Сыала:
- 1-9 чыыґылалар састааптарын чиІэтии.
- 1-9 диэри чыыґылалары эбиини, кі±µрэтиини чиІэтии.
- О±олор айар, толкуйдуур дьо±урдарын сайыннарыы.
- Кэрэ±э, сырдыкка, бэрээдэккэ иитии.
Соруктара: 1-9 диэри чыыґылалары эбиигэ, кі±µрэтиигэ араас толкуйдатар сорудахтары суоттааґын.
Туттуллар тэрил:
- кылаас дуоската, мел, айан каартата;
- муора олохтоохторун уруґуйа, карточкалар;
- хараабыл уруґуйа, презентация, сорудахтаах балыктар.
Уруок былаана:
- Киирии чаас
- Теманы уонна сыалы билиґиннэрии.
- Ыраастык суруйууга µлэ.
- Јйгі суоттааґын:
- сынньалаІ мµнµµтэ.
- Айсберга кэтиллии. Сорудахтары оІоруу.
- Муора кыылларыттан сорудах.
- Островка сынньалаІ мµнµµтэ.
- Муора олохтоохторуттан сорудахтар.
- Миэлгэ олоруу "ТаайбараІ".
- Тµмµк.
Уруок хаамыыта
1. Киирии чаас.
Кэтэґиилээх чуорааммыт тыаґаата,
Аґа±ас уруокпут са±аланна,
Манна бааллар: холобурдар,
Оонньуулар, таайбараІнар
Ба±арабын эґиэхэ ситиґиини,
БµгµІІµ µірµµлээх чааска!
2. Ити курдук биґиги бµгµІІµ уруокпутугар муора±а айанныахпыт. Ол гынан баран муорабыт борустуой буолбатах, математическай. Онно биґиги элбэх мэґэйи туоруурбутугар сіпкі суоттуохтаахпыт, араас сорудахтары оІороммут дьиэбитигэр тіннµіхтээхпит. Сорудахтары сіпкі оІордоххутуна эґиги маннык жетоннары ыла±ыт. Эппиэттииргитигэр бу сигнальнай карточкалары кіті±і±µт. Јйдіітµгµт.
3. Сіп, (штурвал ойуута кістір). Билигин эґиги тэтэрээккит бортовой сурунаал буолар онно хайдах суруйуохтаахпытый о±олоор? (Ыраастык, аккуратнайдык.) Чыыґылабытын суруйарбытыгар хас килиэккэни тµґэбитий? (5)
До±оттоор, эґиги билэ±ит,
Кыраґыабай чыычаа±ы,
Кини манна турда±ына,
Биґиги олус µірэбит,
Бэйэтэ сиэрпэ курдук да
Билии бэрдин быґаарар. (5 сыыппара.)
- Маладьыастар, билигин биир строка±а 5 сыыппараны суруйабыт.
4.
Харандаас, уруучука, миэл
Биґиэхэ наадата суохтар.
Јйгі суотууру билэбит
Јйбµт кµµґµнэн суоттуубут.
- Айаммытыгар туруннубут, ол гынан баран дьаакырбытын таґаарыахпыт иннинэ сорудахтары толоруоххайын.
- 8 чыыґыла иннигэр турар чыыґыла;
- 4 уонна 6 икки ардыгар турар чыыґыла;
- 7 чыыґыла ыаллара;
- 3 чыыґыла кэнниттэн турар чыыґыла;
- 1 уонна 3 икки ардыгар турар чыыґыла;
- 9 чыыґыла ыаллара.
- Маладьыастар (жетон). Дьаакырбытын таґааран айаммытыгар туруннубут. (Дьаакыр ойуута.)
- Билигин турдубут эрэ. Ырыанан сынньалаІ мµнµµтэбитин оІоруоххайын.
5. Дьэ, о±олоор мин эґиэхэ эрэнэбин сорудахтары барытын толорор инигит.
- Маладьыастар, аґа±ас муора±а киирдибит. Айаннаан иґэбит. Ол иґэн иннибитигэр туох кэллэ? (Айсберг.)
- Бу тугуй? Сіп, бу муус алдьаммыта, кини уста сылдьыан сіп эбэтэр миэлгэ туруон сіп. Ууттан 70 м тиийэ µрдµктээх буолар эбит. Јйдіітµгµт. Киниэхэ кэтиллибэт гына сорудахтарын толоро охсун.
- Айсберг µрдµгэр чыыґылалар эрээттэрин бол±ойон кір уонна ханнык атынын бул. (1, 2, 3, 4, 20, 5, 6, 7, 8, 9, 10.) 1-10 диэри аах онтон тіттірµ.
- Маладьыастар, айсбербытын этэІІэ туораатыбыт.
- Туох тыаґыырый о±олоор (тыал), кини кімілііх да о±олоор биґиги айаммытыгар. (Тµргэтэтэр.)
6. Саамай улахан муора кыыла тугуй? (Кит.) Кини хайда±ый о±олоор. 20 м. уґуннаах, ыйааґына 70 тонна±а тиийэр. Ол аата кини хайда±ый?
- Билигин кини сорудахтарын толоруохпут. Манна иккилии буолан тахсабыт уонна кµігµлµµбµт. Ол гынан баран борустуойдук буолбатах муора олохтоохторун ааттыы, ааттыы. Аны балыктарбыт борустуой буолбатахтар кыґыл кімµс балыктар.
- Чыыґылалаах кэрчиктэри оІор. (Дуоска±а.)
- Маладьыастар, бары сіпкі оІорбуккут. Салгыы айанныыр чиэскэ тигистибит. Китпытын кытта покалаґыаххайын. (Кірсµіххэ диэри).
7. Оол, о±олоор туох кістірµй? Сіп остров. Онно кимнээх олороллоруй? Урут манна Робинзон крузо олоро сылдьыбыт. Онтон билигин икки бырааттыылар олороллор. Ґґµінньµк, уонна тірдµінньµк. Кинилэри билэбит. Маладьыастар. Тірдµінньµк олус эйэ±эс, µірµнньэІ эбит, онтон µґµінньµк олус кыыґырымта±ай эбит. Кинини эйэ±эс буоларыгар кіміліґібµт да? Сіп, билигин эґиэхэ сорудах бэриллибитэ дии ону истиэ±ин. Маладьыастар, биґиги о±олорбут хайдах ырыалары толордуларый? Сіп, дьэ эрэ µґµінньµкпµт µірбµт да? (µірэр ойуута). Барыгытыгар жетон биэрэллэр, баґыыбаларын ыыталлар.
8. Айаннаатыбыт. О±олоор муора±а іссі кимнээх олороллоруй? (кыыллар, балыктар). Дьэ кинилэр эґиэхэ кэлбиттэр. Паарта±ытын кірµн эрэ, билигин эґиги сорудахтары оІорон баран кинилэри ыалдьыттарга билиґиннэрэ±ит. Јйдіітµгµт.
Сорудахтар:
6 * 4 * 1 = 3 | 2 * 1 * 5 = 8 | 8 * 2 * 1 = 7 | 3 * 5 * 4 = 4 | |||
8 * 6 | 4 * 8 | 3 – 2 * 4 | 5 + 3 * 7 + 1 |
- ойуунан этиллиини оІоруу;
- ойуунан тэІнээґин.
- Маладьыастар, бары жетон ылабыт. Дьиэбитигэр чугаґаатар чугаґаан иґэбит, µірэ±ит дуу?
9. Хараабылбыт то±о эрэ тохтоон хаалла быґылаах. Ким билэрий туох буолбута буолла. (Миэлгэ олордубут.) Муора чараас сиригэр элбэх кумах тахсан онно хараабылбыт олорон хаалла. Ону туоруурга дьэ маннык сорудах баар. ТаайбараІы таайыаІ тµргэнник дьиэ±эр тиийиэІ. Тайабыт о±олоор.
- Кини кіні, са±аланар, бµтэр туочукалаах, чыыґылалаах да буолар. Ол тугуй? (Кэрчик.)
- Кини µс оройдоох, µс сµґµіхтээх. (µс муннук.)
- Сууманы кини кімітµнэн булаллар. (Эбии.)
- Кі±µрэтиллээччи, кі±µрэтээччи... (Араас.)
- 8.12. бу туох суруллубутуй? (Чыыґыла.)
- Арааґы хайдах булалларый? (Кі±µрэтии.)
- Сурааґын биир кірµІэ. (Кіні.)
- Маладьыастар, таайбараІы таайаммыт дьиэбитигэр тиийэн кэллибит дии. Ол аата барытын сіпкі оІорбуппут дуо? Эґиги сіпкі сорудахтары толорон айаммытын ситиґиилээхтик тµмµктээтибит. БµгµІІµ уруокка туох саІаны биллигит. Маладьыастар. Билигин жетоннарбытын аа±ыаххайын эрэ. Барыгытын э±эрдэлиибин уонна бу уруокка элбэ±и билэн та±ыстылар диэн бэйэм сэмэй бэлэхпин биэрэбин. Дьиэ±э сорудах биэрэбин биґигини бµгµІІµ айаммытыгар туґаммыт хараабылбытын кырааскалаан кэлэргитигэр. Дьэ ким хайдах хараабылынан сылдьыбыт эбитий? Јйдіітµгµт.
- Манан бµгµІІµ уруокпут тµмµктэнэр кіхтііхтµк кыттыбыккыт иґин махтанабын.