Урок-путешествие "Прощай, азбука!"

Разделы: Начальная школа


Кылаас: 1.

Уруок: саха тыла.

Тиибэ: айан - уруок.

Сыала: билиини чицэтии, толкуйдуур, сацарар дьо5уру сайыннарыы, улэ тумугунэн дуоьуйууну уескэтии.

Тэрилэ: ПК, проектор, экран, мультимедийнай презентация, выставка книг, музыка.

Ход урока

(1 слайд)

Учуутал: Дороболоруц! О5олоор, Билии дойдутугар бастакы ситиьиигитинэн – Азбуканы бутэрбиккитинэн итиитик – истицник э5эрдэлиибин! Азбука атаспыт кеметунэн буукубалары биллигит, аа5а, суруйа уерэннигит. Бугун биьиэхэ бырааьынньык уруок.

Билигин биьиги Азбука куоратыгар айанныахпыт. Онно сатаан аа5ар, суруйар буолбут о5олор барсаллар.

Кыьыны быьа кыьанан уерэнэн,
Бастакы кинигэ5итин Азбуканы
Бастыцнык бутэрдигит.
Бары аа5ар буоллугут.

Чэйиц, айанныа5ыц! Хайдах тургэнник Азбукабыт куоратыгар тиийэбит?

Остуоруйа дойдутун феятыттан кердеьуеххэйиц. Кини аптааах палочкатынан сапсыйда5ына Азбука куоратыгар тургэнник тиийиэхпит. Харахпытын саптыбыт, айанныыбыт. (2 слайд)

(Музыка холбонор.) (Бары айаннаан иьэр курдук сананаллар)

Бэрт тургэнник Азбука куоракка тиийэн кэллибит. Саамай улахан уулусса устун айаннаан иьэбит. Кини аата «Буукубалар» уулуссалара. Бу уулусса5а тохтобул оцоробут. (3 слайд)

Буукубалар уулуссалара.

(Литературнай монтаж) (4 слайд)

Мин «А» диэни билэбин,
Уеьэ етте уьуктаах,
Алын етте атахтаах,
Ортотунан туорайдаах.
Мин «Ж» диэни билэбин,
Дып-дыыгынас сацалаах,
Хомурдуоска маарыннаах,
Аахтахха да ата5а
Алта буола туруо5а.
Бэрдимсик «Я» туран
Бэрткэ диэн айдаарбыт:
Мин «Я» диэммин.
Мин «Я» бары тылга
Кылаабынай буолуохтаахпын
Барыга барытыгар
Бастаан мин туруохтаахпын.
«Сааты даа!» - диэн
«С» сабыта сацарда,
«Ы» ыгыста кыыьырда,
«К» буукуба кэлэйэн
«А»-5а сибигинэйэр,
«Ч» тебете ыалдьан
Чабыр5айын харбанна,
«Т» бэри бэркиьээн
Тара5айын тарбанна.
Терут сахам тылыгар
Теьуу буолар дор5ооннор
«5», «ц», «дь», «нь», «ь» буукубалара
Бугун манна биьиэхэ
Ыалдьыттыыллар уеруунэн,
«Ч»-бут «е»-луун сиэттиьэн
«Уе» буолан кэлбиттэр.
«Уо» да хаалбатах
«Ыа»-ны кытта а5албыт,
«Иэ»-бит эмиэ кэлсибит.
Аллара ата5а
Алдьанан, «н» аны
«Ч» буолан чынайбыт.
Ытанньах «Ы»
Ыыраа5а ыллыбыт,
Ыл, тут, тацнары
«Р» бэрдэ тахсыыьы
Буукубалар о5олор
Уолаттар да кыргыттар
Кэккэлэьэ тураллар
Кэпсээн киирэн бараллар.
А – буукубаттан са5алаан
Буукубалары биллибит
Азбуканы бутэрэн
Бары аа5ар буоллубут.

Учуутал: «Буукубалар» уулуссаларын олохтоохторо бары уерэ-кете махтаннылар, салгыы айанныырбытыгар алгыстарын эттилэр «Дьоллоохтук айаннаац» диэтилэр.

(5 слайд) (музыка)

Азбука куораппыт уулуссаларын устун айаннаан иьэбит. Манна кыра мэьэйдэри керсутэлээтибит. Оо, керуц эрэ, Винни Пух барахсан Азбука куоратыгар мунан хаалбыт. До5отторун кердуу сылдьар. Тургэнник кемелеьуе5уц!

Винни Пухха кеме.

  • Суьуехтэртэн тыл таьаарыы. (6 слайд)
    (Саьыл, куба, былаах, кустук, киистэ, бере, эьэ, алта)
  • Кыыллар дьиэлэрин булларыы. (7 слайд)
    (бере, эьэ, саьыл, тайах)

Учуутал: Керуц Винни Пух биьиэхэ сурдээ5ин махтанна. Сибэкки дьербетун бэлэхтээтэ. (8 слайд) Билигин айаммытын салгыыбыт. (Музыка)

Алфавит уулуссаларынан айаннаан «Азбука» дабарыаьыгар кэллибит.

«Азбука» дыбарыаьа.

(9 слайд) (Азбука киирэр)

Азбука:

Дорооболоруц, до5отторум,
Мин кырачаан атастарым!
Миигин кытта эцэрдэьэн
Аа5ар, суруйар буоллугут.
Бастакы кинигэ5итин бутэрбиккитинэн
Айхал буоллун эьиэхэ!

О5о аа5ар:

Азбука атаспыт, баьыыба!
Таптаан эйигин аахтыбыт
Таабырыццын таайдыбыт,
Кэпсээннэргин кэрэхсээтибит.
Аны «Аартык» кинигэни
Бол5ойоммут аа5ыахпыт.

Азбука:

«Аартык» кинигэни харыстаац,
Илииьин алдьатымац!
Хоьоонун, кэпсээнин
Кэрэхсээццит аа5ыц.

Учуутал: Азбукабыт барахсан биьиэхэ ессе да элбэ5и уерэттэ. Олортон ордук себулээбит хоьоонноргутун санаан ааьыа5ыц. . (10 слайд)

(о5олор азбукаттан уерэппит хоьооннорун аа5аллар).

«Бэьиэлэй ноталар» переулоктара.

(11 слайд)

Учуутал: Азбукабыт барахсан олор, биьиэхэ ыалдьыттаа. Билигин салгыы айанныыбыт. Биьиги «Бэьиэлэй ноталар» переулоктарыгар тиийэн кэллибит. (манна о5олор э5эрдэ нуемэрдэрин кердереллер).

- Ырыа «Учугэй»

- Спортивнай уцкуу.

«Таабырыннар арыылара».

(12 слайд)

Учуутал: Биьиги о5олоор, еруьу туоруохтаахпыт. Хараабылга олорон айанныыбыт уонна «Таабырыннар арыыларыгар» тиийэбит. .

(13 слайд)

Уhун кыhын утуйар,
Сайын эрэ дьаарбайар,
Куустээх да буоллар
Кини дэццэ кыыhырар.

(14 слайд)

Куруц тыа5а олохтоох,
Олус куттас эрэйдээх,
Кылар, кылар харахтаах,
Кылгас, кылгас кутуруктаах.

(15 слайд)

Уhун хойуу лабаалаах,
Ураа лацкыр муостаах,
Олус улахан бэйэлээх,
Кене керсуе майгылаах.

«Ал5астар хайалара»

(16 слайд)

Учуутал: «Таабырыннар арыыларын» хайалара кестеллер.

«Ал5астар хайаларыгар» тиийэн кэллибит. Бэриллибит сорудахха ал5астарын кеннердехпутунэ эрэ биьиги Азбука куоратын устун салгыы айанныыр кыахтаахпыт.

  • Тыллары кеннер.

(Балык, чуораан, сулус) (17 слайд)

(О5ус, саьыл, кыыс) (18 слайд)

«Сибэкки хонуута».

Учуутал: Ал5астары кеннердубут. Салгыы айаннаан иьэбит. Олус кыраьыабай «Сибэкки хонуутугар» тиийэн кэлбит эбиппит. (19 слайд) Чэйиц, биьиги эмиэ бу хонууга бэйэбит сибэккибитин кемелеен олордуо5уц!

  • Тыллары дьаарыстаа. (19 слайд)

Маладьыастар, барытын сепке оцороццут. Кэрэчээн сибэккини олордон кэбистибит.

«Буукубалар аллеялара»

(20 слайд)

Учуутал: «Сибэккилэр хонууларыттан» биьиги тыа са5атыгар турар «Буукубалар аллеяларыгар» киирдибит.

Буукубалар – кыргыттар,
Буукубалар – уолаттар,
Сорохторо керсуелэр,
Сорохторо мэниктэр.

Керуц эрэ, мэник буукубалар сырсан ыьыллан хаалбыттар. Кинилэри миэстэлэригэр туруоран тыллары таьаарыаххайыц.

  • Суппут буукубалар.
  • (Отон, бере, куба, ба5а)
  • (Мас, кун)
  • (Саьыл, сурук, лабаа)
  • (Тыы, туу, уйа)

Маладьыастар, элбэх тылы таьаардыгыт. Бары сепке аахтыгыт. Салгыы айанныыбыт.

«Аа5ааччылар уулуссалара»

Учуутал: Айаннаан, айаннаан «Аа5ааччылар уулуссаларыгар» тиийэн кэллибит. Биьиги таптыыр остуоруйабыт геройун Золушканы керсе тустубут. (21 слайд)

Золушка: О5олоор, дорооболоруц. Миигин кытта ким эмит остуоруйа дойдутугар барсыан ба5арар дуо? Онно элбэх остуоруйаны билэр эрэ о5о барсар.

  • Остуоруйалары таайыы. (22, 23, 24, 25, 26 слайд)

Золушка: Элбэх остуоруйаны билэр эбиккит. Ол иьин мин эьиэхэ остуоруйа дойдутун аатын этэн биэрэбин. Кини аата – Б и б л и о т е к а. (27 слайд)

Элбэхтик аа5ыц, киэц билиилээх буолуц.

Кинигэ- сынньанар кэмцэр
Кэпсээннэээх кэрэ ыалдьыт
Улэлиир, уерэнэр кэмцэр
Ейеллеех утуе арыалдьыт.

диэн туран кинигэ бэлэхпин туттарарбын кецуллээц!

(Золушка бэлэх туттарар).

«Махтал парката».

(28 слайд)

Учуутал: Азбука куоракка «Махтал» паркатыгар тиийэн кэллибит.

(Литературнай монтаж)

Сацата суох да сацалаах
Тыла суох да тыллаах
Кэрээбэт кэрэ кэпсээннээх
Буппэт угус ойуулаах
Уерэ5э суо5у уерэтэр
Ейдеебету ейдетер.
Дьо5ус буолан баран,
Дьолго сирдиир туох баарый?
Бу биьиги Азбукабыт
Бастакы кинигэбит.
Кыайбаппын кыайарбар,
Хоппоппун хоторбор,
Билбэппин билэрбэр,
Кербеппун керербер,
Уерэттэ Азбукам
Бастакы кинигэм.
Уерэниэм, улаатыам,
Угуьу оцоруом,
Бар дьоммор туьалыам,
Дьиктини арыйыам.
Дор5оону биллэрбит
Буукуба уерэппит
Буукубаар до5орбут
Азбука атаспыт
Эн биьиэхэ биэрдиц билиини
Эн биьиэхэ ууннэрдиц кынаты
Аны биьиги аа5ыахпыт
Атын араас кинигэни.
Киэц суолга сирдээбит
Кэпсиир кэрэ азбукам
Аа5ар буола уерэммит
Кинигэбин бутэрдим
Билбэтэхпин билэммин
Билиим-керуум элбээтэ
Азбукабын ыламмын
Кичэйэммин аа5абын.
Сиртэн уунэр сибэккилии
Сирэлийэ уунэбит
Сайдан-уунэн улаатан
Саца куну керсебут.
Бары бииргэ уерэнэбит
Бары олус до5ордуубут
Биьиги эйэлээхпит
Биьиги биир сыаллаахпыт
Сахалыы аа5ыахпыт
Нууччалыы кэпсэтиэхпит
Икки тылы тэбис-тэццэ
Учугэйдик билиэхпит
Биьиги улаатыахпыт
Уерэхпитин бутэриэхпит
Элбэ5и сатыахпыт
Угуьу туьалыахпыт.
Азбука, баьыыба!
Баьыыба бары учугэйгэр
Кэрэ кэпсээццэр, сэьэццэр
Угус хоьооццор ойуугар!
Баьыыба! – 3раза.

Азбука:

Умсугуйан уерэниц,
Оскуоланы бутэриц.
Ол эрээри бука бары
Умнаайа5ыт Азбуканы.
Быраьаайдарыц, о5олоор!

Бары: Азбукабыт, быраьаай. (29 слайд)

Учуутал: О5олоор, аптаах феябыт биьигини Тулунабытыгар, кылааспытыгар а5алла.

Ити курдук биьиги Азбука куоратыгар баран кэллибит.

Аны бары аа5абыт. Бары саца «Аартык» кинигэнэн уерэниэхпит. Билиибитин хацатыахпыт. Уерэхтээх дьон буола улаатыахпыт!