Преемственность в обучении основам этнориторики в детском саду и в начальной школе

Разделы: Общепедагогические технологии


Биһиги Чурапчы улууһун Одьулуун орто оскуолатын алын кылаастарын учууталлара уонна  Одьулууннаа5ы «Күнчээн» уһуйаан иитээччилэрэ «О5ону этнориторика төрүттэригэр үөрэтиигэ утумнааһын» диэн тиэмэнэн уопсай экспериментальнай үлэбитин 2005 сылтан анал программа оңостон үлэлиибит. О5ону этнориторика төрүттэригэр үөрэтии диэни биһиги хайдах өйдүүбүтүй?                                                                                                                                 Риторика диэн киһи-аймах историятыгар биир саамай былыргы наука. 1917 сыллаахха диэри Россия бары үөрэ5ин тэрилтэлэригэр булгуччуллаах  предмет быһыытынан баара. Оттон этнориторика диэн, биһиги санаабытыгар, о5о субу билигин саңара, кэпсии турар түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн бэйэтин ийэ тылынан ыраастык, хомо5ойдук, лоп – бааччы, атын киһини кэрэхсэтэрдик, тардардык кэпсэтэрэ, кэпсиирэ, бодоруһара буолар дии саныыбыт. Ол аата:
1. О5о улахан дьону уонна саастыылаахтарын кытта сатаан бодоруһар, бэйэтин санаатын атын киһиэхэ үчүгэйдик сааһылаан, өйдөнүмтүө гына тиэрдиитэ.
2. Кэпсэтэр киһитин саңатын сатаан тулуйан бол5ойон истиитэ.
3. Дьону кытта кэпсэтэригэр, түгэниттэн көрөн, кэпсэтэр стилин уларыта сылдьан сатаан туһаныыта.
4. Саңарар саңа этикетнэй тылларын миэстэтигэр сөпкө туттуута.
5. О5о дьон иннигэр симиттибэккэ, холкутук тылын - өһүн сааһылаан саңарыыта.
Бу проблеманы дириңник үөрэтэр, сайыннарар, о5олору кытта чопчу сыаллаан – соруктаан үлэлиирбитигэр сүрүн төрүөттэринэн буолбуттара:
1. Алын кылаас учууталлара о5о маңнайгы кылааска киириитигэр тылын сайдыытын ситэ билбэттэрэ уонна онтон үөскүүр үөрэх процеһыгар ыарахаттары көрсүүлэрэ.
2. Алын кылаас үөрэнээччилэрэ оскуола орто сүһүө5эр тахсыыларыгар төрөөбүт тылларынан холкутук, хомо5ойдук кэпсэтэр, кэпсиир, суруйар дьо5урдара ситэ сайдыбата5ыттан үөрэхтэригэр, иитиллиилэригэр ыарахаттар үөскээһиннэрэ.
3. Кыра кылаас үөрэнээччилэригэр төрөөбүт норуоттарын культуратын иңэрэр, ийэ тылга кэрэхсэбили, тапаталы иитэр ба5а санааттан.
Бу итэ5эстэри туоратарга биһиги бэйэбитигэр маннык сыалы – соругу туруоруммуппут:
1. Алын кылаас учуутала уһуйаантан маңнайгы кылааска киирэр хас биирдии о5о тылын сайдыытын үчүгэйдик билэн, көрсүллүөхтээх ыарахаттары эрдэттэн сэрэйэн, туһааннаах үлэни ыытыахтаах.
2. Алын кылаас үөрэнээччитэ орто сүһүөххэ тахсыытыгар төрөөбүт тылынан аахпытын, истибитин ис хоһоонун тутулун кэспэккэ үчүгэйдик сааһылаан, наардаан толору тиэрдиэхтээх.
3. Алын кылаас үөрэнээччилэригэр бэйэтин норуотун фольклоругар, саха суруйааччыларын айымньыларыгар, норуот культуратыгар – ырыатыгар, үңкүүтүгэр бастакы кэрэхсэбили, сылаас иэйиини иңэриллиэхтээх.
4. О5о дьону кытта сатаан бодоруһар, кэпсэтэр киһитин тулуйан бол5ойон истэр, бэйэтин санаатын толору үллэстэр буолуохтаах.
5. О5о кэпсэтии стилин таба туһанан сөптөөх этикетнай тыллары туттар буолуохтаах.
6. О5о дьон иннигэр симиттибэккэ холкутук туттан – хаптан бэйэтин санаатын толору тириэрдиэхтээх.
Биһиги, уһуйаан уонна оскуола үлэһиттэрэ, о5ону этнориторика төрүттэригэр үөрэтэр экспериментальнай үлэни са5алыырбытыгар аан бастаан туох усулуобуйа наадатын, ханнык критерийдэринэн салайтарыахтаахпытын толкуйдаабыппыт. Экспериментальнай үлэни са5алыырга икки сүрүн критерийи быһаарбыппыт:
1. Экспериментальнай үлэбит проблемата уһуйааңңа уонна оскуола5а иккиэммитигэр актуальнай, хайаан да быһаарыллыахтаах, ону ааһан утумнааһын быһыытынан уһуйаантан оскуола5а сыыйа кэңээн, дириңээн иһиэхтээх. Манна икки тэрилтэ инники үлэлии сылдьар проблемаларбыт биир хайысхалаах буолан (уһуйааңңа «О5о риториката, бодоруһуута», оскуола5а «Үөрэнээччи коммуникативнай дьо5урун сайыннарыы»), уопсай быһаарыллыахтаах проблема бэйэтэ көстөн кэлбитэ.
2. Иккиэн о5ону иитэр – үөрэтэр тэрилтэ буоларбыт быһыытынан, экспериментальнай үлэни ыытар кэммитигэр уһуйаан иитиллээччилэрин, оскуола үөрэнээччилэрин уйул5аларын туругар, эт – хаан өттүнэн сайдыыларыгар ханнык да толоос орооһуу, эмсэ5элээһин суох буолуохтаах.
Оттон экспериментальнай үлэни салайан ыытыыга маннык критерийдары көрбүппүт:
1. Үөрэтии – иитии эйгэтигэр ыытыллар ханнык ба5арар экспериментальнай үлэ сөптөөх таһымнаах научнай, педагогическай, психологическай төрүккэ оло5уран ыытыллыахтаа5ын быһыытынан, үлэни сүрүннүүр, салайар, биһиги проблемабытыгар үлэтин хайысхатынан сөп түбэһэр компетентнэй салайааччы баар буолуохтаах.
2. Экспериментальнай үлэни ыытыыга уһуйаан уонна оскуола өттүттэн ыытыллар үлэ сыалын – соруктарын чопчу өйдөөһүн уонна ону ситиһэргэ дьулуур, хардарыта өйдөһүү, быстыспат ситимнээх, утумнаах үлэ барыахтаах.
3.  Уһуйааңңа, оскуола5а экспериментальнай үлэни сүрүннүүр, салайар, араас көннөрүүлэри киллэрэр, үлэ түмүгүн ырытар анал функциялаах координационнай сэбиэт баар буолуохтаах.
4. Экспериментальнай үлэни ыытарга сөптөөх профессиональнай таһымнаах, анал үөрэхтээх специалистар, иитээччилэр, учууталлар баар буолуохтаахтар.
5. Ыытыллар үлэ сөптөөх быраабынан, нормативтарынан, материальнай – техническай базанан уонна финансовай өттүнэн хааччыллыахтаах.
6. Уонна, саамай сүрүнэ, эксперимент кыттыылаахтара – үөрэнээччилэр, иитээччилэр, специалистар, салайааччылар, төрөппүттэр – бу үлэни ыытарга өй – санаа, ба5а өттүнэн бэлэм буолуохтаахтар.
Экспериментальнай үлэ сөптөөхтүк толору кээмэйинэн барда5ына, кини түмүктэрин маннык критерийдэринэн сыаналыахтаахпыт:
Экспериментальнай үлэ үтүө өрүттэрэ көстүөхтээх:
1. Саха о5отун этнориторикатын төрүттэригэр үөрэтиигэ туттар табыгастаах ньымаларбыт үөрэтиллэн, сөптөөхтөрө талыллан, чочуллан, тупсарыллан, элбээн о5олору кытта үлэ5э үчүгэй түмүгү биэриилэрэ улаатан иһиитигэр. Манна араас өрүттээх үлэни хабар программалар оңоһуллан, апробацияны баран, о5о риторическай сатабылын, дьо5урун сайыннарар анал оонньуулар, риторическай түгэннэр, дьарыктар ыытыллыахтаахтар.
2. О5о бэйэтин саастыылаа5ын, улахан киһини кытта сатаан бодоруһар дьо5ура, кэпсэтии этикетын сөптөөхтүк тутуһуута, биирдиилээн уонна элбэх дьон иннигэр холкутук туттан – хаптан бэйэтин санаатын дьоңңо толору тиэрдэр дьо5ура үрдээһинигэр, нус –хас сананыытыгар.
3. Эксперимент кыттыылаахтара бары экспериментальнай үлэ түмүктэриттэн, бэйэлэрин ситиһиилэриттэн астыныылара.
Экспериментальнай үлэ түмүктэрин кэтээн көрөр мониторинг критерийдэрэ:
1. О5о оскуола5а киириитигэр үөрэнэр ба5атын таһымын, үөрэх туһунан сөптөөх өйдөбүллээ5э.
2. О5о суруйар, саңарар саңатын сайдыытын таһыма.
3. О5о тексти кытта үлэлиир сатабыла.
4. Саңарар саңа этикетын сөптөөхтүк туһаныыта.
5. О5о дьону кытта сатаан бодоруһар сатабылын таһыма (мин сатаан дьону кытта кэпсэтэбин – кэпсэппэппин, дьону сатаан истэбин – истибэппин, тугу саңарыахтаахпын бэйэбэр сатаан былаанныыбын – былааннаабаппын, сөптөөх түгэнинэн, тонунан, саңам улаханын – кыратын сөпкө тутуһан саңарабын) сөпкө сыаналаныыта.
Уһуйаан уонна оскуола экспериментальнай үлэлэрин утумун критерийдэрэ. Бу критерийдэри үс суолунан көрөбүт:
1. Экспериментальнай үлэни салайыыга – уһуйаан сэбиэдиссэйэ уонна оскуола директора экспериментальнай үлэ уһуйаантан оскуола5а биир ис хоһоонноох хайысханан ситэриллэн, кэңэтиллэн иһиитин сүрүннээһиннэрэ, салайыылара.
2. Педагогтар үлэлэригэр:
- Уһуйаан иитээччилэрэ уонна оскуола педагогтара экспериментальнай үлэ чэрчитинэн тус үлэлиир программаларын сыалын – соругун, ис хоһоонун чуолкайдаан, ситимнээн үлэлээһиннэрэ:
- Бу программалар уһуйаантан оскуола5а сыыйа кэңээн, дириңээн утумнанан иһиилэрэ.
3. О5олору кытта иитэр – үөрэтэр, сайыннарар үлэ5э – о5о риторикатын теоретическай чааһын уонна саңарар саңа сатабылларын уһуйаантан оскуола5а сыыйа кэңэтэн, дириңэтэн утумнаан иңэрии.
О5олорго этнориторическай сатабылларын иңэрэр үлэ маннык көрүңнэринэн барда: «Уус уран аа5ыы», «Ийэ тыл»- куруһуоктар. «Тыыннаах тыл театра», «Куукула театра», «Кылыһах» фольклорнай ансамбль, сыл аайы улус оскуолалара кыттыылаах ыытыллар традиционнай «Театральнай фейерверк» этнориторика5а семинар – практикум, «Куорсун» - о5о хаһыата, «Аман өс» - үөрэнээччилэр аа5ыылара, «Өбүгэ оонньуулара» - спортивнай секция, «Үнүгэс» кэтээн көрөр лаборатория, «Дьэрэкээн изостудия», «Ситим» кылынан өрүү мастарыскыайа, «Туойчаан», «Юнис»- эдэр чинчийээччилэр кулууптара, «Илгэ» - үңкүү куруһуога.
Үс сыл иһигэр ыытыллыбыт о5ону этнориторика төрүттэригэр иитиигэ экспериментальнай үлэбитинэн туох түмүккэ кэллибит:
1. Ханнык ба5арар экспериментальнай үлэни тыа оскуолатыгар биир чопчу проблеманы ылынан үлэлииргэ табыгастаах эбит. Маннык түбэлтэ5э хас биирдии педагог экспериментальнай үлэ чэрчитин иһинэн бэйэтэ кыайар, сөбүлүүр анал хайысхатынан былааннаан үлэлиир. Олус киэң хабааннаах үлэ тэрээһинэ кыайтарбат, тэтимэ бытаарар. Тыа сиригэр анал үөрэхтээх араас специалистарынан хааччыллыы мөлтө5үнэн киэң хабааннаах үлэни ыытар кыайтарбат.
2. Икки тус – туспа үөрэх тэрилтэлэрэ (уһуйаан уонна оскуола) биир сүрүннүүр органнаахпыт – координационнай сүбэ баара экспериментальнай үлэни былаанныырга, хардарыта көмөлөсүһэн утумнаахтык үлэлииргэ табыгастаах.