Кылаас: 10
Уруок темата: «Ытык бэлиэлэр – Уот иччитэ»
Уокка алгыс этэн, киһи бэйэтин сүрүн киллэрэр. Ону уот Айыл5а5а тар5атар, Айыыларга тиэрдэр. Ол иһин кини иччилэри, Айыылары кытта уот нөңүө кэпсэтэр буолбут. (Термэ Айыы үѳрэ5э). Уруок алгыһа: Үүнэр күнүм үтүө буоллун, Бүгүңңү күнүм кэскиллэх буоллун!
Уруок сыала соруга:
- Үөрэнээччигэ Аал уот – ытык бэлиэ буоларын тиэрдии, көрдөрүү, итэ5этии.
- Уот оттуутун сиэрэ – туома.
Уруок тэрээһинэ: кыра холумтан, испиискэ, чыппаан, этиң түспүт маһа, туос, сылгы сиэлэ, ИКТ.
Уруок хаамыыта:
- Э5эрдэлээһин: Аламай күн сыламынан!
- Уос өһүллүүтэ:
Ѳрөөбүт уоспутун өһүлэбит,
Хоммут уоспутун хоңноробут!
Атыһы дор5оонноохтук аа5ына:
Аал уотум иччитэ, Үөр – көт!
Аһаа – сыр5аа. - Сыалы – соругу чопчу тиэрдии.
- Тема ис хоһоонун олуктара:
- Аал уот иччитэ – Аан Уххан Хатан Тэмиэрийэ.
- Уоту оттуу сиэрэ.
- Итэ5эл уота.
Аан Уххан Алгыhа:
Күл тэллэх (мас умайан күл тахсар)
Көбүөрүнньүк суор5ан (Күл үрдүгэр үрүнүнэн бүрүллэр)
Харчы сото (Уот умайар тыаha)
Алтан баhыр5ас (дьүhүнэ)
Бырдьа бытык (Уот иччитэ)
Хатан тимиэрийэ (кырдьа5ас о5онньор)
Аан Уххан (Аан аhыллар, ситим)
Тойон эhэм (Дьиэ5э уот иччитэ саамай суолталаах)
Аhаа, сыр5аа (Маанылаааhын, сытта таhаар)
Уобарастааhын туругар киллэрии (Бу алгыс нөнүө үэрэнээччи уот хайдах умайан иhэрин хара5ар онорон көрөр)
- Аал уот иччитин аата-суола: Аан Уххан Хатан Тэмэрийэ.
Дьүhүнэ-бодото: кырдьа5ас о5онньор, үѳрүнньэн, кыраттан да хомойор.
Эйгэтэ: киhи оло5ун харыстыыр, арчылыыр.
Сиэрэ-туома: Аал уокка ытыктабыллаах сыhыан.Аал уот иччитин нөңүө үөhэ Айыылары кытта ситимнэhии. Уоттан сэрэхтээх буолуу.
Аал уокка хаhан да куһа5аны биэрбэттэр, онтон кини ѳһүргэнэр, хомойор, биилэээ5инэн булкуйбаттар, силлээбэттэр. Эн кырдьа5ас эһэң сирэйигэр силлээбитин тэңэ, биилээ5инэн быһыта аспытын курдук.
Уоту уматыы, оттуу сиэрэ туома:
Учуутал уоту уматыы, оттууу сиэрин практически кѳрдѳрүүтэ.
Сэрэхтээх буолуу:
- испиискэни уматыыга үѳрүйэх наада. Сиэрэтэ ыстаныан сѳп: сирэйгэ, таңаска – сапка, малга – салга, сиргэ – уокка.
- Этиң түспүт маһа: арчылыыр, ыраастыыр. Чыппаан – кыстык суолталаах.
- Туос түргэннник умайарыгар кѳмѳлѳһѳр (үүнэн турар хатыңтан туос хаһан да хастаныллыбат, сиргэ эмэх буолан сууллубут хатыңтан туоһу ылыллар).
- Сиэл – саха сылгы таңаралаах,күн бэлиэтэ.(Саха сирин дуо5атыгар (былаа5ар) Үрүң күн уруһуйа, дьарылыкка (гербэ5э) – ат ойуута). Сиэл – мааны ас. Уот иччитэ аһаан, үѳрэн айыылары ситимниир, киһи алгыһын ылынар, тиэрдэр.
Чиңэтии:
- Уот иччитин аата, суола: Аал уот иччитин аата – Аан Уххан Хатан Тимиэрийэ.Үрүң Айыы – Айыы уотун биэрэр. Айыы уота киһиэхэ үтүѳ күүһү биэрэр.
- Уот иччитэ дьахтар дуу, эр киҺи дуу? Эр киҺи- кырдьа5ас ытык о5онньор, эн эҺэң тэңэ,ол иҺин киниэхэ ытыктабыллаахтык сыҺыаннаҺыахтааххын, маанылыахтааххын, түгэни көрөн аҺатыахтааххын,сыт таҺаарыахтааххын.
- Уокка силлиир,кири кутарын то5о сатамматый?
О5олор эппиэттэрэ:
- Аал уот киҺини аҺатар
- СылааҺы биэрэр
- Уот иччитэ-кырдьа5ас эҺэ буолан көстөр,эҺэ5эр силлээбэккин.
- Кини хомойдо5уна,өҺүргэннэ5инэ эйиэхэ үчүгэйи оңорбот,алгыскын айыыларга тиэрдибэт.
- Билиңңи кэмңэ уот киҺи оло5ор суолтата-алдьарахайа.
Түмүк:
Алаас о5ото, этэңңэ сырыт!
Аал уоккун отун,
АлаҺа дьиэ5ин тэрин!
Дом!
Аал уотум иччитэ,
Аан дойдум иччилэрэ,
А5ыс Айыыларым,
Сэттэ Иэйэхситтэрим,
Бука бары
Айааң-сырдааң!
Дом!