһа. Аймахтыы түүр тыллара.
- Саха тылын баайын, кини араңаларын, тыл словарнай саппааһа мэлдьи хамсыы, уларыйа турарын Э. К. Пекарскай «Словарь якутского языка», Н. К. Антонов «Билиңңи Саха тылын лексиката» үлэлэринэн сирдэтэн проблемнай бэсиэдэ.
- О5олорго чинчийии сатабылын иңэрэр сорудах – чопчу тыллары (киирии тыллар) куорат, остуол, устуул, ыскаап, ырбаахы, былаат, сыбаайба уо. д. а. биэрэн баран, то5о итинник дьүһүн кубулуйбуттарын дакаастатыы.
- Лексика5а, морфология5а сыһыаннаах оонньуу:
- аймахтыы түүр тыллаах омуктар.
- былыргы тюрк тылынан сурук уратытын туһунан кэпсэтии. Тыл илин өттө аһа5ас дор5ооно суох – сүһүө5үнэн сурулларын; тыл тиһэх эрэ сүһүө5эр аһа5ас дор5оон баарын кэпсээһин;
- сахалыы суругу ити ньыманан эмиэ суруйуохха сөбүн көрдөрөн, сурук суруйуу: Өрүүнэ, дорообо! – рнэ, дрбо! Сонун суох, доруобай сылдьабын – снун суох, дрбай слдьбын.
- тюрк суругун ньымата Саха тылыгар то5о сөп түбэһэрин дор5ооннор дьүөрэһиилэрин сокуона баарынан быһаарыы.
II түмсүү: Дор5ооннор суолталара. Саха тылын ураты дор5оонноро.
- Дор5ооннор тылга улахан суолталарыгар бэсиэдэ.
- Чинчийии сатабылыгар сорудахтар:
- аһа5ас дор5ооннор тыл иннигэр уонна кэннигэр турууларыгар туох хааччахтааһын, сокуон баарын билсиһии.
- саха тылыгар тыллар ханнык бүтэй дор5ооннортон са5аланалларый?
- ханнык бүтэй дор5ооннор тыл ортотугар сэргэстэһэллэрий?
- ханнык бүтэй дор5ооннорунан бүтэллэрий?
- ханнык бүтэй дор5ооннор тыл ортотугар со5ото5ун турбаттарый?
- [дь] дор5оонунан са5аланар тыллар хантан төрүттээхтэрин туһунан кэтээн көрүүнү оңорторуу.
- Фонетика5а сыһыаннаах оонньуулар:
- алфавиттан сүппүт буквалары булуу (сүппүт дор5ооннор Саха тылын ураты дор5оонноро: 5, дь, ң, нь, ө, һ, ү).
- дь, нь, ө, ү буукубаттан са5аланар тыллары булууга күрэхтэһии.
III түмсүү. Төрөөбүт тыл суолтата.
- Төрөөбүт тыл суолтатыгар бэсиэдэ:
Биһиги төрөөбүт тылбыт бар5а баай. Бэрт элбэх өрүттэрдээх, уустаах – ураннаах, наһаа нарын, номо5он тыл. Саха биллиилээх поэта Күндэ төрөөбүт тылын «Төрөөбүт төрүт тыл сөрүүн сүөгэй курдук сүрэ5и, быары сөрүүкэтэр» диэн хоһуйар. Биллиилээх педагог В. А. Сухомлинскай маннык эппит: «Бэйэтин тылын билбэт киһи атын омук тылын үөрэтэригэр ыарахан буолуо» диэн. Биһиги суруйааччыларбыт: Өксөкүлээх Өлөксөй, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, П. А. Ойуунускай – бары төрөөбүт норуоттарын тылларын - өстөрүн таптаан, кинилэр олохторун дьаһахтарын үөрэтэн, саха биллиилээх суруйааччылара буолбуттара. Төрөөбүт тылын билбэт, саңарбат киһи силиһэ суох мас кэриэтэ.
- Төрөөбүт тылы били суолтатын туһунан хаһыаттан, кинигэттэн, дьон этиилэрин, кэпсээннэрин аа5ыы, ырытыы.
- С. Омоллоон «До5оттор» кэпсээнин аа5ыы.
- Кэпсээни ырытыы, аахпыттан кэпсээһин.
IV түмсүү: Тыл диэн тугуй?
- Тыл туохха наадата – бэсиэдэ. Тыллар суолталарын тылынан быһаарыы. Тыл өйдөнөр, кини тугу эмэ быһаарар буолла5ына, туох эрэ суолтатыгар туттуллар буолла5ына, тыл дэнэр.
- Тыллары темаларынан наардааһын.
- Биирдиилээн тыллар уонна этиигэ киирбит тыл уратылара.
- Олоххо кэпсэтиигэ, уус уран аа5ыыга истээччилэргэ тылынан дьайыы уратылара.
- «Саха орфографическай тылдьытын» билиһиннэрии. Тыллар алфавит бэрээдэгинэн суруллалларын көрдөрүү.
- Чинчийии сатабылын иңэрэр сорудах: Ынах сүөһүнү, сылгыны, табаны иитиини, көлүнүүнү, астаан аһааһыны кытта сыһыаннаах тыллары толкуйдатан тылдьытынан быһаартарыы.
V түмсүү: тыллар суолталарын араастара.
- Киһи саңарар саңатын дэгэтиттэн тыл суолтатын ис хоһооно уларыйыыта:
- һэ, дь. кыыс о5о кылааннаа5а дии!
- Туйаарыма Куо – кыыс о5о кылааннаа5а!
- Өрө тэйиэккэлээн уол о5ото дии!
- Үлэлээн – хамсаан, туран олорон уол о5ото!
- Хайгыыр, сө5өр – махтайар, сэмэлиир, сиилиир, хос суолталаан саңарар тыллар.
- Айар үлэ: этии толкуйдатыы, эбэтэр кыра кэпсээн суруйтарыы.
- Суруйбуттарын аахтаран истии, ырытыы.
- Кыыллары араастык ааттааһыңңа таабырын таайсыы: куобах – табысхаан; мо5отой – дьирики, муруку, күрдьүгэс; тииң – көп кутурук, дьоппо, оңоло, өлөөкү; эһэ – тыатаа5ы, аабый, баачыска, мэппээлэ, кырдьа5ас; бөрө - аһыылаах, мөөпүччэ, кутурук.
VI түмсүү: Эргэрбит тыллар – архаизмнар.
- Эргэрбит тыллар өйдөбүллэрин биэрии: Саха тылын састааба уларыйа турар, сорох тыллар сүтэллэр, сорох тыллар саңа киирэллэр. Ханнык эмэ предмет олоххо туттуллубат буолла5ына, ол тыл сүтэр, туттуллубат буолар. Холобур: туос иһит арааһа, сири хорутар тэрил – булуук, суха. Эргэрбит тыллары архаизмнар дииллэр.
- Билиңңи кэмңэ сорох архаизмнар атын тылларынан солбуллуулара: сандалы – остуол, хаппахчы – хос, хал5ан – аан, чуол5ан – түннүк, хамыйах – ньуоска, олбох – олоппос, иин – омуһах.
- Сэдэхтик туттуллар уонна туттуллубат буолбут архаизмнар.
- Өс хоһоонноруттан билигин үгүстүк туттуллубат тыллары булуу:
- Кырдьа5аһы хааһахха хаалаан сылдьан сүбэлэт.
- А5ыйах тыл минньигэс, элбэх тыл – сымсах..
- Отонноотоххо оңоойук туолар.
- Саха былыргы сэһэннэрин аа5ан архаизмнары булуу, билигин туттуохха сөбүн – суо5ун ырытыы, о5о тылын баайын байытыы.
VII түмсүү: Саңа тыллар – неологизмнар.
- Олоххо наука, техника, промышленность, культура сайдан истэ5ин аайы саңарар саңабытыгар саңа тыллар киирэн иһиилэригэр үөскүүр ньымаларыгар бэсиэдэ. Холобур: Көтөр аалы бастаан аэроплан, онтон самолет, вертолет, ракета диир буоллубут.
- Биирдиилээн дьон саңа тылы айыылара. Холобур: Нуучча улуу ученайа М. В. Ломоносов элбэх тылы киллэрбит – кислород, чертеж, маятник о. д. а. Оттон суруйааччы Жюль Верн – лилипут, детектив диэн тыллары айбыт. Саңа тыл неологизм дэнэр, саңа тыллары норуот бэйэтэ айар.
- Омук тылыттан киирии неологизмнар. «Нео» диэн «Саңа» диэн өйдөбүллээх. Холобур: телевизор, телефон диэн тылларга теле – далекое расстояние, ыраах сиртэн, Визор – английскай тылтан киирии – көрөр диэн. Телевизор – ыраахтан көрөр диэн суолталанар. Фон – звук, дор5оон. телефон – ыраахтан иһиллэр саңа, дор5оон. Прогресс – сайдыы, Иннин диэки барыы, иннин диэки сайдан иһэр.
- Сахатыйбыт неологизмнар. Радио – араадьыйа, тэлэбиизэр, төлөпүөн, дьоруой, үбүлүөй, артыыс о. д. а.
- Хаһыат, сурунаал ыстатыйаларын аа5ан неологизмнары булуу, солбуллар өттүн сахалыы тылынан солбуйуу, сахатыйбыт неологизмнары булуу.
- Неологизмнарынан этии, кылгас сибээстээх тиэкис айан кэпсээһин, ырытыы.
VIII түмсүү: Киирии тыллар. (эвенк, монгол, нуучча тылыттан киириилэрин ырытыы).
- Төрөөбүт сахабыт тылыгар атын омуктартан киирбит тыллары билиһиннэрии.
- Тюрдуу тыллар – күн, ый, сулус, сир, ийэ, убай, айа, хоту, илин, со5уруу..
- Монголлуу – тиэргэн, сүөгэй, дьиэ, дал, өтөх, төлкө. күөгү, куйуур, дьыбар, көмнөх.
- Гректии – тэтэрээт, астра…
- Немецтии – саллаат, штаб, ыстыык, глобус…
- Французтуу – экран, сеанс, фойе, балет…
- Английскайдыы – футбол, волейбол, хоккей, бокс…
- Итальянскайдыы – трюмо, портрет, фортепиано, квартет.
- Нууччалыы – куоска, биилкэ, кылаас, кинигэ…
- Киирии тыллары туттан этиилэри толкуйдатыы.
- Кыра кэпсээни айдарыы.
- Суруйбуту аахтаран истии, ырытыы.
- Таблицаттан тыллары аа5ан чинчийии, ханнык омуктан киирбитин быһаарыы.
- Киирии тылларга таабырыннары таайыы.
- О5олор бэйэлэрэ айан таайтарыылара.
- Кроссворд таайыы.
IX түмсүү: Биирдик саңарыллар тыллар – омонимнар.
- Тыллар суолталарынан араастарын, биир тыл араас суолта5а туттуллуутугар кэпсэтиһии, ыйытыы.
- Схеманан араас суолта5а туттуллар тыллары булуу:
көтөх саас бил
тайах хаас кул
тимир баан сыт
көтөр суус тыл
- Араас суолта5а туттан этии толкуйдааһын.
- «Муңхаһыттар» диэн тема5а тирэх тыллары туттан кэпсээн оңоруу. (күөл ата5а, күөлү тарта, дьону тарта, ата5ын иңиирэ тарта, чэй иһэр)
- Таабырыннары таайыы, таайыытын суруйуу, суолтатын быһаарыы.
- «Ыттар то5о ыйы үрэллэр?» А. Пассар остуоруйатын истии, кэпсээһин, омонимы булуу.
X түмсүү: Биир суолталаах тыллар – синонимнар.
- Араастык саңарыллар тыллар биир суолта5а туттуллууларын билсии.
- Тылларга ситэрбэтэх букваларын туруоран аа5ыы:
аб.рах, сам.лык, ат.с, до5.р, ыһ.к, ут.., аата..х, т..ран. - Биир суолталаах тыллары туттан кэпсээн суруйуу.
- Суруйбут кэпсээннэрин аахтаран истии, ырытыы.
- Метаграмма – биир букванан (дор5оонунан) туспатыйар тыллары билиһиннэрии (биэ - сиэ) манна оло5уран көрдөөх метаграмма таабырыннары оңоруу.
XI түмсүү: Утарыта тыллар – антонимнар.
- Омонимнары, синонимнары хатылааһын.
- Тыллары ырытыы (көтөх, бил, ас, ойуур, тыа, тай5а, бөх – сыыс, чох – көмөр).
- Утарыта суолталаах тыллары билсиһии.
- Бэриллибит тылларга утары суолталаах тылы булуу.
- Утарыта суолталаах этиилэри аа5ыы, ырытыы.
- «Үчүгэй диэн тугуй, куһа5ан диэн тугуй?» В. Маяковскай хоһоонун истии, кэпсэтиһии.
- Анаграмма – бэриллибит тыл буукубатын уларыппакка, барытын туһанан саңа тылы оңорууну билиһиннэрии, анаграмма үөскэтии: арах – хара – хаар.
XII түмсүү: «Лексика» салааны чиңэтии.
- Омоним, синоним, антоним – хатылааһын.
- Тус – туһунан бэриллибит уус – уран тыллартан уус – уран тылынан ойуулаан сибээстээх кэпсээн оңоруу:
- халлаан – бүдүө - бадаа, күөх, ча5ылхай, ыраас, өндһл күөх, хараңа.
- былыт – итир, эрэһэ, уулаах, хараңа, баата курдук, үрүмэ, чараас, халың.
- тымныы – сырылас, ахсым, томороон, чыгдаан.
- дьүһүннүүр тыллар – күрүң, эриэн, саадьа5ай, маңаас, толбоннурар, умайар уот кыһыл.
- тугу гынарын ойуулуур тыллар – догдоруйар, чыбыгырыыр, чырыптыыр, туорахтанар, баа5ыныыр, өкөһүйэр, өкчөһүйэр, чөмөөрүһэр, бөкүнүйэр, ньылбыйар.
- Суруйбут кэпсээннэрин аахтаран истии, тыл төһө табыгастаахтык туттуллубутун ырытыы.
- Араастык суруллар тыллары тылдьытынан көрөн бэрэбиэркэлэнии.
- Биир буукубатын уларытан атын тыллары таһаарыы: кыыс (м, н, л), кылаас (б, с), бас (э, и, у, ы), сыл (и, ү).
XIII түмсүү: Төрөөбүт тылы - өһү байытыы көрүңнэрэ.
- - Сатаан таба, сөпкө, хоһоонноохтук аа5ыы.
- көңүл кэпсээһин.
- ыйытыылары туруоруу.
- сөпкө эппиэттээһин.
- кинигэни аа5ыыны таптааһын.
- «Кэскил» хаһыаттан аахпыттарын ис хоһоонун кэпсээһиннэрэ.
- Хартыына ис хоһоонун тылынан ойуулааһын.
- Тус – туһунан бэриллибит тыллартан сибээстээх кэпсээн оңорон суруйуу, табатык айарга үөрэнии.
- Бэйэ сыыһатын көннөрөргө, атын киһи сыыһатын буларга дьарыктаныы.
- Араастык суруллар тылларга тылдьыты таба туһанан булуу.
Холобур: Суорун Омоллоон айымньыларын кэнниттэн ыытыллыбыт викторина:
- Суорун Омоллоон дьиңнээх аата кимий?
- Хас сааһын туолла?
- Ханна, хаһан төрөөбүтүй?
- Хас музейы, ханна тэрийбитэй?
- Суорун Омоллоон ханнык айымньыларын аахтың?
- Айымньылара бары туох маарыннаһардаахтарый?
- То5о кини айымньыларын сөбүлээтиң?
XIV түмсүү: Норуот муудараһа – сомо5о тыллар. Сомо5о домох – уустаан – ураннаан хоһуйуу биир ньымата.
- Сомо5о тыл саха норуотун саңарар саңатыню тылын - өһүн киэргэтэр, байытар суолтатын билиһиннэрии. Уустаан – ураннаан хоһуйан этэр ньыма көрүңэ – сомо5о домох. Сомо5о домох – саха тылын кылаана, кылыһа, кылыһа5а. (кылаана – бастыңа, кылыһа – сытыыта, кылыһах – кэрэтик, үчүгэйдик иһиллэр)
- Сомо5о домохтору аа5ыы, суолталарын, ис хоһооннорун быһаарсыы: А5атын туйа5ын хатарыыһы; киэң кө5үстээх; илии тутуурдаах, өттүк харалаах; сүһүө5эр туруорбут.
- Бу сомо5о домохтору туттан кыра текст оңоруу:
Сэмэнчик уолу ийэтэсо5ото5ун үлэлээн – хамсаан сүһүө5эр туруорбута. Кини а5атын туйа5ын хатаран, киэң – холку кө5үстээх, сыыдам сырыылаах байанайдаах булчут буолбута. Хаара тыаттан мэлдьи илии тутуурдаах, өттүк харалаах төннөрө. - Этиилэртэн сомо5о домо5у булуу: Булчут тыатаа5ы баһын хатарбыт. Куттас куобах эрэйдээххэ уйатыгар уу киирбит…
- Саһыл хартыынатынан бэриллибит сомо5о домохтору туттан кэпсээн суруйуу – муннугар сыттаах, күлүгэр имнэнэр, ата5а сири билбэт, буут быстарынан, тоһун ылбыт…
- Суруйбут кэпсээннэрин аахтаран истии.
XV түмсүү: Уус – уран быһаарыы. (Иккис ньыма.)
- Биир тылы араастаан быһаарыы:
санаа – амарах, айыы, сайа5ас, сайдам, ыраас, модун, дуолан, хорсун, хоодуот, саргылаах, алгыстаах
кыыс – нарын, намыын, намчы, номо5он, кэрэ, талыы – талба, истиң. - Уус – уран быһаарыылаах тыллары булуу, бэйэ толкуйдааһына.
- Олоңхоттон истэн уус – уран быһаарыыны булууга эрчиллии.
- Айыы санаалаах, үкэр куйаас, алгыстаах айан, дьулусхан сүүрүк – этии толкуйдааһын.
XVI түмсүү: Уустаан – ураннаан хоһуйан этии үһүс ньымата – тэңнэбил.
- Туохха эмэ майгыннатан, тэңнээн көрөн уустаан – ураннаан этиэххэ сөп. Тэңнээн этэр буоллахха туох эрэ курдук диэн этиллэр.
Танара табатын курдук таңыннардылар, сир симэ5ин курдук симээтилэр.
Хамчаатка хара кииһин хардарыта туппут курдук хаастардаах.
Хатың удьурхайын курдук чоруун.
Ыйдаңатаа5ы тиит күлүгүн курдук улахан киһи.
- Судургу тэңнээһиннэр. О5о бэйэтин билэр тэңнээһиннэрин булларыы;
Буспут отон уутун курдук тэтэркэй имнээх.
Буспут моонньо5он курдук хара харахтаах
Сибэкки курдук кэрэ.
Чөмчүүк таас курдук тиистэрдээх.
- Судургу тэңнээһиннэри ситэрэн биэрии:
Ар5ахтаах эһэ курдук …(киңнээх)
Аччык бөрө курдук …(иңсэлээх)
Албын саһыл курдук …(киитэрэй)
Харыйаны таңнары соспут курдук …
Тары сиэбит ыт курдук …
Тарбаабыт ынах курдук …
Саха алмааһын курдук …
- Уустаан ураннаан тэңнээһин судургу тэңнээһинтэн быдан кэрэтик, ураннык иһиллиитэ. Үксүн олоңхо5о, уус – уран айымньыларга тутталлар.
- Уус – уран тэңнэбиллэри олоңхоттон быһа тардыыттан булларыы: Туйаарыма Куону, бухатыыры, абааһы уолун, кыыһын хоһуйуулартан
XVII түмсүү: Уустаан – ураннаан хоһуйан этии төрдүс ньымата – уобарастаан этии.
- Уобарастаан этии туттуллар эйгэтэ – алгыска, э5эрдэ5э.
Килбиэннээх киэң халлааның үрүң күнэ өлбөөдүйбэтин, добун мэңэ халлааңңар хара былыт халыйбатын.
Ыарыы ыалласпатын, тумуу тумуннун, дьай дьалбарыйдын.
Киэң көхсүң кыараабатын, уһун санааң кылгаабатын.
- Уобарастаан этиини туһанан чугас киһигэр э5эрдэ, алгыс суруйуу.
- Суруйбуттарын аахтаран истии.
- Тылын өһүн ырытыы, эбэн – сабан, таңан, чочуйан биэрии. Сымсах, сыппах диэбити уларытыы – тэлэритии, ордук хос тылы кө5үрэтии.
- Хаһыаттан, саха суруйааччыларын айымньыларыттан, олоңхоттон уобарастаан этиилэри дьиэ5э суруйан кэлии.
XVIII түмсүү: Уус – уран хоһуйуу ньымаларын туттан өйтөн суруйуу күрэ5э.
XIX түмсүү: Норуот ырыалара. Оһуокай. Тойук. (уратылара).
- Норуот ырыата – норуот матыыбынан ыллаан толоруллар. Норуот айымньыта: лирическэй, эпическэй да ырыалар бааллар. Тиэмэ өртүнэн ырыалар бэрт араас буолаллар: сир – дойду, көтөр – сүүрэр, олох – дьаһах ырыалара, ырыа саха фольклорун саамай тэнийбит көрүңэ
- Тойук туойуу норуот ырыатын көрүңэ. «Дьээ - буо» диэн дьиэрэччи са5аланар. Тойугу ханна, хаһан ыллыылларын, тугу билииһиннэрии. Тойуксуту ыңыран истии.
- Оһуокай анабыла, ыытыллар бэрээдэгэ. Оһуокай быдан былыр, олоңхо үөскүөн иннинэ сиэри-туому, ыһыах ыһыы обрядтарын толорууттан ситимнээн үөскээбит, сайдыбыт буолуохтаах. Оһуокай искусство 3 көрүңүн түмэн илдьэ сылдьар; ырыаны, поэзияны, үңкүүнү. Бииргэ сиэттиһэн ыллааһын, үңкүүлээһин, төрөөбүт айыл5а күндү көстүүлэрин, ийэ дойду, олох, үлэ өрөгөйдөөх үтүөлэрин хоһуйан уопсай таптааһын, кэрэни биирдик кэрэхсээһин дьону чугастыы, биир санаалаах, түмсүүлээх оңороллор.
- Оһуокай тылыгар хоһоону оңоруу техникатын; дьүөрэ тылынан хоһуйуу, сүһүө5ү тэңниир уонна уустаан - ураннаан, сиһилээн-ситэрэн дьүһүйүү ньымаларын билиһиннэрии. Үңкүү тыла ыллаан этиллэр буолан, кини хоһооно сэттэ сүһүөхтээх строкалартан турар.
- Оһуокай ырыатын матыыба уонна темпэтэ Улуустарынан тус-туспа матыыптаан ыллааһыннара.
- Оһуокай таһаарааччыны үтүктэн тэңңэ түһэрсэн ыллааһын уонна хааман үңкүүлээһин.
XX түмсүү: Оһуба5айдык ыллыа5ың,
Тупса5айдык туойуо5уң,
Оһуокайдаан ойуо5уң! – куонкурус.
XXI түмсүү: Саха норуотун остуоруйалара, таабырыннара.
- Сахалыы остуоруйалары билсии: Чаачахаан, Алаа Моңус, Мэник Мэнигийээн, Бэйбэрикээн эмээхсин, Таал – таал эмээхсин уо. д. а. норуот бэйэтин оло5ун, ба5а санаатын, инникигэ эрэлин этэр фантастическай уус – уран кэпсээннэри остуоруйа диибит.
- О5олор кэпсээһиннэрэ.
- Остуоруйалыыр тылларын - өстөрүн чочуйуу. Эргэрбит, туттуллубат тыллары булуу, быһаарсыы.
- Таабырын өйдөбүлэ. Таабырын фольклор атын көрүңнэриттэн уратыта: көнөтүнэн эппэккэ, майгыннатан таайтаран этии. Тугу эмэ образтаан, ойуулаан этии. Булугас өйү эрэйэр. Ол иһин өй гимнастиката дииллэр.
- Таабырыннаһыы – о5олор бэйэлэрэ таабырын айан таайсыылара.
XXII түмсүү: «Остуоруйаны ордоробут,
Таабырыны таптыыбыт» - күрэхтэһии.
XXIII түмсүү: Театральнай фейерверк.
XXIV түмсүү: Үгэ уонна чабыр5ах майгыннаһар уонна уратылаһар өрүттэрэ.
- Үгэ - фольклор биир саамай сыты, кылыс тыллаах, эмиэ сатирическай жанра буолар. Үгэ диэн – үгэргиир, сиилиир, хоһуйар диэн суолталаах.
- Күн Дьирибинэ «Тураахтаах Күүдээх», «Көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс» үгэлэрин аа5ыы, ырытыы.
- Чабыр5ах – Саха норуотун тылынан айымньытын биир сытыы, көрдөөх сатирическай жанра. Чабыр5ах күннээ5и олохпутугар баар быһыыны – майгыны, итэ5эһи – быһа5аһы ойуулаан, дьүһүннээн көрдөрөр. Тас киэбинэн хоһоон курдук, ол гынан баран субур5ата кылгас, биир тэң кэрчик буолар. Түргэнник лабыгыраччы этиллэр.
- Үгэ ис хоһоонун көрөн, сирдэтэн уус –уран аа5ыыга эрчиллии. Куолас улахана – кырата, уларыйыыта, саңарар саңа туона, дэгэтэ, түргэнэ.
- Чабыр5а5ы түргэнник аа5ыыга эрчиллии.
XXV түмсүү: «Чабыр5ахтаан ча5аарыа5ың, үгэлээн үөтүө5үң» - куонкурус.
XXVI түмсүү: Өс хоһооно - өбүгэ номо5о.
- Өс хоһоонун өйдөбүлэ.
Өс хоһооно норуот өр кэмңэ мындырдык кэтээн көрүүлэрин хомо5ой тылынан уобарастаан этиитэ. Өс хоһооно норуот муудараһа. Саха өһүн хоһоонноро бэрт былыргыттан кэлбиттэр. атын уруулуу (тюрдуу) тыллаах норуоттарга биһиги өс хоһооммут сөп түбэһэр. Тувинныы: Далайга дамды ду5алыг. Сахалыыта – Далайга таммах да туһалаах. Карах – кулах чок. Хара5а кулгаа5а суох.
Киһи кэпсииригэр өс хоһооннорун туттара кини тылын байытар, этигэн, уус – уран оңорор. Өс хоһооннорун үчүгэйдик эрэ билэр киһи төрөөбүт тылын билэр киһинэн аа5ыллыан сөп.
- Өс хоһоонноро тиэмэлэринэн арахсыыта.
- Үлэни, үлэһит киһини хайгыыр өс хоһооннорун булууга, этиигэ
күрэхтэһии.
XXVII түмсүү. Олоңхо – киһи аймах тылынан баайын үрдүкү чыпчаала.
- Бухатыырдар дьиңнээх геройдуу охсуһууларын туһунан улахан эпическэй айымньылар олоңхо ааттаналлар. Саха «Ньургун Боотур» олоңхото, нуучча эпоһа «Слово о полку Игореве», индия «Рамаяна», кыргыс «Манаһа» Юнесканан билиниллибит киһи – аймах тылынан уус – уран баайа. Олоңхо фантазията олус күүстээх, образтара модуннар; ойуулуур – дьүһүннүүр ньымалара дьикти баайдар, тыла - өһө баай – талым, эриэккэс, сиэдэрэй, күлүмнэс – тырымнас.
- Олоңхо5о орто туруу дойду үөскээһинин хоһуйууну аа5ыы, тылын - өһүн ырытыы, саңара үөрэнии.
- Саха кыыһа кэрэтин, нарынын, талбатын хоһуйууну истии, тылын ырытыы.
- Олоңхо бухатыырын, абааһы уолун хоһуйууну аа5ыы, тэңнээн көрөн ырытыы.
- Бухатыыр атын хоһуйууну ырытыы, нойосуус үөрэтии.
XXVIII түмсүү. Саха норуотун былыргы сэһэннэрэ, кэпсээннэрэ.
- Норуот былыргы кэпсээннэрин, сэһэннэрин билии, норуот ааспыт оло5ун историятын билиигэ улахан көмөлөөх. Үһүйээн диэн тугуй? «Үһү» диэн кэпсэнэр сэһэн.
- Төрөөбүт түөлбэбит үһүйээнэ, номо5о. «Эдьиий» туһунан билиһиннэрии.
- «Кунай хотуурдаах» - улууспут былыргы сэһэнин истии, ырытыы.
- Улахан дьонтон истэн үһүйээн суруйан а5алыы.
- Хомуйбут матырыйаалларынан хаһыат эбэтэр буклет оңоруу.
XXIX түмсүү. Саха фольклоругар Манчаары уобараһа.
- Манчаары аата үйэлэр тухары умнуллубакка саха норуотун номо5ор, кэрэ кэпсээнигэр сылдьарыгар, кимтэн кииннээ5эр, хантан хааннаа5ар бэсиэдэ. О5олор билиилэрин чопчулааһын.
- Манчаары туһунан сэһэннэртэн аа5ыы, истии.
- Манчаары тас көрүңүн, майгытын – сигилитин тылынан ойуулааһын, бэйэ өйүгэр оңорон уруһуйдааһын.
- Манчаары туһунан ырыаны истии, үөрэтии.
XXX түмсүү. «Аман өс» куонкуруһа.
(Куонкурустар, күрэхтэһиилэр учуутал көрүүтүнэн туспа былаанынан ыытыллаллар)